Бүгүн, сэтинньи ый алтыс күнүгэр, атаһым, убайым Харысхал, баара буоллар, сэттэ уон иккис сылын кыстык хаарын санныгар түһэрэн, төрөөбүт күнүн үөрэ-көтө ыла олорор буолуохтаах этэ. Сарсыардаттан, киниэхэ, төлөпүөммүнэн эрийэн, төрөөбүт күнүнэн эҕэрдэлиэхтээх этим. Киһим, дьээбэлэнэн, кэлэҕэйдиирин соруйан эбэн «С-сиэн Ө-өкөр, дор-дор-дорообо!» диэхтээх этэ. Дьээбэлэнэн, бэйэбит төбөбүтүгэр эрэ баар «Кэлэҕэйдэр уопсастыбаларын» чилиэттэрэ буоларбыт быһыытынан, урукку айаммытын-сырыыбытын, бу орто дойдуттан эрдэ күрэммит Арассыыйа эбэ хотун араас муннуктарыттан сылдьар драматург табаарыстарбытын ахтан-санаан ааһыахтаах этибит. Айаммыт-сырыыбыт, кырдьык да, биһиэнэ элбэх буолаахтаатаҕа- Кытай сахаларын көрдүү Манчжуриянан, онтон биирдэ, аны, алҕас Харбиҥҥа көрсө түһэн, Манньыаттаах уолун дьиэтин, нуучча эмиграциятын тиһэх кырдьаҕастарын уста сылдьыбыттаахпыт. Ол быыһыгар драматурдар семинардарыгар Москванан, Бурятиянан, Байкал күөлүнэн да сылдьан, ытык убайбыт Алампа суолун тутуһан, Үрүҥ муораҕа турар Салабыаскай арыыларынан, Карелиянан, Архангельскайга да тиийэ сылдьыбыппыт. Чэ, ол туһунан кэлин. Мин бу, бүгүн, Харысхаллыын тиһэх айаммыт туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.
Биэс сыл аннараа өттүгэр, оччотооҕу Сахабыт республикатын Уһук Илиҥҥи федеральнай уокуругар бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Георгий Дмитриевич Никонов, бэйэтин «Улуу айаннар суолларынан» диэн, билигин Арассыыйа эбэ хотун үрдүнэн суон сурахтанан, аатыран-суолуран, киэҥник биллибит авторскай бырайыагын чэрчитинэн, — Хабаровскай куораттан Николаевск-на Амуре уонна Совгавань куораттарыгар дылы автоэкспедициятыгар Харысхаллыын кыттыыны ылан турабыт. Бу былыргы куораттары тутууга сахалар быһаччы кыттыылаах буоланнар, (оннооҕор, «Николаевск-на Амуре куорат бастакы дьиэтэ саха балаҕана этэ» диэн архыып докумуоннарыгар, үрүҥҥэ харанан, ырылыччы сурулла сылдьар буоллаҕа,) маннык экспедиция буолара чуоккай этэ. Кэлин билбиппит, Георгий Дмитриевич аҕата Дмитрий Никонов эмиэ, ити сирдэргэ, сэбиэскэй армия кэккэтигэр сулууспалыы сылдьыбыт эбит. Онон бу экспедиция «өбүгэлэр суолларынан» эрэ буолбакка, биир кистэлэҥ өрүтэ- Георгий Дмитриевич «аҕатын туйаҕын хатаран» диэн, уол оҕо аҕатын ир суолун ирдиир, аартыгын арыйар, суолун тобулар ытык иэһин толоруута дии саныыбын.
Дьэ, ити курдук тэринэн, ох курдук оҥостон, олунньу ый 27 күнүгэр, Харысхал хамандыырдаах, үһүө буолан, бу «Улуу айаннар суолларынан» бырайыак көмүс ньээкэ уйата, киин штаба буолбут Сахабыт республикатын Уһук Илиҥҥи федеральнай уокуругар бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтигэр Хабаровскайга көтөн күпсүтэн тиийдибит. Үһүс киһибит — Тит Николаев «Охота и рыбалка в Якутии» диэн Александр Ильич Борисов Аан дойдуга биллибит телевизионнай биэриитин кинооператора, эмиэ биһиги «Кэлэҕэйдэр уопсастыбаларын» бочуоттаах чилиэнэ. Самолекка, көтөн иһэн, мин Харысхалга бу экспедиция маршрутугар Мыс Лазарева диэн баарын, уонна, кыаллар буоллаҕына, ол онтон, Сахалиҥҥа, снегоходунан тахса сылдьар кистэлэҥ былааммын кэпсээн биэрдим. Ити иннинэ, интернети хаһан, бу Лазарев тумуһуттан Сахалин, баара суоҕа, сэттэ аҥар километр буоларын, ол онно хайыһарынан да, снегоходунан да сырыы баарын туһунан аахпытым. Бу былаан кыаллар түмүгэр, экспедициябыт далааһына, географията үрдээн биэрэрин туһунан Харысхалга кэпсии олорон, киһим саамай уйаҕас сирин — саха эмиграциятын чаҕылхай дьонун таарыйан ылабын. Ол дьон бэккэ билэр, ытыктыыр «Сахалин табаһыттарын ыраахтааҕыта» дэммит аатырбыт атыыһыт, Мэҥэ киһитэ Дмитрий Винокуров, нуучча атыыһытыгар көмөлөһөөччүнэн сылдьыбыт, Сахалин хара көмүһүн- уматык буолар ньиэбин булбут Филипп Павлов диэн саха сытыы-хотуу дьоно, эмиэ бу Лазарев тумуһунан Сахалиҥҥа айанныыр этилэр диэн, отой көрөн турбут киһилии, кэпсээн барабын уонна, урут, 1987 сыллаахха Сахалиҥҥа туристыы сылдьыбыппын, рюкзактаах, палаткаҕа хоно-хоно, кыһыл искэҕинэн эрэ аһаан, уонча хонукка сылдьыбыппын, эмиэ, ыһа-тоҕо кэпсиибин. Баһылай барахсан сэҥээрэн, сирэй-харах иччитэ буолан иһийэн истибитэ. Мэктиэтигэр, халыҥ ачыкыта тобус толору харах буолан хаалбыта. «Дьэ бэрт. Убай интэриэһиргээтэ. Мэҥиэ хабылынна, күрүчүөк ыйыһынна. Арааһа дьыала тахсыыһы быһыылаах» диэн күлүкпэр имнэнэн кэбиспитим.
Хабаровскайга бэрэстэбиитэлистибэлэр, сыа-сым курдук көрсөн, «Какаду» диэн хостелга илдьэн түһэрбиттэрэ. Сарсыныгар, дьээбэлэнэн, хостелбытын «Каака дуу?» диэн хос ааттаабыппыт. Үс кэлэҕэй биир хоско түспүппүт туох аанньа буолуой, бобулла-бобулла төлүтэ биэртэлээн, иҥин араастаан тардыалатан, былдьаһа-былдьаһа саҥаран, аны «саҥаҕыт улахана бэрт» диэн буойуллан, Баһылайбыт онтон өһүргэнэн, кыыһыран, хостел администраторын кытары саҥарсыбытын нэһиилэ уоскуппуппут.
Бэрэстэбиитилистибэҕэ, экспедиция уопсай мунньаҕар маршруппутун быһаарсыыга, экспедициябыт салайааччытыгар Георгий Дмитриевичка Сахалин туһунан тыл быктаран көрбүтүм да, маршрут ыгыма бэрт, арай туох эбит быыс-арыт көһүннэҕинэ диэн буолбута. Ол да буоллар, Харысхал биһиэхэ эрэлбит кыыма умуллубатаҕа. «Оннооҕор буолуох сырыыларга сырыттахпыт дии» диэн бэйэ бэйэбитин уоскутунан кэбиспиппит.
Экспедициябыт саҕаланан, сарсыарда эрдэ, өссө сырдыы илигинэ, Хабаровскай куорат үс таас сэргэлээх Саха бэрэстэбиитэлистибэтин дьиэтиттэн икки лендкрузер массыынанан хоҥнон, Николаевск- на Амуре куорат диэки айаннаан куугунаппыппыт. Аара Хабаровскай аэропордугар Дьокуускайтан саҥа көтөн кэлбит сибээспит министрын, «Охота и рыбалка в Якутии» биэрии салайааччытын, мин эмиэ онно үлэлиирим быһыытынан, отой быһаччы салайааччыбын, Александр Ильич Борисовы ылаары тохтообуппут. Онно эмиэ көрдөөх түгэн буолан ааспыта. Холуочук буолан, мөҕүллүмээри дьээбэлэнэн, илии тутуһан дорооболоһорбор: «Александр Ильич, дорообо! Мин, дьиҥэр, үс эрэ Ильиһы билинэбин ээ! Владимир Ильич, Леонид Ильич уонна эн… Александр Ильич!» диэн мунньа-мунньа төлүтэ биэртэлээн быыһанан турабын. Кэлин, Александр Ильич ол ону бэйэтэ, миэхэ саната-саната, күлэр буолара…
Кулун тутар ый бастакы күнүгэр Николаевск-на Амуре куоракка икки устар бөлөххө хайдыһан үлэлээн, сири-уоту, дьону-сэргэни кытары билсэн, музейдарын көрөн-истэн, «Улуу айаннар суолларынан» бырайыак туһунан кэпсээн-ипсээн, хонон-өрөөн турабыт. Ол кэнниттэн кулун тутар үһүс күнүгэр Татарскай пролив үрдүгэр турар Де Кастри диэн бөһүөлэгэр, били, Георгий Дмитриевич эппит «быыһа-арыта» дьэ көстөн, дьол хараҕа суох диэбиттии, истибиппитигэр эрэммэккэ да аата, Харысхаллыын Лазарев тумуһугар элэс гынан хааллыбыт. Бу сырыыга биһигини кытары, Николаевск- на Амуре куораттан биһигини арыаллыы сылдьар, Василий Григоровскай диэн культура салаатыгар үлэлиир уол сылдьыспыта. Бу уолбут кэргэнэ маннааҕы төрүт нанай омук буолан, отой күтүөппүт курдук көрөбүт. Кини баар буолан, Лазарев тумуһугар Сергей Якушев диэн Ямаха снегоходтаах улахан төрөл киһини була охсон, проливы уҥуордаан, Сахалин Погиби диэн ааттаах бөһүөлэгэр айанныыр буолбуппут. Киһибитин кэтэһэ таарыйа, сэрии кэнниттэн Лазарев тумуһуттан Сахалиҥҥа дылы барыахтаах, ол эрээри, Сталин өлөн, ситэ тутуллубатах, уу аннынааҕы туннелы көрөөрү, ол туннель сиргэ киирэр сирин көрдүү барбыппыт да, суолу-ииһи халыҥ хаар тибэн, ол сирбитигэр кыайан тиийбэтэхпит. Хайыахпытый, ол сирбит аттыгар, муора үрдүк сыырыгар туран, икки Баһылайтан- Харысхалтан уонна Григоровскайтан, кинилэр кэннилэригэр, ыраах, хара сурааһын курдук көстөр, Сахалин фонугар, интервью устубутум. Кытылтан чугас, муус үрдүгэр, массыынанан кэлэн, балыксыттар балыктыы олороллоро, сорохторо ойбон аллара, үүттүү тураллара көстөр этэ. Арыый тэйиччи соҕус, икки километр курдук ыраахха, кыракый томтор курдук арыы лөглөйөн көстөр этэ, ону Григоровскай ити «ол сир аннынан барар тоннелы туталларыгар оҥорбут, оҥоһуу арыылара көстөр» диэбитэ. Сотору кэминэн былытыран, хаардаан барбыта.
Үлэспит, болдьоспут кэммит кэлэн, сирбитин-уоппутун аһатарга, айыыларбытыгар айах тутарга аналлаах уохтаах утахпытын бөһүөлэк маҕаһыыныттан ылан, син сөп соҕустук аһынан-үөлүнэн хааччынан, Сергей Якушев снегоходугар олорсон, Сахалинныыр суолбутугар турбуппут. Снегоходка бэйэтигэр Сергейдээх Харысхал мэҥэстэн олорбуттара, онтон биһиги Василийдыын сыарҕатыгар олорбуппут. Сергей Якушев, төһө да манна, Лазарев тумуһугар олордор, бэйэтэ Сахалиҥҥа Погиби бөһүөлэгэр төрөөбүт-үөскээбит буолан, бу Невельской проливын нөҥүө, муус суолунан, отой оҕо эрдэҕиттэн сылдьар эбит. Билигин да онно, кини аҕалаах ийэтэ олороллор эбит. Лазарев Тумуһун бөһүөлэгин уулуссаларынан, аллараа, муорабыт кытылыгар түһэн, муус суолунан Сахалин диэки айаннаабыппыт.
Суолбут, оруобуна, ол томтор курдук оҥоһуу арыы аттынан ааһар буолан, онно тохтоон, томторбут үрдүгэр тахсан, көрөн-истэн, киинэҕэ устан барбыппыт. Томтор тулатыгар уонна үрдүгэр дьэбиннээх турбалар, тимир буочукалар сыталлара көстөр. «Арааһа бу сиринэн Сахалинтан нефть хачайдыыр турба уу аннынан барар эбит» диэн быһаарбыппыт, кырдьыга да оннук эбит этэ. Бу арыыттан Лазарев тумуһун үрдүк хайалаах кытыла уонна Сахалин арыыта, отой ытыска ууран турардыы, ырылхайдык көстөр эбит. Айаммытын эмиэ салҕаан, сорох сиргэ муус халҕаһа курдук тоҥмут буолан, нэксиэлээх да соҕус буоллар, Сахалиммыт кумахтаах кытылыгар үктэммиппит. Дьэ, кырдьык, кытылбыт барыта нефть барар турбаларынан тардыллан турар эбит. Икки километр курдук, турбалар быыстарынан, кумаҕынан айаннаан, ойуурдаах сиргэ кэлэн, былыргы вышка аттыгар тохтообуппут. Уонна, биллэн туран, ыра санаа оҥостубут Сахалиммытыгар үктэнэн, сыалбытын-сорукпутун ситиспиппититтэн үөрэн-көтөн, айыыларбытыгар айах тутан, сирбитин-уоппутун аһаппыппыт. Бу эрэ сиринэн биһиги дьоммут, саха атыыһыттара, муораны мууһунан туораан, Сахалин сиригэр кэлэллэрэ. Атын суол уонна суох. Баһылай, иэйэн-куойан туран, биһиги нуучча арыалдьыттарбытыгар, биһиги бу айаммыт сыалын-соругун туһунан кылгас өйдөтүү лекциятын кэнниттэн, снегохоппутугар олорон, бу ойуур кэтэҕэр баар, Погиби диэн нефтяниктар былыргы бөһүөлэктэригэр айаннаабыппыт. Манна Сергей Якушев аҕалаах ийэтэ, биһигини отой ытыс үрдүгэр көрсөн, күндүлээн-маанылаан, мааны остуол тардан, көрсүбүттэрэ. Сергей аҕата Владимир Якушев бу бөһүөлэккэ нефтепровод харабыла эбит. Бэйэтэ Комсомольск на Амуре куоракка төрөөбүт-үөскээбит эбит, уонна бу дойдуга кэлэн, бу Погиби бөһүөлэк кыыһын ойох ылан олохсуйбут эбит. Урут, сэбиэскэй саҕана, бу Погиби бөһүөлэгэ баһаам элбэх дьонноох-сэргэлээх, дьиэлээх-уоттаах эбитэ үһү, оннооҕор, байыаннай чаас эмиэ баара үһү. Онтон билигин уонча эрэ киһи олорор үһү. Ол ону, эмиэ да, уларыта тутуу кэннинээҕи эстии, урусхалланыы содула диэххэ эмиэ сөп. Иккис өттүнэн, олох сайдан, нефтепровод үлэтэ барыта автоматика, компьютер буолбут буолан, дьон үлэтэ суох хаалыытыттан эмиэ атын сиргэ көһүү буолуон сөп эбит диэн Владимир Якушев оҕонньор кэпсээниттэн тойонноотубут. Санаа түһүүлээх кэпсэтиини тохтотон, дьиэбит хаһаайына оҕонньор аны хормуоскатын хостоото, уонна доҕоор, араас маннааҕы көрдөөх-нардаах ырыаларын-частушкаларын тардан кэбистэ. Ырыаларбыт да, барыта кэриэтэ, цензураҕа соччо эппиэттээбэт ырыалар. Дэлэҕэ даҕаны, Сахалин былыр-былыргыттан хаатырҕа дойдутунан ааҕыллар буоллаҕа. Ол туустаах-тумалаах ырыалары аны сэбиэскэй кэмнээҕи хомсомуол ырыалара солбуйдулар. Манна баҕас биһиги Харысхалбыт Владимир Якушев оҕонньортон отой хаалсыбат эбит. Бу ырыалары билэрэ элбэҕин! Дьиэбит хаһаайына Баһылайы отой астынан, бу дойдуга өссө сайын кэлэн ыалдьыттыырыгар ыҥырда. Өссө калуга диэн кыһыл кинигэҕэ киирбит балыгынан аһатыах буолла. Өссө да мааны остуолга күндүлэтэ-маанылата олоруох дьону, Лазарев тумуһугар хаалбыт аччык суоппарбыт айманан, Вася Григоровскайбытыгар эрийэн, ыксатан, бу амарах дууһалаах, ыалдьытымсах Якушевтар алаһа дьиэлэриттэн арахсарга күһэллибиппит. Таһырдьа тахсыбыппыт доҕоор, хараҥарбытын ааһан, тыалыран, суол-иис көстүбэт буолан эрэр этэ. Дьиэлээх хаһаайыммытын кытары, отой уу тэстибэт доҕордуу дьон буолан, илии тутуһан, куустуһан, сылаас бэрэски, пирог кэһиилээх, аны Сахалиммытыттан арахсан, төттөрү материкпыт диэки айаннаабыппыт. Мууспутугар киирбиппит, хаар тибэн, суолбут-ииспит көстүбэт буолбут. Ханна айаннаан иһэрбит биллибэт. Сергейбит барахсан туох да буолбатаҕын курдук, оскуораһын да кыччаппакка, иннин диэки айаннаан күпсүтэн иһэр. «Бу хайдах-хайдаҕый, тугунан сирдэтэн бачча хаардаах буурҕаҕа, маннык айаннаан истэҕэй?» диэн быстах санаа төбөбөр охсуллан ааһар. Арай, иннибитигэр, хаарга, туох эрэ бэлиэ курдук анньыллыбыт, элэс курдук, элэҥнээн ааһар эбит. Тугуй бу? Сытыы хаардаах буурҕаны утары, харахпын хаарыттарымаары, кыламаным быыһынан, симириктэтэн көрбүтүм — ити бэлиэ диэн — хаарга анньыллыбыт харыйа эбит. Дьэ, онно эрэ мин өйдөөбүтүм, отутус сылларга, саҥа олоҕу айхаллыыр хоһооннорго саха поэттара «хомуньууһум диэки дьуолкалаах суолунан» айанныылларын. Билигин, аны биһиги, убайбынаан Харысхаллыын бэйэбит, бу «дьуолкалаах суолунан» сир-халлаан икки ардыгар, Сахалин арыытыттан Евразия материгар айаннаан истэхпит. Арай бу дьуолкалаах суолбут улам халлааҥҥа тахсан «Халлаан уолун хайыһарын суолугар» (нууччалыыта Млечный Путь) холбостун? Оччоҕо ол суолунан били тайаҕы эккирэппит булчут, эмиэ халлааҥҥа тахсан, Тайахтаах сулуска (нууччалыыта Созвездие Большой Медведицы) кубулуйбутун курдук, биһиги бу эмиэ, сулус буолан хааллахпытына туох диэн ааттыа эбиттэрэ буолла. Харысхал Сулуһа диэн отой ааттыын да, суолтатынан да үчүгэй эбит. Отой барыбыт ааппытыттан быдан ордуктук иһиллэр да эбит. Бэйи, оччотугар ити ааты, дьиҥэр, сууйуохха да баар эбит… Итинник санааҕа оҕустаран, Лазарев тумуһугар кэлэ охсубуппутун, билбэккэ да хаалбытым. Сергейбыт барахсан дьиэтигэр киллэрэн, айах тутан, маанылаан, бэйэтэ оҥорбут самогонунан күндүлүөх буолбутун, били аччык суоппарбыт бууннаан, төттөрү Де Кастрибытыгар айаннаатахпыт дии. Хата Сергейбыт, айанныахпыт иннигэр, массыынабытын тохтотон туран, хап-сабар, дьиэтиттэн роса бытыыккатыгар кутуллубут, бэйэтэ оҥорбут самогонун таһааран, миэхэ туттаран кэбиспитэ. Ону аҥарын, айаннаан иһэн, «Харысхал Сулуһун» сууйан, иһэн кэлбиппит.
Де Кастри бөһүөлэгэр хонон баран, сарсыныгар, Совгавань куоракка тиийэн, «Серебряная корюшка» диэн балыктааһын фестивалыгар бочуоттаах ыалдьыт быһыытынан сылдьыбыппыт- ол туһунан туспа кэпсээн. Харысхал биһиэхэ, суруйааччы дьоҥҥо, ол-бу үрдүк мааны тэрээһиннэргэ, мунньахтарга сылдьардааҕар, бу дойду төрүт олохтоох дьонун кытары бииргэ алтыһан, кинилэрдиин өй-санаа үллэстэн, бииргэ үөрэн-көтөн, санаабытыгар санаа эбинэн, кынаппытыгар кынат үүннэрэн сылдьарбыт сүүс төгүл ордуга чуоккай буоллаҕа. Оннук кыаҕы биһиэхэ биэрбит бу «Улуу айаннар суолларынан» бырайыак авторыгар уонна салайааччытыгар Георгий Дмитриевич Никоновка барҕа махтал буолуохтун. Кини бэйэтэ суолдьут сулус буолан, бу бэйэтин бырайыагын «дьуолкалаах суолунан» сирдээн, Бүтүн Арассыыйа эбэ хотун үрдүнэн аатырдыан аатырта. Онон, атаһым уонна убайым Харысхал төрөөбүт күнүгэр, кинини кэриэстээн бу суруйуубун түмүктүүрбэр, өссө төгүл, биһигини Сахалиҥҥа сырытыннарбыт «Улуу айаннар суолларынан» бырайыак аартыга арылыннын, суола тобулуннун диэн алгыс тылын этэбин! Дом!
Сиэн Өкөр
Экспедиция кыттыылаахтарын хаартыскаҕа түһэриилэрэ, «Моя Якутия» телепередчаттан кадрдар