Итинник уонна да атын этиилэр Василий Егорович Васильев – Харысхал „Ааспыт кэм аартыктарынан“ кинигэтин тула кэпсэтии кэмигэр киирдилэр. Программа быһыытынан көрсүһүү Харысхал бүтэһик кинигэтин ырытыы буолуохтаах этэ эрээри, кэҥээн, тэнийэн Амма патриота, духуобунай лидерэ олоҕун, үлэтин, культурнай нэһилиэстибэтин туһунан санаа атастаһыыта аана арыллан киэһэ хойукка диэри салҕанна.
Көрсүһүү ыҥырыылаах ыалдьыттара – Харысхаллыын ыкса алтыспыт доҕоро П.Ойуунускай аатынан Саха Академическай театрын дириэктэрин солбуйааччы Анатолий Николаев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын Сойууһун Бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Гаврил Андросов, Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходство дириэктэрдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Афанасий Владимиров, Амма улууһун баһылыгын солбуйааччы Ньургуйаана Илларионова, Мээндиги баһылыга Илья Семенов, Соморсун баһылыга Алексей Кононов, Абаҕа баһылыга Макар Тимофеев, улуустааҕы библиотечнай тиһик дириэктэрэ Евдокия Сутакова, кыраайы үөрэтээччи Михаил Алексеев, нэһилиэктэр баһылыктарын солбуйааччылара, култуура эйгэтин үлэһиттэрэ, Харысхал айар үлэтигэр сүгүрүйээччилэр кыттыыны ыланнар наһаа истиҥ, иһирэх киэһэ буолла. Саха чулуу уолун туһунан ахтан, бииргэ алтыспыт кэмнэрин кэпсээн ааһыан баҕалаах элбэх буолла.
Ол түмүгэр народнай суруйааччы фондатын тэрийэргэ, Василий Егорович бэчээттэнэ, киэҥ эйгэҕэ тахса илик үлэлэрэ улахан истоическай уонна култуурунай нэһилиэстибэ буолалларынан ону наардыырга, үөрэтэргэ хамыыһыйа тэрийэргэ, олорбут дьиэтин-уотун сөргүтэргэ нэһилиэк, улуус дьаһалталара күүстэрин, сүбэлэрин холбоон туруналларыгар, ону доҕотторо матырыйаалларынан, хаартыскаларынан толороллоругар көрсүһүү кыттыылаахтара сүбэлэстилэр, биир санааҕа кэллилэр.
-„Ааспыт кэм аартыктарынан“ – ааҕарга, ылынарга чэпчэкитэ суох кинигэ. Дьон дьылҕата буоллаҕа. Василий Егорович бу геройдарын кытта төһөлөөх тэҥҥэ аймаммыта, санаарҕаабыта буолуой? Маннык кинигэни суруйарга хорсун буолууну эрэйэр,- диэн кииннэммит библиотечнай тиһик дириэктэрэ, Харысхаллыын элбэх бырайыакка бииргэ үлэлэспит Евдокия Михайловна Сутакова бэлиэтээн эттэ. Уонна Василий Егорович Аан бастакы Олоҥхо ыһыаҕа Аммаҕа тэриллэригэр өҥөтө улаханын туһунан кэпсиир: 2002 сыллаахха Василий Егорович Андрей Саввич Борисовы, Олег Гаврильевич Сидоровы, Афанасий Васильевич Мигалкины Аммаҕа таһаара сылдьыбыттаах. Аллараа Бэстээххэ көрсөммүт Сулҕаччыга тиийэ айаннааммыт нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын көрдөрбүтэ. Бу санаатахха, Амма улууһун дьонун-сэргэтин саха интеллигенциятыгар чугаһатан, духуобунай сайдыылаах буоллахпытына эрэ инникилээхпитин өтө көрөн итинник айаны тэрийбит эбит. Ол түмүгэр 2003 сыллаахха Чээбийгэ анаммыт икки күннээх Олоҥхо ыһыаҕа ыһыллан турар. Саха тыйаатырын артыыстара тахсаннар биһигини кытта үлэлэһэннэр олус үрдүк таһымҥа ыытыллыбыта. Андрей Саввич ол иһин „Аммалар аан бастакы Олоҥхо ыһыаҕын эһиги тэрийбиккит“ диэн бэлиэтээччи.
Онон 2024 сылга ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын эмиэ Харысхал нэһилиэстибэтин курдук ылынаммыт ыытыахтаахпыт. Уопсайынан, култуура эйгэтигэр Харысхалбыт ыыппыт үлэтэ тугунан даҕаны кэмнэммэт. Аҥардас гражданскай сэрии кыттыылаахтарын, Саһыл Сыһыы муустаах кыргыһыытыгар утарыта сэриилэспит дьон удьуордарын Строд уонна Пепеляев сиэннэрин бэл Узбекистантан, Германияттан кытта ыҥыртаан аҕалан эйэлэһиннэрии ыыппытын санаан көрүҥ. Аны Күннүк Уурастыырап сөбүлээн сынньанан ааһар хайатыгар кини аатын суруйтаран, билигин бары билэбит дии ити сири. Широких-Полянскай пааматынньыгын Степан Нестеровтыын өрөмүөннээн, кырааскалаан чөлүгэр түһэрэн турардаах. Итинник төһө баҕарар ааттыы туруохха сөп. Онон саха норуотун биир чулуу киһитин аатын ааттыы, ааттата туруохтаахпыт.
Кинигэ туһунан кылгастык сырдатар буоллахха, Василий Егорович Финляндия, Кытай, Япония, АХШ, Москва, Санкт Петербург архыыптарыгар сылдьан саха норуотун маҥнайгы интеллигенциятын, кинилэр эмиграцияларын, репрессияларын, ону тэҥэ норуоттарыгар муҥура суох бэриниилэрин, тапталларын туоһулуур матырыйааллары муспут, түмпүт үлэтэ. Элбэх сыранан, үлэнэн күн сирин көрбүт кинигэ. „Кинигэм бэчээттэнэн таҕыста эрэ, өрөспүүбүлүкэни кэрийэн норуокка билиһиннэриэм“ диэн Харысхал бэйэтэ этэрэ дииллэр. Ол ыра санаата туолаахтабатаҕа…
Сорох дьон кэпсэтэллэрин, саҥаралларын даҕаны куттанар, дьаарханар тиэмэлэрин дириҥник хасыһан үөрэппит, сырдаппыт киһи чахчы Герой. Онон бу кинигэни саха интеллигенцията, „сахабын“ дэнээччи барыта ааҕыахтаах.
“Амма олоҕо” хаһыат
“Пути великих свершений” проект хаартыскалара:
Баһылай Харысхал туһунан биһиги сайтпытыгар ааҕыҥ:
-
Харысхал аатынан фонда тэриллиэн наада
-
Памяти Василия Харысхала
-
Семен Ермолаев-Сиэн Өкөр “Дьуолкалаах суолунан”
-
Пути великих свершений. Усть-Мая-Нелькан-Аян – Историко-краеведческая экспедиция 2016 г.
-
Хаарыан киһибит Харысхал
-
Василий Харысхал. Звезда, похожая на бегущую лошадь
-
Имя народного писателя Якутии Василия Харысхала золотыми буквами увековечено на стенах Саха академического театра им. П.А. Ойунского
-
Светлой Памяти Василия Харысхала
-
Умер народный писатель Якутии Василий Егорович Васильев-Харысхал
-
Харысхал – “Сөрүө” (кэпсээн)
-
Харысхал – “Кэҕэ этиттэриитэ” (кэпсээн)
-
Харысхал – “Таптал түөрт муннуга” (кэпсээн)
-
Харысхал – “Кыһыл хормуоска”(кэпсээн)