Тохсунньу 13 күнэ
Россия илиҥҥи форпостарыттан биирдэстэрэ, Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук киинэ, бойобуой албан аат куората Хабаровскайга тохсунньу 13 күнүгэр, олохтоох бириэмэнэн 10:20 тиийдибит. Бириэмэ манна Дьокуускайтан биир чаас эрдэлээн иһэр эбит. Көтөр аалтан түһэн истэххэ халлаан ылааҥыта, сааскылыы күөҕэ уонна киэҥэ -50 тымныылаах, хамыйах хончойор хойуу туманнаах Туймаадаттан кэлбит дьоҥҥо тута билиннэ. Биһиги, «Улуу айаннар суолларынан» экспедицияҕа Дьокуускайтан кыттыахтаах дьон, үһүөбүт: Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаатын бэрэстэбиитэлэ, СӨ Булгуччулаах эмтиир страховкалааһын түөлбэтээҕи фондатын дириэктэрин сүбэһитэ, мед.н.д. Егор Егорович Борисов, Телевидениенэн уонна араадьыйанан биэрии техническэй киинин анал бырайыактар салааларын үлэһитэ, Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, драматург, киносценарист уонна телесуруналыыс Семен Никонович Ермолаев-Сиэн Өкөр уонна бу строкалар ааптардара. Аргыстарым иккиэн да бэлиэ уонна ураты дьон, сэһэн-тэппэн бастыҥа тахсыыһы диэн күлүкпэр имнэнним.
Дьокуускай киэниттэн арыый ньымньа көрүҥнээх Хабаровскай салгын суолун тохтобулугар биһигини «Улуу айаннар суолларынан» бырайыак салайааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка олохтоох бэрэстэбиитэлэ, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Никонов бэйэтинэн көрүстэ уонна Амыр өрүс кытылыгар турар улахан куорат килбэйэр киинигэр баар «Киин» көстүүнэйгэ аҕалан олохтоото.
Күн ортотун ааһыыта Саха Өрөспүүбүлүкэтин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка олохтоох бэрэстэбиитэлистибэтигэр тиийэн «Улуу айаннар суолларынан» экспедиция кыттыылаахтара уонна тэрийээччилэрэ түмсэн сүбэ мунньахтаатыбыт: бэйэ-бэйэбитин кытта билистибит, тэрээһин үлэ түмүгэ торумнанна, өссө туох итэҕэһэ-быһаҕаһа чопчуланна. Айаҥҥа тохсунньу 15 күнүгэр, нэдиэлэ саҕаланыытыгар, сарсыарда кыырай эрдэ – 7 чааска турунар үһүбүт. Экспедиция атын кыттыылаахтарын – олохтоох бэрэстэбиитэли солбуйааччы Вадим Петрович Николаевы, бэрэстэбиитэлистибэ үлэһитэ Дьулус Анатольевич Антоновы, Тугуур-Чумикаан оройуонуттан төрүттээх кыраайы үөрэтээччи, Нуучча географическай уопсастыбатын Хабаровскай кыраайдааҕы салаатын чилиэнэ Виктор Иванович Рахубаны, Хабаровскай кыраайдааҕы Н.И. Гродеков аатынан музей научнай үлэһитэ Виктория Баторовна Малакшанова кытта билистибит. Ону тэҥэ мунньахха «Улуу айаннар суолларынан» альбомнары бэчээттиир «Русский остров» кинигэ кыһатын салайааччы, Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Александр Яковец, Владивостоктан кэлэн маннааҕы библиотекаларга, архыыптарга үлэлии сылдьар киһи, кытынна.
70-тан тахсыбыт Виктор Рахуба тылбай өспөй буолбут, кыһамньылаах, бүгүрү уонна сааһыгар холооно суох сэниэлээх киһи быһыылаах. Оҕонньор: “Дойдубар сылдьыбатаҕым 61 сыл буолла”, – дии-дии хараҕа ачыкы нөҥүө чаҕылыҥныыр – киинэ түспүт сириттэн Удскойтан олох оҕо сылдьан тэйбит. Кини экспедиция суолун-ииһин уонна олохтоох дьону-сэргэни кытта ситимниэхтээх. Айаммытын сүрүннүөхтээх, дьаһайыахтаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоох бэрэстэбиитэлин солбуйааччынан 15-с сыл үлэлиир Вадим Петрович көрдөххө тоҥ нуучча хааннаах да сахалыы уустаан-ураннаан саҥарбыт, олох-дьаһах ымпыгар, күннээҕи бүппэт түбүккэ эриллибит салайааччы буолара көстөр. Этнографпыт Виктория Баторовна диэн эдэр кыыс, төрдө Бурятия эбэҥкитэ үһү. Онтон аска-таҥаска эппиэттээх, ону тэҥэ фотохроникер быһыытынан Сиэн Өкөр биһиккини кытта эмиэ ситимнээх, бэрэстэбиитэлистибэ үлэһитэ Дьулус Анатольевич 2-с разрядтаах альпинист. Мунньахха кыттыбыт бэрэстэбиитэлистибэ атын үлэһиттэрэ бары эдэр уолаттар, кыргыттар, бары эдэрдэр. Дьоҕус эрээри иллээх коллектив буолаллара өтө көстөр.
«Улуу айаннар суолларынан» бырайыак туһунан кылгастык билиһиннэрэр буоллахха, бу Россия Азия хотугулуу-илиҥҥи эҥэринээҕи сирдэри уонна Чуумпу акыйаан кытылын баһылааһыныгар, бу дойдуларга бигэтик олохсуйарыгар норуот араас араҥата, ол иһигэр төрүт олохтоох омуктар, чуолаан Саха сирин олохтоохторо үтүөлэрин-өҥөлөрүн уонна суолталарын үөрэтэр, история умнуллубут өрүттэрин сөргүтэр аналлаах.
Бу бырайыагынан алта туомнаах “Пути великих Свершений” диэн алта туомнаах кинигэ уонна бу алта туому барытын холбообут мультимедийнэй кинигэ оҥоһуллан Владивосток куорат “Русский остров” кинигэ кыһатыгар тахсан улахан биһирэбили ыллылар. Быйылгы экспедиция – бырайыак төрдүс айанынан буолар. Бу иннинэ 2016-2017 сылларга үс экспедиция Уус Маайаттан Айааҥҥа, Өймөкөөнтөн Охотскайга, Хабаровскайтан Николаевск-на-Амуре куоратынан Сэбиэскэй Гаваньҥа уонна Хабаровскайтан Комсомольск-на-Амуре куоратынан Уктур станцияҕа диэри айаннаабыта.
Уһук Илиннээҕи федеральнай уокурукка Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоох бэрэстэбиитэлистибэтин көҕүлээһининэн үлэлиир «Улуу айаннар суолларынан» бырайыагы Нуучча географическай уопсастыбата уонна кини президенэ, Россия Оборонатын миниистирэ, армия генерала Сергей Шойгу, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбата уонна Ил Дархана Егор Борисов өйүүллэр, Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаата, өрөспүүбүлүкэ наукатын, культуратын бэрэстэбиитэллэрэ, суруйааччылар, кыраайы үөрэтээччилэр, суруналыыстар быһаччы кыттан үлэлэһэллэр.
Тохсунньу 14 күнэ
Эбиэттэн киэһэ Хабаровскайга сылдьа үөрүйэх Сиэн Өкөр ыйбыт суолунан, куораты көрө диэн, көстүүнэйбиттэн тус соҕуруу диэки Приамурье генерал-күбүрүнээтэрэ аатын сүгэр Муравьев-Амурскай уулуссатынан баран истим. Бу уулуссанан баран истэххэ, Хабаровскай куорат тэбиэн бөгдьөҕөрдөрүн санатар сопкаларга турара киһи хараҕар тута быраҕыллар…
Санаабар “Хайаанда эбэҕэ киириэх уонна алтан манньыат манньалаан сүгүрүйүөх тустаахпын!” диэн тыллар кэлиилии кэптилэр. Арай аллараа өрүскэ суол омооно уонна оҕолоох-уруулаах дьон чэччийэ сылдьаллара көстөр. Адмирал Г.И. Невельской аатынан набережнайы уҥуордаан, сабыылаах кирилиэс быыһынан сылыпыс гынным да сырылаан халыһытаат мууска биирдэ баар буоллум. Суолтан үөс диэки киирэн манньыат быраҕан туоммун толордум. Омуннаабатахха, чараас былыт кэтэҕиттэн өлбөөрөн көстөр күнүм күндээрис гына түстэ!
Эмискэ сээркээн сэһэнньит Егор Андросовтан уонна дойдум былыргытын сэдэх билээччи Александр Попов-Уоһукабыстан истибит, өбүгэлэрбит – Ыарҕа аҕатын ууһун дьоно Хара Оҕо Сахаар, Чуорунай Хаппытыан уонна Молоҕодо диэн үс эр бэрдэ XVIII-XIX үйэлэр кирбиилэригэр Амыр уонна Уссури өрүстэр тардыыларыгар сылдьыбыттарын туһунан үһүйээни санааммын “һык” гына түстүм, дьиҥ уонна сымыйа икки ардыларынааҕы ураты эйгэҕэ көттүм. Ол уос номоҕо буолбут сэһэнинэн үс аймахтыы дьон дьаһаах төлөөрү кый ыраах сиргэ саарбалыы тиийбиттэр уонна булт умсулҕаныгар сылдьар ыырдарыттан тэйэн Кытай киисчиттэригэр дуу, байыаннайдарыгар дуу билиэҥҥэ түбэспиттэр. Кытайдар уонтан тахсалар эбит, сахалары маска хамса умна´ыныы чороччу кэлгийэн баран түүн харабыл туруорбакка утуйбуттар. Саха саарбаһыттарын дьоллоругар Чуорунай Хаппытыан диэн күүстээҕинэн сураҕырар аҕа саастаахтара кэлгиэтин өрө тыыллан сымнатан баран быаттан босхоломмут уонна дьонун сүөрэн өрүһүйбүт… Бу дьон Амыртан аҕалбыт “трофейдара” – кытай саатын тимирэ ХХ үйэ кирбиитигэр диэри удьуордарыгар харалла сылдьыбыта үһү.
Амыр өрүстэн төттөрү Набережнайга тахсан үчүгэйдик сирийэн көрдүм: сатирик суруйааччы Михаил Задорнов мэҥэ өйдөбүнньүгэ, адмирал Невельскойга анаммыт мэҥэ таас, харабыл дьиэтэ, сайыҥҥы кафелар бааллар эбит. Арҕаа диэки үрдүк очуоска граф Монте-Кристо хаайыытын санатар кириэппэс кылбайар. Онтон арыый халдьы ким эрэ мэҥэ өйдөбүнньүгэ сэҥдэҥэ ойууртан түөһүн тылыгар диэри быган көстөр…
Мрамор кирилиэспин төттөрү дабайан очуоска бардым. Бэртээхэй аллеянан хааман очуоска тиийбитим бу Хабаровскайдааҕы кыраайы үөрэтэр музей-комплекс мэҥэ өйдөбүнньүктэрэ эбит. Монте-Кристо кириэппэһэ диэбитим кыраныыссаны кэтиир застава башнята буолан таҕыста. Аттыгар Илин Сибиир генерал-күбүрүнээтэрэ Н.Н. Муравьев-Амурскай мэҥэ өйдөбүнньүгүн көрбүт эбиппин. Былыргы тэргэннэр, тутуулар дьып-дьап курдук дьэндьэһэллэр. Музейтан салгыы аллараа намыын ырыа дуораһыйар, сынньалаҥ паркатыгар дьаарбайа сылдьар дьон көстөллөр…
Олунньу 15 күнэ
Сарсыарда 5:30 турдум. Суунан-тараанан, хомунан баран аллараа этээстэн кофе ылан таҕыстым. 6:15 аргыстарбынаан аллара түстүбүт, 6:30 диэки массыына кэллэ. 7 чаас иннинэ бэрэстэбиитэлистибэҕэ тиийдибит, экспедиция кыттыылаахтара, үлэһиттэр айаммыт тэрээһин үлэтэ оргуйа түстэ. Малбытын-салбытын, таһаҕаспытын, аспытын-таҥаспытын аллараа түһэрдибит.
7:30 диэки ый аҥарын кэриҥэ биһиэхэ дьиэбит-уоппут, ыстааппыт буолуохтаах “вахтовка” “Камаз” көлөбүт кэлэн бары саба түһэн малбытын тиэннибит. Хаартыскаҕа түһэн баран көлөбүтүгэр киирэн, Үт сиригэр, Үт сахаларыгар анаммыт сындалҕаннаах айаҥҥа турунуубутугар сарсыарда 8:15 буолан эрэрэ… Ыбылы кинигэ, өйүө, о.д.а. экспедиция таһаҕаһын тиэммит массыынаҕа оннубутун нэһиилэ буллубут. Рахубабыт кэпсээн-ипсээн бөҕө. Амыр өрүһү туораан Благовещенскай туһаайыыларынан федеральнай аартык устун айаннаан сикситэбит. Волоча- евкаттан иккис суоппарбытын Роман Лан-шинпины ыллыбыт, бастакыбыт Владимир Костенко диэн ааттаах. Иккиэн “Газпром-Транс-Томск” ХЭТ Хабаровскайдааҕы линейнэй управлениетын үлэһиттэрэ. Суоппардарбыт холкулар, түсбас көрүҥнээхтэр, ыраах, уһун айан дьоно диэх курдуктар…
Бастакы тохтобулбут Еврей автономнай уобалаһыгар, Амыр өрүс тардыытыгар баар “Бастак” диэн заповедник кирбиитигэр баар кафеҕа буолла. Хараҕым кырыытынан көрө түһээт арай: “Бастаах!” – диэн санаа күлүм гына түстэ. Дьоммор кэпсээтим, сэргэстэһэ олорор Сиэн Өкөрбүнүүн соһуйуу-өмүрүү, үөрүү-көтүү бөҕө буоллубут. Сабаҕалааһыммын саарбахтаан интернетинэн заповедник топонимикатын көрбүтүм, дьикти ааттаахтар диэн бөлөххө “Китай-дыр” үрэх баар. Бу мөккүөрэ суох уу сахалыы “Кытайдыыр” диэн тыл эбээт! Өбүгэлэрбит былыр Кытайы кытта эргинэ барар аартыктара Кытайдыыр үрэҕинэн, Бастааҕынан аастаҕа… Саҕалааһын – баар! Түмүк да ситиһиилээх буолуо.
Күнүс суоппардар “Архара” диир чайнойдарыгар тохтоон эбиэттээн аастыбыт. Ол быыһыгар ыһыкпытыттан эмиэ амсайдыбыт.
Айаннаан иһэн көрдөххө, федеральнай аартык төһө да килэйбэтэр-халайбатар тупсаҕай оҥоһуулаах. Арай түннүгүнэн көстөр Хабаровскай кыраай, Еврей автономнай уобалаһын, Амыр уобалаһын да суол кытыытынааҕы дэриэбинэлэрэ бары үүт-үкчүлэр – самнархайдар, ыһыллыы-тоҕуллуу, сороҕор эстии да толбоно биллэн ааһыталыыр. Сүөһү-ас улаханнык көстүбэт. Иинэҕэс ойуурдары, Өймөкөөн, Дьааҥы алыыларын санатар эрээри өссө киэҥ толоон- нору, Уһук Илин “визиткэтэ” буолбут сопкалары уонна киэҥ нэлэмэн истиэби ааһыталаатыбыт. Чөкө бөһүөлэктэр, кыракый куораттар да көстүтэлииллэр, тимир суолун хаста да быһа сүүртүбүт.
Утуйан ыла-ыла айаннаан киэһэ 8 чаас ааһыыта Амыр уобалаһын Свободнай куоратыгар кэллибит. Ааҕан көрбүппүтүнэн, Хабаровскайтан ыла 764 км. айаннаабыппыт. Ленин аатынан болуоссатынан сылыктаатахха куорат киинигэр баар “Зея” көстүүнэйгэ хонуктуур буоллубут. Бу сырыыга Сиэн Өкөрдүүн иккиэн бииргэ 322 хоско түбэстибит.
Бу Свободнай Амыр уобалаһын Благовещенскай уонна Белогорскай кэнниттэн үһүс ула- хан куората эбит, билигин 80-ча тыһыынча нэһилиэнньэлээх. Күннээн сылдьан киһитэ 100 тыһыынчаттан тахсара үһү. Бастакы аата Алексеевскай диэн – 1912 сыллаахха төрүттэммит уонна Россия империятын ыраахтааҕытын нэһилиэнньигэ цесаревич Алексей аатын сүкпүт. Ол 1917 сыллаах Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн уларыйан билиҥҥи аатын ылбыт. Биир кэмҥэ Амыр өрүс таһынааҕы сирдэр кииннэрэ буолуо дэнэ сылдьыбыт, сэбиэскэй былаас индустриализация политикатыгар олоҕуран сүһүөҕэр турбут. Манна даҕатан аҕыннахха, Сергей Шумейко диэн Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, куорат бочуоттаах гражданина киһилээхтэр эбит…
Бу Свободнай куорат аата кэлиҥҥи кэмҥэ Саха сиригэр, Россияҕа, бэл омук сиригэр киэҥник билиннэ. Хомойуох иһин, ол суон сураҕа куттал толбонноох – куораттан 45 км. сиргэ өссө сэбиэскэй эрдэххэ тутуллубут “Восточнай” космодром баар. Ол дойду тохтуу сылдьан баран хаттаан сөргүтүллэн үлэлээн эрэр эбит – тутуу бөҕө. Ол тутууга Саха сириттэн устудьуоннар тутар этэрээттэрэ кэлэн үлэлээбитин билэбит. Космодром үлэлээн байыаннайдар бу куоракка аҕыйаҕа суохтар. Олохтоохтор этэллэринэн тимир суол уонна космос чаастара бааллар.
Аны бу космодромтан көппүт ракеталар атахтара Саха сиригэр, бүтэй Бүлүү тайҕатыгар Тылгыны, Үгүлээт, бастакы уонна иккис Күүлэт нэһилиэктэрин эргин түһэр… Бу өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһа улаханнык долгуйар кыһалҕата. Георгий Дмитриевич кэпсииринэн, Свободнай куорат Бүлүү улууһун кытта хардарыта шефтээх сыһыаннара олохтонон эрэр үһү. Ол улуу күтүрү саба туппат буоллахпытына, муҥ саатар, онон харах таһаарыннарбыт ханнык… Бастаан сарсыарда 8 чаастан айаҥҥа бэлэм буолаарыҥ диэбиттэрэ эрээри, 23:30 экспедициябыт айанын сүрүннээччи Вадим Петрович чопчулаабытынан, күнүс 11 чааска хоҥнуохтаахпыт. Свободнайтан аргыстаһан барыахтаах сирдьиттэрбит массыыналарын бэрийэллэр, биһиги суоппардарбыт Тугуур-Чумикаан оройуонугар тиэрдэр уматыктарын хааччыналлар эбит.
Тохсунньу 16 күнэ
Сарсыарда 7:30 турдум. Амыр уобалаһын бириэмэтэ Дьокуускайы кытта тэҥ. Халлаан Свободнайга Хабаровскайтан быдан хабыр дьыбардаах. 11 чаас иннигэр хоспутугар Вадим Петрович киирэн ону-маны, ол быыһыгар Үт туһунан кэпсэтэ олордохпутуна Рахуба оҕонньор киирэн эбиэт кэннэ барар буолбуппутун биллэрдэ. Георгий Дмитриевич уонна Егор Егорович уонна Сэмэн буолан куоракка тахсан дьаарбайдыбыт.
14:30 диэки көлөбүт дьэ кэллэ, тэриллэн 15 чаас ааһыыта суолга туруннубут. Куорат таһынааҕы биир кыра дэриэбинэттэн аргыспытын – таһаҕастаах “Уралы” кытта булустубут. Аара суолга кыра дэриэбинэлэр самнарыһаллар. Биир дэриэбинэҕэ сарайга хаайыллыбыт ынахтары көрдүм. Ити кэннэ сүөһүгэ-сылгыга түбэһэ иликпин. Өйүөбүтүттэн полдниктаатыбыт. Утаакы буолбакка 17:30 чааска “Перекресток” диэн кафеҕа тохтоотубут. Халлаан тымныйдар тымныйан иһэр…
Хараҥаҕа ханнык үрэхтэри, оройуоннары, дэриэбинэлэри ааһарбыт көстүбэт. Арай элэгэлдьитэн Норскай диэн дэриэбинэ аатын көрөн хааллым. Түүн Февральскай диэн куораттыы көрүҥнээх бөһүөлэккэ тиийэн уматык куттар уонна табылыннаҕына аргыстанар үһүбүт. Сарсыарда дуу, хаһан дуу Стойбаҕа тиийиэхпит дэһэллэр суолу-ииһи билээччилэрбит Вадимнаах Рахуба.
22 чааска Февральскайы аастыбыт. Рахуба этэринэн Стойбаҕа диэри 100 км. үһү. Сотору утуйуу тохтобула дииллэр. 22:26 Селемжинскэй диэн дэриэбинэни аастыбыт. Түүн ортото Стойбаҕа кэллибит. Вадим Петрович Свободнайтан 400 км. айаннаатыбыт диир. Аны Удскойга диэри 500 км., Чумикаҥҥа диэри 600 км. үһү. Манна хонуктуубут.
Тохсунньу 17 күнэ
Бүгүн Дьокуускай бириэмэтинэн 7 чаас ааһыыта уһугуннум. Бөөлүүн кэпсэтэн, чэйдээн 2 чааска утуйбуппут. Массыына иһигэр бастакы хонукпут. Хата чоҥкуччу тоҥмотубут. Онон-манан ууллан таммалыыр.
Бу Стойба диэн дэриэбинэ, уруккута өссө Якутская Стойба эбэтэр Саха Остуойбата диэн ааттааҕа эбитэ үһү. Интернет ситимиттэн көрдөххө, 2017 сыллаах чахчынан 690 киһи олорор. Бу дьонтон төһөтө саха дуу, биитэр саха хааннаах дуу эбитэ буолла… Манна даҕатан аҕыннахха, бэҕэһээ ааспыт Норинскай, Февральскай, Селемжинскэйбит, хоммут Стойбабыт уонна Экимчан бары Сэлимдьи (Селемжа) оройуонугар киирэллэр. Бу сир уруккута – Амыр сахаларын уутуйан олорбут түөлбэлэрэ. Билигин Ивановскайга эбэтэр Ульгеҥҥэ олохтоох омуктар, ол иһигэр сахалар олороллор үһү…
Сирдьиппит Тугуур-Чумикаан оройуонун Удской дэриэбинэтин олохтооҕо Василий Третьяков мин көрдөхпүнэ кыргыыс курдук дьүһүннээх. Бэҕэһээ киэһэ чэйдии олорон: “Килиэп бар-бар” диэн уонна бүгүн сарсыарда Вадим Петрович сир иччитин ким дииллэрин ыйыппытыгар “Билбеппун!” диэн соһуталаата…
Сирдьиппит Василий диэн “У Нурика” кафеҕа аҕалла. “Бэйэбит өйүөбүтүн сиэхпит” диэбитэ да син ас-үөл баар сирэ эбит. Нурикпыт омугунан таджик үһү. 2000 сыллаахтан манна кэлэн олохсуйбут, Маша диэн олохтоох кыыһы кэргэн ылбыт. Кини кэпсииринэн Стойба нэһилиэнньэтэ 800 киһи үһү, күннээбит кэмигэр 3-4 тыһыынча. Урут автобаза баар эбит. “Олохтоохтор сүрэҕэ суохтар, сүөһү-ас эһиннэ”, “Урут уоруу диэн суоҕа, арай билигин…” диир.
Аргыс суоппарбыт: “Дьиҥнээх айан дьэ, саҕаланыа” дэһэллэр. Массыыналар уматык кутуннулар, көлүөһэ үрдэриннилэр. Үһүс аргыс “Уралбыт” ситтэ. Онон Тугуур-Чумикаан диэки айанныыр караван бэлэм буолла. Айаҥҥа 9:30-10:00 турдубут быһыылаах.
Лукачок диэн уруккута ГУЛАГ лааҕыра, кэлин бириискэ, бөһүөлэк турбут сиригэр, Үөһээ Стойба диэн таас үрэх кытылыгар тохтоон аастыбыт. Мантан ыла картаҕа бэлиэтэммит, үрдүк өһүөлээхтэр кумааҕыларыгар киирбит официальнай аартык түмүктэнэр – үп-харчы, көрүү-харайыы көрдөөбөт суол саҕаланар. Сирдьиппит Василий кэпсииринэн манна 15 сыллааҕыта соҕотох эмээхсин олорон өлбүт. Бу арахсыыттан 20 км. Мариинскай диэн быраҕыллыбыт бириискэҕэ Валентин диэн соҕотох оҕонньор олорор үһү.
Василий Сиэн Өкөрдүүн миэстэлэрин атастаһан аргыс «Уралтан» биһиэхэ киирдэ. Кэпсэттибит. Ийэтинэн аймахтара Поротовтар диэн, Саха сиригэр ийэтин балта олорор үһү. Өссө “Ч” дорҕоонноох кыра куоракка дуу, бөһүөлэккэ дуу суоппардары, электриктэри бэлэмниир үөрэх кыһатыгар преподавателлыыр Егоров диэн саха күтүөттээхпин диирин таайа сатаатыбыт да кыайбатыбыт… Сирдьиппит салгыы кэпсииринэн, Мариинскайга урут учуутал, спортсмен күтүөтэ олорбут. “Удской олохтооҕобун, балтым Чумикааҥҥа баар. Биһиги олохтоох омуктар көс айылгылаахпыт”, – диэн нууччалыы кэпсиир, сахалыы саҥарда сатаатыбыт да «Билбеппун» диэн күлэр. Аймахтара «Чумикааннааҕы өрө туруу» кэннэ репрессияламмыттар, сорохторо Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыттар: биир абаҕатын кыһыллар ыппыттар, иккиһэ Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, 1946 сыллаахха ханна эрэ арҕаа “при исполнении” өлбүт, атын убайа Хабаровскайга учуутал үөрэҕин бүтэрэн баран Воронежка тиийэн олохсуйан, ыал буолан баран кэргэниттэн арахсан өссө арҕаа Украинаҕа тиийбит. Киев аттыгар дэриэбинэҕэ үйэтин тухары учууталынан, завуһунан үлэлээбит. Василий киэн туттар дэгэттээхтик: “Оскуола дириэктэригэр тиийэ үүммүтэ”, – диир. Сойуус ыһыллыытыгар: “Дойдубар төннүөхпүн баҕарабын”, – диэн суруйбут. Кэлин сибээстэрэ быстыбыт…
Сирдьиппит Василий кыраайы үөрэтиинэн эмиэ дьарыктанар эбит, архыыпка көрбүтүм диэн кэпсииринэн, 1920-с сылларга Үт сиригэр сэбиэскэй былаас олохтонуутугар кыһыллар 4500 табаны, 158 сүөһүнү, 10 оҕуһу былдьаабыттар, 11 киһини ыппыттар, 9 киһини хайыыга укпуттар. Өрөбөлүүссүйэ саҕана Штенгель диэн поляк атыыһыта олорбут, бу киһи Удскойга пианиноны аҕалбыт. Бу киһини эмиэ кыһыллар ыппыттар. Кини сиэнэ билигин Чумикааҥҥа олорор, Василий доҕоро үһү. “Бастакы кэргэнэ Мария Ивановна Леонтьева диэн олохтоох саха дьахтара этэ. Баар эрэ буоллаҕына көрүһүннэриэм”, – диир.
Василий биир уоһунан сэбиэскэй былааһы «Чумикааннааҕы өрө туруу» диэн саарбах соҕус дьыаланан Үт сирин нэһилиэнньэтин репрессиялаабыттарын иһин сирэрин биллэрдэр да, иккис өттүнэн сэбиэскэй былаас эстиитин эмиэ да харааста, кыһыйа ахтар: “Совхозтар ыһыллыыларыгар табаны, сүөһү, сылгыны барытын салалта бэйэтэ үллэстибитэ. Ол табаларын, сүөһүлэрин өр ииппэккэ өлөрбүттэрин ыттар соһон, сытытан-ымытан, ый-күн ыһыаҕа, оҥорон кэбиспиттэрэ. Ыһыллыы кэмигэр ким аҕыйах төбө сүөһү этин бачча ыраах кэлэн атыылаһыаҕай? Арай биир эбэҥки оҕонньоро табалары үүрэн тыаҕа түспүтэ. Бэрэссэдээтэл дьахтар, хата: “Көрөр киһи көрдүн” диэн тыыппатаҕа. Арай ол баай дьоҥҥо тиксибит буоллун, баҕар, хаалыах этэ…”
Быраҕыллыбыт Мариинскайга 12:15 диэки тиийэн Валентин Мягшун диэн 1950 сыллаахха ыаллыы сытар, билигин тамты эстибит Лукачокка төрөөбүт, бөһүөлэк бүтэһик олохтооҕун көрүстүбүт. “Эһиги кэлэргитин кэтэһэн олоробун. Бэҕэһээ суруналыыстар кэлиэхтэрэ диэбиттэрэ”, – диир. Кэргэнэ, кыыһа Экимчаҥҥа, куораттыы көрүҥнээх бөһүөлэккэ, өссө биир кыыһа Благовещенскайга олороллор үһү. Бэйэтэ «Уазик» массыынанан өйүөтүн 150 км. Ыраах баар Экимчантан таһынар эбит. Санатар буоллахха, бу Экимчан диэн тылы олохтоохтор Эким уонна Чан диэн икки саха киһитин аатыттан тахсыбыт дииллэр. Үһүс массыына суоппара Дмитрий Мяшуну биһиэхэ: “Бу оҕонньору былаастар куоракка дьиэ биэриэх буолан албынна- абыт киһилэрэ”, – диэн билиһиннэрэр. Ол маннык эбит: балаһыанньа быһыытынан бөһүөлэк сабылларыгар бүтэһик олохтооҕуттан көһөрүгэр сөбүлэҥин ылан илии баттаталлар эбит. Былаастар Мягшуҥҥа квартира биэриэх буолан илии баттаппыттар эрээри тугу да биэрбэтэхтэр. Оҕонньор онно улаханнык кыһаммат, хайа эрэ атын киһини кэпсииллэрин курдук туттар…
Аара баран иһэр суолбут: иинэҕэс тиит, хатыҥ былаастаах тайҕалар, сопкалар, үрэхтэр тардыылара. Сөп-сөп көмүс хостуур сирдэр көстөллөр. Үгүстэр кэлэр сезону кэтэһэн хаарынан бүрүллэн, атыттар олох да быраҕыллан ардахтаабыт тураахтыы сохсоһон тураллар. Сорохторго үүтээнтэн тулаайахсыйбыт буруо бургучуйарыттан көрдөххө, харабыл хааллараллар эбит.
Айаммыт аартыга сотору тайҕа суолун кэбин кэттэ. Георгий Дмитриевич Егор Егоровичтыын Алдан курдук айылҕалаах сир дэһэллэр. Бастакы “Урал” эбии бааҕа тэстэн оҥосто хаалла. Кини суоппара: “Суһаллык, табыллан айаннаатахпына Удскойтан Стойбаҕа диэри биир суукканан айаннаан тиийэбин. Массыынам эргэ. Этэҥҥэ буоллахпытына сарсын киэһэ Удскойга тиийэр инибит”, – диэн Сэмэҥҥэ кэпсээбит. Бу суоппар нуучча уола Василий күтүөтэ – кыыһын кэргэнэ үһү.
13:55 сис оройугар муора таһымыттан 850 миэтэрэ үрдүктээх сис хайа арҕаһыгар баар харыйа былаастаах ойуурга тохтоотубут. Бу Россия икки регионун – Амыр уобалаһын уонна Хабаровскай кыраай быыстара. Мантан ыла Хабаровскай бириэмэтигэр көһөбүт…
Олохтоох бириэмэнэн 16 чаас саҕана Тугуур- Чумикаан оройуон сиригэр баар эрмээннэр бас билэр таджик мас кэрдээччилэр олохторугар тохтоон эбиэт өрүннүбүт. 16:17 эбиэттээн бүттүбүт – таһырдьа бульдозер бамперыгар «шведскэй остуол» оҥордубут. Халлаан тымныы…
21:30 Шевли диэн сиргэ тохтоон чэйдээтибит. Василий кэпсииринэн, 20 км. «Фактория» диэн амырдар уонна үттэр эргинэр сирдэрэ кэлэр үһү. Рахуба оҕонньор этэринэн, этэҥҥэ буоллахпытына сарсын сарсыарда тиийиэхпит үһү. Факторияттан Удскойга диэри 250 км. курдук. Суоппардар бу түүн утуйбакка айанныахтаахтар.
Мас кэрдээччилэри ааһыахпытыттан суолбут лаппа мөлтөөтө, нэксиэ бөҕөтө. Төлөпүөммэр сурукпун бэрт эрэйинэн көрөбүн. Билигин бириэмэ 23:13. Аргыстарым бары кэриэтэ утуйа сыталлар эбэтэр утуйа сатыыллар. Тоҕо диэтэххэ сөп-сөп мөхсөн ылаллар. Утуйуохха!
Түүн ортотун диэки тимир көлөбүт тохтообутугар уһукта биэрдибит. Тарыҥҥа кэлбит эбиппит. Суоппардар чинчийэн көрөн баран этэҥҥэ туораатыбыт. Чэ, салгыы утуйуохха!
Тохсунньу 18 күнэ
Бүгүн Хабаровскай бириэмэтинэн 7 чаас уһугуннубут. Массыынаҕа иккис хонукпар дьэ, дьагдьайбакка бэркэ утуйан турдум. Бөөлүүн 4 чаас саҕана, биһиги “камазпыт” суоппардара уулара кэлэн, Баладек диэн сиргэ тохтобул оҥорон хоннубут. Мантан Удскойга диэри 170 км. үһү, сирдьиппит Василий этэринэн.
Суоппардарбыт киирэн аа-дьуо чэйдэстилэр. Айгы дьон. Бөөлүүҥҥү айаҥҥа тимир көлөбүт ол бу туттарыктара, кэлин нүөмэрбит туллубуттар, будка анныгар баар тоҥ аспытын угар дьааһыкпыт хомуруйбут.
8:46 бириэмэҕэ айаҥҥа турдубут. Хонуктаабыт сирбитин Вадим Петрович: “Чугас тоҥмот сыккыс баар быһыылаах. Кулааһай, куобах суола баһаам” диэн сылыктыыр. Эмиэ аппалаах-дьаппалаах, түҥкүл-таҥкыл түһүүлээх суол саҕаланна. Бүгүн Удскойга тиийиэхтээхпит. Дьулус этэринэн, тохтообут сирбититтэн онно диэри 127 км.
«Дойдулаах суор» Виктор Рахуба кэпсииринэн, сирдьиппит Василий уруккута Удской баһылыга үһү, билигин родовой община салайар. Бу балта дуу, эдьиийэ дуу маҕаһыыннаах, онно таһаҕас тиэйэн иһэр эбит. Арай бэҕэһээ кэпсэтэллэриттэн иһиттэхпинэ сирдьиппит: «Почтаҕа оһох оттооччунан үлэлиибин, 3,5 тыһыынча солкуобай хамнастаахпын», – диэн бэрт сэмэйдик кэпсиир курдуга…
11 чаас ааһыыта тимир көлөлөрбүт тохтоотулар – суолбутун мас мэһэйдиир үһү. Вадим Петрович Дьулустуун мас ыраастаһа таҕыстылар. Сэмэн ону үйэтитэ барыста. Георгий Дмитриевич картаны көрөрүнэн, бу тохтообут сирбит Руми үрэх атта үһү. Дьоммут бөрө суолун көрдүбүт диэн өрүкүйэн киирдилэр.
Айаммыт лаппа бытаарда – суоппардар маһы солоон суол тэлэллэр, аны иҥнэри суолга бары вахтовкабыт уҥа өттүгэр түмсэн ыарык буолабыт. Иҥнэрибит 45 кыраадыс курдук, өссө биирдэ аны хаҥас диэки ыйааһын буоллубут. Сыыйа, үнтү сахсылла олорон эбиэттииргэ тэринэн эрэбит. Бутербродунан үссэннибит.
Ханнык эрэ үрэх сүнньүгэр киирдибит. Үт өрүс салаата үһү. Массыыналар сиикэйи кэстэрэн туораатылар. Дьоммут ууга быыдараны көрбүттэр. Үрэхпитин картанан көрөн Гербикан диэн быһаардыбыт.
17:01 эмиэ түҥкэл-таҥкал түһэн Гоман диэн Үт өрүс иккис салаатыгар кэлэн күөстэнэн аһаатыбыт – эмиэ пельмен сиэтибит. Өрүс сиикэйиттэн уу баһан Кириһиэнньэнэн ситимнээн дьэп-дьэҥкир, ып-ыраас, кылыгыраабыт ууну амсайдыбыт, күөстэннибит, аны чэй уута оргуйа турар. Сэмэн уу баһаары аҥаар атаҕынан ууга үктэннэ.
Үт өрүс тардыытыгар бигэтик үктэннибит. Тайҕа харанан көрөн турар – мас хаара суох. Үрдүк дьылыгырас бэстэр, тииттэр, тирэхтэр, үөттэр ыга симсэн үүммүттэр. Өймөкөөн алыыларын курдук сирдэринэн, үрүйэ-харыйа төрдүлэринэн айаннаатыбыт. Бытааммыт. Рахуба этэринэн, Удскойга диэри 90-ча км. хаалбыт.
Рахубалыын кэпсэттим: Удскойга икки-хас хонорбут буолуо, остуруокка, чочуобунаҕа, Култук диэн 1931 сыллаах сэбиэскэй былааһы утары өрө турдулар диэн ытыллыбыт сирдэригэр сылдьар, табылыннаҕына, Үт өрүс төрдүнэн Полина Осипенко оройуонунан эргийэн төннөр үһүбүт. Ону Вадим Петрович: «Үккэ кэлэр өссө атын суол баар, 100 км. быһа уонна арыый тупсаҕай да аргыстаах, сирдьиттээх манан эрэ табыллар этэ. Бу дьон, атыыһыттар, манан үгүстэ кэлэр барар буолан, босхо сирдьит, арыалдьыт буоларга сөбүлэһэллэр», – диэн быһаарар. Аны уматыкпыт хос, улахан баахтаах Василийдаах «Уралларыгар» баар.
19:50 аара суолга утары таһаҕас тиэммит «ЗИЛ» массыынаны көрүстүбүт. Арааһа, быраҕыллыбыт Лукачок дэриэбинэ диэкиттэн ыла утары тимир көлөнү көрсө иликпит. Онуоха диэри джиптэри, «УАЗ» санитаркалары, омук микроавтобустарын хам-түм көрсөр этибит.
21 чааска булчут үүтээнигэр тохтоотубут. Үүтээн иччитэ Николай Николаевич Атласов диэн 1954 сыллаахха Чумикааҥҥа төрөөбүт, бэйэтин «сахабын» дэнэр. Саха сиригэр аймахтардаах үһү. «Мин саастыылаахтарым сахалыы син билэллэр», – диир, быстах-остох тыллары саҥарар, кэпсэтии тосхолун өйдүүр. Сахалыы саҥаран, кэпсэтэн барбыппытыгар сыыйа сахалыы тыла элбээтэ. «Табаһыт буоламмын, сороҕор, эбэҥкилии тартарабын», – диэн билинэр. Биһиги сирдьиппитин Василий Третьяковы утары көрөн олорон: «Кини эмиэ саха, саха!..» – диэбитин киһитэ баһын быһа илгистэр, күлэр…
Николай ийэтэ 100-тэн тахсан баран өлбүт. Кэргэнэ билигин Хабаровскайга олорор, кинини табаһыт диэн быраҕан атын киһиэхэ эргэ тахсыбыт. Биир кыыһа Удскойга олорор. Иккис, учуутал кыыһа Тугуурга олорбут. “Билигин арааһа Хабаровскайга олорор быһыылаах” диэн мунаарар. Сиэннэрдээх, Матвей диэн хос сиэннээх.
Атласов үүтээнэ Удскойтан 65 км. турар, тоҕо эрэ «КМС» диэн ааттаах. Билигин булчут, урут табаһыттаабыт. Сэбиэскэй кэмҥэ 2000 табалаахтара үһү. «Учурга тиийэ маныырбыт», – диир. Билигин саарбаны, быыдараны, нуорканы, тайаҕы, кулааһайы, табаны, куобаҕы бултуур. Мотуордаах оҥочонон таас үрэххэ 20 км. үөһэ бырахтаран баран балыктыыр, соболуур уонна санныгар сүгэн төннөр үһү. «Сорох малбын ыппар ындабын», – диэн быһаарар. Ити 6×6 м. үүтээнин бэйэтэ эт саннынан сүгэн туппут. Көрдөххө эркиннэрэ иинэҕэс мастан оҥоһуллубуттар, муостатыгар төгүрүк дүлүҥү тэлгэппит. Бэрт сотору кэргэнниһэн дэлби үөрдэ-көттө, айаҕа хам буолбат: «Төннөргүтүгэр хайаан да таарыйаарыҥ!» диэн ыҥырар. Сиэн Өкөрү «Охота и рыбалка в Якутии» студияҕа үлэлиир истэн: «Куобактыы кэлээр», – диир, олох уу саха буолан хаалаахтаата…
23:50 Бокон диэн күөлгэ кэллибит. Кэлин кыраайы үөрэтээччи Юрий Мусатовтан истибиппинэн, бу күөл аттыгар ойуулаах таастар бааллар үһү. Мантан ыла Удской бөһүөлэгэ 27 км. үһү. Суоппардарбыт тохтообокко айанныырга быһаарыммыттар. Бу түүн бөһүөлэги булар кыахтанныбыт. Чэ, бэрт! “Финиш иннигэр бүтэһик старт”. Суола күнүскүттэн ама соҕус. Ол эрээри, фургоммутун мас-талах охсон, аалан, эҥин араастаан лүҥсүйэр, дапсыйар, тоҥсуйар, тарбыыр, кыычыгыратар, хачыгыратар, сырылатар, тирилэтэр…
Кырдьык, түүн 2 чааска Удскойга кэллибит! Сорохпут почтаҕа, атыттарбыт сирдьиппит Василий дьиэтигэр, суоппардар өссө атын сиргэ тарҕаһан хоннубут. Почта Василий тиэргэнигэр турар, кини дьиэтэ эбит.
Тохсунньу 19 күнэ
Сарсыарда 9:30 чааска Вадим киирэн уһугуннарда. Төһө да хоммут дьиэбит сөрүүн соҕус буоллар, тэбиэн тириитэ сылаас спальникка бэркэ утуйбуппун. Киһи өссө да утуйуох курдук.
Почта үлэһитэ дьахтар кэллэ. Александра Николаевна Сивцева диэн Удской төрүт олохтооҕо. Сэмэн кэпсэтэн: «Сахалыы билэҕин дуо?», – диэбитин нууччалыы: «Өйдөөмүнэ. Мин саастыылаахтарым үксэ билэллэр, арай оҕолорбут мөлтөхтөр», – диэн хардарда, интервью биэриэх буолла. Өссө: «Василий утары олорор оҕонньор сахалыы үчүгэйдик билэр», – диэн сахалыы билэр киһини ыйда.
Ол кэпсэтэр кэммитигэр Елизавета Петровна Катаева, 1966 сыллаах төрүөх олохтоох библиотека сэбиэдиссэйэ киирэн кэллэ. Саха. Кыыс эрдэҕинээҕи араспаанньата Леонтьева диэн үһү. Өбүгэлэрэ ини-бии Леонтьевтар Саха сириттэн көһөн кэлбиттэр…
9:27 Василий сирдээн Удской поселение дьаһалтатыгар аҕалла. Бу бөһүөлэк үөһэ уонна аллараа дэриэбинэлэр диэн икки тус-туспа турар түөлбэлээх эбит. Баһылык Светлана Васильевна Пустовалова уонна урут үс болдьоххо баһылыктаабыт, кыраайы үөрэтээччи Юрий Дмитриевич Мусатов диэн нуучча оҕонньорунуун көрүстүлэр. Георгий Дмитриевич делегацияны, үлэбит былаанын билиһиннэрдэ. Дьаһалта биэрбит чахчыларынан Удскойга билиҥҥи туругунан 495 киһи олорор (Мусатов баһылыктыырын саҕана 598 киһи эбитэ үһү). Оскуола, икки бөлөхтөөх оҕо саада, почта, үс лааппы, биэссэр-акушер пууна, тиис эмтиир кабинет, лесопуун баар. Оскуола 50-ча оҕолоох, оҕо саада 14 иитиллээччилээх. Дэриэбинэ олохтоохторо 3 ынаҕы, 4 бороону, биир аты иитэллэр. Үс родовой община баара түүлээх булдунан уонна балыгынан дьарыктанар. Былырыын 20 тонна балыгы бултаабыттар. Удскойдар балаҕан ыйыгар «Поселение күнүн» бэлиэтииллэр, эбэҥкилэр «Икенипке» диэн бырааһынньыктарын ыыталлар.
Дьаһалта кытта биир дьиэҕэ баар эрээри, атын ааннаах библиотекаҕа уонна биэссэр-акушер пуунугар тахса сырыттыбыт. Сарсыарда билсибит библиотекарь Елизавета Петровнаҕа Хабаровскайтан аҕалбыт кинигэлэрбитин туттарбыппытыгар улаханнык үөрдэ.
Үйэтин тухары стоматологынан үлэлээбит, 65 саастаах Майя Владимировна Катаева диэн саха дьахтарын кытта сахалыы кэпсэттим. 1973 сыллаахха үөрэҕин бүтэриэҕиттэн ыла Чумикааҥҥа, Удскойга үлэлиир. Аҕата сахалыы үчүгэйдик билэрэ үһү, 1992 сыллаахха 81 сааһыгар өлбүт. Оҕолоро нууччалыы саҥараллар. Майя Владимировна Дьокуускайга олорор Галина Егоровна Третьякованы билэбин диир. Сэбиэскэй кэмҥэ ананан кэлэн үлэлээбит, Василийдаах аймахтарыгар кэргэн тахсыбыт, баһылыгынан үлэлии сылдьыбыт, кэргэнэ өлбүтүн кэннэ Саха сиригэр төннүбүт. Сирдьиппит Василийдаах аймахтара эбит, төлөпүөнүн биэриэх буолла. Бэҕэһээ көрсүбүт булчуппут сиэнэ Ксения Атласова диэн кулууп үлэһитэ илиитин өлөрөн эмтэтэ кэлбитин көрүстүбүт.
Оскуола дьаһалтаттан ырааҕа суох турарэргэ дьиэ. Дириэктэр Марина Юрьевна Иванова диэн, быйыл иккис сылын үлэлиир, манна Чумикаантан ананан кэлбит эрээри төрдө Удской үһү. В.Т. Педколлектив 11 киһилээх. Учуутал үксэ дьүһүннэриттэн көрдөххө саха, эбэҥки быһыылаахтар. Физкультура учууталыгар Вадим Петрович мас тардыһыытынан билиһиннэрэр матырыйааллары бэлэхтээтэ. Уола сэҥээрэн интернетинэн саха мадьыныларын, Арнольд Шварцнеггер мас тардыһарын көрө хаалла…
13:30 диэки Василийбыт Үт остуруога турбут сиригэр илтэ. Кини дьиэтиттэн – Аллараа дэриэбинэ дэнэр сиртэн чугас эбит. Үт өрүс үрдүгэр турар чомчойбут очуоска Иван Москвитин уонна Василий Поярков баһылыктаах нуучча казактара 1643 сыллаахха остуруок туттубуттар. Кэлин пятидесятник Данила Михайлов остуруогу эбии бөҕөргөппүт. Бу эргинээҕи сирдэргэ XVII үйэ икки аҥарыгар маньчжурдар экспедиционнай этэрээттэрэ өтөн кииртэлии сылдьыбыттара. Үт остуруогун гарнизона Россия уонна Кытай кирбиилэрин харабыллаабыта: 1689 сыллаахха балаҕан ыйыгар Нуучча судаарыстыбатын уонна Цинь империятын икки ардыларыгар Нерчинскэйдээҕи сөбүлэсиһии түһэрсэн, нууччалар Приамурьеттан аккаастанарга күһэллибиттэрин түмүгэр Үт остуруога икки үйэ кэриҥэ Россия соҕуруулуу илиҥҥи уһугун тэбэр сүрэҕэ буолбута. Икки улуу дойду кирбиитэ Үт өрүстэн соҕуруу сытар Тором үрэҕинэн ааһара. Биир кэмҥэ дьаһаахтан күрэммит сахалар бу Тором уҥуор баар нейтральнай сирдэргэ олохсуйбуттара.
Манна 1744 сыллаахха 2-с Камчатскай экспедиция кыттыылааҕа Якоб Линденау, 1844 сыллаахха академик Александр Миддендорф, 1846 сыллаахха кэлин Москва уонна Коломна митрополита буолбут, Америка апостолынан ааттаммыт Иннокентий Вениаминов таарыйбыттара, үлэлэригэр, бэлиэтээһиннэригэр ахтан аһарбыттара биллэр. 1926-1928 сылларга сахалыы тыллаах аан бастакы суругунан айымньыны – «Ахтыылары» суруйбут саха хааннаах, Саха уобалаһын күбүрүнээтэрин оһуобай сорудахтарга ыытар чунуобунньуга Афанасий Уваровскай сылдьыбыта уонна ол уустук айанын, Үт сирин айылҕатын туһунан сиһилии, уус-ураннык суруйан үлэтигэр киллэрбитэ. Урут остуруокка таҥара дьиэтэ турбутун 1950-с сыллардаахха көтүрбүттэр.
Бу историческай суолталаах сири кэлин олохтоохтор кылаабыһа оҥостубуттарыттан киһи хомойор. Арай биһиги сирдьиппит Василий өйдөбүнньүк кириэс туруорбут, репрессия сиэртибэлэрэ буолбут аймахтарыгар Третьяковтарга анаан үйэтитэр суругу ыйаабыт. Биһиги экспедициябыт өйдөбүнньүк суругун ол кириэскэ иҥиннэрдибит.
Билигин 14:38. Култук диэн Үт уҥуоргу кытылыгар турар сиргэ 1931 сыллаахха Чумиканнааҕы сэбиэскэй былааһы утары өрө туруу кыттыылаахтарын ыппыт уонна өрүскэ ойбон алларан тимирдибит сирдэригэр эмиэ Василий Третьяков туруорбут кириэһигэр сырыттыбыт. Докумуонунан 17 киһи ытыллыбыт диэн эрээри, үгүс чахчылар уонна ахтыылар кэрэһилииллэриттэн 100-чэкэ эбэҥки, саха табаһыттара, булчуттара, Үт казактара, сүнньүнэн 18-20 саастаах уолаттар, кыдыйыллыбыттар. Третьяков кириэһиттэн өрүс арыый аллараа өттүгэр уонна бэтэрээҥҥи кытылга Николай Николаевич Иванов-Утучур эмиэ тоталитарнай систиэмэ сиэртибэлэрэ буолбут биир дойдулаахтарын кэриэһигэр анаабыт күөх өҥнөөх кириэһэ турар.
Үт өрүс уута онон-манан сиикэйдээх. Халлаан ыраас, балайда чыгдааннаах, салгыннаах. Хаар халыҥа Саха сирин курдук. Аара суолга өрүскэ үлэлии сылдьар метеостанция үлэһитэ Светлана Атласованы көрүстүбүт. Кыыс араспаанньата Никифорова үһү.
15 чаас саҕана Социальнай-культурнай киин диэн ааттаах, маһынан оттуллар, кыараҕас уонна тымныы дьиэҕэ кэллибит. Олохтоох сахалар, эбэҥкилэр, үксэ оҕо-дьахтар, үс-түөрт эр киһи (ону да оҕонньоттор), барыта 40-ча киһи мустубут. Биир кыра кыыс эбэҥкилии ырыаҕа үҥкүүлээтэ, Соня диэн обургу кыыс сахалыы «Дьокуускайга хаар түһэр» ырыаны ыллаата, түөрт хороччу улаатан эрэр уол сахалыы, эбэҥкилии булкаас тыллаах ырыанан үҥкүү-дьүһүйүү көрдөрдүлэр.
Анатолий Владимирович Катаев диэн 63 саастаах, Удской төрүт олохтооҕо, саха киһитин кытта билистибит. Кини аҕата Владимир Павлович Катаев диэн ф.н.к. Юрий Васильев-Дьаргыстай респондена эбит – «Бодойбо уонна Үт сахаларын фольклора» диэн брошюратыгар кини хас да ырыаны суруттарбыта киирбит. Катаевтар сэттэ бииргэ төрөөбүттэр – түөрт уол, үс кыыс. Анатолий бэйэтэ Иркутскайдааҕы түүлээх техникумун бүтэрбит, «Икки саха уолун кытта үөрэммитим», – диир. Биирдэстэрин Сэмэн диэн ааттыыр. Сарсыҥҥытыгар кэннигэр суруктаах хаартыскатын аҕалан көрдөрдө: киһитэ Абый улууһун Сутуруохатыттан төрүттээх эбит. Саха сиригэр ыҥырбыттарын барбатах. Үйэтин тухары леснигинэн үлэлээбит. Сахалыы үчүгэйдик билэр, арай аахпат, спутнигынан «Саха» НКИХ «Саха 24» каналын көрөрүн кэпсиир.
63 саастаах Анисия Ивановна Леонтьева Саха сиригэр баар аймахтарын Леонтьевтары көрдүүр. Удской баһылыга Светлана Пустовалова көрсүһүү кэнниттэн кулууп эркинигэр Миддендорфка өйдөбүнньүк ыйыырбытыгар сирэйэ сымнаабыт: «Кэлэн сэргэхситтигит, культурнай эйгэбитин кэҥэттигит», – диэн махтанна. Удскойга олорор Үт сахалара барахсаттар Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааҕын туох эрэ сырдыгы, үйэлээҕи көрөр курдук одуулаһаллара…
Киэһэ телесуруналыыс Сиэн Өкөр, этнограф Виктория Баторовна буоламмыт олохтоох кыраайы үөрэтээччи Юрий Дмитриевич Мусатовы ыҥыран анаан кэпсэттибит. Мусатов Хабаровскайга төрөөбүт, бастаан Охотскайга үлэлээн баран Чумикааҥҥа кэлэн олохтоох эбэҥки кыыһын кэргэн ылбыт, икки оҕоломмут. Сахалыы удумаҕалатар этим диир. Комхозка кладовщигынан, завхоһунан, Торомҥа управляющайынан, лесопуун начальнигынан үлэлээбит, 2000-2012 сылларга Удской бөһүөлэгин баһылыга. Билигин оройуон сэбиэтин депутата, оттук уонна тутуу маһын бэлэмниир кэтэх тэрилтэлээх.
Баһылыктыаҕыттан ыла кыраайы үөрэтэн Хабаровскай, Николаевск-на-Амуре архыыптарыгар, библиотекаларыгар дьарыктаммыт. Үт уонна Тугуур остуруоктара тутуллуохтарыттан сахалар бу сиргэ баалларын, саха атыыһыттара эргинэ кэлэллэрин бэлиэтиир. Тором диэн Чумикантан 50 км. Үрэххэ, урукку Маньчжурия быыһыгар дьаһаах төлөөбөт сахалар олорбуттар. Ол сиргэ сылгы-сүөһү иитэргэ табыгастаах үһү.
Юрий Дмитриевич биир түгэни бэлиэтиир: Иван Москвитин 31 киһититтэн биир эрэ казак сүтүктэммит, онтон Поярков дьонун аҥаарын, Хабаров эмиэ балайда элбэх киһини, Дежнев этэрээтин барытын мэлиппиттэр. «Ол кистэлэҥэ Москвитин дьоҥҥо үтүө сыһыаннааҕар», – диир кыраайы үөрэтээччи. Кини өссө Америка уонна Евразия кирбиилэрин арыйбыт аатырбыт айанньыт Семен Дежнев уонна саха дьахтара Абакайаада уоллара Любим Үт уонна Тугуур остуруоктарыгар иккилии сыл сулууспалаабытын ахтар.
Юрий Дмитриевич тус кэтээн көрүүтүн үллэстэр: «Сахалар аймаҕымсахтар, аҕа ууһумсахтар. Ол итэҕэстэрэ уонна күүстэрэ буолуон сөп. Бас-көс киһилэрэ ыйбыт киһитигэр сөбүлээбэтэр да бары биир киһи курдук куоластыыллар. Ол оннугар бас-көс киһи чугас дьонун хааччыйар. Холобура, бу Вася Третьяковы дьон төһө да кэрээки диэн мөҕүттүннэр, кини балыкка дьон бөҕөнү илдьэ сылдьан аһатар-сиэтэр эбээт».
Биһиги тылларын төһө билэллэрин чинчийээри ыҥырбыт эмээхситтэрбит кэлиэх буолан баран кэлбэтилэр… Бу түгэҥҥэ уорбалыыр санаа үөскээтэ: дьоммут, арааһа, сахалыы билэллэрин кистииллэр дуу, сааталлар дуу… Тоҕо диэтэххэ, көрсүһүүгэ кэлбит икки эмээхсин уу сахалыы тыл бырахсалларын эт кулгаахпынан истибитим: «Эн биһи бииргэ барыахпыт…» уонна «Мин билигин кэлиэм…» Чугаһаабыппар куоластара уларыйан эбэҥкилии тартарыыланан хаалбыта уонна анаан кэпсэтэртэн туттунар, сэрэхэдийэр курдуктара… Тарҕаһыы диэки Вадим Петрович кулгааҕым уһугунан эмиэ икки эмээхсин (бу маарыыҥҥылар эбитэ буолуо) сахалыы: «Чэ, бардыбыт», – дэспиттэрин өйдөөн хаалбыт этэ.
Гаврил Гаврильевич Андросов,
Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Чолбон сурунаал бас эрэдээктэрэ.
Тyгэннэри Дьулус Антонов yйэтиттэ.
Салҕыы икиис чааһын бу ссылканан ааҕыҥ:
Экспедицияҕа сыһыаннаах материаллар:
-
Үттээҕи тэтэрээттэн
-
Удский острог. «Записки Гродековского музея»
-
Анатолий Саввинов “Илинтэн илгийэр саха тыына”
-
Гаврил Андросов “Россия илиҥҥи уһугун сахалара”. 1 чааһа
-
Гаврил Андросов “Россия илиҥҥи уһугун сахалара”. 2 чааһа
-
Георгий Никонов “Үт сиригэр айан”
-
Виктория Малакшанова об экспедиции в Тугуро-Чумиканский район Хабаровского края
-
Егор Борисов-Буор Булгунньах “Үт сирэ”
-
Семен Ермолаев-Сиэн Өкөр “Үт сахаларыгар айан”
-
Открылась онлайн-выставка фотографий из экспедиций проекта «Пути великих свершений»
-
Удское, Чумикан, Охотск как вехи жизни человека с севера Виктора Ивановича Рахубы
-
Тугуро-Чумиканский район Хабаровского края
-
“…от Дальневосточника Рахуба Виктора Ивановича”
-
Экспедиция в Тугуро-Чумиканский район 2019 года в объективе Дьулуса Антонова
-
Экспедиция к Удским саха
-
Доклад на международной научно-практической конференции «IX Гродековские чтения» О проекте «Пути Великих Свершений». Об экспедиции в Тугуро-Чуминакский район Хабаровского края.
-
Виктор Рахуба об экспедиции 2018 года в Тугуро-Чумиканский район
-
Чумикан. Финал. Фильм Семена Ермолаева