Кулун тутар 25 күнүгэр Георгий Никонов салайааччылаах «Аарыктаах арыйыылар аартыктарынан» бырайыак чэрчитинэн «Витус Беринг суолунан» диэн 12 киһилээх экспедиция Дьокуускайтан Охуоскайга диэри сиринэн айаҥҥа туруммута. Бу ыраах айан сүрүн сыала – XVIII үйэ маҥнайгы аҥаарыгар түстэммит II Хамчааккатааҕы экспедиция кыттыылаахтарын уонна чуолаан капитан-командор Витус Ионассен Беринг Арассыыйа хотугулуу-илин кыраныыссата, сирэ-уота кэҥииригэр туһуламмыт хорсун быһыыларын үйэтитии буолар. Ону сэргэ, Саха сирэ уонна Охуоскай уокурук ааспыт үйэлэрдээҕи быстыспат ситимнэрин тилиннэрии, умнуллан, оһон хаалбыт, номоххо киирбит суолу-ииһи үөрэтии этэ.
Биһиги, экспедиция кыттыылаахтара, ый аҥаарын устата 2,5 тыһыынча кэриҥэ биэрэстэлээх сири айаннаан, араас ыарахаттары туораан, сыалбытын ситиһэн өрөгөйдөөх үөрүүнү билэн кэллибит.
Сырыыбыт былаанын быһыытынан мин «Бурлак-1» хамаандаҕа киирэр чиэскэ тиксибитим. Көлөбүтүгэр үс нуучча, биир эбээн уонна мин этибит. «Бастакы Бурлак» бу улуу аартыктар оспут суолларыгар маҥнайгынан көлүөһэтэ үктэнэн, сирдьиппит, олохтоох эбээн – Бадьырка аҕатын ууһун бас-көс киһитэ, удьуор табаһыт, булчут Алексей Слепцов ыйбыт суолунан иннин диэки эрэллээхтик дьулуруйбута.
Киһи билигин үгүһү эргитэ саныыр эбит. Ол эрээри элбэҕи эппэккэ, суол тэлээччи хараҕынан айаммыт туһунан бэлиэтэниибин саҕалыыбын.
«Бастакы Бурлак» экипаһа:
1. Игорь Викторович Любинец – бастакы кылаастаах быыһааччы, иккис кылаастаах ууга киирээччи (водолаз), көлөбүт суоппара;
2. Ярослав Михайлович Малюшин – бастакы кылаастаах быыһааччы, хайа альпиниһа;
3. Николай Геннадьевич Брундуков – быыһааччы, көлөбүт иккис суоппара;
4. Алексей Афанасьевич Слепцов – табаһыт, булчут, сирдьит;
5. Мин.
«Иккис Бурлак» экипаһа:
1. Афанасий Семенович Владимиров – СӨ Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, экспедиция салайааччыта;
2. Георгий Дмитриевич Никонов – СӨ Ил Дарханын сүбэһитэ, «Аарыктаах арыйыылар аартыктарынан» бырайыак салайааччыта;
3. Валерий Валентинович Комаров – көрдүүр, быыһыыр (арктикатааҕы) этэрээт салайааччыта, айаммыт чааһын салайааччы;
4. Яков Михайлович Мостовщиков – «Бурлак» собуот мэхээнньигэ;
5. Афанасий Спиридонович – Махатыров «Хоту тент» ХЭТ генеральнай дириэктэрэ;
6. Владимир Ермакович Попов – кыраайы үөрэтээччи, Уус-Майа улууһун устун айан тур оператора;
7. Дмитрий Георгиевич Никонов – оператор, «Пути великих свершений» сайт эрэдээктэрэ.
Алгыстаах айан
Кулун тутар 25 күнэ. Сарсыарда эрдэ айанныырбыттан дорлгуйан түүн үчүгэйдик утуйбатым. Таайым Матвей Матвеевич Сивцев олоҕун тиһэх күннэрэ ааспыт Охуоскай бөһүөлэгэр тиийэ охсор баҕа санаам барар түүммэр өссө күүһүрдэ. Айаммыт болдьоҕунан түөрт күнүнэн рабочай бөһүөлэккэ тиийэбит диэн буолбута. Ол иһин сырыылаах сиринэн барар курдук толкуйдааммын, биһигини судургу, холку айан күүтэр дии санаабытым. Ол эрээри ити чааһыгар лаппа сыыстарбыт этим…
Болдьоммутун курдук сарсыарда аҕыс чааска ЫБММ-нар баазаларыгар түмсэн, быыһааччылар салалталарын өттүттэн суолга сэрэхтээх буолуу туһунан үөрэтии-такайыы кэнниттэн бырайыак бастыҥ доҕоро, айанньыт, саха историятын туһунан суруйааччы Егор Борисов–Буор Булгунньах уот оттон, буруо унаарытан үрдүкү айыылартан күүскөмө, өйөбүл көрдөөн айаммытын алҕаата. Егор Егорович алгыһа, кынаттаах тыла айаммыт тухары санаабытыгар бигэ тирэхпит буола сылдьыаҕа…
Алгыс кэнниттэн сып-сап хомунан, айаммыт аартыгар таҕыстыбыт.
Нууччала аргыстарым, айан арааһа куттарыгар баарын бэлиэтэ эбитэ дуу, букатын дьоллонон, куораттан тэйдэхпит ахсын саҥалара-иҥэлэрэ хойдон, күлэллэрэ-салаллара элбээн иһэр. Күммүт да бүгүн айаммытын уруйдаабыттыы чаҕылыйан киһини эрэ сылаанньытар.
Уон биир аҥаар саҕана Мэҥэ Хаҥалас килбэйэр киининэн киирэн Амма диэки ааһа турдубут. Уулуссаҕа дьон бары кэриэтэ көлөлөрбүтүн сонургуу көрөллөр, хаартыскаҕа түһэрэллэр, далбаатыы хаалаллар. Икки массыына суоппардара бэйэ-бэйэлэрин кытары рациянан кэпсэтэ олороллор. Бу быыһыыр сулууспаҕа анаан оҥоһуллубут көлөлөр буолан, аҥаардас рацията алта устуука эбит. Ону таһынан тула өттө уот-күөс бөҕө, ырааҕы тыктаран көрдүүр прожектора эмиэ туспа уонна киһи иһиттэн олорон тарбаххынан баттаан тэлэбиисэр ханаалларын уларытар курдук дьоҕус тэрилинэн үлэлиир. Аайан тэтимэ чааска 58-60 км түргэн.
13:20. Амма Эмиһигэр кэлэн суол кытыытынааҕы аһатар дьиэҕэ киирэн үссэннибит. Дьиктитэ диэн сахалар чэйдиир дьиэҕэ киирэн өл хаппыт буоллахпытына, убайдар көлөлөрүн иһигэр мааны сандалы тардынан онно аһаатылар. Айан дьоно диэх курдук.
Аммаҕа тиийиэхпитигэр диэри Биэкэнэ, Хонкойуку диэн ааттардаах үрэхтэри аастыбыт.
14:50. Аммаҕа чугаһаан иһэн маҥнайгыбытын уматык кутуннубут. Бу көлөҕө уопсайа 600 киилэ уматык киирэр. Биир сүрүн баахтаах, атын түөрт иһиккэ хасааһы кутталлар. Үчүгэйэ диэн бу иһиттэр бэйэ-бэйэлэрин кытары ситимнээх буоланнар, кыраанын астыҥ да, хачайдаабытынан бараҕын. Былаан быһыытынан Элдьикээҥҥэ тиийэн эбии уматык куттуохтаахпыт уонна Охуоскайга тиийэ айанныахтаахпыт. Ол эбэтэр 1200 лиитэрэнэн холкутук тиийиэхтээхпит. Итинник суоттуулларыгар, билэн турар, аара араас быһыы-майгы буолуо диэн саппаастаахтык аахпыттара, онон син балачча уматык ордуохтаах.
15:40. Амма улууһун киинэ. Халлаан 4 кыраадыс тымныы, тыалын күүһэ сөкүүндэҕэ 7 миэтэрэ. Кубулҕаттаах кулун тутар тиһэх күннэрэ…
Амма эбэни 16:45 туораатыбыт уонна Уус Майа суолугар киирэн үрэх устун дьулурутан иһэбит. Үрэх бэйэтэ маҥнай утаа синньигэс курдук буолан баран, отучча биэрэстэни барбыт кэннэ биллэ кэҥээн, кэтирээн барда. Сорох сиринэн биэрэстэттэн итэҕэһэ суох курдук тэнийэр. Сотору буола-буола дьоҕус соҕус күөллэрдээх, оттуур ходуһалардаах. Биир сиргэ түөрт рулон хаарынан хаппахтанан сыталлар. Суолбут көнө, кутуу суол. Бу аартык туругун көрөр-истэр тэрилтэ үлэтэхамнаһа дьоһуна киһи хараҕар быраҕыллар. Суол бэлиэлэрин түгэхтэрэ, ууну аһарар турбалар айахтарын хаара барыта ыраастаммыта ону туоһулуур. Манна сүрүннээн тиит, хатыҥ мас үүнэр эбит. Ону тэҥэ бэс, тэтиҥ уонна талах араас көрүҥэ көстөр. Дөрүн-дөрүн куобах суола баар, сорох сиринэн орохтоох. Биирдиилээн бытыгыныардар көстөн хараҕы сымнаталлар. Суолбут устатын тухары сайдыылаах сиргэ баран иһэрбит бэлиэтэ – оптоволокно утаҕа тардыллыбыт.
Салгыы Мичилиттэ, Нигиримэ, Нуотара, Багылаах, Эбэкэ диэн үрэхтэри ааһабыт. Санаабар, иннибит диэки бардахпыт ахсын өрө дабайан иһэр курдукпут. Бу кэмҥэ дьоммун кытары бодоруһан, Николай өттүттэн бэлиэр үөннээх тыллар-өстөр иһиллэр буоллулар. Халлааммыт хараҥаран, түүҥҥү аргыспыт туолбут ый утары дьэлтэллэн олорор. Көлүөһэ эргийэр, сир уларыйар.
Киэһэ тоҕус чааһы ааһыыта Уус Майаҕа киирэр суол төрдүгэр киһи бөҕө кэлэн биһигини кэтэһэн турара биир бэйэбин сөхтөрдө. Олохтоохтор кымыһынан, арыылаах алаадьынан айах тутан көрүстүлэр. Дьаһалта, култуура үлэһиттэрэ кэлбиттэр эбит. Биһиги эмиэ, түргэн үлүгэрдик билсэ охсоот, хаартыскаҕа уһуллан баран аһыыр сирбитигэр тиийдибит. Манна айаммыт уон биирис киһитэ Владимир Ермакович кэлэн кыттыста, туох итэҕэс-быһаҕас баарын сарсыарда булуох буолан мэктиэлээтэ.
Тото-хана аһаан баран, уон чааһы ааһыыта Уус Майа улууһун дьаһалтатын тиэргэнигэр, Алдан эбэ үрдүгэр «Бурлактарбытын» туруордубут. Бу түүн түөрт киһибит гостиницаҕа олохсуйдулар, оттон биһиги алтыа буолан бу баараҕай көлөлөрбүтүгэр хонобут. Түүнүн массыынаны үлэлэппэккэ умулларан баран автономнай оһоҕун (вебасто) холбоон кэбиһэр эбиккин. Оннук иһирдьэ 23–24 кыраадыс сылааһы холкутук тутан турар.
Өбүгэ сирэ
Кулун тутар 26 күнэ. 07:37. Көлөлөрбүт буоларын курдук ас астанарга, чэй өрүнэргэ аналлаах 220 күүстээх уот ситимнэринэн толору хааччыллыылаахтар. Онон бэйэлэрэ моһуоктаабатахтарына, киһи куртаҕын сылаас аһынан толоро сылдьыах курдук. Салгыы суоппардар массыыналарын көрүннүлэр, бүгүҥҥү айаҥҥа бэлэмнэннилэр. Былаан быһыытынан Элдьикээнинэн таарыйан хонук сирбитигэр Ааллаах Үүҥҥэ тиийиэхтээхпит. Ол эрээри итини быктардаххына суоппардарбыт: «Көстөн иһиэҕэ, былааннаамаҥ», – дэһэллэр. Кинилэр этиилэрэ оруннаах. Айан хайдах баран иһэрин ким тымтыктанан билиэй?!
Уус Маайа хара сарсыардаттан кэлии-барыы, сырыы бөҕө. Тоҕус чааһы кэтэһэ таарыйа чугас эргин хааман кэллим. Омос көрдөххө, олус ыраас уулуссалардаах, дьиэлэрэ-уоттара тупсаҕайдара тута харахха быраҕыллар. Эрдэ эппитим курдук, бөһүөлэк аннынан Аллан эбэ устар. Онтон утары, соҕуруу диэки көрдөххө, дойдубут бу биир ааттаах-суоллаах ытык өрүһүгэр уҥа өттүттэн Маайа эбэ кэлэн түһэр. Былыргы айанньыттар, Дьокуускайтан усталларыгар, Алданы өрө батан баран, о-ол көстөр Маайа өрүһүнэн киирэн Охуоскайга диэри усталлара. Онон бу аартык үллэр үйэлэр тухары бары айанньыттары, булчуттары угуйа турар номоххо киирбит сир. Олохтоох дьон кэпсииллэринэн, мантан чугас былыр Манчаары Баһылай Бэкэрэ диэн биир эмиэ бэрт киһилиин Охуоскай хараҥа хаайыытыттан күрээн иһэн, ити Маайа кытылын үрдүгэр сата тааска бичик хаалларан ааспыттара үһү. Ол таас ханна сытарын биир билэр киһи баар үһү да, саахар да манньаҕа этэн бэрт үһү.
Тоҕус чаастан дьаһалта аактабай саалатыгар олохтоох нэһилиэнньэни кытары көрсүһүү тэрийдилэр. Көрсүһүү Афанасий Владимиров кэлбит дьоҥҥо экспедиция кыттыылаахтарын биирбиир билиһиннэриититтэн саҕаланна. Ити кэннэ Георгий Никонов айаммыт сыалын-соругун уонна бырайыагын туһунан сиһилии кэпсээтэ. Олохтоохтортон араас ыйытыылар киирдилэр уонна бары кэриэтэ айаммыт суола көнө, сырыыбыт быһыылаана суох буоларын баҕара хааллылар.
Айан дьоно наһаа уһаабакка-кэҥээбэккэ, уон чааһы ааһыыта Уус Майаттан туруннубут. Мантан Элдьикээҥҥэ диэри алта көс. Суолбут ойуур быыһынан тыргыллар. Күөрэ-лаҥкы, эрийэ-буруйа сирдэринэн айаннаан иһэбит. Дөрүн буола-буола улахан массыыналары утары көрсөбүт. Киһи үөрүөх ол массыыналар суоппардара бары кэриэтэ биһиэхэ далбаатаан ааһаллар. Итинник эйэргэһии манна сонун буолбатах. Ону өссө эрдэ бөһүөлэккэ сылдьан өйдөөбүппүт. Суолбут маҥнайгы кэрчигэ сүрүннээн талах, тиит уонна хатыҥ мас. Онтон сүүрбэччэ биэрэстэни барбыппыт кэннэ бэс ойуурга кубулуйан барда. Манна уот турбута тута харахха быраҕыллар. Барыта харааран-бороорон турарын көрөргө соччото суох. Хата ол оннугар, «биир олох бүтэр, атын олох салҕанар» дииллэринии, сэппэрээк бөҕө үүнэн эрэр эбит. Суолбут эмиэ дабайыы, түһүү-тахсыы…
Биэс көһү барбыппыт кэннэ суолбут Алдан эбэ кытылынан барда. Өрүс кытыыта бүтүннүү хатыҥ чараҥ. Хаар түһэн эрэр.
12 чааһы 10 мүнүүтэ ааһыыта Элдьикээҥҥэ кэллибит. Бөһүөлэк Алдан уҥа кытылыгар турар. Манна «Бурлактарбыт» уматыктарын эбинэн баран, салгыы барыахтаах этибит да, уот суох буолан олоробут. Кэтэһэ таарыйа ас астанан аһаатыбыт. «Сахатранснефтегаз» заправкатын үлэһитэ дьахтар хаһан уот кэлэрин билбэт эбит. Хата аргыспыт Ярослав ойоҕо бу тэрилтэ үлэһитэ буолан, куоракка киниэхэ төлөпүөннээн, уоту уталыппакка биэрдилэр. Судургутук кыаллар дьыала быһаарыллыбакка турбут буолан таҕыста. Дьэ ити кэннэ сып-сап көлөлөрбүт баахтарын толортоон, күө-дьаа буолан суолбутун салгыы Ааллаах Үүн диэки туттубут. Хаар бөҕө түһэн үллүктээн эрэр.
Салгыы айаннаан иһэбит. Аны Николайбыт сиһэ ыалдьар буолан эбиэт кэннэ онтукатын эмтэнэр эбит. Ол эмтэниитэ да сүрдээх дьикти. Айаннаан иһэр массыына иһигэр туран бэйэтэ самыытыгар укуол туруорунар. Арааһа, бу үгүстүк оҥорбут дьыалата быһыылаах, туттара-хаптара олус үөрүйэх. Мин дьиктиргээбиппин көрөн, саҥа атаһым мичик гынан кэбистэ. Самыыга иннэни киллэрэр сүрдээх сэрэхтээх. Маны сатыыр, билэр дьон оҥороллорун туһунан истэр буоларым. Киһи самыытын түөрт гыммыттан үһэ быччыҥтан турар. Иннэни ол быччыҥнарга түбэһиннэриэ суохтааххын. Киһим арааһа тапта быһыылаах.
Айаммыт барыта маннык. Көҕүрэттиини аахпатахха, көлө сүүрэн иһэр, ол быыһыгар ас да астанар, чэй да кутуллар, таҥас-сап да уларыттаҕын. Айан олоҕун эмиэ биир үөрүйэх көстүүтэ. Үөрэннэххэ, барыта чахчы да табыгастаах эбит.
Куораттан 480 биэрэстэни барбыппыт кэннэ сирбит-уоппут быһыыта уларыйан, түһэр-тахсар томтордорбут лаппа баараҕадыйан, хайалар таһааларын ылан бардылар. Үөһэ таҕыстахпыт ахсын биһиги харахпытыгар киэҥ нэлэмэн көстүүлэр нэлэс гынан ааһаллар. Учуонайдар үөрэтэн быһаарбыттарынан, киһи хараҕа муҥутаан 5 көс сири (!) ыйдаҥардыан сөп үһү. Мин билигин ону итэҕэйиэх санаам кэлэр. Манна төһө да 5 көс буолбатар, балай даҕаны чиэски сирдэри олоотуу олоробун. Айылҕа кэрэтэ, кини модун сүрэ сөхтөрө иһэр.
Суолбутун быһа охсор Сигирээн диэн үрэҕи ааспыппыт кэннэ, харыйа мас хойунна. Өр буолбакка Бэрдьигэс диэн ааттаах синньигэс үрэх кэлэн субуллан ааста.
Аара суолга массыына алдьанан турарын көрөн аргыстарбыт тохтоон, туохтара моһуоктаабытын билистилэр. Экспедиция экспедициянан, ол эрээри дьоммут сүрүн үлэлэрин, дьарыктарын син биир толоро сылдьаллар. Үгүс суоппардар суолга моһуогуран турдахха, нууччалар тохтоон көмөлөһөн ааһалларын бэркэ диэн билэр буолуохтаахтар. Биир бэйэм хаста да итинниккэ түбэһэн турабын. Бу айаммыт тухары эмиэ түөртэ-биэстэ суолга турааччыларга түбэһэн ыллыбыт. Дьонум ол аайы буолуохтааҕын курдук тохтоон, көмө наадатынсуоҕун сураһан ааһаллар. Итинник көстүү бэйэлэрин истэриттэн тахсар эбит…
Массыынабыт иһигэр ас-үөл, иһит-хомуос барыта – уопсай. Түргэнник буорту буолар астары түгэх сөрүүн сиргэ уурабыт, онтон атына барыта улахан мас холбуйа иһигэр симиллэр.
Биир үрдүк хайа оройугар тахсан баран, сахалар буоларбыт быһыытынан, аартыкпытыгар алаадьы ууран аастыбыт. Халлаан сыыйа хараҥара быһыытыйан эрэр.
Аҕыс чаас саҕана Ааллаах Үүн аартыгар киирдибит. Мантан көнөтүк бардахха, Югоренокка тиийэҕин. Биһиги суолбут хаҥас диэки араҕыста. Манна Сахара үрэҕи туоруур буор быһыкка уһун систээх «Сканиа» массыына буксуйан турарыгар түбэстибит. Икки эдэр нуучча уола Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕас илдьэн баран төннөн иһэн, кыратык сыыһа туттан, хаарга тахсан хаалбыттар. Онтон төттөрү киирэ сатаан кутуу кумаҕы хаһан тибилитэн кэбиспиттэр уонна кытаанахтык, чиҥник олороохтообуттар. Эбиитин массыыналара биир, орто эрэ муостаах буолан, төрүт кураанаҕы ньалбыы турар. Суоппар эрийтэрэр кэмигэр аргыһа уол эрийэр көлүөһэтин анныгар кумах ыһа сатыыр да, туһа суох. Биһиги дьоммут бу массыынаны соһор туһата суоҕун сэрэйэн, саараҥнаан баран икки көлөбүтүнэн инниттэн-кэнниттэн лебедкаларынан таттаран көрдүлэр да, туһалаабата. «Бурлактарбыт» холбоон аҕыс тонна ыйааһыннара тиийбэтэ уонна лебедкабыт кыаҕа кырата быһаарда. Манна чаастан ордук бадьыыстаспыппытын кэннэ Элдьикээн өттүттэн «Урал» массыына кэллэ. Онон биһиги салгыы айаннаатыбыт.
Хаар бөҕө түһэн, Ааллаах Үүҥҥэ бу утары кэлэн баран батыллан турбут массыынаттан атын көлө суола көстүбэт. Суолбут эмиэ биир кэм дабайыы, түһүү-тахсыы, хайа быарынан сирилэтии.
Аара тохтоон сып-сап хабыалаатыбыт. Игорь төлөпүөнүгэр баар сыһыарыытын көрдөрүүтүнэн, хаҥас өттүбүтүгэр турар дабаан муора таһымыттан 1000 миэтэрэ үрдүк диэн буолла. Бэйэбит билигин турар таһыммыт 500 миэтэрэ үөһээ эбит.
22:08 айаммыт суола барыта дабааннар буоллулар. Ыйдаҥа быыһынан көрдөххө, анныбытынан Ааллаах Үүн үрэҕэ устар. Бөһүөлэккэ тиийэрбит икки аҥаар көс хаалла.
22:57 Ааллаах Үүн уоттара көһүннүлэр. Кэллибит, уос номоҕо буолбут, өбүгэбит таһаҕас таспыт сиригэр.
Аҕа дойду сэриитин кэмигэр Ааллаах Үүн оройуонуттан 460 киһи тылланан өстөөҕү кытта кыргыһа барбыттар. Оччолорго бу бөһүөлэк билиҥҥи Уус Майа киинэ буола сылдьыбыт. Манна ол сахха балтараа тыһыынча киһи олоро сылдьыбыт буоллаҕына, билигин баара-суоҕа сүүрбэччэ эрэ буруо баар эбит. Олохтоох дьон сүрүн дьарыктара – көмүс хостооһуна. Ааспыт үйэ маҥнайгы аҥаарыгар тигинээн-таҕынаан олорбут сир билигин түөрт уонча үлэһит дьон олорор баахтабай бөһүөлэгэр кубулуйбут. Оҕо-уруу диэн ончу суох. Олохтоох дьон сылдьар көлөлөрө «Бураннар» уонна түөрт көлүөһэлээх дьоҕус тэриллэр. Манна «Поиск» диэн көмүс хостуур тэрилтэ баар буолан, сырыыайан быстыбат эбит. Тэрилтэ олохтоохтору оттук маһынан, нэдиэлэҕэ иккитэ скважинаттан иһэр уу таһан хааччыйар. Ону таһынан ас астаналларыгар, атын кыһалҕаларын быһааралларыгар күҥҥэ үстэ уот биэрэр. «Поиск» былыргыта «Джугджурзолото» диэн кэмбинээт иһинэн үөскээн баран, кэлин ити тэрилтэ үрэллэригэр туспа арахсан барбыт эбит. Оттук мастарын көрдөххө, биһиги эҥээр аны көстүбэт олус модьу уонна сырдык эттээх тутуу маһа буолан соһутта.
Манна даҕаны эттэххэ, Ааллаах Үүн туһунан кинигэ суруллар кэмэ кэллэ. Туох да мөккүөрэ суох улуу дойду диэтэххэ – улуу, номоххо киирбит сир диэтэххэ – омуна суох, ытык сир диэтэххэ – сыыһа буолбат, Саха сирин историятын биир кэрэһитэ диэтэххэ эмиэ үлүннэриитэ суох. Санааҥ көрүҥ, бу манан кэлэн ааспыт араас үгүс-үтүмэн икки атахтааҕы, хорсун хоодуот дьону, эстибитбыстыбыт дьылҕалары, өлбүт-өспүт төлкөлөрү. Биир тылынан, аан талҕа! Аны санааҥ Беринг, Давыдов, Хвостов, Зонненберг, Өксөкүлээх Өлөксөй үктэнэн ааспыт сырыыларын. Кыһыл-үрүҥ сэриитин кэмигэр буолбут ол-бу быһыыны-майгыны… Ааллаах Үүн бэйэтэ төһө да кыратын иһин, сураҕа суон, аата аарыма.
00:09. Биһигини Ааллаах Үүҥҥэ көрсүбүттэрэ. Сорох дьоммутун дьиэҕэ олохтообуттара, атыттар эмиэ көлөлөрбүтүгэр оҥостон утуйан эрэбит.
Кулун тутар 27 күнэ. 05:57. Саҥа сиргэ тугу түүһээбитиҥ туолар диэн этээччилэр. Миэхэ түүл-бит суох. Дьонум иккиэн утуйа сыталлар. Мин, дьэ, олохпор саҥа сири көрөр үөрүүбүттэн көтөллөнөн турдум. Бөлүүн хараҥата бэрт буолан, тулабыт көстүбэтэ. Олус долгуйан ороммуттан турабын. Дорообо, аар-саарга аатырбыт, ытык Ааллаах Үүн!
Дьоммун уһугуннарымаары сэрэнэн тыаһа суох таһырдьа тахсыбытым, доҕоор, бөһүөлэк тулата барыта хайа буолан дьоллоото. Омос көрдөххө, хайдах эрэ Сэбээн Күөлгэ ханыылыы курдук сирдээх-уоттаах. Арыый атына диэн Сэбээн Күөлгэ хайалара адьас бөһүөлэк кытыытыттан саҕаланар буоллахтарына, Ааллаах Үүн дабааннара арыый тэйиччи барыһан тураллар. Киэҥ-куоҥ сирдээх диэххэ.
Арай оройум үрдүгэр билбэт көтөрүм саҥатын истэн хантас гыммытым, хаппыт тиит төбөтүгэр эмиэ да кэҕэҕэ майгынныыр өҥнөөх, туга эрэ кукаакыны санатар чыычаах олорор эбит. Мин дьэ сонургуу турдахпына, аттыбар биир билбэт киһим кэлэн дорооболосто. Киһим: «Суоппар Толя диэммин», – диэн бэйэтин билиһиннэрдэ. Биһиги ону-маны кэпсэтэн бардыбыт. Биллибэт көтөрү эмиэ тумнубатыбыт. Көтөрүм аата оҥоло (кедровка) диэн буолан биэрдэ. Бу чыычаах биир дьиктилээх эбит. Күһүн кыһыҥҥытыгар диэн аһын хаһаанар уонна хостуур кэмэ кэллэҕинэ хаар анныттан чуо булан таһаарар үһү. Суоппар Толя кэпсээнинэн, манна эбээннэр уонна нууччалар олороллор эбит. Саха баарын билбэт.
Бөһүөлэк аатын тоҕо, хайдах сүкпүтүн туһунан сураһа сатаатым да, билэр киһи эмиэ көстүбэтэ. Арай номох быһыытынан, былыр айанньыттар бу сиргэ кэлэн аллараа өрүскэ талах төрдүгэр тыы баайыллан турарыгар түбэспиттэр. Тыы хаһаайына суох эбит уонна иһигэр сылгы үүнэ сытара үһү. Ол иһин Ааллаах Үүн диэн буолбута диэн истибиттээхпин.
Соҕотох кэрэһит
Тоҕус аҥаар саҕана Ааллаахтан арахтыбыт. Биһиэхэ манна экспедициябыт уон иккис, бүтэһик киһитэ Алексей Слепцов диэн сирдьиппит кыттыста. Алексей бэйэтэ Аркаттан төрүттээх эбээн, Бадьырка аҕатын ууһун бас-көс киһитэ (старейшина). Кини балтынаан Валентиналыын 12 көстөөх сиргэ ыстаадаҕа таба иитэллэр эбит. Биһиги кинилэр олохторун таарыйан ааһыахтаахпыт. Ону таһынан Өлөксөй булчут буолара соһуппата. Маҥнай билистэххэ аҕыйах саҥалаах-иҥэлээх, ортону аннынан уҥуохтаах, сааһа быһа холоон быһыыта сэттэ уончата уонна сүрдээх эрчимнээх, чэпчэки туттуулаах-хаптыылаах киһи. Сахалыы биир да тылы билбэт. Ол оннугар нууччалыы миигиннээҕэр баҕас быдан ордуктук саҥарар. Бэйэтин омугун тылын билэрин туһунан сураспытым, киһим түөһүн мөтөтөн баран: «Хайдах билиэм суоҕай», – диэн дьоһуннук хоруйдаата. Мантан 20 көстөн эргимтэлээх сир барыта кини бултуур-алтыыр, табаларын көһөрө сылдьан иитэр сирэ эбит. Онон сир хаһаайына билигин биһиги «Бурлакпытыгар» киирбитэ айаммытыгар эбии эрэли үөскэттэ.
Бөһүөлэктэн саҥа тахсаат даҕаны үрэххэ икки кыыл таба турарыгар түбэстибит. Биһиги соһуйуу, үөрүү-көтүү бөҕө, онтон Өлөксөйбүт холку. «Манна элбэхтэр», – диэн биир бэйэбин өссө күүркэттэ. Ааллаахтан 17 биэрэстэни бэҕэһээ кэлбит суолбутунан төннөн баран, бу аартыктан туораан, үрэх кытыытынан соҕуруу бардыбыт. Эрдэ бураан сылдьыбыт эрэ суола көстөр. Бу – көмүсчүттэр тэлбит ыллыктара. Сотору былыргы Охуоскай тыраагын суолугар киириэхтээхпит. Өлөксөй: «Ол сир кэллэҕинэ биллиэҕэ, быһаарыаххыт», – диир. Мантан антах «Бурлактар» тоҥуу хаары кэһэн айанныыллар. Сырыыбыт бытаарар, айаммыт тэтимэ атын буолар. Бүгүн, этэҥҥэ буоллаҕына, аара көлөлөрбүтүгэр хонобут. Дьонум сирдьиппитигэр «балыктаах сир таһыгар тохтоторуҥ буоллар» диэн туруорсаллар. Оннук, үчүгэйи туһалааҕы кытары дьүөрэлиир туох аньыылаах буолуой?!
Ааллаах үрэҕин туораан баран көмүсчүттэр олохторугар тохтоон уматык кутуннубут. Манна тимир контейнер дьиэлэри айанньыт сылдьан иттэн, хонон ааһарыгар табыгастаах гына оҥорбуттар. Сирдьиппит: «Бэҕэһээ Ааллаахха эһигини көрсө баран иһэн манна хонон ааспытым», – диэн кэпсиир. Бу сир аата станция Халыжинская диэн эбит. Ону туоһулуур баараҕай тииккэ бэлиэ суруйан ыйаабыттар. Георгий Дмитриевичтээх манна эмиэ бэйэлэрин бырайыактарын суолун кэрэһилиир бэлиэни ыйаатылар. Хаартыскаҕа түстүбүт, сырыыбыт бу кэрчигин үйэтиттибит.
«Бурлак» көлө биир үтүөтэ, көлүөһэтэ улахан буолан, хаары батары үктээбэккэ үрдүнэн уйдаран айанныыр. Хаар халыҥа мин тобукпунан. Өлөксөйбүт кэпсээбитинэн, хайаны нөҥүөлүүр аартыктарга (переваллар) тиийдэхпитинэ, хаарбыт лаппа халыҥыа үһү.
12:39 Аанча үрэҕэр Эмэлээх эбэ түһэр сиригэр тиийдибит. Мантан Хабаровскай кыраай сирэ саҕаланар. Кыраныысса. Атын сиргэ киириэхпититтэн бириэмэбит биир чаас урутуу түстэ. Аанча эбэҕэ алаадьы уурдубут, ботугураан аастыбыт. Бу үрэх Ааллаахха тиийэн түһэр, чугас эҥээринээҕи үрэхтэртэн барыларыттан уһуннара. Сайынын орто ааллар Ааллаахтан саҕалаан Уус Ыныкчаан диэн сиргэ тиийэ холкутук усталларыгар сөп кэтит иэннээх, дириҥнээх.
Өлөксөй сойуус саҕана каадырабай булчуттаабыт. Сүрүннээн түүлээххэ, чуолаан киискэ бултуур эбит. Оччолорго биир бултуур болдьоххо отут кииһи туттаралларыгар нуормалаахтара үһү. Киһим: «Былааммытын сылын ахсын холкутук толорор этибит. Оттон сорсуннаах өттө сүүһүнэн түһэрэрэ», – диэн кэпсиир. Билигин бу эҥээр ким да бултаабат буолан, саарба олус дэлэйбит эбит. Ол оннугар кыыл таба аччаабыт үһү. Урукку өттүгэр күһүн муора эҥээр хаар элбэхтик түһэр буолан, бу эҥээр тыһыынчанан таба тахсара эбитэ үһү. «Билигин тоҕо эрэ оннук буолбатах, таба халыҥ үөрүнэн айанныыра тохтообута ыраатта», – диэн аргыспыт санаатын үллэстэр.
Ити курдук көлөбүт иһигэр Саха сирин үс омугун бэрэстэбиитэллэрэ айаннаан иһэбит.
Үрэх устун айаннаан иһэбит. Сирдьиппит көлөбүт уйугун өйдөөтө быһыылаах, сорох тоҕойдорунан «барыыһык» диир да, онон быһа түһэрэр, тумнуллуохтаах сирдэринэн көнөтүк ыытар. «Бурлакка» чахчы да бэрэбиэркэ дьоһуна буола турар. Оннук үрэх харгыларын (перекаттары) туоруубут, үрэх биир салаатыттан атын сүүрүгэр тахсабыт. Биһиги сирдьиттээх дьон быһыытынан Ааллаах Үүнтэн ыла бастаан иһэбит. Айылҕата кэрэтэ миэхэ, Сахабыт сирин киин өттүттэн быкпатах киһиэхэ, барыта ураты уонна сонун…
Айаннаан иһэн киһи арааһы саныыр. Билигин биһигини тулалаан турар айылҕа адьас ханан да тыытыллыбатах, икки атахтаах мээнэ үктэммэтэх дойдутун курдук кубулунан турар эрээри, ама үллэр үйэлэр тухары киһи-аймах бу да кэрэ дойдулары тилийэ көппүт аҕай сирэ буолаахтаатаҕа…
Сирдьиппит кэпсээнэ-ипсээнэ сыыйа тэнийэн иһэр. Маҥнай улахан саҥата суох дии санаабытым, киһим арылыннар арыллан иһэргэ дылы. Төлөпүөнүгэр бултаабыт хаартыскаларын көрдөрөр: «Бу тыатааҕы киэһэ боруксорукка хааман истэхпинэ кэннибиттэн үөмэн кэлэн сии сыспыта. Иһиттэхпинэ, кэннибэр туох эрэ суугунуур. Кустар буоллаҕа диэн кыһаммакка иһэммин, тыаһым чугаһыырыттан эргиллэ түспүтүм, адьырҕа үрдүбэр ыстанар сиргэ ситэн кэлэн, тииһин килэппитинэн миэхэ түһэн эрэр эбит. Хата саабын илиибэр тута сылдьар буоламмын, тута ытан кэбиспитим. Адьас атаҕым анныгар суулларбытым. Оттон бу тыатааҕы табаны саҥа тардыбыт сиригэр түбэспитим. Сиэҥэр кэлиэ диэн кэтииргэ санаммытым. Арай сарсыарданан утуктуу олорон туох эрэ кэлэн сыыгыныырын истэн бырдахтан көмүскэнэн төбөбүн саптан олорор бүрүөһүммүн арыйа баттаабытым, тыатааҕым субу кэлэн сирэйбин сытырҕалыы турар эбит. Соһуйан муннуга охсон хабылыннардым. Онуоха кыылым даҕаны соһуйда быһыылаах, эмискэ төттөрү ыстанна, аҕыйахта ойоот, хойуу талах иһигэр киирэн мэлис гынан хаалла. Саабын эрэ ылан хааллым, сатаан баттаһан ыппатым даҕаны. Онтон туран табаларбар баран истэхпинэ, биэс мүнүүтэ эрэ буолла быһыыта, адьырҕам табаларбар ойон эрэрин көрдүм. Тобуктуу түһээт, ытан хабылыннардым. Кыылым умса хоруйда», – диэн үгүһү сэһэргиир. Хаартыскатыттан көрдөхпүнэ аарыма кырдьаҕас үллэн сытар.
Нуучча аргыстарбыт биир сүрүн сөбүлүүр дьарыктара – балыктааһын. Онон дьэ ити өттүгэр кэпсээн бөҕөтүн истэ иһэбин. Өлөксөй балыктаах сирдэри көрдөрүөх буолан, дьонум саҥалараиҥэлэрэ баһаам, үөрүүлэрэ сүрдээх. Өлөксөй мин булду сэҥээрэрбин билэн сорсуннаах сырыыларын араас түгэннэриттэн хаартыскаларын салгыы көрдөрөр. Хас биирдиини арыйдах ахсын бултаммыт бөрөлөр, биир биллибэт хайа быарыгар тэлгэммит үөр чубуку, адаар муостаах табалар охтон сыталлара элэҥниир. Киһим ити кыыллар хайдах бултаммыттарын сэһэргээн иһэр.
16:00. Аанча үрэххэ Аанчыкаан диэн атын үрэх кэлэн түһэр сиригэр, маҥнайгы үрэх курдук ааттаах иччитэх бөһүөлэккэ кэллибит. Хомойуох иһин, бу бөһүөлэк туһунан тугу да билбэт эбиппин. Ол эрээри бу сир эмиэ былыр-былыргыттан айанньыттар сылдьан, сынньанан ааһар станциялара буолара саарбаҕа суох. Өлөксөй этэринэн, манна хаар анныгар түөрт миэтэрэ кэриҥэ үрдүктээх мас кириэс сытар үһү. Ол кириэс туох остуоруйалааҕа эмиэ биллибэт, сууллубута икки сыл курдук буолбут. Өлөксөй манна урукку өттүгэр дьиэ-уот бөҕөтө өтөхсүйэн турарын көрөр эбит. Оттон билигин ааспыт будулҕаннаах, сырыылаах олох соҕотох кэрэһитэ самначчы барбыт, үгүс иччитэх сыллар ыйааһыннарыттан үрдэ үрэллэн хаалбыт 3х4 дьиэ тураахтыыр. Илин тэйиччи көстөр хайалар тэллэхтэригэр Гражданскай сэрии кэмигэр Яныгин баандатын дьайыытыттан суорума суолламмыт кыһыл этэрээтин байыастарыгар анаан мастан оҥоһуллубут мэҥэ сулус баар эбит. Онно ол өлбүт дьон ааттара суруллан турар үһү. Биһиги ыллыкпыт онон сыппат буолан биэрдэ. Соҕуруу хайысханы тутуһан салгыы айаннаатыбыт. Аанча, үгүс үйэлэр дьүүллэрин көрбүт бэйэтэ, дьон олорбот буолуоҕуттан маннык быраҕыллан, аата-суола умнуллан туран кэннибэр хаалбыта кураанахсыйыы санаатын үөскэттэ.
Нуучча аргыстарбыт туруорсууларынан, сирдьиппит үрэхпит биир синньигэс тоҕойугар тохтотон үс ойбону тэһэн балыктаан көрдүлэр да, мэлийдилэр. Таас үрэх эбит. Манна дьарҕаа элбэх диэн буолла да, уутун таһыма түһэн хаалбыта балыктыырга табыгаһа суох буолан биэрдэ. Оо, айылҕата кэрэтэ, урана куппун тутта. Салгына чэбдигэ, ырааһа, тулабытын хараҕалаан турар хайалар үрдүлэригэр көмүһү ыһан кэбиспит курдук барыта күлүмүрдээн көстөр. Дьоллоох дьон олорор сирдэрэ диэтэҕиҥ.
Ити курдук балыктаан көрөн баран табыллыбакка, салгыы үрэхтэн тахсан ойуур быыһынан бардыбыт. Эмиэ буран суолуттан атын омоон суох.
Аара булчут үүтээнэ турарын көрдүбүт. Манна айанньыттар сынньанан ааһар тыа хаппардаах алыҥ алаһалара буолан биэрдэ. Күн өссө эрдэ буолан, тохтооботубут, ааһа турдубут. Тыый! Дьиэ маһа манна аата-ахсаана суох эбит! Харандааһы туруору туппут курдук халлааҥҥа харбаспыттара көрөргө үчүгэйин эриэхсит! Ойуур иһигэр тутууга аналлаах маннык бөдөҥ тииттэр бааллара – дьон бу эҥээр сылдьыбатын бэлиэтэ. Өлөксөй этэринэн, кинилэр билигин таба иитэр олохторуттан икки сүүс килэмиэтир тулалыыр сиргэ киһи аймах төрүт суох үһү.
Ойуур иһинээҕи аартыкпыт массыына сырыыта төрүт суох буолан оһо быһыытыйбыта, айанныырга ыараан барда. Сэппэрээк бөҕө сабардыы үүммүт, мас бөҕө сууллубут. Сорох сирдэри сатаан ааһар кыахпыт суох буолан, мэһэйдиир мастары эрбиибит, ыраастаан суол таһаара иһэбит. Өлөксөй этэринэн, кини бүтэһигин бу суолунан эмиэ маннык кыахтаах массыынанан биэс сыллааҕыта сылдьыбыта үһү. Ол кэннэ, ол иннинэ да атын сырыы баар буола сылдьыбытын истибэтэҕим диир. Кини дьиктиргиирэ диэн, киһи сылдьыбыт суола аҕыйах сыл иһигэр оһон барар, оттон кыыл таба ыыра төрүт оспот үһү.
22:00. Балыктаабыт сирбититтэн биир көһү куоһара иликпит. Ойуур айана эндирдээх буолла. Сотору-сотору тохтоон суолбутун ыраастыыбыт, айаммыт тэтимэ чааска 5, сороҕор 2 км тиийэ бытаарар. Сатыы киһитээҕэр бытааннык сыылларан иһэбит. Ол эрээри массыынабыт иһэ бэрт бэһиэлэй, саҥа-иҥэ күө-дьаа.
01:03. Үрэх кытыытыгар хонукпутун оҥостон утуйан эрэбит. Симиллии кытаанаҕа. Икки утарыта турар долбуурдарга фанера ууран баран ол үрдүгэр сыттым. Бары оннук араастаан уһаты-туора тэлгэннибит. Тохтообут сирбит сонуна диэн аттынааҕы хаҥас барыйан турар хайалар тэллэхтэринэн былыргы телеграф ситимэ ааһар эбит. Сирдьиппит кэпсээбитинэн, остуолбалар бары сууллан бүппүттэрэ быданнаабыт үһү. Ханна эрэ тыа быыһыгар биир ордон чоройон турарын көрөрө үһү да, кэлин ол да соҕотох кэрэһит көстүбэт буолбут. Телеграф историятын туһунан киһи үгүһү этэрэ суох даҕаны курдук уонна суруйар матырыйаалым киэбэ кыратынан эмиэ бичикпин манна бараабат эбиппин. Кылгастык ахтан аһарар буоллахха, маҥнай 1905 сыл диэки Охуоскайтан Саха сиригэр диэри тардан испиттэр. Ол курдук, баара-суоҕа 14 килэмиэтир сири тэйэн баран, остуолбаларын туруораары сири хаспыттара, соһуйуохтарын иһин кыһыл көмүс көстөн кэлбит. Ити кэннэ бу үлэ тохтуур, оччотооҕу дьон көмүс көрдөөһүнүгэр умса түһэр. Онтон 1909 сыллаахха Иркутскайтан анаан-минээн Роберт Зонненберг диэн ньиэмэс төрүттээх нуучча инженерэ, фотограф бу суолунан Охуоскайга ааһар уонна ситим ханан тардыллар сирин бигэргэтэр. Ити кэннэ үлэ-хамнас күөстүү оргуйар. Саха бөҕөтө онно кыттыһар. Олор истэригэр айар тыл аҕата, саха уус-уран литературатын төрүттээччи, бөлүһүөк Алексей Кулаковскай–Өксөкүлээх Өлөксөй убайынаан Оонньуулаах Уйбаанныын.
Хаары дэлби хаһан, бүгүн син эстии-элэйии барда. Ыйдаҥа бөҕө.
Табаһыт олоҕо
Кулун тутар 28 күнэ. 05:37. Дьонум эмиэ бары утуйан бускута сыталлар. Туран таһырдьа тахсыахпын үс киһини үрдүлэринэн нөҥүөлүөх тустаахпын. Бэҕэһээ саҥа күҥҥэ маҥнайгы сорукпут алта чааска турабыт диэн буолбута. Оччотугар турарбыт да чугаһаабыт. Ол эрээри тоҕо эрэ оннук буолуо суоҕа дии саныыбын. Бу саҥа доҕотторум итинник тылларынан кыайбахтыыллар, оттон дьиҥ дьыалатыгар тиийдэҕинэ, онтукаларын толорорго холку соҕустар. Үс күн иһигэр биир бэлиэтээбит көстүүм итинник. Кинилэргэ холоотоххо, биһиги, сахалар эттибит да, сорукпутун олоххо киллэрэргэ дьулуһабыт. Ити кинилэр эппиэтинэһэ суохтарыттан эбэтэр, тугу да улахаҥҥа уурбаттарыттан эҥин диэн буолбатах быһыылаах. Салайааччылара эттэ – ону тута ылыналлар, толорорго бэлэмнэрин биллэрэллэр, онтон таһырдьа тахсыа эрэ кэрэх, бэйэлэрин санааларынан сылдьан бараллар. Дьиктитэ диэн салайааччылара кэлин «тоҕо толорботугут» эҥин диэн туоһуласпат. Бэҕэһээ этиллибит аны күөрэйбэт, аахсыллыбат. Саҥа саҕахтар, саҥа көрдөөх кэпсээннэр бараллар. Арааһа, олоххо холку соҕустар дуу? Оннук буоллаҕына, эмиэ да дьикти көстүү, ураты үөрэх…
Бу, алта чааһы аҕыс мүнүүтэ ааста, ити тухары биир да киһим будильнига тыаһыы илик. Валентиныч түүн анараа көлөтүгэр тахсарыгар: «Тырылыыргытын туруораргытын умнумаҥ», диэн кырата үстэ төхтүрүйэн эппитэ.
Биһиги бу көлөбүт анараа «Бурлактан» атына диэн айаҥҥа-сырыыга сылдьарга арыый атыннык таҥыллыбыт. Өскөтүн анараа массыына дьон утуйарыгар сөптөөх гына оҥоһуллубут буоллаҕына, бу массыына туттар сэптэрин, астарынүөллэрин, малларын-салларын тиэйэргэ анаан оҥоһуллубут. Кэннинээҕи хоһо барыта киэҥ-куоҥ долбуурдар. Бөлүүн миигин манна сытыараары Валентиныч фанератын түүннэри эрбээн тилигирэттилэр. Фанерабыт хаһаайына этэҥҥэ куоракка тиийдэхпитинэ кэлиҥҥи долбуурдар ортоку сүһүөхтэрин көтүрүөх буолла. Ол аата аныгыскы сырыыга киһи утуйарыгар табыгастаах буоларын өйдөөтө.
Түүн кэлэн иһэн Яриктыын суолга мэһэйдии сытар мастары эрбии сылдьан, үрэххэ киирэн иһэн хаар анныгар ириэнэх сытар тааҥҥа тобукпутугар диэри батары түспүппүт. Атахпытыгар уу бөҕө баһан тахсыбыппыт. Түүн иһигэр таҥастарбыт куурдулар ини? Аны төһөнөн иннибит диэки баран иһэбит да, хаарбыт халыҥаан иһэр. Эрдэ ойуурга киирэрбитигэр миэхэ тобукпунан эбит буоллаҕына, билигин курданарбынан буолла. Сирдьиппит кэпсииринэн, мантан антах өссө халыҥыа үһү. Ол иһин манна тайахтан атын кыыл кэлбэт эбит.
Сэттэ чааһы ааһыыта хоҥнон баран, уон бииргэ диэри сэттэ килэмиэтири бардыбыт. Арҕастары туорааппытын кытары сир-дойду быһыыта-таһаата эмиэ уларыйда. Хайаларбыт дьоҕус соҕус дабааннарга кубулуйдулар. Хаарбыт халыҥа сүр. Массыынабыт буксуйа-буксуйа, көмүрүө буолбут хаары син хайытан айаннаан иһэр.
Өлөксөй аара кэлэн иһэн икки аарыма тиити көрдөрдө. Былыр, чопчу ханнык кэмин билбэт эрээри, ол сах дьоно ити икки тиит төрдүгэр эркээйи охсон баран сурук бичийэн хаалларбыттар үһү. Өрдөөҕүтэ ол суруктар син көстөллөрө үһү да, билигин төрүт оһон хаалбыттар. «Сатаан аахпатаҕым. Сымнатар бэлиэлэр эҥин курдук буукубалар көстөллөр этэ», – диэн кэпсээтэ. Мин, ону истэн, сэҥээрэ түстүм. Ол аата чахчы сахалыы буоллаҕа, латыынныы «ы» буукуба эбитэ буолуо дуу?! Сирдьиппэр төннөн иһэн тохтоон көрөргө туруорустум. Дьиҥэр, билигин, сырдык кэмҥэ, тохтоон ааһыахха сөп этэ. Ол эрээри таҥаһымсабым дэлби илийэн иһэр буолан, дьонум: «Тахсаҕын дуо?» – диэбиттэрин үрдүнэн саарыы түһэн баран батынным. Төннөн иһэн бу сиргэ хараҥаҕа тиксэн хааллахпытына, кэлин уһуннук кэмсинэр буолуохтаахпын. Арааһа, ити бичиктэри телеграф ситимин тардааччылар хаалларбыт буолуохтаахтар. Өлөксөй да онно сөбүлэһэр.
11:55. Таас Толоон диэн үрэххэ кэллибит. Манна Өлөксөйдүүн кыратык мөккүһэн ыллыбыт. Мин сахалыы ааттаах үрэх эбит диэбиппэр, киһим эбээн тыла диир. Кини этэринэн үрэх аата Каменистая диэн үһү. Мин: «Оттон иккис тылын суолтата тугуй?» – диибин. Өлөксөй: «Каменистая, онон бүттэ», – диэн икки тылы биир суолтаҕа эттэ. Киһибэр толоон диэн тылы быһаардым, ол кэннэ ити икки тылы ситимнээн: «Каменистое поле, поляна», – диибин. Атын аргыстарбыт биһиги мөккүөрбүтүттэн күлсэллэр. Оттон Өлөксөйүм бэринэр аат суох. «Магадан эҥээр олорор эбээннэр эмиэ маннык ааттаах үрэхтэрдээхтэр», – диир. «Ол эҥээр сахалар тиийбэтэхтэрэ», – диэн бэйэтин кырдьыгын чиҥэтэр. Бээ, дойдулаах киһини кытары мөккүһэртэн туттуннум уонна, баҕар, кырдьык кини өттүгэр да буоллаҕына көҥүлэ диэн күлсэн кэбистибит. Бу дойдуга мин ыалдьыт буоллаҕым…
14:00. Һыиндьэ диэн сиргэ кэллибит. Бу тыл суолтата «талахтардаах толоон» диэн. Мантан аҕыйах биэрэстэни бараат аны аартыкпыт биир бигэргэммит сиригэр Капитанская Засека диэн сиргэ тиийдибит. Манна Өлөксөйбүт ыстаадата баар. Дьиэҕэ чугаһаабыппытын көрөн, баайыллан турар үс ыт чөрөҥнөһүү бөҕө. Хаһаайка, Өлөксөй балта Валентина Афанасьевна иһэрбитин көрөн аһын сылытар, остуолун тардар түбүгэр сылдьар. Дьоммут олохторо биһиэхэ, ыстаадаҕа сылдьа илик сорох дьоҥҥо, сүрдээх сонун. Манна олорор дьиэ, баанньык, сарай арааһа, кыылтан күрэтэн ас харайар холбо эҥин баар. Бу эҥээр үүтээннэр, бэйэлэрэ ааттыылларынан бараактар, киирэр ааннара барыта киэҥ-куоҥ буолар эбит. Кэлин өйдөөбүтүм, кыһыҥҥы тымныыга “Бураанынан” киирэргэ-тахсарга табыгастаах эбит. Аны сууйбут таҥастарын таһырдьа ыйыыр быалара да ураты. Көннөрү өтүү буолбакка, тирииттэн тэлиллибит. Биһиги билсэн, аҕалбыт таһаҕаспытын сүөкээн баран, бэрт тотоойутук аһаатыбыт. Дьиэлээхтэр кэпсииллэринэн, билигин балтараа сүүс кэриҥэ табалаахтар эбит. Урут бу барыспыт хайалар анныларынан 27 тыһыынчаҕа тиийэ таба сылдьыбыта үһү. Сопхуос 1998 сыллаахха суох буолбутун кэннэ таба ахсаана сыыйа аччаан, билигин итиччэ эрэ хаалбыт. «Оччолорго манна табаһыт, булчут бөҕө баара. Оттон билигин бу иккиэйэҕин эрэ хааллыбыт», – дэһэллэр хаһаайыттар. «Таба иитиитэ биһиги, эбээн омук, төрүт үгэспит буоллаҕа, ону хайдах симэлитэн кэбиһиэхпитий. Онно эбии билигин аныгы ыччат төрүт таба иитиэн баҕарбат, онон эбээн омук култуурата, этнос быһыытынан бэйэтэ да сыыйа сүтэр суолга үктэннэ», – диэн хараасталлар. Үөһэттэн туох да көмө көрүллүбэт эбит. Ботуруоннарын, астарын-үөллэрин, эмтэринтомторун, тимир көлө уматыгын барытын бэйэлэрэ хааччыналлар эбит. «Биэнсийэбит кээмэйэ алыс кыра, төрүт тиийбэт. Ол эрээри биһиэхэ сүрүн көмөбүт – айылҕабыт», – диэн баран, Өлөксөй махтаммыттыы хайаларын диэки хантайан ылар. Кинилэр төрүт көмө ылбаттар диэн этэн кэбиһэрим эмиэ да сыыһа. Кинилэргэ Саха сирэ көмөлөһөр эбит. Бу табалар Уус Майатааҕы Булчут уопсастыбатын салайааччыта Леонид Иванович Ларионов общинатыгар киирэллэринэн, дөрүндөрүн аһынан-таҥаһынан хааччыйар эбит. Ону таһынан оройуоннааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета Валентинаҕа хамнас төлүүр. Онон Хабаровскай кыраай олохтоохторо буолан баран, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр учуоттана сылдьаллара эмиэ да соһутта.
Айанныахпыт инниттэн манна интернет баар диэн билэр этибит. Кэлбиппит, дьоммут: «Хайдах холбонорун билбэппит», – дэһээхтииллэр. Вайфайы сиэн бырааттара кэлэн туруоран, холбоон барбыт эбит, онтон ыла тугу да тыыппакка, ыйдааҕы төлөбүрүн төлүү-төлүү олороллор. Суох, ыйдааҕы диэн эмиэ сыыһа соҕус. Интернеттэрэ, спутниктан ситимнээх антенна нөҥүө холбонор буолан, төлөбүрэ икки күҥҥэ биэс тыһыынча курдук тахсар (!). Хайыахтарай, сибээс баара ордук буолан, бүттэҕин аайы итиччэ элбэх харчыны төлүү олороохтууллар. Аргыспыт Афанасий Махатыров бу туһунан туоһуласта. Баҕар, кэлин туох эмэ атын чэпчэки өҥөнү булан, көмөлөстөр ханнык дии санаатым.
Бу сиргэ Өлөксөйдөөх табаларын кыстаталлар эрэ. Аны саас маҥан-хара тэҥнэһиитэ мантан аҕыйах көстөөх сиргэ көһөллөр эбит. Ол курдук сылга сирдэрин иккитэ-үстэ уларыталлар. Табаһыт олоҕо күннэтэ хатылана турар көстүү. Сүрүнэ диэн табалара бөрө, эһэ аһылыга эрэ буолбатар. Оттон айаҕын чааһыгар киһи өттүттэн туох да атын орооһуу наадата суох. Таба барытын бэйэтэ булунар эбит.
Киин сиртэн кэлбит дьон диэх курдук, уолаттар интернет ситимигэр холбоммутунан бардылар. Икки күн иһигэр араас сонун бөҕөтө кэлэ охсубутуттан соһуйабыт.
Эбиэттээбиппит кэннэ Өлөксөй Дима биһиккини “Бураан” сыарҕатыгар олордон Капитанская Засека диэн ааспыт үйэҕэ диэри дьонноох-сэргэлээх, билигин эмиэ иччитэх сиргэ илдьэ бара сырытта. Аара талахтардаах сирдэри батан, ойуур иһинэн сундулуттубут. Өлөксөйбүт биир үрүйэ кытыытынааҕы тыа саҕатыгар тохтотто. Көрбүппүт, таба төбөтө, туйахтара сыталлар. «Хаарыан миинэр көлөм этэ. Бөрө туппут. Мантыкатыгар кэлин син биир ситэри тобоҕолоору кэлиэҕэ», – диэтэ. Бөрөлөр таба баһыттан, туйаҕыттан ордук тугу да ордорботохтор. Киһи сэргиэх, сыҥааҕын аннынан хайа кирэн баран, онон тылын хостоон сиир эбит. Тобугуттан аллара өттө барыта сытар. Тыстара тыытыллыбатахтар. «Тыһын ылан туһанаҕыт дуо?» – диэн ыйыппыппар: «Суох, бөрө сиэбитин кэннэ тугун да ылбат үгэстээхпит», – диир. Ол туһунан сиһилии сураспыппар, эмиэ куолутунан таайтарыылаах баҕайытык көрөн баран: «Оттон оннук итэҕэлбит да эбитэ буолуо уонна бөрө ыарыылаах буолар, онтон даҕаны туттунан буолуон сөп», – диэн кэбиһэр.
Бөрө табаны тарпыт сириттэн Капитанская Засека турбут сиригэр тиийэбит. Манна, былыр дьон бөҕөтө олорбут, билигин үс дьиэттэн иккитэ хаарынан бүрүллэн, омоонноро эрэ көстөр. Биир дьиэ хаар анныттан бэрт кыратык быган көстөр, уонна атын туох да суох. Сыл-хонук эмиэ барытын суох гына мэлиппит.
Манна олорон Өлөксөй бу дойду историятын кэпсиирин Дима уһулан ылла. Уол хата бэрт сонун кэпсээни үйэтиттэ. Өлөксөй бүтэн баран соҕуруулуу-илин турар хайалары ыйан көрдөрөр: «Ол барыһар үрдүк хайалартан антах уимкан (чубуку) сөбүлээн үөскүүр сирэ», – диэтэ.
Дьиэҕэ кэлэн баран Валентинаҕа сүппүт табатын булбутун туһунан кэпсээбитигэр, дьахтар кыл түгэҥҥэ наһаа хоргутан ылла, онтон тута аһаран кэбиспит курдук буолла. Өлөксөй: «Бөрөнү тыа санитара диэн ааттыылларын төрүт сыыһа диибин. Итинник тыллаһыы сылаас хоско олорон үлэлиир киһиттэн эрэ тахсар. Бөрө алдьатыыта, биһиэхэ, табаһыт дьоҥҥо, таһаарар хоромньута адьас сытала суох. Үөрүнэн кэлэн табаларга саба түһэллэр. Аны кинилэр онно хаһан даҕаны кырдьаҕас, ыарыһах эҥин табаны тыыппаттар. Адьас өһөөбүт курдук эдэрдэри, күүстээхтэри эрэ талан тардаллар. Тардаллара да диэн, биирдэ буутун быһа ыстаан ылаллар. Ити кэннэ таба сыыйа бааһыран, мөлтөөн баран охтон, өлөн хаалар. Бөрө – эһэ буолбатах. Эһэни кытары киһи холкутук быһаарсар. Оттон бөрөҥ өйө, мындыра уонна түргэнэ сүрдээх. Былыр сойуус саҕана анаан бултаһар буоланнар, чугас эҥээр төрүт көстүбэт буола сылдьыбыттара. Кинилэри бултаһалларын билэллэрэ. Билигин адьас бас-баттах бардылар. Дьиэҥ таһыттан кэлэн сыапка баайыллан турар ыты кытары соһон бараллар», – диэн кутуруктаахха улаханнык абарарын биллэрэр.
Валентина айаммытыгар диэн ас-үөл бөҕө бэлэмнээн бэристэ. Төннөн иһэн таарыйан ааһыах буолан араҕыстыбыт. Айылҕа дьоно уратылара, санаалара ырааһа уонна аламаҕайа куппун тутта.
18:00. Билигин тарыҥнар үрдүлэринэн бэрт тэтимнээхтик көтүтэн иһэбит. Ол эрэн сотору эмиэ хаары оймуохтаахпыт.
Киэһэ тоҕус чаас ааһыыта, үрэх сиҥнэн түспүт туруору кытылын сатаан дабайыа суохпут диэн, манна хонорго быһаарынныбыт. Тото-хана аһыы олорон сарсыҥҥы күммүтүн торумнаатыбыт. Өлөксөйбүт тахсан баран хаалла уонна хабыс-хараҥаҕа чаас аҥаарыттан ордук ханна эрэ сылдьан кэллэ. Арыый намыһах, ол эрэн эмиэ сиҥнибит сири булбут. Сарсыарда сырдыкка онно барар буоллубут.
Аарыма балыктар
Бу айаҥҥа турунуом иннинэ пьеса суруйа сылдьыбытым. Айаным, чуолаан бу саҥа убайдарбын кытары дьукаахтаһыым ол суруйуубар бэйэм да сэрэйбэт өттүбүттэн ханыылыы буолан хаалла. Пьесабар тутуһан испит эрдэтээҥҥи санаам сыыйа уларыйан эрэр. Айан түмүгүн күүтүөҕүм.
Нууччалар биир дьикти өрүттээхтэр эбит. Ол курдук дьон туттарыттан-хаптарыттан, саҥарарыттан-иҥэрэриттэн көрөн хос ааттыыллар. Дьонум, сахаларым сорох өттө бэйэлэрэ да билбэттэринэн, хос ааттаммыттара. Миигин эмиэ тумнубатахтара. Дядя Коля айаннааҕы ааппын Суруйааччы диэн сүрэхтээбитэ.
Билигин 23:47. Дьонум утуйдулар, мин бүгүҥҥү бичикпин эмиэ манан түмүктээн, саҥа сиргэ хонор киһи быһыытынан түүл күүтэ уубар умустум.
Кулун тутар 29 күнэ. 05:13. Валерий бэҕэһээ тахсарыгар дьонугар: «Тырылыыргытын биэс чааска туруораарыҥ», – диэбитэ. Мурун тыаһыттан атын тыас-уус суох.
Куоракка оҥорбут айаммыт болдьоҕуттан хаалан эрэбит. Ол иһин дьонум кыралаан ыксаан эрэллэрэ биллэр.
Халлаан саҥа суһуктуйан эрэр. Таһырдьа тахсан хаарынан сууннум, онтон туран иһийэн ыллым. Тыалтан атын тыас суох. Үрдүк кытыл устун кыһыҥҥы ууларыттан уһуктар кэмнэрэ чугаһаан эрэр тиит мастар барыспыттар. Билигин бу түһээн баттаппатах, бэйэтин үйэтигэр ахсааннаах дьону көрбүт айылҕа иһийэн, Арассыыйа киэҥ нэлэмэн сирин каартатыгар биир туочуката буолан турдаҕа. Үрэх устун батыһа көрдөххө, тыа үрдүнэн хайалар оройдоро халлааҥҥа харбаһаллар.
06:17. Туруу, киирии-тахсыы саҕаланна, саҥаиҥэ хойунна. Аһаан баран, үрэхпит кытылын атын сиринэн дабайдыбыт. Син этэҥҥэ баран иһэн, биһиги көлөбүт приводын карданын крестовината тосту баран, оройугар лебедканан тардыһан таҕыста. Уолаттар өр гымматылар, чаас курдугунан уларытан, алдьаммыт приводы саппаас быһыытынан эмиэ тута оҥорон кэбистилэр.
09:40. Телеграф тардыллыбыт суолунан айаннаан иһэбит. Сирдьиппит ити курдук Охуоскай трагыттан телеграф аартыгар, онтон Екатерининскай тракт суола ааһар ыырдарынан киллэрэн-таһааран сирдээн иһэр. Маннык уустук сиринэн-уотунан айаннаан иһэн, бу дойду быыһын-хайаҕаһын билэр киһилээхпититтэн бары да санаабыт бөҕөх.
Өлөксөйтөн, үгүстүк айылҕаҕа сылдьар киһиттэн, туох эмэ дьиктини көрбүтэ буолаарай диэн сураһабын, туохха ордук итэҕэйэрин токкоолостум. Киһим: «Таҥараны, ол-бу иччилэри эҥин итэҕэйбэппин», – диир. Ол эрээри аал уоту аһатар эбит. Дэлби мээрилээтим быһыылаах, киһим манныгы кэпсиир: «Биирдэ бурааным алдьанан бараакпар сатыылаабытым. Аара баран иһэн иччитэх үүтээҥҥэ киирэн хоммутум. Арай түүн үөһэ уһуктан кэлбитим, ким эрэ миигин туораттан одуулуур курдук. Харахпын аһан өйдөөн көрбүтүм, остуолга улахан баҕайы киһи барыйан олорор. Үүтээн иһинээҕи хараҥаттан өссө харааран көстөр. Сэрэйдим, туох эрэ атын киирбитин. Ол эрээри, айа, бэйэм да сылайа сытабын дии санаатым уонна улаҕа хайыһан баран утуйан хааллым. Хата, тугу да моһуоктаабатаҕа. Сарсыарда туран таһырдьа тахсыбытым, хаарга бэйэм атаҕым суолуттан атын туох да суол-иис суох этэ».
Улахан перевалга тиийиэх иннинэ Аматли диэн үрэххэ кэлэн баран, урутаан иһээччилэр үрэх дириҥ үөһүгэр түһэн, көлөбүт сүүрүк устун барсан ылла. Ол эрээри «Бурлакпыт» бу да сырыыга абыраата. Хата балай да үрдүк тостон сытар муус устун хатаастан, кытаанах мууска үктэннэ. Ити курдук үрэхтэн үрэххэ түһэн, эбэлэр эрийэ-буруйа субулла сытар тоҕойдорун тумустарынан быһа көтөн бэрт сыыдамнык иһэбит. Массыынабытын хайгыырбын нуучча аргыстарым сөбүлээбэттэр. Быһа этэн кэбиһиэҥ диэн тохтотоллор. Биир кэм саҥата суох көлөлөрүн имэрийэ-томоруйа сылдьаллар. Манна биир түгэни ахтан ааһар буоллахпына, бэҕэһээ ойуур иһигэр туруору уонна эриэ-дэхси халдьаайыны сэппит бэрт ыараханнык дабайан тахсыбытыгар, дьонум үһүөн көлөлөрүн имэрийэн ылбыттара. Ол имэрийиилэрэ үтүктүһүү курдук буолбакка, ис сүрэхтэн этэ. Хаһан эрэ биир суоппар: «Массыына эмиэ дууһалаах», – диэн тус бэйэбэр эппиттээх. Ону илэ итэҕэйэбин.
Өлөксөй дьээбэни-хообону өйдүүр буолан, айаммыт бэрт бэһиэлэйдик ааһар. Киһибэр үөрэнэн истэҕим ахсын, олус тиэхэлээҕин уонна көрдөөҕүн сөбүлүүрүм күүһүрэн иһэр.
Күнүс түөрт саҕана дьоммут туруорсууларынан аартыкпытыгар сытар Суондалы диэн улахан күөлгэ кэлэн тохтоотубут. Сураҕа манна сайыннары дьарҕаа балык аата-ахсаана суох буолар үһү. Ааллах үүннэр икки сыл буола-буола бу күөлгэ кэлэн муҥхалаан бараллар эбит. Киһибит кэпсээнинэн хас сырыы аайы икки тоннаны ылаллар уонна икки сыл буолан баран эмиэ кэлэллэр. Айаммыт былаһын тухары балык да балык диэннэр, бу сиргэ кэлбиппититтэн үөрэбин. Өлөксөй: «Сордоҥ да сордоҥ диэбиккит. Чэ, холонон көрүҥ», – диэн баран тоҕо эрэ бэрт бэтиэхэлээхтик мичээрдээн кэбистэ. Николайдаах оҥостон балыктыы таҕыстылар. Биһиги Игорьдыын ас астаан бардыбыт. Өр буолбата, таһырдьа айманар саҥаларын истэн ол диэки хайыспыппыт, Николай биир обургу сордоҥу хабан таһааран чороччу туппут, үөрэн соҕотох көмүс тииһэ күҥҥэ килбэҥниир. Игорь: «Бэрт, киэһээҥҥи аһылык баар», – диэн үөрбүт саҥата иһилиннэ. Дьэ итиччэлээх кэннэ балыктааччылар бары сып-сап ойбонноругар ойдулар уонна киэһэ сэттэҕэ диэри эндирдэһэн көрдүлэр да, эбии үс кыра сордоҥунан, биир орто сыалыһарынан бүттүлэр. Онно эбии ойбон аайы бары утахтарын быһа таттаран, үгүс килбэйэр мэҥиэлэриттэн мэлийээхтээтилэр. Дьоммут «туох алдьархай балыга баарый?» дэһэллэр, айманыы, абарыы бөҕөлөр. Ярослав биирдэ син ойбон аллара түгэҕэр диэри сабын быспакка соһон чугаһатан көрбүтэ да, ойбонугар хайдах да сатаан баппат аарыма балык аҥаар эрэ хараҕа чоҕулуйан көстүбүт. Ол аайы Өлөксөйбүт бэрт үөннээхтик күлэр эрэ уонна: «Бэлэмэ суох эрэттэр эбиккит», – диэн хаадьылыыр. Киэһэ бэринэн киирбиттэрин кэннэ кэпсээбитинэн, бу аарыма сордоҥнор, баараҕай бил балыктар үөскүүр эбэлэрэ эбит. Николайдаах төннөн иһэн анаан дьарыктаныах буолан бэйэлэрин уоскутуннулар.
00:21. Эмиэ хараҥарбытын да кэннэ суолбутун солоннубут. Сирдьиппит суола-ииһэ төрүт суох сиринэн быһыытынан-таһаатынан эрэ көрөн киллэрэн-таһааран баран: «Хараҕым дэлби сылайда, сырдыкка айанныыр киһи», – диэтэ. Муннубут. Ойуур быыһыгар хонор буоллубут. Суох, Өлөксөй муннарда диэбэппин, оннук санаабаппын даҕаны. Манна атын тыын. Ойуура да барыта иһирик, талах, онно эбии аччыгый үрүйэ бөҕө. Кырдьаҕас кырдьык сынньаннын. Мин кини сири хайдах көрдүүрүн, ыйан-кэрдэн, туһаайан биэрэрин туораттан кэтии сылдьабын уонна төбөтө хайдах үлэлиириттэн астына, киэн тутта иһэбин. Арай бииртэн дьаахханабын. Суолбутун ыраастыыр туһуттан бүгүн олус элбэх маһы сууллардыбыт. Ермакович маннык айан буоларын сэрэйэн, бэйэбэр мас төрдүгэр алаадьы уурдарбыта. Онон кыратык да буоллар эрэх-турах курдукпун. Титирик буоллун, талах буоллун, ботугуруу-ботугуруу эрбиибин. Уолаттары билбэтим, баҕар, эмиэ оннук тутталлара буолуо. Тоҕо диэтэргин биир баараҕай тииккэ кэтиллэ түспүппүтүгэр, мин да, нууччаларым да эрбээбэтибит. 65 саастаах Өлөксөйбүт бэйэтэ суулларда. Кыбыстыылаах эрээри, тустаах кэмҥэ киһи төбөтө атыннык үлэлиир эбит. Дьиҥэр, улахан тииттэри тумна сатыыбыт да, ол мас тахсар сирбитигэр сабардаан турара. Атын сиринэн тахсаары сирийэн көрдүбүт да, барыта иһирик ойуурун ааһан дириҥ аппа-дьаппа буолан биэрдэ. Чэ, ити курдук. Барыта этэҥҥэ буолар ини…
Өлөксөйбүт бүгүн 65-с хаарыгар үктэннэ. Үбүлүөй. Бэйэтэ кэпсээбитинэн 55, 60 саастарын эмиэ маннык айанньыттары сирдии сылдьан көрсүбүтэ үһү. Убайбытыгар уон икки чааһы ааһаатын кытары туох баарынан бэлэхтэрбитин биэрдибит. Уолаттар дьоҕус күлүүс набора уонна эмиэ тэрилтэлэрэ биэрэр, айаҥҥа аһыыр астарын наборун бэлэх ууннулар. Мин манна кэлэрбэр ылбыт төбөҕө кэтэр саҥа панаарбын бэлэхтээтим. Өлөксөй астынна, махтанна. Туспа олохтоох, ураты дьылҕалаах кырдьаҕас атаһым.
Сылайыы барда. Утуйдум.
Кулун тутар 30 күнэ. Сарсыарда сэттэ чаас. Турбутум, Өлөксөйүм тоҕо эрэ дэлби курутуйбут курдук уонна тугу эрэ уоһун иһигэр ботугуруу олорор. Валентиныч киирэн кэллэ уонна: «Алдьаммыппыт», – диэтэ. Түүн хаар бөҕө түспүт, билигин да түһэ турар. Сирдьиппит этэринэн, маннык тыала суох буоллаҕына, бу хаар кырата балтараа күн түһүө үһү. Иннибит көстүбэт буолбут. Аны көлөлөрбүт иккиэн сөрүүкэтэрдэрин (кондиционер) мотуордара олохторуттан ончу тостубуттар уонна эрэһиинэ утахтарыттан ыйанан биэтэҥнии сылдьаллар.
Өлөксөй мунаарар да, сыыһа аҕалбатах буолуохтаахпын диир. Кырдьаҕас утары турар томтор сир үрдүгэр тахсан үөһэттэн сирин-уотун көрөөрү хомунна. Ол томтор мантан кырата балтараа сүүс миэтэрэттэн итэҕэһэ суох. Киһи курданарынан хаары кэһэн онно барыах диэтэххэ, бэтэрээнэн дьыала буолбатах. Онон оҕонньору тохтоттубут уонна ол оннугар коптеры көтүтэр ордук буолуо диэн толкуйдаатыбыт. Тирилиир сэппит начаас үлүгэр мастар быыстарынан халлааҥҥа көтөн таҕыста уонна тулабытын барытын ытыска ууран биэрдэ. Дьэ онно оҕонньорбут сирин-уотун олоҕор аан бастаан үөһэттэн көрдө уонна: «Өйдөөтүм, иннибит диэки ол көстөр арҕастары туоруохтаахпыт. Сөпкө баран испит эбиппит», – диэн баран өрө тыынна, саҥата-иҥэтэ, кэпсээнэ-ипсээнэ хойдо түстэ.
Кэлин, үөннүрэрэ киирдэҕинэ, миигин Утро диэн ааттаан ыҥырар буола сылдьар.
«Бурлактары» айаҥҥа бэлэмнээтилэр, салгыы эмиэ хаары тибилитэн иннибит диэки түстүбүт.
Лаамылыын көрсүһүү
Ити курдук бэһис, алтыс хонукпутугар эмиэ суолбутун солонон, Дьуудама диэн улахан эбэнэн киирэн айаннаан, кырдьаҕас Кыатаҥданы таарыйан, айаммыт муҥутаан ыараан баран Ааркаҕа сэттис хонукпут түүнүгэр биирдэ кэллибит. Болдьохтон хаалыы улахан. Ол иһин мантан ыла айан суолунан барарбытыттан барыбыт да санаата көтөҕүлүннэ.
Муус устар 1 күнэ. Аарка – былыр-былыргыттан эбээн омук олохтоох түөлбэтэ. Манна Бадьырка, Бута, Кела, Мэмэ, Годнинкан, Гэрбэнкэн уонна Уллянкан кырдьаҕас аҕа уустарын ыччаттара ууһаан-тэнийэн олороллор. Олохтоох дьонун ахсаана алта сүүстэн тахсар эбит. Сүрүн дьарыктара эмиэ балык уонна эдэр өттө көмүс хостооһунугар үлэлииллэр. Аарка дьоно-сэргэтэ олус эйэҕэстэр эбит. Бэлиэтии көрбүтүм диэн, үгүстэрэ дьүһүннэрэ сырдык, сэбэрэлэрэ кэрэ. Биһигини ичигэс дьиэтигэр хоннорбут, маанылаабыт-күндүлээбит хаһаайкабыт Наталья Семеновна Алексеева эмиэ сүрдээх истиҥ, сайаҕас киһи. Төннөн иһэн налыччы кэпсэтэн барыах буоллубут уонна сарсыарда эрдэттэн Охуоскайбытыгар туруннубут.
Бөһүөлэктэн тахсан иһэн киһи хараҕа бу дойду халыҥ хаарыгар уонна тулалаан турар баараҕай хатыҥ мастарыгар хатанар. Киһи сэргиирэ диэн арҕаа хайалар оттоох-мастаах буор үрдүк дабааннар эбит буоллахтарына, илин турар хайалар абына-табына мастаах, өргөс үрүттэрдээх таас дьааҥылар. Сырыылаах улахан айан суолунан барыаххыт диэбиттэрэ, оннукка эрэммиппит даҕаны, аартыкпытын бүтүннүү тибэн кэбиспит. Бүгүн Охуоскай куорат дьаһалтатыгар олохтоохтору кытары көрсөн баран, салайааччыларбыт Афанасий Семенович уонна Георгий Дмитриевич икки чааска Дьокуускайга көтөллөр. Биһиги Дималыын бэйэбит хаалан үлэлиибит.
Ааркаттан сэттэ биэрэстэ курдук тэйбиппит кэннэ суолбут улахан аартыкка таҕыста. Дьэ сыыдамнык бардыбыт.
09:15. Аартыкпыт икки аҥы арахсар сиригэр биһигини УАЗ массыыналаах дьон кэтэһэн тураллар эбит. Билсибиппит – Охуоскай уокуругун култуураҕа салаатын салайааччыта Виктор Феоктистов кэлбит. Онон салгыы кинилэр арыалларынан айаммыт сүрүн сиригэр – Охуоскай бөһүөлэгэр киирдибит. Кэллибит!
Бастатан туран көлөлөрбүт уматыктарын эбиннибит. Биһиги «Бурлакпыт» сэлээркэтэ адьас кылы-мүччү аҕалла. Иккис массыынабыт хасааһа эмиэ балай да чарааһаан баран хаалла. Ол буолан бастакы «Бурлак» уматыгын ороскуота 750 лиитирэ, оттон иккис көлө киэнэ 650 курдук таҕыста.
«Бурлактар» заправкаланар кэмнэригэр чугас томтор үрдүгэр ыттыбыппыт, утары биһигиттэн син тэйиччи Охуоскай муора бааллыран, дьалкыллан, дохсун долгуннара үллэ балкыллан, кытылыгар сэниэлээхтик саба охсуллан үҥкүүлүүр кэриэтэ тымныы уута өрө ыһылла сытара уруйдуу көрүстэ. Ытык, улуу Эбэ соҕуруу түгэҕэ көстүбэттии күн диэки таласпыт. Күндэлэс сардаҥалар үөһээ таһаатыгар түһэн күндээрэн күлүмнээн көстөллөр. Айылҕа уран уруһуйа.
Баччалааҕы көрөн долгуйан, куттуун-сүрдүүн, өйдүүн-сүрэхтиин турар сирбитигэр сылаанньыйан хааллыбыт. Онтон өй ылан, былаахтарбытын таһааран тэниччи тутан айаммыт сыалын ситиспит дьон быһыытынан хаартысканан бэйэбитин үйэтиттибит. Дьэ ол кэннэ тирилэтэн, сирдьиттэрбитин батыһан бөһүөлэк үөһүн диэки киирдибит. Көлөлөрбүтүн көрбүт дьон эмиэ бары дьиктиргииллэрин бэлиэтээтим.
Виктор Николаевич маҥнай массыыналарбытын туруорар сирбитигэр тиэртэ. Мантан аҕыйах хаамыылаах сиргэ олохтоох дьаһалта дьиэтигэр таҕыстыбыт. Бүгүн уон чаастан олохтоохтору кытары көрсүһүү былааннанар. Феоктистов кэпсээбитинэн, биһигини ааспыт ый 28 чыыһылатыттан кэтэспиттэр. Өр биллибэтэхпитин иһин, кэнникинэн туох эрэ буоллахтара диэн дьаахханан да барбыттар. Аара үтүмэн үгүс үрэхтэри үрдүнэн сыыйарбытын санаан чахчы салла быһыытыйбыттар. Аактабай саалаҕа киириэхпит иннинэ Охуоскай уокуругун баһылыгын эбээһинэһин толоро олорооччу Иван Андреевич Мартыновтыын көрсүһүүгэ киирэн таҕыстыбыт. Салайааччылара эдэр киһи эбит.
Болдьоммутун курдук уон чаастан олохтоохтору кытары бэрт сэргэх көрсүһүү буолла. Салайааччыларбыт айаммыт туһунан кэпсээтилэр, бырыайыакпытын, бэйэбитин билиһиннэрдилэр. Көрсүһүү түмүгэр олохтоох дьоҥҥо тыл барда. Манна дьон «биһигини умнубатаххытыгар улахан махтал», «сатаан кэлбэттэрэ буолуо диэбиппит, хата кэллигит дии», «былыр мин эбэм Дьокуускайтан манна көһөн кэлбит эбит» диэн, о.д.а. араас истиҥ-иһирэх тыллары эттилэр. Бары кэриэтэ Саха сирэ уонна Охуоскай үлэһит бөһүөлэгэ биир ситим историялаахпытын ахтан аастылар. Ити курдук эбиэттии илдьиэхтэригэр диэри дьон кэлэ-кэлэ бэйэтэ кэпсэтэ сатаата. Үгүс киһи: «Саха сириттэн Охуоскайга диэри хаһан эмэ суол тутуллуон сөп дуо?» – диэн ыйытар. Кинилэр этэллэринэн, Хабаровскайга айанныахтааҕар, Саха сиригэр барар быдан судургу буолуо этэ.
Күнүс дьоммутун аэропорка атааран баран, Афанасий Махатыров тэрилтэтин бородууксуйатын билиһиннэрээри аһаҕас халлаан анныгар быыстапка тэрийдэ. Биһиги Дималыын кыраайы үөрэтээччилэри кытары көрсүһэн, матырыйаал хомуйдубут уонна Е.Ф. Мороков аатынан кыраайы үөрэтэр түмэлгэ ыалдьыттаатыбыт. Бу музейы Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа Евгений Федорович Мороков бэйэтин баҕатынан тэрийбит, маҥнай киниэхэ биир эрэ экспонаттааҕа эбитэ үһү. Олохтоох дьон кини музей тэрийээри сорунарын истэн, мал-сал таһан барбыттар. Билигин киһи киэн тутта көрөр чаҕылхай түмэлэ Охуоскай уокурук историятын кэрэһилии турар.
Бөһүөлэк нэһилиэнньэтин ахсаана үс тыһыынча киһи. Уокурук үрдүнэн алта тыһыынчаҕа тэҥнэһэр. Манна «Полиметалл» диэн көмүс хостуур тэрилтэ араас өҥөнү оҥорор эбит. Ол эрээри көмүстээх, балыктаах дойду диэтэххэ, дьиэлэрэуоттара эргэлэрэ, ааспыт үйэ бүтэһик кэрчигиттэн ыла туох да улахан тутуу ыытыллыбатаҕа киһи хараҕар быраҕыллар. Аны сыана ыарахана эмиэ араас санааны үөскэтэр. Холобур, килиэп 62 солк., уон устуука куурусса сымыыта 430-500 солк., табах хайа баҕарар көрүҥэр ыйыллыбыт сыанатыгар отучча солкуобайы эбэллэр эбит, «Кока-кола» утах (1 л) 210 солк. Ол оннугар балык өттө чэпчэки соҕус. Хамнас туһунан сураспыппыт, син биир Саха сирин кытары араа-бараа курдук буолан тахсар. Көннөрү тэрилтэ суоппара 45 тыһыынча солкуобай хамнастаах, учууталлар көннөрү 70 тыһыынчаттан үөһэ диэн этэн кэбистилэр.
Бүтэһик күммүт эмиэ матырыйаал хомуйуутуттан саҕаланна. Онтон кыра быыс көстүбүтүгэр олохтоох дьон биһигини муора кытылыгар сирдээн киллэрдилэр. Эбэ бүгүн арыый чуумпурбут, бааллырара намыраабыт. Муора уйаара-кэйээрэ биллибэт иэнин көрөн тураммын, таайым Матвей Матвеевич Сивцев тиһэх күннэрин саныы сатаатым. Манна кинини, ойоҕун уонна икки саастаах уол оҕотун бэйэтин дьоно, үрүҥнэр, сырдык тыыннарын быспыттара. Ботугуруубун, алаадьы уурабын уонна кытылтан кыра төгүрүк таас ыламмын түөһүм сиэбигэр уктабын.
Төттөрү айаммыт эмиэ бэрт сэргэхтик ааспыта. Айылҕа маанылаах кыылларын көрөн, аарыма балыктардаах күөлбүтүгэр эбии холонон көрөн баран, эмиэ кыайтаран, Арка бөһүөлэгин дьонун кытары билсэн, умнуллубат сырыы буолбута.
Тус бэйэм Витус Беринг суолунан Охуоскайга тиийэ айаннаабыппыттан олус астынабын уонна бары кыттыгастаах дьоҥҥо ис сүрэхпиттэн махтанабын!
Утум Захаров
Чолбон сурунаал, №5 2024 с.
-
В Хабаровске состоялась презентация экспедиции «Якутск – Охотск. По следам Витуса Беринга»
27 сентября, в День государственности Республики Саха (Якутия) Дальневосточная государственная научная библиотека при поддержке Постоянного представительства Якутии по ДФО собрала в своих…
-
В Хабаровске состоится презентация экспедиции “Якутск-Охотск. По следам Витуса Беринга”
27 сентября 2024 года в 17.00 в Дальневосточной государственной научной библиотеке состоится встреча с участниками экспедиции проекта «Пути великих свершений» и Русского…
-
Туризм и перспективы его развития в Усть-Майском улусе Якутии
В начале августа наш проект “Пути великих свершений” посетил Усть-Майский улус Якутии, где под руководством министра предпринимательства, торговли и туризма Тимура Ханды…
-
Заседание коллегии Министерства предпринимательства, торговли и туризма РС (Я) в Усть-Майском улусе
9 августа в п. Усть-Мая под руководством министра предпринимательства, торговли и туризма Тимура Ханды прошло заседание коллегии Министерства предпринимательства, торговли и туризма…
-
Якутск-Охотск. Путевые заметки экспедиции. Часть 1. Якутск-Аллах-Юнь
Чистейший воздух, живописнейшие горы в окружении бесконечной тайги, стелящиеся до горизонта наледи, прозрачнейшие воды многочисленных горных рек и, конечно же, гостеприимнейшие люди,…
-
Мастерицы из села Арка Охотского округа Хабаровского края в Якутии
В ходе недавней экспедиции “Якутск-Охотск. По следам Витуса Беринга” нам посчастливилось погостить в селе Арка и там посетить уникальный этнокомплекс семьи Алексеевых,…
-
Охуоскайга Витус Беринг суолунан
Кулун тутар 25 күнүгэр Георгий Никонов салайааччылаах «Аарыктаах арыйыылар аартыктарынан» бырайыак чэрчитинэн «Витус Беринг суолунан» диэн 12 киһилээх экспедиция Дьокуускайтан Охуоскайга диэри сиринэн…
-
Фильм. Экспедиция “Якутск-Охотск. По следам Витуса Беринга” на вездеходах “Бурлак”
Экспедиция стартовала 25 марта в столице Якутии, 1 апреля достигла поселка Охотск Хабаровского края и преодолев в общем около 2400 километров 7…
-
Экспедиция “Якутск-Охотск. По следам Витуса Беринга”. Предварительные итоги
Сегодня 10 апреля в Республиканский Медиа-Центре состоялась пресс-конференция по итогам экспедиции “Якутск-Охотск. По следам Витуса Беринга”, организованной проектом “Пути великих свершений”, Якутским…
-
Если ты хочешь быть северянином… Фильм 2006 г. Анны и Валерия Коваль о пешем походе с Охотска в Кетанду
Фильм посвящен 80-летию образования Охотского района и повествует о трехдневном переходе жителей села Арка с посёлка Охотск в село Кетанда. Материал предоставлен…