Хас да сыллааҕыта сиэним үөрэнэр «Айыы кыһата» оскуола бырааһынньыгар үөрэнээччилэр күргүөмүнэн оскуола анал девиһин «Тулуур, дьулуур, эрэл» диэн дорҕоонноохтук этэллэрин истэн туран тоҕо эрэ эмискэ доҕорбун Иннокентий Семенович Кочкины саныы түспүтүм. Бу үс тыл Кеша спортивнай эйгэтин эрэ буолбакка, кини киһи быһыытынан хаачыстыбатын, олоҕун суолун толору көрдөрөр эбит диэн толкуйдаан аһарбытым.
Кеша аҕата Семен Мефодьевич Кочкин Москваҕа Крупская аатынан педагогическай академияны, салгыы итиннэ аспирантураны бүтэрбит, Таатта оройуонун эрэ таһымыгар буолбакка, бүтүн республика үрдүнэн биллэр-көстөр Ленин уордьаннаах Уолба оскуолатын директора этэ. Ийэтэ Февронья Егоровна Кочкина төрүт-уус сайдыылаах, үөрэхтээх Никоновтар аҕаларын ууһуттан удьуор утум тардар. Онон кини олус үрдүк интеллектуальнай таһымнаах, ис култууралаах, дириҥ сиэрдээх-туомнаах дьиэ кэргэҥҥэ төрөөн-үөскээн оҕо эрдэҕиттэн үөрэҕэр эргиччи ситиһиилээх, иһиттэн дьоһуннаах, элбэҕи аахпыт-билбит, олус үчүгэй иитиилээх ыччат буола улааппыта.
Үэрэҕин таһынан кини үлүһүйэн туран спордунан дьарыктаммыта. Ис күүстээх санаалаах, тэтиэнэх оҕо буолан тустууну олус таптыыра, улахан тустууктар, күүстээх дьоннор тустарынан анаан көрдөөн туран ааҕара, ыстатыйалары, сурунааллары, кинигэлэри мунньара. Уолбаҕа сөптөөх кыахтаах тренер суох буолан спортивнай ситиһиилэрэ сэмэй соҕустар этэ, ол үрдүнэн, атын ханнык баҕарар үөрэххэ киирэр кыахтаах эрээри, физкультурнай институтка киирэргэ быһаарыммыта. Баҕа санаатын толорон кини 1970 с. Алма-Ата5а Казахстан государственнай физкультурнай институтугар киирэн Александр Ивановы, Валерий Винокуровы, Николай Степановы уонна да атын саха бастыҥ ыччаттарын кытта олус тапсан үөрэ-көтө үөрэнэр. Бу институтка хас да Олимпийскай, Аан дойду чемпионнара, ураты айдарыылаах дьоннор үэрэммиттэрин бэлиэтиир тоҕоостоох, кинилэри кытта алтыһан Кеша наһаа элбэҕи ылбыта, эбиммитэ. Алма-Ата кини дьолун булбут куората буолар, онно үөрэнэ сылдьан Чурапчыттан төрүттээх саха Кэрэ Куотун — Ольгатын көрсөр уонна олохторун холбооннор үйэлэрин тухары тапталларыгар уйдаран дьоллоохтук олороллор, оҕолонор, сиэннэнэр дьолун билэллэр, кинилэр тапталларынан дьоһун саастара доҕуһуолланар.
Иннокентий Семенович 1974 с. үөрэҕин бүтэриэҕиттэн ханна да халбаҥнаабакка тустуу эйгэтигэр, оҕо тренеринэн үлэлии сылдьар. Кеша бу уратыта кини киһи быһыытынан сүрүн хаачыстыбатын көрдөрөр дии саныыбын, ол курдук санаатын уурбут дьарыгын да, тапталын да хаһан да таҥнарбатын, уларымтыйыата, түөрэккэйэ суох тирэхтээх буоларын.
Иннокентий Семенович тустууктар эйгэлэригэр бэйэтэ туһунан ураты миэстэни ылар, ол киниэхэ тустууну таптааччылар бэйэлэрэ анаабыт миэстэлэрэ. Кини киһи быһыытынан ураты сэмэйин, үрдүк интеллектээҕин, иһиттэн деликатнайын, дьону таптыырын, доҕотторугар бэриниилээҕин сыаналааннар тустууга сыһыаннаах дьоннор киниэхэ олус истиҥ-иһирэх сыһыаннаахтарын киһи эрэ бэлиэтии көрөр. Кырдьык да Кеша доҕотторун көрдө да иһиттэн сырдыы түһэрин, сирэйигэр үөрүү-дьол уота умайарын бэлиэтээн наар сөҕө, астына,ытыктыы санааччыбын. Кеша билсэр-көрсөр дьоно, доҕотторо олус элбэхтэр, ол эрэн мин кини хайдах эрэ оҕо сааһын доҕоругар Илларион Георгиевич Федосеевка олох ураты истиҥ сыһыаннаах этэ диэн толкуйдуубун, кини суох буолбутугар олус хараастыбыта, билигин да суохтуур. Кырдьык да Иллариоммыт барахсан киһи умнубат, аһыыта ааспат ураты киһи этэ буоллаҕа.
Досье:
Родился 23 июня 1948 г. в с.Уолба Таттинского района Якутской АССР.
Окончил Казахский государственный институт физической культуры по специальности “Тренер-преподаватель по вольной борьбе” (Алма-Ата, 1974).
Тренеры: заслуженный тренер Казахской ССР Трунин Геннадий Владимирович (1971-1974), позже – заслуженные тренеры РС (Я) Никифоров Никита Николаевич, Иванов Прокопий Семенович.
Чемпион г. Алма-Ата среди студентов (1971). Победитель студенческого первенства Казахской ССР (1972). Бронзовый призер Всесоюзного турнира на призы Кожамкула (1973). Участник многих всесоюзных турниров – в Душанбе, Фрунзе (Бишкек), Караганде, Лениногорске, Чимкенте, Якутске.
Двукратный чемпион мира среди мастеров-ветеранов (Будапешт, 2003; Белград, 2014), трехкратный серебряный (2011, Венгрия, Будапешт, 2012; Сараево, Босния и Герцеговина, 2013) и двукратный бронзовый призер (Варна, 1996) и (Тегеран, 2002) чемпионатов мира среди мастеров-ветеранов.
Победитель республиканского фестиваля борьбы среди ветеранов (Якутск). Чемпион и призер республиканских турниров по борьбе хапсагай.
1974-1976 – инструктор спорта облсовета ДСО «Спартак».
1976 – тренер ДСО «Спартак», в связи с реорганизацией ДСО – тренер ВДФСО, ДЮСШ Министерства спорта РС(Я), ныне – тренер ДЮСШ № 3 г.Якутска, реорганизованной в 2010 г. СДЮСШОР МО г.Якутск.
За 48 лет тренерской работы через его руки прошли тысячи и тысячи юношей столицы. Воспитал мастера спорта СССР Андрея Александрова, участника двух Олимпийских игр, бронзового призера Азии и Азиатских игр Айаала Лазарева, чемпионов и призеров России среди юношей О.Родавичуса, Б.Корнилова, В.Винокурова, К.Захарова, Я.Емельянова, С.Кривошапкина, Р.Хутиева, Т.Мамедова, мастеров спорта России Степана Соркомова, Александра Захарова, Ивана Захарова, Айаала Белолюбского и др.
Незаменимый главный секретарь республиканских соревнований по вольной борьбе, судья республиканской (российской) категории: судил чемпионаты СССР, России, международные и всесоюзные турниры и т.д.
Заслуженный тренер РС(Я) (2008).
Отличник физической культуры и спорта России (2006).
Отличник образования РС(Я) (1998).
Награжден почетными знаками «За заслуги в развитии физкультуры и спорта в РС(Я)» (1998), «2000 добрых дел» (2000), «За заслуги в развитии вольной борьбы» (2006).
Лауреат конкурса «Достойная семья Туймаады» (2003), награжден автомобилем «Жигули».
Почетный гражданин Таттинского улуса (2003).
Удьуор утум тохтоон хаалбат, көлүэнэттэн-көлүөнэҕэ салҕанан бара турар дииллэр, ол кырдьык. Иннокентий Семенович уһулуччулаах учуутал, айдарыылаах уһуйааччы уола буолан, ону утумнаан, олоҕун бүтүннүүтүн оҕолору кытта үлэҕэ анаата. Үһун сыллаах үлэтигэр улахан ситиһиилэрдээх оҕо тренерин быһыытынан сыаналанар, айылҕаттан көҥөһө, ымсыыта, бэйэмсэҕэ суох буолан оҕолорун сөптөөх таһымҥа таҕаарда да, туһааннаах тренердэргэ туттартаан иһэр. Кини ити оҕолоро атын да тренер дьарыгынан ситиһиилэнэллэриттэн дьоллонор, тэҥҥэ үөрсэр. Оҕолору эрчийэригэр Иннокентий Семенович ураты болҕомтотун кинилэри тустуук быьыытынан эрчийэрин таһынан кинилэр эргиччи сайдыылаах , киһилии майгылаах-сигилилээх буолалларыгар уурар. Ол иһин кини үөрэппит оҕолоро тустуу да кэнниттэн баһыйар үксүлэрэ олох араас эйгэтигэр элбэх ситиһиилээх, дириҥ толкуйдаах, сайдыылаах дьон буолан тахсаллар.
Тренер быһыытынан ииппит оҕолорун ситиһиилэрин ахтар буоллахха, Айаал Лазарев Азия ыарахан ыйааһыҥҥа чемпиона, үс төгүллээх призера, Владимир Винокуров 68 кг. Россия үрүҥ көмүс призера, Ян Емельянов ыарахан аҥардаах ыйааһыҥҥа Республика чемпиона, эдэрдэргэ Россия призера, Дети Азии оҕолорго призера, Степан Соркомов оҕолорго Россия чемпиона, призера, Тимур Мамедов ыччаттарга Россия чемпиона, призера, Азербайджан хамаандатыттан тустан Европа чемпиона уонна да атыттар. Итини таһынан 30-н тахса кини иитиллээччилэрэ Советскай Союз, Россия спордун маастардара буолбуттара. Бу балысхан ситиһии, биир тренер үлэтигэр.
Кеша үлэлиирин тухары тустууга чыпчаал ситиһиигэ тардыһарын тохтоппото5о, онно эрэлин сүтэрбэтэҕэ. Ол иһин кини олус дьаныһан, ноҕуруускатын аччаппакка эрчиллэн үрдүк таһымҥа тустуук быһыытынан тиийбитэ. Кини тулуура, дьулуура, эрэлэ түмүктээх буолбута, дьоһун саастаах тустууктарга Аан дойду чемпиона, хас да төгүллээх призера буолбута. Бүтүн Аан дойду чемпионатыгар мээнэ тустууктар кэлбэттэр, кэмигэр тустууга улахан ситиһиилээх бөҕөстөр күөн көрсө, күрэс былдьаһа араас элбэх дойдулартан бириистээх миэстэлэри чарапчыланан көрбүтүнэн тиийэн кэлэллэр. Олору барыларын кыайталаан Аан дойду чемпиона буолуу диэн ситиһии кылаан чыпчаала буолар.
Иннокентий Семенович ити ситиһиитинэн тохтоон хаалбакка дьарыгын мөлтөппөккө сылдьар, дөрүн-дөрүн кини турникка баһаам элбэхтик тардынарын, ханаатынан спортивнай заал уораҕайын үрдүгэр тиийэ угол тутан баран тардыһан тахсарын куйаар ситиминэн кэлэр видиктэргэ дьоннор көрөннөр олус сөҕөллөр, сорохтор батыһа сатыыллар.
Кеша айылҕаттан уус-уран, сороҕор күлүүлээх кэпсээннээх киһи. Барытын эридьиэстии барбакка биир кэпсээнин санаан кэлэбин. Саунаҕа тустууктар мустан паардана олорбуттар, онно иккиэн 68 кг. Балачча ситиһиилээхтик тустубут спорт маастардара Сэмэн Алексеев, Денис Горохов былааһы ылан кэпсээн-ипсээн, ситиһиилэринэн салыннартаан олорбуттар. Ол кэмҥэ парилкаҕа кинилэр ыйааһыннарыгар Россия, Советскайай Союз чемпиона Николай Неустроев киирэн кэлбит. Кеша дьиибэлэниэх санаата киирбит уонна ыйытааччы буолбут: «Николай Петрович, эн бу дьону кытта тустубутуҥ дуо» – диэн. Неустроев дьонун диэки көрбөхтөөн баран соҺуйбут курдук: «Тустубатах эбиппин дии, бу дьону миэхэ тиэрдибэттэр, аара «стряпайдаан» кэбиһэллэр буоллаҕа» – диэн баар дьону күллэртээбит, Семеннээх Денис бэйэлэрэ эмиэ күлсүбүттэр.
Кеша доҕотторун туһунан олус астынан, сөҕөн-махтайан кэпсээччи. Биирдэ доҕоро Александр Иванов уратытын кэпсээбиттээҕэ: «Урут сахалар хапса5ай бөҕөс утарсааччытын тарбаҕыттан ылан быраҕар диэн этээчилэрэ, ону сахалар омуннуур идэлээхпит диэн сэҥээрбэт этим, арай Алма-Атаҕа Саша Иванов тустарын көрөн баран итэҕэйбитим. Кини утарсааччытын хантан баҕарар, тарбаҕыттан да ыллаҕына быраҕан кыыратан түьэрэр этэ» – диэн.
Бу сыл бэс ыйын 23 күнүгэр, саха саарына, киҺи киэнэ кэрэмэһэ Иннокентий Семенович Кочкин 75 сааһын томточчу туолар. Доҕорбутун, кини дьиэ кэргэнин биһиги дьиэ кэргэнин аатыттан ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит, билиҥҥэ диэри ситиһиилээхтик үлэлии сылдьарыттан астынабыт, киэн туттабыт! Инникитин өссө да уһуннук, дьоллоохтук олороллоругар баҕарабыт!
Игорь Николаев, Ил Дархан сүбэһитэ