1
Сценаҕа хараҥа. Аргыый аҕай музыканы кытары киһи тыынара, сүрэх тыаһа иһиллэн кэлэр. Ким билбитэ-көрбүтэ баарай да, киһи этиттэн-хааныттан кут арахсар түгэнигэр бу курдук тыас тыаһаабыт буолуохтаах. Тиһэх тыыныы, тиһэх салгын киһи тыҥатыттан, этиттэн-ханыттан арахсара… Киһи өллөҕүнэ абааһылар киһи кутун “кэритэллэр” диэн баар. Элбэх киһи саҥаран ньамалаһара, ытыыр икки күлэр икки ардынан энэлгэн, ол барыта музыкаҕа холбоспута дьулаан соҕус буолара буолуо… Сцена түгэҕиттэн туман быыһынан биэс күлүк аргыый аҕай “устар тэтиминэн” сцена иннин диэки хааман иһэллэр. Сцена иннигэр киһи сытар. Ити Бүөтүр – биһиги пьесабыт сүрүн геройа. Кини уһуктан кэлэр, аргыый аҕай өндөйөн ол күлүктэри көрөр… Олорор… Кини төбөтө бэрэбээскилээх.
БҮӨТҮР. Тугуй бу?.. Ити кимнээх иһэллэр?.. Ээй! Эһиги кимҥитий?.. Кимнээхтэргитий диибин дии!.. Саҥарбаттар… Бу аата тугуй?.. Ээ, биллим… Биллим кинилэри… Оччоҕо… Эмиэ кэллилэр дуо кинилэр?.. Ээ, эмиэ дуо? Эмиэ кэллигит дуу?.. Эмиэ миигин ыла кэллигит дуу, ээ?.. Көстүбэт сирэйдээх кубулҕат өлүү күлүктэрэ эмиэ кэллигит дуо, миэхэ? Мин эһигини ыҥырбатаҕым, тоҕо эмиэ миэхэ кэллигит?.. Миигин ыла дуо? Суох! Мин барсыбаппын. Мин эһигини кытары барсыахпын баҕарбаппын. Ыла сатаабыккыт биирдэ, ылбатаххыт. Сөп буола иликкит дуо? Киэр буолун! Мин эһигини кытары барсыахпын баҕарбаппын! Киэр буолун! Мин тыыннаахпын! Мин өлө иликпин! Киэр буолун!
Ортоку турар күлүк сирэйиттэн мааскатын устар – ити Дьөгүөр – Бүөтүр аҕата. Атын күлүктэр тахсан бараллар.
ДЬӨГҮӨР. Тоойуом, Бүөтүр… Бүөтүр… Билбэтиҥ дуо? Бу мин дии… Эн аҕаҥ бу Дьөгүөр турабын дии… Бүөтүр… Тоойуом, билбэтиҥ дуо?..
БҮӨТҮР. Эн… Эн кимҥиний?
ДЬӨГҮӨР. Тоойуом, Бүөтүр, бу мин дии, эн аҕаҥ…
БҮӨТҮР (аргыый аҕай). Аҕаа!.. Бу кырдьык эн дуо?..
ДЬӨГҮӨР. Мин, тоойуом, мин…
БҮӨТҮР (аҕатын сыыллан тиийэн атаҕыттан кууһар). Аҕаа… Аҕаа! Оччоҕо ол сымыйа буоллаҕа дии… Эн ууга түһэн өлбүтүн барыта сымыйа буоллаҕа дии?! Сымыйа, ол бартыта түүл буоллаҕа дии?!
ДЬӨГҮӨР. Ээ, тоойуом, сымыйа диэҕи эмиэ да кырдьык… Ол эрэн бу мин, кырдьык бу мин кэлэн турабын… Өр да эйигин көрдөөтүм, хата көрсөр күннээх эбиппин…
БҮӨТҮР. Аҕаа! Онтон эн ханна бачча өр сырыттын? Мин эйигин эмиэ көрдөө да көрдөө… Ол түүн, хараабылбытын буурҕа тааска илдьэн үнтү быраҕыаҕыттан, хараабылбыт тимириэҕиттэн ыла эйигин көрдөө да көрдөө…
ДЬӨГҮӨР. Бүөтүр… онтон мин ол онно… ол онно… сытабын ээ байҕал түгэҕэр…
БҮӨТҮР. Хайдах?!. Бу тураҕын дии, мин иннибэр, син биир уруккуҥ курдук… Оо, оччоҕо бу эмиэ түүл буоллаҕа дии…
ДЬӨГҮӨР. Суох, тоойуом, бу түүл буолбатах… Бу кырдьык мин эйигин көрсө кэллим… Ол хараабылбыт тимириэҕиттэн ыла мин эйиэхэ элбэхтэ кэлэ сылдьыбытым да, эн барытын бу түүл эрэ дии саныыр этиҥ… Онтон билигин атын… Эн эмиэ бу сир-халлаан икки ардыгар сылдьаҕын, эмиэ бу мин курдук… Ол иһин дьэ көрдүн, дьэ биллиҥ миигин билигин…
БҮӨТҮР. Ол аата хайдах? Эн миигин көрсө кэллэҕиҥ дии… Эбэтэр барыта сымыйа дуу?.. Онтон бу мин иннибэр тураҕын дии, тыыннаах… Ол аата эн байҕалын түгэҕиттэн таҕыстаҕын дии?
ДЬӨГҮӨР. Суох, тоойуом, мин уҥуоҕум кырамтата син-биир ол онно, ол байҕал түгэҕэр, били Охуоскайга дылы ындыыланан илдьэ барбыт дьаакырбытын кытары сытаахтаатаҕа дии… Онтон манна бу мин салгын кутум эрэ сылдьаахтыыр буоллаҕа…
БҮӨТҮР. Оччоҕо эн эмиэ күлүк буоллаҕын дии… Оччоҕо эн бу миэхэ күлүк эрэ буолан кэллэҕин дии… Оччоҕо эн бэйэҥ ол онно, байҕал түгэҕэр ол дьаакыргын кытары сыттаҕын дии… Оччоҕо эн ол онно, миигин бу дойдуга соҕотохтуу хаалларан, ол үс салбахтаах тимир дьаакыргын туппутунан сытар буоллаххына… оччоҕо туох иһин биһиги дойдубутуттан-сэргэбититтэн арахсан, Охуоскайга дылы таһаҕас таһарга бэдэрээтэһэн барбыппытый? Ол байҕал түгэҕэр хаалаары дуо? Оччоҕо тоҕо биһиги бу өлүү уутун уҥуордаан, Эмиэрикэ сиригэр сэттэ сылга хантыраак баттаһан айаннаабыппытый, бу иһин дуо? Эн тоҕо миигин манна, бу Эмиэрикэ сиригэр аҕалан соҕотох хааллардын?
ДЬӨГҮӨР. Онтон хайдах гыныаҥый… Дьылҕабыт оннук буоллаҕа… Иэстэн-күүстэн төлөрүйэн, харчы өлөрөн кэлиэхпит диэн сөбүлэстэхпит дии… Онтукайбыт ханна баарый… Онон эрдийэ сатыыр эрэ буоллаҕын…
БҮӨТҮР. Ол эрдийэммин хайыыбыный?
ДЬӨГҮӨР. Эрдийэҥҥин – эр киһи буолуохтааххын буоллаҕа. Сааһын уон сэттэҥ буоллаҕа дии… Имииһит Мэхээлэ олоҥхотун истэргин сөбүлүүр этиҥ дии, кыра сылдьаҥҥын. “Эр соҕотох бухатыыр” туһунан… Кини эмиэ бу орто туруу бараан Аан ийэ дойдуга соҕотох кэлэн аал уотун оттунан, алаһа дьиэлэнэн, оҕо-уруу төрөтөн үс саханы үөскэтэн, түөрт саханы төрөтөн…
БҮӨТҮР (быһа түһэр). Олоҥхону кэпсээмэ, аҕаа! Манна олоҥхо дойдута буолбатах! Манна Эмиэрикэ! Манна барыта атын сир, атын салгын, атын дьон!
ДЬӨГҮӨР. Онтон хайыҥый… Дьылҕа Хаан диэн баар… Эмиэрикэ да буоллун ээ… Биһиги төрүппүт Эллэй эмиэ бэйэтин төрүт дойдутуттан, соҕуруу дойдуттан күрэнэн Туймаада кытылыгар кэлэн, син-биир эмиэ атын сиргэ, атын саҥалаах-иҥэлээх дьоҥҥо кэлэн саханы төрүттээтэҕэ дии… Эн эмиэ бу саҥа сиргэ киһи буолар кэскилгин умнума, кэргэннэнэн, ыал буолан, оҕо-уруу төрөтөн Эллэй суолун салҕыаҥ этэ…
БҮӨТҮР. Суох, аҕаа! Мин дойдубар, төрөөбүт дойдубар төннүөхпүн баҕарабын. Мин Эллэй буолбатахпын, миигин ким да үүрбэтэҕэ, мин да кимтэн да куоппатаҕым! Мин дойдубар, дойдубар Саха Сиригэр төннүөм! Суох! Мин хаһан да манна хаалыам суоҕа! (Аҕата аргыый аҕай тахсан барар) Аҕаа! Аҕаа! Ханна бардыҥ?! Тохтуу түс! Миигин соҕотохтуу манна хаалларыма, аҕаа!.. Аҕаа!
Бүөтүр хаһытыы-хаһытыы төбөтүн илгистэр. Уот эмискэ уларыйар. Дьөгүөрү оонньуур артыыс аны индеец оҕонньоро буолан хаалар. Индеецтэр ураһаларын иһигэр Бүөтүр өйө суох үлүгүнэйэ сытар. Ити аҕатын кытары кэпсэтиитэ киниэхэ син-биир “эттэнэр” кэриэтэ буоллаҕа. Индеец оҕонньор Бүөтүрү эмтээн ойууннуур, бэйэтин тылынан ыллыыр, хамсатын буруотунан үрэр. Биир эмээхсин уонна биир эдэр кыыс Бүөтүрү ыарыылыыллар, сүүһүттэн көлөһүнүн сотоллор, суорҕанын көннөрөллөр. Кыыс мас иһиккэ уу аҕалан Бүөтүргэ иһэрдэ сатыыр, эмискэ Бүөтүр хараҕын аһар.
КЫЫС. Көрүҥ-көрүҥ!.. Хараҕын аста!
БҮӨТҮР (аргыый аҕай). Аҕаа… Аҕаа…
КЫЫС. Аҕатын ыҥырар. (Уолга) Аҕаҥ манна суох ээ…
БҮӨТҮР. Суох да? Онтон билигин манна баара дии! (Тулатын көрүнэр.) Билигин аҕай манна баара дии!
КЫЫС. Уоскуй-уоскуй… Эн турарын сатаммат… Манна эн аҕаҥ суох ээ…
БҮӨТҮР (дьэ өйдөнөр). Мин… Эһиги… Мин бу ханна сытабыный?
ОҔОННЬОР. Ханна буолуой, тукаам… Үс хонуктааҕыта эйигин биһиэхэ сыккырыыр тыына эрэ хаалбыт, төбөтүн уҥуоҕа үлтүрүйбүт киһини тутулла турар кириэппэстэн аҕалбыттара… Үс күннээх-түүн өйө суох өлөр-тиллэр икки ардынан сытан, син бэттэх кэлэн эрэҕин быһыылаах. Эн кутун бу үс хонук иһигэр ыраах да сирдэринэн сырытта, ырааҕынан да миигин көрдөтө сырыттын… оннооҕор байҕал уҥуор тиийэн барытын кэрийдин быһыылаах. Ыраах да сиртэн сылдьар оҕочоос эбиккин. Чэ эрэ, Алгома, ити эмтээх сүмэһини иһэрт эрэ киниэхэ, көмөлөстөҕүнэ ити эрэ көмөлөһүө.
Алгома – ити кыыс аата. Сибэккилээх Хонуу диэн. Кини мас иһиттэн Бүөтүрү иһэрдэн барар. Кырдьаҕас аата – Амитола диэн, ол аата Кустук диэн. Эмээхсин отунан корзина баайан барар… Кашайя индеецтэрин сүрүн дьарыктара – корзина баайыыта, уонна онно киһи сиир туораахтарын хомуйуу… Таһырдьаттан Ыстапаан нуучча киирэн кэлэр. Тоҥхох гынан дорооболоһор. Оҕонньордуун илии тутуһар.
ЫСТАПААН. Хайа, Бүөтүр, дорообо…
БҮӨТҮР. Дорообо, Ыстапаан…
ЫСТАПААН. Хата бэттэх кэлбиккин дии… Биһиги айманыы бөҕө… Мас тэбэн төбөҕүнэн тааска баран түспүтүн. Биһиги бары уолуйан хаалбыппыт. Петр уол өллө дии санаабыппыт. Ону хата хотуммут Кэтириинэ Прохоровна кэлэн, түргэнник манна аҕалтарбыта. Ону ытык кырдьаҕаспыт Амитола ойуун баар буолан… (Оҕонньор диэки махтаммыттыы көрөр. Оҕонньор тоҥхох гынар.) Биһиги бэйэбит эрэ хантан… Эгэ луохтуур кэлиэ дуо…
БҮӨТҮР. Ыстапаан… Онтон хайа Фараллон таастарыгар барбыт хараабылбыт билиннэ дуо?
ЫСТАПААН. Суох. Олох ууга тааһы бырахпыт курдук сүттүлэр. Туох буоллахтара буолла… Ол туһунан санаама, долгуйума, эн үчүгэйдик сынньан уонна үтүөрэ оҕус…
Кэтириинэ Прохоровна – Форт-Росс тойоно Уйбаан Кусков кэргэнэ киирэн кэлэр. Дорооболоһор. Бары тоҥхох гыналлар.
ЫСТАПААН. Кэтириинэ Прохоровна… Дорообо…
К.П. Ыстапаан, дорообо… Хайа, Бүөтүр, хата бэттэх кэлбиккин дуу? Хайа хайдаххыный?
БҮӨТҮР. Оттон син ама соҕус… Кэтириинэ Прохоровна, эйиэхэ улахан махтал. Эн этэҥҥин манна аҕалбыттар эбит дии…
К.П. Амитола кырдьаҕас – улуу ойуун… Мин оҕом, алта саастаах уолум ыалдьыбытыгар эмиэ абыраан турар. Бу кытылга олохтоох биис-уустара бары кинини эрэ билинэллэр, оннооҕор мивоктар эмиэ кэлэн киниэхэ эмтэтэллэр.
АМИТОЛА. Буолааччы. Уонна онтон бу Алгома кыыс күннэри-түүннэри оҕотун курдук бүөбэйдээн абыраата. Эмчит буоларга сыһыаннаах эбит. Илиитэ сымнаҕас. Илбийэн абыраата.
К.П. Чэ, оччоҕо үчүгэй. Бүөтүр эдэр киһи буоллаҕын дии, кытаат, үтүөрэ оҕус. Степан барытын миэхэ кэпсээбитэ. Биир дойдуттан сылдьар эбиккит дии… Дьокуускайтан хайдах Охотскайга дылы аҕаҕынаан айаннаабыккытын, хайдах хараабылгыт тимирбитин… Хайдах уонча эрэ буолан ордон хаалбыккытын… Уонна онтон эдэр киһи буоллаҕын дии, өссө да сырыыны сылдьыан буоллаҕа… Чэ, кытаат, үтүөрэ оҕус. Уйбаан Александрович кэтэһэр. Уонна онтон ити Фараллоҥҥа да барбыт хараабылбыт тоҕо эрэ сүтэн хаалла… Чэ, мин барыым. Этэҥҥэ буолун…
Кэтириинэ Прохоровна тахсан барар.
ЫСТАПААН. Чэ, мин эмиэ барыым. Ити эйигин бу манна сүгэн а5аларбытыгар миигиттэн эн тускунан элбэ5и ыйыталаспыта, онтон ону кэпсээтэ5им дии… Эн, кытаат, үтүөрэ оҕус. Били хараабылбытын тумсун бүтэрэн эрэбит. Үлэтэ дьөссө да баһаам. Хотуммут барахсан киһи-киһитэ. Кини баар буолан. Онтон эн манна бэйэҥ да көрөр-харайар киһилэммиккин быһыылаах ээ? Үчүгэйдик илбийэр иҥин. (Күлэр.) Бэрт дии… Чэ, кырдьа5аас, мин барыым, өссө биллэ сылдьыам.
Ыстапаан тахсан барар.
АМИТОЛА. Чэ, тукаам, сынньан. Дьэ, кырдьык… Ыраахтан сылдьар оҕочоос эбиккин… Эмиэ биһиги курдук омуктар эбиккит, күҥҥэ итэҕэйэр, күн үҥкүүтүн эмиэ биһиги курдук эргийэ үҥкүүлүүр эбиккит… Мин кэлэн ааспыппын эһиги ойууттаргыт биллилэр да, хата уруурҕаан улаханнык кыһамматылар. Аҕаҥ кутун Улуу байҕал түгэҕиттэн төнүннэрэргэ көмөлөс диэн көрдөстүлэр…
БҮӨТҮР. Аҕам кутун дуо?
АМИТОЛА. Аҕаҥ кутун дойдутугар тиксэрдэххэ эрэ уоскулаҥы булуо буоллаҕа…
БҮӨТҮР. Оччоҕо… Оччоҕо кырдьаҕаас, хайдах гынан кини кутун төнүннэрэбит?.. Хайдах?
АМИТОЛА. Ону кэлин… Бастаан үтүөрэ оҕус… Айаммыт ыраах буолуоҕа… Сэниэ ылына түһүөххүн наада… Алгома…
АЛГОМА. Тугуй?..
АМИТОЛА. Ити эмкинэн эмиэ сотоор эрэ… Оччоҕо эрэ уолбут түргэнник атаҕар туруо этэ… Чэ, эдэр дьон хаалыҥ… Эмээхсиэн, бардыбыт…
Амитола эмээхсининээн тахсан бараллар.
2
Бүөтүр Алгомалыын иккиэйэх хаалаллар. Иккиэн симиттэн саҥата суох олороллор. Онтон Алгома, өй булбуттуу, эмтээх иһитин ылар.
АЛГОМА. Онтон… чэ… мин билигин… эминэн сотуохтаахпын…
БҮӨТҮР. Эминэн дуо?
АЛГОМА. Амитола кырдьаҕас оҥорбут эмэ. Бу күүстээх эмп… Амитола эрэ маннык эми сатаан оҥорор…
БҮӨТҮР. Эн… Эн миигин элбэхтэ соппутун дуо, эминэн?
АЛГОМА. Элбэхтэ… Амитола күн устата түөртэ сотторор этэ, уонна түүн эмиэ иккитэ… Оччоҕо эрэ бу эмп көмөлөөх диэбитэ…
БҮӨТҮР. Уонна ханан бу эми сотоҕун… соппуккунуй…
АЛГОМА. Онтон эккин-хааҥҥын барытын диэбитэ… Амитола кырдьаҕас… Оччоҕо эрэ түргэнник үтүөрүө диэбитэ…
БҮӨТҮР. Оччоҕо…
АЛГОМА. Оччоҕо… Оччоҕо оттон сотор буоллахпыт дии…
Кэлэн уол ырбаахытын устар. Аргыый аҕай эмин ытыһыгар кутан, уол түөһүгэр илиитин ууран, имэрийэн барар. Уол кыыс илиититтэн тутан ылар. Утары көрсөллөр. Музыка. Сцена хараҥарар.
3.
Барабаан тыаһа, индеецтэр ырыалара. Амитола көстөн кэлэр. Икки өттүттэн киниэхэ таҥаһын кэтэрдэллэр, дүҥүрүн туттараллар. Амитола кыыран барар. Уол аргыый аҕай өндөйөн кэлэр. Уонна буруо быыһынан аҕатын көрдүүр айаҥҥа аттанар. Бу аҕатын көрдүүр айаныгар эмиэ спектакль саҕаланыытыгар көстүбүт биэс күлүк эмиэ кэлэллэр, олортон биирдэстэрэ – эмиэ аҕата буолан хаалар.
БҮӨТҮР. Аҕаа! Аҕаа! Мин эйигин буллум… Мин буллум эйигин… Буллум!
ДЬӨГҮӨР. Бүөтүр… Тоойуом, эн миигин хайдах буллун?
БҮӨТҮР. Миигин өлөр-өлүүттэн быыһаан ылбыт Амитола кырдьаҕас баар буолан, бу эйигин буллум… Кини эн тулаайах куккун дойдугар сирдээн илдьиэхтээх бу Улуу байҕал түгэҕиттэн.
ДЬӨГҮӨР. Онтон эн тоойуом, Бүөтүр, хаһан дойдугар кэлэҕин?
БҮӨТҮР. Мин сэттэ сыллаах хантыраагым туоллаҕына, аны биэс сылынан биирдэ эрэ тиийэр буоллаҕым, дойдубар…
ДЬӨГҮӨР. Онтон ону кыайан тулуйуон дуо, миигинэ суох?
БҮӨТҮР. Тулуйуом, аҕаа… Мин… Мин эн эппитин курдук, эр соҕотох Эллэй сыдьаана буоллаҕым дии… Кини курдук соҕотох, бу аҥы дойдуга кэлэн, үс саханы үөскэтэр, түөрт саханы төрүттүүр аналлаах кэллэҕим дии, манна бу Эмиэрикэ сиригэр.
ДЬӨГҮӨР. Онтон хоонньоһон сытар холоонноох доҕоргун, тэллэххэ сытар тэҥнээх сэгэргин булуннуҥ дуо, коом?
БҮӨТҮР. Булан, аҕаа… Кини аата Алгома диэн… Ол аата Сибэккилээх Хонуу диэн…
ДЬӨГҮӨР. Дьэ, оччоҕо үчүгэй… Оҕом улаатан, эр киһи буолбут эбиккин… Оччоҕо дьэ мин уоскуйабын, оччоҕо мин тулаайах кутум баҕар эмиэ бу орто дойдуга эн оҕолорун, эн сиэннэрин нөҥүө эргийэн кэлиэҕэ… Оҕом барахсан, чэ, этэҥҥэ сырыт… Быдан дьылларга бырастыы…
Биэс күлүк ортотугар киирэн аҕата тахсан барар. Хараҥарар.
4.
Барабаан тыаһа тыаһыыр, индеецтэр ырыалара иһиллэр. Сценаҕа Бүөтүр киирэн кэлэр. Кини сүргэтэ көтөҕүллүбүт, үөрбүт-көппүт көрүҥнээх. Илиитигэр хараабыл мас макетын тута сылдьар. Форт-Росс иннинээҕи муора кытыла. Хопто хаһыыта, долгун тыаһа. Бүөтүр кими эрэ кэтэһэрэ биллэр. Эмискэ көтөр саҥата иһиллэр. Бүөтүр үөрэ түһэр, ол саҥаҕа эмиэ көтөрдүү хоруйдуур. Алгома киирэн кэлэр. Иккиэн куустуһа түһэллэр.
БҮӨТҮР. Өр да кэтэһиннэрдин.
АЛГОМА. Онтон ити… Дьон көрүө дии… Бу тугуй?
БҮӨТҮР. Бу мин эйиэхэ анаан оҥорбутум. Ити бүгүн ууга түһэрбит хараабылбыт кыракый барыла. Хайдаҕый?
АЛГОМА. Үүт-үкчү дии…
БҮӨТҮР. Бу манна олорон барыахпыт… Байҕал уҥуор…
АЛГОМА. Ханна?
БҮӨТҮР. Мин дойдубар, Сахам Сиригэр.
АЛГОМА. Тоҕо?
БҮӨТҮР. Онтон эн миэхэ кэргэн тахсыан буоллаҕа.
АЛГОМА. Тоҕо?
БҮӨТҮР. Онтон мин эйигин таптыыбын ээ… Онтон эн миигин? Тугуй? Таптаабаккын дуо?
АЛГОМА. Таптыыбын.
БҮӨТҮР. Оччоҕо тугуй? Кэргэн тахсыбаккын дуу миэхэ?
АЛГОМА. Тахсыам.
БҮӨТҮР. Оччоҕо тугу турабытый, кэргэнниилэр буоллахпыт дии! (Кууһан ылар.)
АЛГОМА. Тохтоо. Тохтуу түс… Бу… Бу манан бааһын чэрэ хаалан хаалбыт дии…
БҮӨТҮР. Ол аата эн куһаҕаннык илбийбиккин быһыылаах… (Күлэр.) Куһаҕаннык имэрийбиккин-томоруйбуккун быһыылаах. (Эмиэ уураан-сыллаан барар.)
АЛГОМА. Бээ, тохтуу түс. Мин ийэм миэхэ биирдэ кэпсээбитэ.
БҮӨТҮР. Ийэҥ дуо? Туох диэбитэй?
АЛГОМА. Мин төрөөбүтүм кэннэ биир билгэһит эмээхсин эппит үһү – кыыһын улааттаҕына, кэргэн тахсар сааһа кэллэҕинэ, улуу байҕал уҥуоруттан, арҕаа күн киирэр сириттэн кэлбит киһиэхэ кэргэн тахсыа диэн. Ону мин ону истэн, отой кыра эрдэхпиттэн, кининин кэтэһэр этим. Ол мин аналым, кырдьык да, эн буоллаҕын… (Уолу кууһан ууруур.) Мин аналым… Мин киһим…
БҮӨТҮР. Онтон мин… Мин ууга түһэн өлбүт аҕам эмиэ эйигин билэр…
АЛГОМА. Хайдах?
БҮӨТҮР. Миигин аҕабын кытары Амитола кырдьаҕас көрсүһүннэрбитэ… Онно мин аҕабар эн тускунан барытын кэпсээбитим…
АЛГОМА. Ону аҕаҥ?
БҮӨТҮР. Аҕам үөрбүтэ… Уонна алҕаабыта… Онтон эн… Эн кэпсээбитин дуо дьоҥҥор мин туспунан?
АЛГОМА. Суох…
БҮӨТҮР. Тоҕо?
АЛГОМА. Онтон…
БҮӨТҮР. Тоҕо, Алгома? Тоҕо?.. Эн миэхэ ийэҥ туһунан тоҕо кэпсээбэккин. Мин эйиэхэ барытын кэпсээбитим дии, ийэм туһунан, аҕам туһунан, дойдум туһунан… Онтон эн?
АЛГОМА. Мин… Мин куттанабын…
БҮӨТҮР. Тоҕо? Туохтан куттанаҕын?
АЛГОМА. Мин… Мин манна саһан сылдьабын…
БҮӨТҮР. Хайдах? Кимтэн саһаҕын?
АЛГОМА. Испанецтартан.
БҮӨТҮР. Испанецтартан дуо? Эн дуо? Ол хайдах?
АЛГОМА. Биһигини барыбытын, мин дьоммун барытын, ийэбин, убайбын, аймахтарбын, испанецтар икки сыллааҕыта тутан ылан, үүрэн-түрүйэн илдьэн, күүстэринэн кулут оҥорбуттара. Ким куотан, күрээн көрбүтүн эккирэтэ сылдьан ытыалаан өлөртөөн кэбиһэллэрэ… Онтон биһигини Сан-Рафаэль диэн миссияҕа аҕалан хаайбыттара… Онно хаайыыга олордон эрэн, сарсыардаттан киэһээҥҥэ дылы бааһынаҕа үлэлэтэллэрэ, ким эбит кыратык сынньана түһээри гыннаҕына үнтү таһыйаллара… Онтон былырыын саас, биирдэ, биһигини атын сиргэ үлэлэтэ ыыппыттарыгар, аара суолтан, сөптөөх түгэн түбэһэн, үс буолан күрээбиппит… Ону син-биир… Үһүс хонугар биһигини син биир суоллаан булбуттара… Мин үрэххэ ыстанан, кыра таас хапчаан баарыгар саһан быыһаммытым, онтон бииргэ күрээбит кыргыттарбын атынан эккирэтэн, оҕуурунан тутан ылан, аттарыгар состорон илдьэ барбыттара… Миигин ууга түһэн өллөҕө дии санаан соччо көрдүү барбатахтара… Онтон мин бу манна Метенигэ кэлбитим, ийэм тастыҥ эдьиийэ ити Амитола кырдьаҕас кэргэнэ… Ол эрэн… Убайым соторутааҕыта эмиэ ол миссияттан күрээн, манна кэлэн, миигин көрсөн ааспыта. Ону испанецтар суоллаан эмиэ манна кэлэ сылдьыбыттара… Мин куттанабын… Миигин манна саһан сылдьарбын испанецтар билэллэр эбит…
БҮӨТҮР. Куттаныма, мин эйигин өрүү көмүскүөм. Тугу эбит тобулан көрүөхпүт.
АЛГОМА. Мин ийэм…
БҮӨТҮР. Ийэҥ… тугуй?
АЛГОМА. Ийэм онно, испанецтарга, хаайыыга сытан былырыын мин күрээбитим эрэ кэннэ өлөөхтөөбүт эбит… Мин куттанабын… Испанецтар миигин кэлэн илдьэ барыахтара…
БҮӨТҮР. Суох! Суох, Алгома, суох! Мин… мин тугу эбит тобулуом… Хайаан да… Биһиэхэ… Биһиэхэ Кэтириинэ Прохоровна көмөлөһүөҕэ! Мин киниэхэ тиийэн барытын кэпсиэм, кини хайаан да биһиэхэ көмөлөһүөҕэ!
Куустуһаллар. Хараҥарар…
5.
Эмиэ барабаан тыаһа, индеецтэр ырыалара. Кэтириинэ Прохоровна уонна Иван Александрович.
К.П. Иван Александрович, оччоҕо эн мин көрдөһүүбүн ылыммат буоллаҕын дии?
И.А. Суох, Катя, хайдах да мин итинниккэ барар кыаҕым суох. Биһиги манна, бу манна Калифорнияҕа Росс кириэппэһи испанецтар муннуларын анныгар олохтоон, испанецтары кытары эйэ дэмнээхтик олорор сыалтан-соруктан, бэйэ-бэйэбитигэр орооспот тулхадыйбат быраабыланы олохтоон турабыт. Биһиги манна тус бэйэбит интэриэһин көрбөккө, компания интэриэһин эрэ өрө тутуохтаахпыт. Өйдөө, Катя, өскөтүн биһиги ити саха уолун – Бүөтүр Попов көрдөһүүтүн ылынан, ол кини кэргэн ылаары сылдьар күрүөйэх кыыһы кытары холбоотохпутуна, оччоҕо бэйэбит илии охсуспут быраабылабытын кэһэр буоллахпыт дии. Испанецтар Калифорнияҕа биһиги иннибитинэ кэлбит буолан кинилэр быраабылаларын биһиги уларытар кыахпыт суох. Кинилэр бас билэр индеецтэрэ биһиэхэ күрээн кэлбиттэрин биһиги төннөрөр эрэ эбээһинэстээхпит. Ону биһиги хайыыр да кыахпыт суох… Ол илии тутуспут быраабылаларбытын кэстэхпитинэ… Оччоҕо биһиги компаниябыт аатын эрэ буолбакка, бүтүн Россия аатын түһэн биэрэр буоллахпыт дии!
К.П. Сөп, өйдөөтүм. Оччоҕо мин бэйэм, дьиикэй колош омук кыыһа, бэйэм испанецтарга тиийэн кэпсэтэн көрүөм.
И.А. Катя! Билигин уустук кэм. Саатар биир сыл кэтэһэ түһүөх, онтон дьэ быыс-хайаҕас көстөн иһиэ буоллаҕа. Тугу эбит тобулан көрүөхпүт буоллаҕа… Бүөтүр Попов – үчүгэй үлэһит, мас ууһа, болуотунньук, сүөһүгэ да, сылгыга да сыстаҕас… Биһиэхэ манна олус наадалаах, биир тутаах үлэһиппит буоллаҕа, онон көмөлөһө сатыахпыт, ол эрэн билигин эрэ буолбатах… Испанецтардыын сыһыаммыт арыый бэттэх кэллэҕинэ, эһиил хайаан да көмөлөһүөхпүт. Онтон билигин кини мантан баран, ханна эрэ тиийэн саһыан эрэ наада…
К.П. Ханна барыай, соҕотох кыыс?
И.А. Амитола кырдьаҕас ыйан-кэрдэн биэриэ… Уонна убайа да көмөлөһүөҕэ. Кинини испанецтар эмиэ көрдүүллэр. Кини аата Помпонио диэн, хас да испанец саллаатын өлөрөн күрээбит үһү. Онон туттахтарына аһыналлара биллибэт. Бу сарсын манна кэлиэхтээхтэр, онон кыыс бүгүн ханна эрэ мантан барыан наада.
К.П. Оччоҕо Бүөтүрү эмиэ аҕыйах хонукка көҥүллээ, кыыһын илдьэн саһыарарыгар…
И.А. Сөп. Үс хонукка көҥүллүөм…
Хараҥарар…
6.
Бүөтүр Алгомалыын сүүрэн киирэллэр. Кэннилэрин көрүнэллэр.
БҮӨТҮР. Эн манна хаал. Харыс да хамсаама… Мин баран суолу-ииһи көрөн кэлиэм.
АЛГОМА. Суох, Бүөтүр, барыма… Мин куттанабын… Миигин тутан ылыахтара…
БҮӨТҮР. Суох, ити аттаах саллааттар атын суолунан тэптэрэ турдулар. Биһигини көрбөтүлэр. Эн манна саҥата суох саһан олор. Мин билигин чуҥнаан кэлиэм.
АЛГОМА. Сөп… Түргэнник кэлээр…
Бүөтүр тахсан барар. Кыыс саһан олорор. Эмискэ испанец саллаата ойон киирэр. Кыыс куотан эрдэҕинэ тутан ылар, кыыс хаһытыыр, мүччү көтө сатыыр да – туһа суох. Эмискэ саллаат сууллан түһэр, кини кэннигэр Бүөтүр турар, илиитигэр таас тутуурдаах. Тааһын быраҕан, кыыһын кууһар… Хараҥарар.
7.
Индеецтэр ырыалара, барабаан тыаһа. Бүөтүрдээх Алгома индеецтэр ортолоругар олороллор. Бүөтүр курданарыгар дылы сыгынньах. Кинини индеецтэр бэйэлэрин кэккэлэригэр ылан – сирэйин кыраасканан сотоллор, хотой куорсунун баттаҕар анньаллар. Биир эдэр индеец – ити Алгома убайа Помпонио Бүөтүргэ бэйэтин амулетын устан Бүөтүр моонньугар кэтэрдэр. Онтон илиитин кини санныгар уурар. Онтон бары үҥкүүлүүллэр. Бүөтүр эмиэ кинилэри кытары үҥкүүлээн барар. Эмискэ тохтуу биэрэллэр. Амитола кырдьаҕас тахсан кэлэр.
АМИТОЛА. Бүгүн биһиги бэйэбит кэккэбитигэр арҕаа, күн киирэр сириттэн, Улуу Байҕал уҥуоргу өттүттэн устан кэлбит Бүөтүр диэн эдэр киһини ылан эрэбит. Кини хорсун-хоодуот хоһуун киһи буолан, бэйэтин кэргэн ылыахтаах кыыһын өстөөхтөн көмүскээн, халыҥ хахха суон дурда буолан, биһиги эрэлбитин ылла. Мантан инньэ Бүөтүр – биһиги киһибит. Кини үрүҥ дьон аатынан аата Бүөтүр диэн, онтон биһиги ааппытынан Хорсун Хотой диэн буоллун.
БҮӨТҮР. Мин бэйэм эмиэ ааттаахпын ээ…
АМИТОЛА. Дьэ эрэ, ааккын биһиэхэ эт эрэ…
БҮӨТҮР. Мин аатым… эрэйдээх-буруйдаах Эр соҕотох Эллэй диэн… эрэйдээх-буруйдаах Эр Со5отох Эллэй диэммин…
АМИТОЛА. Эрэйдээх-буруйдаах диэн буолбатах… Эн буруйуҥ суох… Өстөөҕү өһөрөргө туох да буруй суох. Арай албан аат, хорсун быһыы эрэ диэн баар… Эн аатыҥ оччоҕо биһиги ортобутугар албан ааттаах Эр Соҕотох диэн буолуохтун. Биһиги бу күнтэн ыла Эр Соҕотох диэн эрэллээх доҕордоннубут. Бу Күн, бу Ый, Бу үрдүк мэҥэ күөх халлаан баарын тухары өрүү оннук буолуохтун.
Амитола уол илиитин ылар. Бары илиилэрин кини илиитин үрдүгэр уураллар. Хараҥарар. Эмиэ күлүктэр ортолоругар Бүөтүр турар.
9.
Эмиэ барабаан тыаһа. Иван Кусков уонна Кэтириинэ Прохоровна.
К.П. Хайа ити туох түрүлүөнэ буолла?
И.А. Фараллон таастарыгар баран сүппүт хараабылбыт дьылҕата дьэ биллибит. Испанецтар биһиги бултуу барбыт алеуттарбытын тутан ылан, хаайыыга быраҕан, күүстэринэн бэйэлэрин итэҕэллэригэр киллэрэ сатаабыттар эбит. Онтон биһиги дьоммут аккаастаммыттарын кэннэ Чукагнак Бүөтүр алеуту сидьиҥник кэбилээн, сордоон-муҥнаан өлөрбүттэр. Испанецтар хаайыыларыттан соҕотох Кыглай Уйбаан күрээн, билигин аҕай барытын кэпсээтэ…
К.П. Оччоҕо хайыыбытый?
И.А. Билигин биһиги хомунан Калифорния губернаторыгар Пабло Висенте де Солаҕа барабыт. Тугун-ханныгын барытын билэ охсон, эппиэттэтиэхпитин наада.
К.П. Ол аата кинилэр, ити эн этэр, Россия уонна Испания бу манна Калифорния сиригэр, бэйэ бэйэҕитигэр орооспот буолуох тулхадыйбат быраабылаҕытын аны кинилэр бэйэлэрэ кэстэхтэрэ дии.
И.А. Оннугар тахсар.
К.П. Оччоҕо Бүөтүрдээх Алгоманы холбуохха.
И.А. (толкуйдуу түһэр). Сөп. Холбуохпут.
Хараҥарар.
10.
Кэтириинэ Прохоровна уонна Иван Александрович Кусков. Кинилэр иннилэригэр Бүөтүр Алгомалыын тураллар.
И.А. Бүгүн биһиэхэ бу Эмиэрикэ сиригэр, бу бэйэлээтэр бэйэбит туппут Росс кириэппэспитигэр үөрүүлээх күн. Бүгүн 1816 сыллаах бэс ыйын 21 күнүгэр Айыы Тойон Таҥарабыт иннигэр саҥа ыал бэргэһэлэнэр (венчание) кэрэ-бэлиэ түгэнэ үүннэ. Биһиги бу манна таҥара дьиэтин чосуобунаны тута иликпит, аҕабыппыт, баачыкабыт да суох, ол эрээри Айыы Тойон Таҥарабыт иннигэр сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн туран, бу Киристиэс Таҥара кэс тылын кинигэтин үрдүгэр илиибитин ууран туран, бэргэһэлээн эрэбит. Таҥара кулута Саха сирин олохтооҕо Петр Егорович Попов уонна Таҥара кулута маннааҕы помо омук кыыһа Алгома, – билиҥҥитэ Киристиэс таҥараҕа саҥа сүрэхтэммит аатынан Екатерина Степановна Попова буолан, бэйэлэрин олохторун холбоон, ыал буолан эрэллэр.
Церковнай хорал иһиллэр, куолакал тыаһа лоҥкунуур. Дьоллоох Бүөтүр уонна Алгома сирэйдэрэ. Иван Кусков аҕабыыт оннугар кинилэри кириэстиир, тарбахтарыгар биһилэх кэтэрдэр. Эдэрдэр уураһаллар. Бууска тыаһа тыаһыыр. Ураа! – хаһыы иһиллэр. Бүөтүр сцена ортотугар чороон тутан тахсан алгыс алҕаан барар. Ити аата кини эмиэ Эллэй курдук аан-бастаан бу дойдуга ыһыах ыһан эрэр. Ол кэнниттэн туран чороонуттан кымыс ыһар барар. Оһуохайдаан бараллар. Ити оһуохайдыы сырыттахтарына диктор саҥата иһиллэн кэлэр.
ДИКТОР. Из архивных документов русско-американской компании. Якут Попов Петр – промышленник, смотритель скота, плотник. Петр имел жену, калифорнийскую индианку, ее имя Катерина Степанова. В 1829 году они вернулись на Ситку. У Петра и Катерины были дочери Матрена и Ирина. Архивы указывают, что 14-летняя Матрена и 7-летняя Ирина были отправлены на Ситку в 1831 году. После венчания Петра и Катерины в колонию Росс приехали Герасим Попов и Логин Захаров. Всего в Форт Россе работали 16 якутов-саха. Жена Кускова Екатерина Прохоровна, по происхождению индианка из племени колошей, учила грамоте и счету вместе с русскими и алеутскими индейских детей. Летом 2012 года, во время празднования 200-летия Форт-Росса, в память о якутах, работавших в Форт-Россе, были поставлены ритуальные столбы сэргэ на берегу Тихого океана.