Салҕыыта, бастакы чааһын бу ссылканан ааҕыҥ
Салгыы айаннаан биир арыыга тохтоон хонорго быһаарынныбыт. Үрэх арыытыгар уу аҕалбыт кураанах маһа дэлэй. Балаакалары туруордубут. Ити кэмҥэ Уус-Маайа сэлиэнньэтин олохтооҕо, улуус баһылыгын солбуйааччы Слепцов этиитинэн, бу өрүспүт туруору таас хайа сирэйигэр суруктаах таастары көрө айаннаатыбыт. Ол сирбит хайатын аата “Цыпандинская писаница” диэн аатынан, руна суругу чинчийээччилэргэ биллэр эбит. Ол хайа анныгар устан тиийэбит.
Таас хайа анныгар кытыла синньигэс, ольха талахтарынан ыга үүммүт кытыл сир. Моторист Алексей сирдьиппит. Талах быыһынан хайа анныгар кэлэн, киһи уунан тиийэр уонна онтон үөһээ кыһыл соһох дьүһүннээх бэлиэ суруктар бааллар аҕай эбит. Итинник хас да бөлөх суруктар баалларын көрдүбүт. Хаһан, кимнээх суруйбут суруктара эбитэ буолла. Биһиги толору быһаарар кыахпыт суох. Хайа аннынан, талахтары силэйэ – силэйэ хаама сылдьан, тааска сыһыары турар кирилиэскэ тиийэн иҥиннибит. Өйдөөн көрбүппүт, кирилиэспит үрдүк баҕайы эбит. Уонтан тахса миэтэрэ үрдүктээх. Синньигэс тииттэри мутуктарын солоон, икки тиит маһы кэккэлиһиннэри туруорбуттар. Тииттэр икки ардылара миэтэрэ кэриҥэ. Туора үктэллэри алларааттан оҥоро – оҥоро үөһээ ыттыбыттар, диэн быһаардыбыт. Бу кирилиэһи туһанан мумие диэн ааттанар, эмкэ туттулар таас хайаҕа үөскүүр үүннээйи, хара сымала диэххэ дуу, ону ылаары бу кирилиэһи оҥорбуттар. Кэккэлэһэ эмиэ, итинник иккис кирилиэс баар эбит.
Бу үүнээйибитин дуу, сымала курдугу, мин Покровскай бөһүөлэгэр олорон көрүүбэр, хатыҥ чааҕатыгар маарынныыр курдук этэ. Сутуруктааҕар кыра, син кытаанах. Хараҥа бороҥ дьүһүннээх буолар эбит. Ити сымаланы көрдөөччүлэр кирилиэс тиийбэт сиригэр үүммүт сымаланы, кыһыҥҥы кэмҥэ карабинынан тааһы лөглү ытан ылаллар үһү.
Балааккаларбытыгар кэлэн утуйохпут иннинэ вымпелбытын, сиэри-туому толорон, маска өрө ыйаан таһаардыбыт. Хоннубут. Сарсыарда аһаан баран, хоммут арыыбыт тыһаайыытыгар баар хаспаҕы көрө бардыбыт. Хоммут арыыбыт, адьас атта эбит. Ити хайа хаспаҕа “Цыпандинская пещера” диэн аатынан биллэр эбит.
Өрүс үрдүгэр, уу кытыытыттан сүүрбэ хаамыы буолара дуу, суоҕа дуу, уу кырсыттан үс-түөрт миэтэрэ үрдүктээх сиргэ, намыһах таас хайа анныгар хаспах аҥайан көстөр. Кырылас таастаах эниэнэн үөһээ таҕыстыбыт. Хаспах аанын үрдэ икки аҥаар миэтэрэ. Кэтитэ түөрт миэтэрэ кэриҥэ буолуо. Хаспахха ыга кэлэн көрбүппүт, иһирдьэ, хаспах иһигэр түөртүү, балтараалыы миэтэрэ уһуннаах бэрэбинэлэр ыһыллан, тэлгэнэ сыталлар. Хаспах иһигэр киирдибит. Хаспах кэҥэс соҕус. Быһа холоон аллараа киһи үктэниэх сирэ икки сүүс кв миэтэрэ курдук, көнөтүк сир.
Хаспах айаҕыттан ыла түгэҕэр диэри таас модьоҕо субуруйан сытар, ол үрдүгэр бэрэбинэлэр ыһылла сыталлар. Хаспах иһэ үрдүк, уонча миэтэрэ буолуо. Үөһээттэн муус чопчулара таҥнары ыйанан тураллар. Хаспах түгэҕэр, өрүһү таҥнары өттүгэр киһи үрдүгүн саҕа холлороон, үрэҕи таҥнары туһаайыынан бара турда. Ол холлороонунан бара сатаабатыбыт. Моторист Володя быһаарбытынан, урут бу хаспахха олохтоох эбэҥкилэр сайыҥҥы кэмҥэ эти хаһааналлара үһү. Кэлин холкуос этин уураллара диир. Ону баара кэнники өрүс улахан уутун мууһа, бу хаспаҕы хаххалыыр бэрэбинэлэри тоҕо анньан, иһирдьэ симиэҕиттэн ыла, бу хаспаҕы булуус быһыытынан туттубат буолбуттар. Кини кэпсээнинэн, геологтар чинчийээри оҥостон баран, анал тыынар мааскалара суох буолан, аккаастаммыттар. Мин саныырбынан, бу хаспах мантан үрэҕи таҥнары сиринэн, таска тахсар аһаҕастаах буолуон сөп.
Бу Цыпаанда хаспаҕын туһунан Нелькан сэлиэнньэтигэр баар Николаевскай таҥара дьиэтин үлэтин бэриэбиэркэлии баран иһэн Дьокуускай уобалас Консисториятын үлэһитэ арихиерей суруйбута Дьокуускай куорат “Национальнай Архивыгар” баарын аахпытым.
Мантан аллараа бу үрэҕи кыйа барар суолунан, биһиги өбүгэлэрбит таһаҕаһы таһыыларын туһунан суруйуу буолуо.
Дьокуускай куораттан Охуоскай муора кытыытыгар “Охуотскай” остуруокка уонна Дьокуускайтан ыраах баар Бүлүү, Верхоянскай, Абый, Халыма, Өймөкөөн, Үт сирдэригэр нуучча хаһаактара туппут остуруоктарыгар олохсуйаннар, сылтан сыл аайы ити остуруоктар олохтоохторун ахсааннара элбээн, ол олохсуйбут дьоннору аһынан, таҥаһынан, туттар сэбинэн хааччыйыы үлэтин Дьокуускай Бойобуодатын кэнсэлээрийэтэ толор буолан барбыта.
Дьокуускайтан ыраах баар сирдэргэ таһаҕаһы таһыы араас албастары туһаналлара. Верхоянскайга, Абыйга, Халымаҕа, Өймөкөөҥҥө таһаҕаһы таһыыга уу суолун туттар кыаллыбат этэ. Онон ити сирдэргэ таһаҕаһы таһыы сайыҥҥы ыйдарга ындыылаах атынан таһаллара. Верхоянскайга тиийбит таһаҕаһы кыһынын сыарҕалаах табанан таһаллар эбит да, ол кыра эбит. Сайыҥҥы кэмҥэ Верхоянскай сириттэн хомуллубут аттарынан, мантан Абыйга, Халымаҕа таһыылара олохтоммут. Итинник таһаҕаһы таһыы Сэбиэскэй былаас олохтоохтук оннун булуор диэри салҕанан бара турбута. Билигин Хабаравскай кыраай сиригэр баар Үт (Уда) сиригэр 1868 сыллаахха диэри, эмиэ итинник ат ындыытынан таһаҕаһы таһаллара.
Онтон Охуоскай муора кытыытыгар уонна Камчаткаҕа тиийэр таһаҕаһы тиэйии уратылаах. 1645 сыллаахха Охуотскай остуруога тутуллаатын кытта, остуруок олохтоохторун аһынан, таҥаһынан, туттар сэбинэн хааччыйыыга, төһө кыалларынан уу суолун туһана сатаабыттара. Ол быһыытынан, Лена өрүһүнэн уһаарыллан кэлбит таһаҕаһы Дьокуускай остуруок, кэлин куорат ыскылааттарыгар кыһыҥҥы ыйдарга (мээккэ бурдугу, куруппаны, таҥаһы, буораҕа, сибиниэһи) ат ындыытын бэрэмэдэйигэр саамылаан кутан, хаалаан баран, саас бэс, от ыйдарыгар ыраах айаҥҥа ыытарга бэлэмнииллэрэ.
Биир көлөҕө биэс буут ыйааһыннаах таһаҕас ууруллара. Ол аата биир бэрэмэдэйгэ икки аҥаар буут таһаҕас тиксэрэ. Бэрэмэдэй тас өттүгэр бу туох таһаҕас буолара, ханна тиийиэхтээҕэ чэрэниилэнэн суруллара.
Нөҥүө сыл ыам ыйа бүтүүтэ Өлүөнэ мууһа устан ааспытын кэннэ, кыһын устата бэлэмнэммит мэрэбэдэйдэри улахан мас оҥочолорго тиэйэн, Өлүөнэни таҥнары устан Алдан өрүс төрдүгэр тиийэллэрэ. Аны Алдан өрүһү бу таһаҕастаах оҥочону сүүрүгү өрө ат, оҕус көлөлөрүнэн состорон айанныыллара. Ол инниттэн, эрдэ Бороҕон, Дүпсүн, Мэҥэ, Боотурускай, Нам, Хаҥалас, Байаҕантай сирдэрин олохтоохторун кытта кэпсэтэн, таһаҕастаах оҥочолору (карбас) состорорго анаан аттары, оҕустары хомуйаллара. Бойобуода кэнсэлэрийэтин быһаарыытынан таһаҕаһы таһыы бастакы сылларыгар 1660-1690 с.с. Тыры, Ааллаах-Үүн үрэхтэрин устун оҥочолору өрө состорон таһаара сылдьан баран аккаастанан, Алдан өрүскэ түһэр Мая (Маайда) үрэҕин өрө тахсан иһэн, туораан Юдома үрэҕинэн Дьугдьур хайатын тэллэҕэр диэри оҥочолору көлөнөн состорон өрө таһаарар буолбуттара. Эмиэ эрдэ оҥоһуллубут кэпсэтии быһыытынан, онно олохтоох эбэҥкилэри кытта кэпсэтэн уонна ордон тиийбит аттарынан Дьугдьур хайатын нөҥүө, таба ындыытынан таһыы олохтоммута. Онтон салгыы Урак (Уураах) үрэҕинэн таһаҕаһы болуотунан уһааран Охотскай остуруокка тиэрдэллэрэ.
1-кы Камчатскай экспедиция салайааччыта командор Витус Беринг Сенат иннигэр туруорсуутунан, 1731 с. Дьокуускай-Охуотскай туһаайыынан таһаҕаһы таһар айан суола тэриллэрин ситиспитигэр, сайыҥҥы ыйдарга ындыылаах аттарынан кураанах сиринэн таһаҕаһы таһыы сыыйа олохтонон барар. Ити кэмтэн ыла Дьокуускай Уобалас бырабылыанньатын туруорсуутунан, Уобалас Земистибэтин дьаһайыытынан таһаҕаһы таһыы үлэтэ сатабыллаахтык саҕаланан барар. Ол быһыытынан Дьокуускай уобалас улуустарын, нэһилиэктэрин олохтоохторун ахсаанын сыл аайы ааҕыы, чуолкайдааһын үлэтэ саҕаланар.
Дьокуускайтан ыраах баар сирдэргэ таһаҕаһы таһыы кээмэйэ сылтан сыл эбиллэн барар. Ону таһынан Русско-Американскай хампаанньыйа таһаҕаһын таһыыта эбиллэр. Ол быһыытынан, Иркутскай куораттан кыһын устата сыарҕалаах аттарынан Өлүөнэ өрүс баһыгар баар Качук сэлиэнньэтигэр таһаҕаһы аҕалбыттарын, кыһын устата оҥоһуллубут сүүрүгү таҥнары устарга аналлаах ааллаарга (паузки) тиэйэн, өрүс мууһа устаатын кытта, таһаҕастаах ааллар Дьокуускай куорат анныгар “Күөх хонууга” устан кэлбиттэрин, сайын устата боротуоханы кыйа баар үгүс ыскылааттарга дьоннор санныларынан таһаллара.
Күһүн балаҕан ыйын ортотугар өрүһүнэн таһаҕас кэлиитэ тохтуур. Аны бу кэмтэн ыла улахан мас уһааттарга кутуллубут арыгыны, уксууһу икки аҥаар буут ыйааһыннаах мас бочуонактарга сүөкүүллэрэ. Мээккэ бурдугу, куруппаны эмиэ икки аҥаар буут батар бэрэмэйдэригэр (сума, сумы) куталлара.
Балар тас өттүлэригэр чэрэниилэнэн туох таһаҕас баара, ханна тиийиэхиээҕэ суруллара. Оччолорго үөрэхтээх нууччалар аҕыйах буоланнар, бэрэмэдэй тас өттүгэр баар суругу быһаарбаккалар, таһаҕастар атын сирдэргэ барыылара үгүс буолан, ыраах барар таһаҕастарын таһыы тупсарын туһугар, саха эдэр дьоннорун үөрэттэрэргэ анаан “инородческай” оскуола аһыллан, үгүс саха эдэр дьонноро үөрэхтэнэр дьолломмуттара.
Дьокуускай куорат ыскылааттарыгар үгүс таһаҕас мунньуллан, бу таһаҕастары бэрэмэдэйдэргэ саамылыыр үлэҕэ улуустар нэһилиэктэриттэн үгүс дьону хомуйан аҕалан үлэлэтии саҕаланар. Бу дьоннор кыһын устата бэлэм сылаас дьиэнэн, бэлэм аһылыгынан, бэлэм утуйар таҥаһынан хааччыллаллар уонна ый аайы хамнас аахсаллара. Кулун тутар ыйга ити дьоннор хантараак быһыытынан үлэлэрэ бүтэн дойдуларыгар барыахтаахтара. Ону баара кинилэр дойдуларыгар бара сатаабакка куоракка хаала сатыыллара, атыыһыттарга, кыахтаах ыалларга үлэҕэ киирэллэрэ. Үгүс дьоннор итинник олохторун оҥостон, сорохтор дойдуларыттан дьиэ кэргэттэрин ыҥыран аҕалан, куоракка олохсуйаллара.
Ити кэмтэн ыла куоракка сайын устата үлэтэ суох кэриэтэ хаамаайы сахалар күөрэйэн тахсаллар. Итинник көстүү Арассыыйа куораттарыгар эрэ буолбакка, бары улахан судаарыстыбалар кыһалҕалара буолбута. Ити киһи аймах сайдыытын хараҥа күлүгэ буоларын, остуоруйа кэрэһэлиир.
Таһаҕас таһыытыгар сылгылар уонна тыыннахтыы ыраах сиргэ үүрүллэн баран иһэр сүөһүлэр (ол иһигэр Америка Аляска тумулугар уонна муора арыыларыгар) дьаҥтан өлүүлэрин аччатаары, уоспа ыарыыны утары быһыы үөрэҕэр эмиэ саха эдэр уолаттарын үөрэтии саҕаланар. Ол түмүгэр саха сиригэр уоспа ыарыы киэҥник тэнийэн барыыта тохтообута.
Ити хас эмэ уонунан сыллар усталара сахалартан таһаҕас таһыытыгар анаан, босхо түһээн быһыытынан сылгыдары хомуйуу уонна эр дьоннору оттоппоко таһаҕаска сырыттыннарыы, саха омук олоҕор ыарахан охсууну оҥорон, ыаллар олохторо ыарааһыныгар тиэрпитигэр, 1770 сыллартан ыла таһаҕас таһыытыгар сылгы арендатыгар, таһаҕаһы таһыы үлэтин таһыы иһин төлөбүр олохтоммутугар, Сибиир атыыһыттара таһаҕас таһыытын үлэтин ылсан үлэлээн иһэн ыраах, ыарахан айан суоллаах сирдэргэ таһаҕас таһыытын аккаастаммыттарыгар, үгүс остуруоктар олохтоохторун ортолоругар хоргуйуулар тахсаннар, Дьокуускай уобалас Бырабылыанньата туруорсан, ыраах сирдэргэ таһаҕас таһыытын үлэтин улуустар кулубаларын, нэһилиэктэр кинээстэрин (староста) салайыытыгар биэриини ситиспитигэр, сүөһүлээх, сылгылаах саха кыахтаах, баай олохтоох дьонноро үрүҥ, кыһыл көмүс харчынан байыылара саҕаланар. Бу харчыны Дьокуускай Уобалас Земистибэтин Суута таһаҕас таһыытын Хантарааҕа туолуутунан түҥэтэрэ.
Бу кэмтэн ыла сылгы ахсаана элбээһинэ саҕаланар. Ол быһыытынан оттонор сир иэнэ кыра буолбутугар, оттонор сиргэ анаан улахан күөллэр ууларын түһэрэн ходуһа оҥостуу саҕаланар.
Тохсунньу ый ортотугар Дьокуускай куорат Бойобуодата, хойутуу Уобалас Губернатора Дьокуускай куорат тулатынааҕы сэттэ улуус кулубаларын, суруксуттарын уонна таһаҕас таһыытыгар улуустан Эппиэттээх дьоннорун ыҥыран оччуоттатара. Бу оччуокка Кулуба улууһугар төһө киһи, төһө көлө баарын уонна төһө киһи туох биричиинэттэн өлбүтүн уонна кэлэр сайын таһаҕас таһыытыгар улуус төһө бэлэмнээхтэрин ыйытыы оҥороро. Улууска, нэһилиэккэ дьоннор хоргуйан өлүүлэрэ тахсыбыт буоллаҕына уонна таһаҕас таһыытыгар бэлэмнэнии үлэтэ мөлтөхтүк ыытыллыбыт буоллахтарына – кулубалар, кинээстэр таһыырга тиийэ буруйданаллара. Улуус Кулубатыгар сыл аайы алтынньы ый бүтүүтүттэн, бачча ыыһаммыт тирииттэн уонна ыыһамматах тирииттэн бэрэмэдэйдэри тигии; төһө ахсааннаах ат көлө таһаҕас таһыытыгар бэлэм буоларыгар сорудах тиэрдиллэрэ.
Бу быһаарыы мунньах кэмигэр улуус Кулубатыгар, төһө таһаҕаһы ханна тиэрдиэхтээҕин иһитиннэрэллэрэ. Ити сорудаҕы ылаат Кулубалар сорох суруксуттарын кытта дойдулуллара уонна таһаҕас таһыытыгар төһө сылгы баар буолуохтаах сорудаҕын толорбутунан бараллара. Ол быһыытынан, Дьокуускай куорат ыскылааттарыгар үгүс таһаҕас кэлбит сайыныгар, саас муус устар ый саҥатыгар, үс дууһа ахсааныттан биир ындыы атын, аҕыйах таһаҕас кэлбит сылыгар сэттэ, аҕыс дууһа ахсааныттан биир ындыы көлөтө ирдэниллэрэ.
Улуус таһаҕаһы таһыыга быһаччы үлэни толорооччу сорох суруксуту кытта куоракка хаалларан, улууска анаммыт таһаҕаһы тутуохтааҕа уонна ыскылаат үлэһиттэрэ ыйан биэрбит сирдэригэр чөмөхтөөн кэбиһиэхтээҕэ. Улууска анаммыт таһаҕас Эпиэттээх киһиэхэ туттарыллыыта бүттэҕинэ, бу киһи улууска бу сураҕы тиэртэрэ охсоро. Куораттан таһаҕаһы тутуу үлэтэ бүппүтүн истээт, таһаҕаһы таһыыга иккис Эппиэттээх киһи нэһилиэктэр аайыттан эрдэттэн быһаарыллыбытынан, кулун тутар ый бүтүүтэ, сыарҕалаах оҕустаах дьоннор, баран иһэн уонна төннөн иһэн оҕустар сиир отторун тиэммитинэн куоракка кэлэн, ындыыга бэлэмнэммит таһаҕастары тиэнэ охсоот, сонно тута, (куоракка хонор, өрүүр бобуллара) киэһээ куораттан тахса охсуохтаахтара. Итинник быһыы таһаҕаһы сүтэрбэт уонна уордарбат инниттэн оҥоһуллара.
Ыраах сирдэргэ таһаҕаһы таһыы тус туһунан кэмнэргэ ыытыллара.
“Пластовымъ путемъ” диэн ааттанан таһаҕаһы таһыы – муус устар ыйы ортотун аһарбакка улуустар таһаҕасчыттара, таһаҕастар мунньуллубут сирдэриттэн ыраах Охуотскай муораҕа уонна Өймөкөөҥҥө, Үккэ айаннарын саҕалыыллара.
“Ярмочнымъ путемъ” диэн ааттаан таһаҕас таһыыта – билиҥҥи Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Төхтүр нэһилиэгин “Дьаарбан” диэн ааттаах сириттэн, бэс ыйыттан таһаҕаһы таһыы саҕаланара. Онно анаан саас бүтүүтэ Өлүөнэ мууһа бараатын кытта, Дьокуускай куораттан улахан оҥочолрунан ындыыга анаммыт таһаҕастары уҥуор “Дьаарбан” сиригэр туоратан, нэһилиэктэртэн кэлбит атаардаах таһаҕасчыттарга таһаҕыстары туттараллара.
“Ярмочнымъ путемъ” диэн ааттааннар таһаҕастары эмиэ сааскы курдук, Охуоскайга, Нелькаҥҥа, Верхоянскайга[L1] , Абыйга, Халымаҕа ыыталлара.
Бороҕон, Дүпсүн, Мэҥэ, Боотурускай уонна Байаҕантай улуустар ыраах барар таһаҕаһы мунньар сирдээхтэрэ. Онтон, Хаҥалас, Нам улуустара ыраах илдьэр таһаҕастарын, өрүс илин эҥэригэр баар улуустар таһаҕаһы мунньар сирдэригэр оҕустаах сыарҕаларга тиэйэн таһаарыахтаахтара. Ити үлэ эрдэттэн оҥоһуллубут былаан быһыытынан оҥоруллара.
Таһаҕастары улуустар таһаҕаһы мунньар сирдэригэр куораттан тиэйэн аҕалларын кытта, нэһилиэктэр бэйэлэрэ талбыт хаппараалларын (капрал) кытта таһаҕасчыттар кэлэннэр, таһаҕаһы тиэнээт ыраах айаҥҥа туруналлара. Кинилэр Алдан өрүс мууһа хамсыан иннинэ Алдан өрүс уҥуор Мас Аппа сиригэр Белая (Тандыҥы) үрэх төрдүгэр “Бельская станцияҕа”, эбэтэр “Алданская переправа” сиригэр баар буолуохтаахтара. Онтон, Байаҕантай, Дүпсүн, сорох Бороҕон улууһун нэһилиэктэрэ Алдан өрүһүнэн айаннаан Тыры үрэҕинэн өрө айаннаан, Ааллаах-Үүн, Үүдэм үрэхтэрин бастарынан, Дьугдьур хайатын нөҥүөлээн Охотскай куоракка тиийэллэрэ.
1850-нус сыллартан ыла, Охоскай куорат порт быһыытынан сабыллан Аян пордугар таһаҕаһы таһыы саҕаланар. Боотурускай, Бороҕон, Байаҕантай, Дүпсүн улуустара бэйэлэрин сирдэригэр таһаҕаһы мунньуулара тохтоон, Мэҥэ улууһун сиригэр мунньуулара саҕаланар. Аяҥҥа барар сааскы таһыы эмиэ “пластовымъ путемъ” уонна сайыҥҥы “ярмочнымъ путемъ” диэн ааттанан, салгыы таһаҕаһы таһыы салҕанан барбыта.
1868 сыллаахха Арассыыйа судаарыстыбата Кытайы кытта кыраныыссаларын быһаарсан, кыраныысса Амур өрүс ортотунан ыытыллан, Забайкальеттан Тиихэй акыйааҥҥа быһа Амур өрүһүнэн сырыы олохтонон, Арассыыйа судаарыстыбатыгар улахан суолталаах Аян порда сабыллар. Ол да буоллар бу Аяҥҥа таһаҕаһы таһыы айанын суола Дьокуускай – Охотскай айанын суолун курдук, Дьокуускай уобалас олоҕор дьаһаҕар улахан суолтатын сүтэрбэккэ 1922 сыллаахха диэри туһалаабыта.
Биһиги “Селенда станция” турбут сиригэр сылдьаары үрэх кытыытыттан биэрэстэ курдугу хааман тиийдибит. Боротоуоха үрдүгэр икки сэнэх соҕус дьиэ баарыгар икки олохтоох киһи сирдээн аҕаллылар. Сэбиэскэй былаас сылларыгар бу сиргэ үгүс киһи олорбут эбит. Урут манна фермалаах, начальнай оскуолалаах, медпункт, маҕаһыын тэрилтэлэрдээх улахан дэриэбинэ эбитэ үһү. Ыалдьытты киирбит дьиэбит уруккута кулууб эбит. Саастаах киһи бэрт түргэнник улахан хомордооххо эмис тайах этин буһара оҕуста. Ол сылдьан кэпсиир аҕай. Бу эргэ Селенда диэн ааттаах дэриэбинэ, уруккута үрэх улахан боротуохатын үрдүгэр турбут. Билигин аппа сиригэр ньалыар уулаах эрэ. Урут боротуоха уута сайыннары баара үһү.
Устубуппут үһүс күммүтүгэр биэс чаас саҕана Аим диэн дэриэбинэҕэ чугаһыыбыт. Үрэх ортотунан устан дэриэбинэ туһаайыытыгар кэлэбит. Арай өйдөөн көрбүппүт, Майда өрүспүт ортотуттан уҥа өттө уута ыраас баҕайы, үү түгэҕэ көстөр. Онтон, үрэх ортотуттан хаҥас, Аим дэриэбинэтин диэки өттө, өрүс уутун дьүһүнэ букатын будулуйа олорор саһарҕай дьүһүннээх буолан биэрдэ. Букатын саһарҕай дьүһүнүнэн будулуйа олорор. Кэлин билбиппит, Майда өрүс хаҥас өттүттэн, мантан биир биэрэстэ үөһээ өттүгэр, Аим диэн үрэх холбоһор эбит. Ити Аим үрэххэ баар кыһыл көмүһү хостуур старателлэр туппут быһыттара тоҕо баран, быһыт баар сириттэн кумахтаах уу кэлбитэ нэдиэлэттэн орпут.
Манна кэлэн Виталий, Валентин уонна мин буолан Аим бөһүөлэгин баһылыга Елена Алексеева Цекалова уһаайбатыгар балаака тардан, олохпутун оҥоһуннубут. Сарайга кухня баарыгар аспытын буһарынабыт. Бу уруккута улахан бөһүөлэк эбит. Бөһүөлэк эниэ сиргэ турар. Олохтоохтор сүнньүнэн балыктыыллар, кыһынын бултууллар. Сорохторо сайынын кыһыл көмүһү хостуур артыалга үлэлииллэр үһү. Билигин бу дэриэбинэ нэһилиэнньэтэ биэс сүүсчэкэ киһи эбит. Бөһүөлэк иһэ сүрдээх ыраас. Хоп курдук тутуулаах дьиэлэр, верандалара улахана, штакетниктара барыта кырааска. Оскуолата тоҕус кылаастаах. Үөһээ кылааска үөрэнэр оҕолор Нелькаҥҥа тиийэн орто оскуолаҕа үөрэнэллэр эбит. Киэҥ – куоҥ кулууптаахтар. Киэһээ концерт туруордубут. Виталий баянист быһыытынан барыбытыгар доҕуһуоллуур.
Сарсыҥҥы күммүтүгэр Джигда диэн кыра дэриэбинэҕэ тохтоон аастыбыт. Бөһүөлэк баһылыга Альбина Анатольевна Кизилова бэйэтинэн сирдээн бөһүөлэгин көрдөрдө. Билигин олохтоохторун ахсаана икки сүүсчэкэ киһи үһү. Начаалынай оскуолалаахтар. Оҕолор үөрэхтэрин салгыы Нелькаҥҥа тиийэн үөрэнэллэр эбит. Эр дьоннор булдунан, балыктааһынан дьарыктаналлар эбит. Сорохторо сайын үлэлиир кыһыл көмүһү сууйар артыалларга үлэлииллэр эбит.
Мантан салгыы айаннаан Нелькан сэлиэнньэтигэр тиийэбит. Эмиэ бу Майда өрүс уҥа эниэ сиригэр турар сэлиэнньэ эбит. Ыраахтан Николаевскай таҥара дьиэтэ сандааран, куупаллара күлүмүрдээн көһүннэ. Сэлиэнньэ уулуссалара өрүһү кыйа субуруһан бараллар эбит. Уулуссалар эниэни өрө кэккэлэһэн тахсаллар. Аллараа өрүскэ баржалар тиксэр бетонунан оҥоһуллубут причаллаах. Биэрэккэ биһигини олохтоохтор көрсө тоһуйдулар.
Илдьэ кэлбит малларбытын ылан үөһээ тахсан, Нелькан сэлиэнньэтин администрациятын дьиэтигэр кэлэбит. Малларбытын иһирдьэ киллэрэбит. Нелькан сэлиэнньэтин администрациятын Главата Петухова Наталья Васильевна бэйэтинэн көрсөн кэпсэтэн баран, салгыы бу дьиэҕэ баар краеведческай музейын көрдөрдө, сэлиэнньэ историятын билиһиннэрдэ. Ити көрсүһүү кэнниттэн биһигини эниэ сир үөһээ өттүгэр оскуола аттыгар баар, кураанах турар инернакка олохтоотулар. Суунан, олохпутун оҥостон баран, кыратык сынньанаат чэйдээтибит. Чэйдээт Баһылай Харысхал билэр киһибин Дьячковскай Николай Егоровиһы көрсүөм этэ, диэт дьиэттэн тахсан барда. Сотору соҕус буолаат Баһылайбыт Ньукулайы батыһаннарбытынан тиийэн кэллэ. Кэпсэтэн билбиппит, Ньукулай манна олохтоох, былыр таһаҕас таһыытын кэмигэр Чурапчы сириттэн сылдьар таһаҕас таһыытыгар сылдьан, манна олохсуйа хаалбыт киһи сыдьаана эбит. Ньукулай зоотехник идэлээх. 1990-нус сыллардаахха, Нелькан оройуонун Саха сиригэр холботуу боппуруоһун көтөхпүтүн иһин буруйга – сэмэҕэ тардылла сылдьыбыт. Кини Нелькан сэлиэнньэтин остуоруйатын билиһиннэрдэ.
Сарсыарда аһаан баран сэлиэнньэни кытта билсэ, уулуссаларынан сырыттыбыт. Нуучча дьонноро олороллорун быһыытынан, үчүгэй баҕайы тутуулаах, наһаа улахана суох дьиэлэрдээхтэр. Дьиэлэр үксүлэрэ хаптаһын обшивкалаахтар. Үксүлэрэ халлаан күөҕэ кырааскалаах түннүктэрэ ставнялардаахтар. Хоп курдук үчүгэй тутуулаах верандалаахтар. Кырааскаламмыт штакетниктардаахтар. Хортуоска олордор сирдээхтэр, теплицалар көстөллөр. Бу сэлиэнньэ турар сирэ таас буолан, үүнээйигэ анаан сыл аайы хатыннар үүнэр сирдэриттэн кунуһу аҕалан кутар дьарыктаахтар эбит. Уот лиинийэтин остуолбаларын таас сири буурунан үүттээн туруорбуттар. Урут баар буолбут араадьыйа, телефон остуолбаларын миэтэрэҕэ чугаһыыр үрдүктээх тиит маһынан холлоҕос оҥорон баран, остуолбалары ол иһигэр туруоран баран өрүс лөһүгүрэс таастарын холлоҕоһу толору куппуттара, остуолбалар төрдүлэрэ эмэхсийэн хаалбакка, бэрт үчүгэй туруктаах тураллар. Үөһээ көстүүлээх сиргэ, Николаевскай таҥара дьиэтэ турар. Тас өттүн хаптаһынынан тигэн баран, сырдык халлаан күөҕэ кырааскалаабыттара, ыраахтан бэрт үчүгэйдик көстөр. Кууполлара көмүс солотуулаахтар. Таҥара дьиэтин акылаата үчүгэй туруктаах. Иһирдьэ киирэ сылдьыбыппыт, бэйэтэ музей курдук буолан көстөр. Улахан орто оскуола, интернат маһынан тутуллубуттара үчүгэй туруктаах тураллар. Сэлиэнньэ адьас үөһээ өттүгэр биир уһун уулусса икки өттүгэр үгүс түөртүү квартиралаах дьиэлэрдээх. Бу уулусса дьиэлэрин геология разведкатын үлэһиттэрэ олорбут дьиэлэрэ эбит. Туһунан хонтуоралара, гаражтара, ыскылааттара баара үһү. Кэлин ити тэрилтэ сабыллан, дьиэлэри олохтоохторго түҥэтэн биэрбиттэр. Сэбиэскэй былаас сылларыгар Остревоттан быһа сааскы уу суолунан баржанан бородуукта, таҥас, араас матырыйаал тиэллэн кэлэрэ үһү. Ол билигин тохтоон турар.
Бу Майда өрүс үрдүгэр нуучча хаһаахтара түүлээҕи хомуйарга анаан олохтообут остуруоктара, нэһилиэнньэтин ахсаана сыыйа элбээн Ньукуола чочуобуната тутуллубут. 1850 сыллаахха Охотскай муораҕа саҥа Аян диэн муора порда тэриллэн, “Якутскъ – Аянъ” диэн ааттанан, таһаҕаһы таһар айан суола аһыллан, Нелькан дэриэбинэтигэр олохтооҕун ахсаана элбээн, Николаевскай таҥара дьиэтэ тутуллан, таһаҕас таһыытыгар улахан суолтаны ылан, Нелькан сэлиэнньэтэ диэн ааттанар буолбут. 1868 сыллаахха Арассыыйа судаарыстыбата Кытай судаарыстыбатын кытта эйэлээх кэпсэтиинэн, кыраныыссаны Амур өрүһүн ортотунан ыытан, Забайкалье сириттэн Чуумпу акыйааҥҥа быһа суол аһыллан, Арассыыйа судаарыстыбатыгар улахан суолтаны ыла сылдьыбыт Аян порда суолтата кыччаан, Саха сирин олохтоохторун араас ас көрүҥүнэн, чэйинэн, табааҕынан, таҥаһынан, араас күндү эгэлгэнэн хааччыйар суолтатын сүтэрбэтэҕэ. Ол быһыытынан, Дьокуускай уобалас атыыһыттарын сакаастарынан муора хараабылларынан Аян пордугар кэлбит таһаҕастары кыһыҥҥы ыйдарга таба наарталарынан Дьугдьур хайатын нөҥүөлээн Ньылхан сэлиэнньэтигэр тиэйэн аҕалан, мунньар ыскылааттар баар буолбуттара. Майда өрүс мууһа устубутун кэнниттэн, таһаҕастары улахан уу аалларыгар тиэйэн Майда өрүһү уонна Алдан өрүһү таҥнары устан, Өлүөнэ өрүһү өрө өксөйөн Дьокуускайга аҕалыы олохтонор. Ол быһыытынан, Сибиир атыыһыттара Глотов, Громова баржалары соһор борохуоттара 1890 сыллартан ыла, таһаҕаһы Ньылхантан Дьокуускайга аҕалар буолбуттара. Урукку сылларга таһаҕаһы сайыҥҥы ыйдарга ыллык курдук суолларынан ындыылаах аттарынан таһар эбит буоллахтарына, таһаҕаһы бааржанан таһыы олохтонон, Саха сирин баайдарын, Глотов, Громова атыыһыттар үптэринэн Ньылхантан Аяҥҥа диэри сайынын тэлиэгэлээх аттарынан сылдьарга анаан суолу оҥоруу үлэтэ саҕаланар.
1921 сыллаахха, Дьокуускай куорат тэрилтэлэригэр уонна военкомакка үлэлии сылдьар эписиэрдэри Сибиир губревкомун быһаарыытынан хаайталаан, диэн ис хоһоонноох кистэлэҥ дьаһала кэлбитигэр, ол кистэлэҥ бирикээһи истибит, уруккута корнет званиялаах, ити кэмҥэ Дьокуускай куорат военкоматын үлэһитэ буола сылдьар Василий Алексеевич Коробейников салайыытынан, уруккута Ыраахтааҕы эписэрдэрэ ахсыа буолан, атырдьах ыйыгар Владивосток куоракка тиийэр соруктаах, илин Аян пордун диэки күрүүллэр.
Ити кэмҥэ уонтан[АТ2] тахса Ыраахтааҕы эписиэр[АТ3] дэрэ уонна уруккута эсэрдэр партиятын чилиэнэ Куликовскай салайыытынан Нелькан – Аян суолун оҥорууга, Ньылхаҥҥа олорон үлэлии сылдьаллара. В. А. Коробейников бөлөҕө Ньылхаҥҥа кэлэрин кытта, Уус – Маайа атыыһыта Юсуп Галибаров малааһын тэрийэр. Малааһын кэмигэр эсер Куликовскай Коробейников В. А. дьонугар туһаайан: “Эһиги Владивосток куоракка барыман. Саха сиригэр 1918 сыллаахха тэриллибит “Холбос” диэн ааттаах тэрилтэтэ, отуттан тахса тыһыынча буут ыйааһыннаах таһаҕаһы Аян пордуттан манна тиэйэн аҕалан сытыарар. Ол таһаҕаһы туһанан, бастаан утаа манна олохтоох эбэҥкилэри, сахалары хомуйан, этэрээт тэринэн Дьокуускайы сэриилээн ылан баран, устунан Сибиир диэки сэриинэн барыаҕын”, – диэн этии киллэрбитин, суол үлэтигэр сылдьар эписиэрдэр үөрүүнээн ылынан, В. Коробейников дьоннорун бэйэлэрин тылларыгар киллэрэн, Сэбиэскэй былааһы утары сэриилэһэр этэрээти тэринэн, ити күһүн Дьокуускай куорат диэки айанныыллар. Эһиилги сыл сайыныгар, Сэбиэскэй сэриилэргэ хотторон, эписиэрдэр тылларыгар киирэн В.А. Коробейников сэриитигэр кыттыыны ылбыт Мэҥэ, Амма, Илин уонна Арҕаа хаҥалас улуустарын саха дьонноро, Коробейниковтааҕы кытта Аян пордугар куотан тиийэллэр.
1921 сыл от ыйыгар Дьокуускай губревкомун Быһаарыытынан Пыжьянов уонна Карпель хамандыырдартаах сэттэ уончалыы дьоннордоох кыһыллар икки этэрээттэрэ Дьокуускай куораттан борохуот бааржаларыгар олорон Өлүөнэ өрүһү таҥнары устан, Алдан өрүһү өксөйөн Охотскай перевозка кэлэн, Пыжьянов этэрээтэ манна сүөкэнэн, Боотурускай уонна Таатта улуустарыттан хомуллубут 150 ыҥыыр аттардаах Охуоскай куорат диэки салгыы айанныыллар. Ити этэрээт Охотскай куоракка тиийбэккэ, куораттан 7 биэрэстэлээх сиргэ Устье диэн ааттаах дэриэбинэҕэ хоноллор. Сарсыарда турбуттара, муораҕа улахан хараабыл турарын көрөллөр. Ол хараабылтан сэттэ эписиэр оҥочонон устан кэлбиттэрин тутан ылаллар. Кинилэртэн истибиттэрэ, Бочкарев атамаан сэриитэ тыһыынча кэриҥэ киһилээх, Охуотскай муора кытыытыгар тэриллибит Сэбиэскэй былааһы сууллара кэлбиттэрин Пыжьяновтаах истэллэр уонна устунан паникалаан, төттөрү кэлбит сирдэринэн Дьокуускай диэки куоталлар. Алтынньы ый саҥата сыккырыыр тыынара эрэ ордон, Ааллаах Үүн сэлиэнньэтигэр нэһииччэ кэлэллэр. Телеграф көмөтүнэн Дьокуускайтан көмө көрдөөбүттэригэр, Таатта волревкомун көмөтүнэн ас уонна таҥас хомуллан, Софрон Алексеевич Сокольников салайааччылаах үгүс таһаҕастаах Ааллаах Үүн дьаамыгар кэлэн, Пыжьянов этэрээтин дьоно тыыннаах ордон, салгыы айаннаан Охотскай перевозка кэлэллэр. Этэрээт кылгас кэмҥэ Охотскай перевоз гарнизонун быһыытынан итиннэ ый аҥаара буолаллар. Ити кэмҥэ Пыжьяновы Дьокуускайга ыҥыран ылан, сууттаан баран ыталлар. Хаалбыт Пыжьянов этэрээтин Дьокуускайга ыҥыраллар. Кинилэр разведчиктара Чычымах Амматыгар “Аллараа – Амма” почта – телеграф дьиэтигэр кэлбиттэрин, иллэрээ күн Күп сириттэн төннөн кэлбит Оросин Петр Иванович этэрээтин дьоно тутан ылан, Оросин этэрээтигэр инструктор быһыытынан сыһыарыллыбыт эписиэр Жарников Михаил ыйыытынан тэриллибит, Аким Андреевич Посельскай бэрэсэтээтэллээх байыаннай трибунал быһаарыытынан Амма мууһун үрдүгэр ытан бараннар, ойбонунан ууга тимирдибиттэрэ.
Ити кыһыл этэрээтин дьонноро, Мэндиги үрэҕэр Амма өрүс диэки ыыппыт развечиктарын кэтэһэ турдахтарына, ити тоһууртан куоппут киһи тыллааһынынан, этэрээт дьаам сиригэр киирбэккэ, этэрээккэ баар сахалар этиилэринэн, Чычымахтан хоту диэки үс биэрэстэлээх сиргэ Кырыннькыга кэлэн Татаринов Т.К. – Ноттуо Торопуун дьиэтигэр хоноллор. Ноттуо Торопуун дьиэтигэр сарсыарда кыһыллар утуйа сытар кэмнэригэр, киэһээ хойут Кырынньыкы ыалыгар Ноттуолаахха кимнээх кэлэн хоно сыталларын билээри, Тыытты халдьаайытын олохтооҕо Афанасьев К. И., сарсыарда эрдэ Ноттуо дьиэтигэр киирбитин, кыһыллар тутан ылан, эн үрүҥнэр үспүйүөнэҕин диэн баайсан, винтовка чумпуурунан таһыйа – таһыйа допуруостууллар. Ити кэмҥэ Ноттуо хотоҥҥо сүөһүтүн көрө сылдьан, дьиэҕэ хаһыы – ыһыы буолбутун истэн, хотонтон дьиэҕэ киирэн, Киппирийээни таһыйа сылдьар дьоҥҥо кэлэн,
– Ити киһи мин аймаҕым, миэхэ куруук сылдьан саахыматтыыр идэлээх. Ити этэр дьоҥҥутугар кини туох да сыһыана суох. Саахыматтыыр холбукалаах буолуо, – диэн Ноттуо саха киһитигэр быһаарбытыгар, саха киһитэ тойонноругар эппитигэр, нуучча хамандыыра саха киһитигэр эппитин, сахата Ноттуо Торопууҥҥа,
– Ити эн этиигинэн, киһигин быһаабаккын, – диэбитигэр, Ноттуо этэр:
– Мантан чугас эрэпкиэм суруксута Киппирийээн Өлөсөөйөбүс баар, кинини мин тиэйэн аҕалан, туоһу оҥоруом, – диэн эппитигэр, хамандыыр сөбүлэҥин биллэрэр уонна, – икки киһини разведкаҕа Чычымахха илдьэҕин, – диэн сорудахтыыр.
Киппирийээни таһыйыы тохтуур. Кинини таһааран, тоҥ ампаарга хаайан кэбиһэллэр. Ноттуо дьиэттэн тахсан, атын далтан тутан аҕалан көлүйэр. Ити кэмҥҥэ икки киһи бэйэлэрин биир аттарын көлүйэн, онно олорон, Чычымах диэки айанныыллар. Хочоҕо Маралаах диэн күөлгэ талахтар кэннилэригэр кэлэн баран Ноттуо Торопуун:
– Миигин манна кэтэһин. Мин сотору кэлиэм, – диэн этээт, салгыы айаннаан хочо үрдүгэр олорор Өлөксөй Майданов диэн ыалга киирэ сылдьыбытыгар, Өлөксөй Торопууҥҥа:
– Бырааттар түүнү быһа ампаалыктаһан баран, бука бары телегрээп буостатыгар бардылар. Манна түүнү быһа, Кырынньыкы диэкиттэн кыһыллар кэлиэхтэрэ диэн манаатылар аҕай. Бу соторутааҕыта биир киһилэрэ манна киирэн кыһыллары кэтии олорор дьонугар:
– Бука бары телегэрээп дьиэтигэр барар үһүбүт. Онно мустан баран, Алданыыр үһүбүт, – диэбитигэр, манабыл дьоно сүр суһаллык тахсан барбыттара, – диир.
Ити сураҕы Ноттуо истэн, туох да куттала суох Чычымах алааһыгар киирэн, Ынахсыт алааһыгар тиийэн, ревком суруксутун Киппирийээн Андреевы ылан, Маралаах күөлүгэр хаалбыт кыһылларын илдьэ, Кырынньыкылыыр. Ити тиийэн, Чычымахха туох быһыы майгы буолбутун кыһылларга Ноттуо кэпсээн биэрэр. Киппирийээни ампаартан босхолууллар. Киппирийээн дьиэҕэ киирэн, оһох аттыгар уурбут саахыматын холбукатын ылан, дьиэ иһигэр олорон хаалар. Кыһыл этэрээтэ бэйэлэригэр баар саха дьонун сирдэтэн Төҥүттэнэн Тааттаҕа тахсыахтаах былааннара уларыйан, Чычымах, Тараҕана алаастарынан, Күөрүмэ, Мэлдьэгэй үрэхтэринэн Тааттаҕа тахсар былааннаах айаҥҥа туруналлар.
Ити кэнниттэн, сэтинньй ый 29 күнүгэр, Пышьяновы солбуйа баран иһэр Евгений Стрелов уонна кинини арыаллаан иһэр Амма бааһынайа уол Вениамин Росторгуев Мэлдьэгэй дьаамыгар түүн ортото Чөркөөхтөн кэлэллэр. Кинилэр кэлиэхтэрин быдан иннинэ Ынах Күөлүн олохтооҕо Афанасий Усулуков түөрт киһилээх Мэлдьэгэй дьаамыгар кэлэн хотон иһигэр үс киһи, таһырдьа ампаар кэннигэр икки киһи тоһуур оҥороллор. Стреловтаах дьаам дьиэтигэр киирээт көмүлүөк оһоххо иттэ турдахтарына, икки дьахтар тиэтэлинэн таҥна охсоот таһырдьа ойоллор. Дьахталлар таһырдьаны былдьаспыттарын көрөөт, кыһыллар сааларын ылаары оҥостон эрдэхтэринэ, хотон иһиттэн биирдии ытыынан Стреловтааҕы охтороллор. Саалар эстибит тыастарын утаа, түүҥҥү хараҥаҕа дьиэ иһиттэн икки киһи сүүрэн тахсыбыттарын, ампаар аттыгар баар бырааттар биирдиитэ ыталларын кытта, түүҥҥү дьыбарга, дьахтар сарылааһыныттан, ампаар аттыгар турааччылар, аҥааран туран хаалаллар. Дьиэ аана аһыллан, биир киһи быган туран:
– Тугу ытыалыыгытый? Дьиэҕэ киирин, – диэн соруйаат, иһирдьэ киирэн хаалар.
Иһирдьэ балаҕан иһигэр, таһырдьа тэлгэһэҕэ туох буолбутун ситэ быһаарбакка сылдьар икки киһи таһырдьаттан дьиэҕэ киирбиттэрэ; биир нуучча киһитэ оһох иннигэр, иккиһэ аан аттыгар өлө сыталларын көрөн, “Биһиги кимнээҕи ыппыт буоллахпытый, эмиэ да дьахтар айаманар саҥата иһиллэр ээ, – диэн мунаахсыйаллар.
Ити кэмҥэ таһырдьаттан дьаамсык Дьэким Сиипсэп ойоҕун өйөөн Сэмэн Охуотун ойоҕо киирэн кэлэн, хоско ааһаллар. Дьахталлар кэннилэриттэн, Аржаков Арамаан диэн оҕо киһи, кырдьаҕас дьаамсыгы солбуйан Расторгуевтааҕы манна аҕалан баран, аты сыарҕаттан булгута сырыттаҕына, сототун кэннин көп этин, буулдьаҕа тоҕо ыттарбытын, манна олохтоох дьаамсык уол өйөөн киллэрэр. Тоһуур оҥорооччулар тойонноро Усулуков Охонооһой:
– Өссө бу тугуй? – диэн хаһытаан ыйыппытыгар, Дьэким:
– Уол сатаммата, атаҕын тоҕо ыттарбыт, – диир.
Таһырдьа кимнээх, кими таппытый диэн быһаарыыга, бастаан Боллойо уола Дөһүөккэ дьиэттэн тахсыбыт киһини ыыппыт буолар. Дьаамсык уол бөтөҕөтүн, кыараҕас уостаах, кыра буулдьалаах винчестер саанан Суккун уола Ыстапаан ыппыта биллэн, Сукуун уола,
– Хор, син эр киһини харалаабыппын ээ, – диэн саҥарбытын, кыттыгас дьоно истэн эрэ хаалаллар.
Чөркөөхтөн кэлбит аттаах сыарҕаларга сүүрбэччэ винтовка, үгүс дьааһыктаах ботуруон, ас толору тиэйиллибит икки сыарҕа буолан биэрэллэр. Бу өлбүт дьону уонна сыарҕалаах аһы, саалары, ботуруоннары тиэммит сыарҕаларга аттары хат көлүйэн, сити түүн Чычымахтыыллар.
Манна биир боппуруос ыйытыы буолар? Сэрии буолуо турар кэмигэр куораттан үгүс арыаллыыр дьоно суох кыһыл этэрээтин хамандыра буолар киһини ыраах айаҥҥа, биир эрэ арыалдьыттаах тоҕо ыыттылар?
Оросин П. И. Чычымахтан 11 киһи буолан Уус – Маайа сиригэр күрээбиттэрин губревком салалтата билэрэ. Оо гынан баран, Дьокуускай губревкома Чычымахха П.И. Оросин Уус – Маайа Күп сириттэн эбии эбэҥки дьоннордоох кэлбиттэрин билбэккэ олороллоро. Учуутал П.А. Николаев Оросиннааҕы кытта Уус – Маайа сиригэр барсыбыта уонна онно хаалбыта. Кини хаан тохтуулаах сырыыларга кыттыыны ылбатаҕа.
Карпель Исай хамандыырдаах кыһыллар иккис этэрээттэрэ Ньылҕаҥҥа тиийэн, балаҕан ыйын саҕаланыыта, генерал Пепеляев Аян пордуттан Нелькан диэки иһэрин истээт, өрүс кытыытыгар быраҕыллыбыт баржаны тиэтэлинэн өрүмүөннээн, өрүһү таҥнары устан эрэллэрин, үрүҥнэр ыраахтан көрөн эрэ хаалаллар.
1922 с. балаҕан ыйыгар Владивосток куораттан Аян куоракка кэлбит генерал А.Н. Пепеляев сэриитигэр, Аяҥҥа куотан тиийбит Мэҥэ, Амма, Илин уонна Арҕаа Хаҥалас улуустарын дьонноро холбоһоннор, Саха сиригэр сэриинэн хаттаан киирэннэр, Саха сиригэр кэлэн, Амма солободутугар кыһыл этэрээтин утары сэриигэ кыттыыны ылаллар. Ол гынан, Пепеляев сэриитэ 1923 сыллаахха саас Сэбиэскэй сэриилэргэ хотторон, В. А. Коробейников сэриитин тобоҕун курдук, генерал Пепеляев сэриитин тобоҕо Аян пордугар куотан тиийэллэр. Сотору буолаат генерал Пепеляев сэриитин тобоҕо, ол иһигэр үгүс саха дьонноро, Вострецов хамандыырдаах Кыһыл этэрээтигэр бэринэллэр.
1924-1925 сыллардаахха Артемьев М.К. баһылыктаах тоҥустар Сэбиэскэй былааһы утары турбут этэрээттэрэ эмиэ бу айан суолунан сырыыламмыттара. Ол түмүгэр, Сэбиэскэй былаас Уурааҕынан, Уус – Маайа улууһун сирэ үгүс өттө Хабаровскай кыраайга бэриллибитэ.
1923 сылтан ыла, Дьокуускай – Охотскай уонна Дьокуускай – Аян таһаҕаһы таһар айаннарын суоллара букатыннаахтык сабыллыбыттара.
Айаммыт сэттис күнүгэр “Урал” вахтовай массыынанан айанныыр буоламмыт, малларбытын барытын ылан, мотордаах оҥочонон Майда үрэҕи туоруубут уонна вахта массыынаҕа олорон айаммытын салгыыбыт. Погодабыт үчүгэй. Халлааҥҥа былыт диэн суох. Айаннаан иһэр суолбут оҥоһуу киэҥ (шоссе) суол эбит. Биһигини кытта Нелькан олохтоохторо Айааҥҥа айаннаһан иһэллэр. Кинилэр ортолоругар Дьячковскай Н. Д. диэн биһиги саҥа билсибит, патриот санаалаах саха киһитэ олорсон иһэр. Кини кэпсээнинэн, бу айан суолун (шоссе) Нелькантан Дьугдьур хайатын тэллэҕэр диэри Сэбиэскэй былаас кэмигэр алта уонус сыллардаахха оҥорбуттар. Дьугдьур хайатын тэллэҕиттэн ыла, айан суола Челасин диэн ааттаах үрэх устун Дьугдьур сис хайа оройугар диэри тиийэр үһү. Дьугдьур хайатын оройуттан ыла Айааҥҥа диэри эмиэ оҥоһуулаах айан суолунан айанныыр үһүбүт. Айаннаан иһэр сирбит Дьугдьур хайатыгар диэри тиит, бэс, тирэх сорох сиринэн харыйа мастардардаах хаптал сир эбит. Ол иһигэр уулаах маар сирдэр көстөн ааһаллар. Күн ортото “Челасин 1” диэн ааттаах айан суолун учаастагар кэлэбит. Урут, Сэбиэскэй былаас кэмигэр, Аян пордугар диэри, өссө икки итинник учаастактар бааллара диэтилэр. Бу айан суола Челасин үрэх куурбут сүнньүнэн, хайа аппатынан барар буолан, кыһынын хаарын халыҥа, массыына сылдьыбатын курдук саба түһэрин иһин, суолу хаартан ыраастатаары суол учаастактарын тэрийбиттэр. Сэбиэскэй былаас суох буолуоҕуттан суолу ыраастыыр учаастактар сабылланнар, билигин кыһыҥҥы ыйдарга массыынанан Нелькантан айааҥҥа айаннааһын тохтоон, “буран” курдук сэбинэн эрэ сылдьаллар эбит.
Бу сиргэ тохтоон бэйэбитигэр баар ыһыкпытын ылан аһаатыбыт. Биһиги хайа аппатыгар баарбыт. Икки өттүбүт сүрдээх үрдүк хайалар. Хайалар сирэйдэрэ болбуктанан саба үүммүттэр. Айаннаан иһэр хайа аппатын сирэ тиит, харыйа мастардаах, сииктээх сир. Мастар быыстара хойуу талахтаах уонна от өлгөмнүк үүнэр эбит. Бу Дьугдьур сис хайатын оройугар сынньанар ааһар сирбитигэр, эдельвейс диэн ааттаах, хайаҕа үүнэр сибэкки хойуутук үүнэр үһү.
Татаринов Аким Констатинович-Хаамар Ааллаах Үүн
Виталий Власов, экспедиция кыттыылаахтарын хаартыскаҕа түһэриилэрэ, видеоларыттан скриншоттар