Устуоруйа билимин (наука) хандьыдаата, Гуманитарнай чинчийии институтутун үлэһитэ Анатолий Иванович Саввинов соторутааҕыта Хабаровскай кыраайга уонна Амур уобалаһыгар олорор сахалар олохторун-дьаһахтарын, тылларын-өстөрүн билсэ, үөрэтэ, ситим олохтуу баран кэллэ, ыйтан ордук кэм сырытта. И. Шамаев тэрийиитинэн, муус устар 11 к. Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицейгэ дьону-сэргэни кытары көрсөн оннооҕу аймахтарбыт туһунан кэпсээтэ. Ол кэнниттэн “Кыым” хаһыакка бу сырыытын туһунан суруйан киллэрдэ.
Дойду бэрэсидьиэнин ыйааҕынан, 2012 сыл Арассыыйа Устуоруйатын сылынан биллэриллэн турар. Бу дьаһал дойдубут олорон кэлбит устуоруйатын саҥалыы арыйарга, үтүө үгэстэри сөргүтэргэ төрүөт буолуон сөп. Сахалар омук быһыытынан сайдан кэлбит дьылҕабытын кэрэһилиир ситэ билэ илик чахчыларбыт өссө даҕаны аҕыйаҕа суохтар.
Үт сиригэр
Кистэл буолбатах – урукку өттүгэр тас сахалар, ол эбэтэр өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр олохтоох сахалар, тустарынан билиибит бэрт кэмчи буолара. Маныаха бу кэлиҥҥи кэмҥэ кэлии-барыы үксээн, ханнык эмэ сибээм олохтонон (холобур, “Ситим” медиа-бөлөх Дьэһиэйгэ сылдьыбыта, “Тас сахалар” түмсүү бу хайысхаҕа үлэлэһэр) ыраах аймахтарбыт тустарынан балачча билэн эрэбит.
Үт сирэ суола-ииһэ ырааҕынан, сылдьарга табыгаһа суоҕунан, биир чиэски дойду быһыытынан биллэр. Тугур-Чумикан оройуона – Охотскай муора хонноҕор сытар Хабаровскай кыраай биир муннук сирэ. Кыраай киинин кытта нэдиэлэҕэ иккитэ көтөр аал суола сибээстиир. Уунан да, сиринэн да сырыы суоҕун кэриэтэ.
Үт сирэ төһө да ыраах сыттар, урукку өттүгэр Саха сирин быстыспат сорҕото буоларын устуоруйа чахчыларыттан билэбит. 1856 сыллаахха Приморскай кыраайга бэриллиэн иннинэ, Саха уобалаһын сирэ этэ. Ол курдук, былыр-былыргыттан саха уутуйан тарҕаммыт биир түөлбэтинэн биллэрэ. Сахалар бу сири булуулара манна кэлэр былыргы атыы-эргиэн суолун уонна 1679 сыллаахха турбут олохтоох остуруок олоҕун кытта быһаччы ситимнээх этэ.
Чумикаҥҥа түһээт, бэҕэһээ эрэ астыбыт тыал-буурҕа типпит тоҥоруу хаарын ботуччу киэстэрэн, балачча тэйиччи турар бөһүөлэк диэки айаннаатыбыт. Оройуон киинэ муора кытылыгар чугас турар буолан, манна өрүү да тыаллаах-хаардаах буолар эбит.
“Удское” бөһүөлэк оройуон кииниттэн 90 км тэйиччи, Үт үрэх орто тардыытыгар турар. Манна кэлэрбитигэр халлааммыт сааскы чаҕылхай күпүнүнэн эҕэрэлии көрүстэ. Кэлбит киһиэхэ айылҕатын кэрэ көстүүтэ харахха быраҕыллар. Тула хатыҥ чараҥынан сууламмыт бөһүөлэк икки сиринэн тарҕанан олорор. Улахан суох, киһитин ахсаана – 525.
Биэрэпис түмүгүнэн, Хабаровскай кыраайга олорор саха ахсаана (Статистика федеральнай сулууспатын Хабаровскайдааҕы кыраайдааҕы салаатын көрдөрүүтэ):
1970 с. – 1152 киһи,
1979 с. – 1662 киһи,
1989 с. – 1578 киһи,
2002 с. – 1454 киһи,
2010 с. – 1417 киһи.
Олохтоохтор төрүт дьарыктара – булт уонна балык. Сайыҥҥы кэмҥэ муораттан киирэр кыһыл эттээх кета балыгы бултууллар. Кета искэҕэ манна солбуллубат эргинэр табаар. Балык ыыр кэмигэр ону тиэйэр сырыы элбиир. Олохтоох дьон үксэ кэриэтэ онон аһаан-таҥнан олорор диэххэ сөп. Балык булда лимииттээх, ол төрүт олохтоох киһиэхэ эрэ тиксэр сыллааҕы лимиитэ – 50 киилэ. Атыттарга көҥүллэммэт, онон олохтоох дьон үксэ эбэҥкинэн суруйтарар. Маннык дьаһал, биллэн турар, олохтоох сахалар сурукка киирэр ахсааннара аҕыйаҕар сүрүн төрүөт буолар эбит. Онон сахаланан суруйтарбыт киһи аһыыр да аһа суох хаалыан сөп курдук. 2002 биэрэпис көрдөрөрүнэн, оройуҥҥа 79 саха баара.
Бу дойду бэрт дириҥ устуоруйалаах, кырдьаҕас сир буоларын манна хас томтор, хас булгунньах буоһулуур диэххэ сөп. Холобур, маннык ааттаах сирдэр бааллар: Хапчас, Остуолбалаах, Таастаах, Харыйалаах күөл, Амбаардаах үрүйэ, Култук (тоҥмот үрэх аата), Айамньии…
Манна турбут нуучча остуруогун, былыргы таҥара дьиэтин, ол аттыгар эргэ кылабыыһаны кытта сибээстээх үгүс чахчыны билиэххэ-көрүөххэ сөп. Олохтоохтор төһө да үксүлэрэ эбэҥкинэн суруйтардаллар, хас иккис олохтоох киһи ханан эмэ ырааҕынан-чугаһынан саха төрүттээх буолан иһэр. Ол гынан баран, хомойуох иһин, саха төрүттэрин үчүгэйдик билбэттэр, сорохтор “аймахтарбыт баар буолуохтаахтар” диэн сэрэйэллэр эрэ.
Саха бу сиргэ бэрт былыр, олохтоох остуруок туруон да иннинэ, баар буолбут буолуохтаах. Ол курдук, былыргы Дьокуускай хаһаактарын араспаанньалара манна күн бүгүҥҥэ диэри тиийэн кэлбитэ киһини сөхтөрөр. Манна бааллар: Шмониннар, Катаевтар, Третьяковтар, Леонтьевтар, Атласовтар, Надеиннар уонна да үгүс олохтоох араспаанньалар. Ол саҕаттан саха киһитэ бу сири дойду оҥостон, үөскээн-тэнийэн, хойукка диэри айан-сырыы быстыбакка турбута биллэр.
“Үт сирэ” диэн биир чопчу сири буолбакка, Үт үрэҕэ үгүс салаалаах төрдүнэн байҕалга түһэр баһыгар диэри хабар киэҥ сири ааттыахха сөп. Сахалар бу оройуоҥҥ син балачча тэнийбиттэр. Ол курдук, Чумикаантан саҕаланар бары кэриэтэ сирдэргэ бааллыр. Сэрии иннинэ олохтоох сахалары Улахан Шантаар арыыларыгар көһөрөн, холкуос тэрийэн олохсута сылдьыбыттар, ол кэлин эстэн, бэттэх аҕалтаабыттар.
Кэлиҥҥи кэми ыллахха, Саха сирин кытта сылдьыһыы манна 90-с сыллартан саҕаламмыта биллэр. Ол Юрий Иванович Васильев-Дьаргыстай аатын кытта ситимнээх. Манна хаста да сылдьан, олохтоох сахалар тылларын хомуйар-үөрэтэр үлэни ыыппыта. Кини быһаччы сабадыалынан, манна саха тылын сөргүтүү саҕаламмыта. Онно төһүү киһинэн доҕоро, олохтоох саха Н.Н. Иванов-Утучур буолбута. Ю.И. Васильев маҥнай кэлэ сылдьан, Нераҥҥа баар Соморсун диэн сиргэ сахалары көрсөн, А.Я. Уваровскай “Ахтыыларын” аахпытытн олохтоохтор билигин да өйдүүллэр. Ону кэриэстээн, Николай Николаевич ол сиргэ илдьэ сырытта.
Хомойуох иһин, кэлиҥҥи кэмҥэ сибээс суох. Саха сирин туһунан өйдөбүл ыччат ортотугар суоҕун кэриэтэ. Кырдьаҕас өттулэрэ төрүттэрин-уустарын кытта булсуохтарын баҕараллар. Маныаха аныгы үйэ өҥөтүнэн, интэриниэккэ анал саайт арыйан, билсиһии, сибээс олохтуур, мин санаабар, олус тоҕоостоох буолуон сөп этэ. Маннык сибээс кинилэргэ эрэ буолбакка, атын даҕаны тас сахалар аймахтарын кытта билсэллэригэр улахан көмөлөөх буолуоҕа.
Саха тыла
Мааннааҕы сахалар икки тоҥустар икки алтыһыылара бэрт өрдөөҥҥүттэн баара биллэр. Ону бүгүҥҥү Үт дьонун олохторугар баар үгүс чахчыттан көрүөххэ сөп. Үт сиригэр ураты көстүү быһыытынан, күн бүгүнүгэр диэри манна тиийэн кэлбит тыыннаах сахалыы саҥа буолар.
Олохтоох саха саҥатыгар киһи сонургуу да, соһуйа да истэрэ үгүс. Маҥнай истэр киһиэхэ, хайдах эрэ, олуона соҕустук иһиллэр даҕаны, син биир чугастык ылынаҕын. Ол курдук, олохтоох дьон кырдьаҕас өттө бары кэриэтэ сахалыы саҥараллар. Ол гынан баран, биллэн турар, кыараҕас сир уратыта буоллаҕа – кэпсэтэр эйгэ кыччаан, тыл умнуллар, кэхтэр бэлиэтэ суох буолбатах. Киһи кэрэхсиирэ – сүрүн кэпсэтэр нуучча тылын сэргэ, саха тыла эмиэ туттуллар. Орто саастаахтар бары да кэриэтэ өйдүүллэр, быстах-остох да тылы саҥараллар. Эдэрдэр, бэйэлэрэ да билбэттэринэн, син биир туттар тыллара баар буолар эбит. Маннааҕы дьон саҥатыгар, олохтоох тоҥус тылын сабыдыала эбитэ дуу, Ү уонна Ө курдук дорҕооннор суохтарын кэриэтэ. Ол оннугар, биһиэхэ умнуллубут урукку саха тылларын киһи соһуйа истэрэ элбэх. Кырдьаҕастар кэпсииллэринэн, манна урут, нуучча тыла тарҕана илигинэ, кэпсэтэр тыл барыта сахалыы эбитэ үһү. Ол да иһин буолуо – төрөөбүт тылларын эрдэ сүтэрбит олохтоох тоҥустар ортолоругар саха тыла балачча тарҕаммыт.
Уопсайынан эттэххэ, саха тыла манна бэрт чугас, бэйэтин тыынын сүтэрэ, умнулла илик курдук көрдүм. Баҕар, маныаха туох эмэ саҥа сүүрээн киирдэҕинэ, тыын уктахха, бары да саҥаран барых курдуктар. Олохтоохтор саха тылын үөрэтиэхтэрин баҕараллар. Саха тылын тоҥус тылынааҕар түргэнник ылыныах курдуктар. Оройуон үөрэҕин салаатыгар сылдьан кэпсэппиппитигэр, “бэлэмнээх учуутал кэлэрэ буоллар” дэһэллэр.
Сэлэмдьи тыатыгар
Сэлэмдьи Үттэн олус ырааҕа суох, ыаллаһа сытар сир гынан баран, Амур уобалаһыгар киирэр буолан, суола-ииһэ да атын. Былыргыта Үт уокуругуттан дьаһаллан олоробут. Сылдьыһыы баар эрдэҕинэ аймахтаһар эбиттэр. Ону кинилэр саҥаларын майгыннаһар өрүттэриттэн да сэрэйиэххэ сөп. Билигин кыһыҥҥы кэмҥэ таһаҕас тиэйэр эрэ массыыналар сылдьаллар.
Бу ыраах, үрэх баһа дойдуга кэлэр суол уһун айаны эрэйэрин таһынан, суол алдьанар быыһык кэмигэр үксүн кыаллыбат да буолуон сөп. Үрдүк хайалаах, быыстарынан түһэр-тахсар суол айанныырга бэрт эрэйдээх. Ол да буоллар, хайаан да тиийэн төннөр санаа баһыйан, уһун күн быстыҥа айаннаан, оройуон киинин – Экимчан бөһүөлэги – ыкса киэһээ буллубут. Мантан тиийиэхтээх сирим – Ивановскай бөһүөлэк – өссө 5 көс. Икки хонон баран, дьэ, ол сирбэр айанныыр буоллум. Сэлэмдьи үрэҕин уҥуор Златоустовскай бириискэлэрин туһаайыытынан айаннаан иһэн, суолбут арахсан, уҥа диэки иэҕиллэр. Ивановскай улахана суох бөһүөлэк. Ол гынан баран киһи кута-сүрэ тохтуур, аныгылыы сэнэх көрүҥнээх. Билиҥҥи олох сиэринэн, сайдыы син тиийбит диэххэ сөп. Манна 2004 с. И.И. Шамаев сылдьан турар. Ол көрсүһүүлэрин, олохтоохтор кэпсээннэрин дьоҕус кинигэ гына таһаарбыта мин сырыыбар көмөлөстө.
Бөһүөлэк – оройуоҥҥа олохтоох омуктар олорор соҕотох сирдэрэ. 1958 с. оччотооҕу “Ворошилов” холкуос уонна “Саха остуойбата” диэн сирдэри көһөрөн аҕалан үөскэппиттэр. Манна эрэ “Улгэн” диэн таба тутар соҕотох хаһаайыстыба баар, тыһыынча кэриҥэ табалаах. Олохтоохторо – эбэҥкилэр уонна сахалар. Бөһүөлэк манна былыргы көмүс хостуур бириискэ аатынан Ивановскай диэн ааттаммыт. Ол гынан баран манна үксүн Улгэн диэн ааты тутталлар. Урукку бөдөҥсүйбүт холкуос, кэлин сопхуос аатынан. Билиҥҥи туругунан, киһитин ахсаана – 396. Ол иһиттэн эбэҥкитэ – 347.
Көмүһү хостооһун манна 19-с үйэ иккис аҥарыттан саҕаламмыта диэн буолар. Олохтоох сахалар уонна тоҥустар көмүс хостооһунугар кыттыбатахтарын курдук көрдөрүү баар буолан баран, дьиҥинэн, кинилэр маныаха быһаччы кыттыбыттара баар суол. Ол курдук, сахалар кэлиҥҥи кэлиилэрэ көмүс хостооһунун кытта быһачча сибээстээх. Сэбиэскэй кэмҥэ олохтоох омуктары көмүс үлэтигэр сыһыарбат этилэр.
Бөһүөлэккэ чугаһаан истэххэ, көмүс хостуур үлэ күүскэ барбыта харахха быраҕыллар. Таас күөрэ-лаҥкы барбыт, ото маһа кэхтибит сир-уот – бу барыта көмүс хостуур үлэлэр кэннилэриттэн хаалбыт бэлиэлэр. Ольгинскайдааҕы драга билигин даҕаны үлэлии турар. Ивановскпй тулатыгар хаһыллыбатах сир диэн хаалбатах, сирэ-уота алдьанан, киһи харааста көрөр хартыыната. Бу сиргэ ыраас уу диэн суоҕун кэриэтэ, үрүйэлэр уулара киһи туттубат буола саһарбыт. Олохтоохтор скважина уутун иһэллэр. Булт-балык диэн суох буолбута ырааппыт.
Быйыл олунньу 22 күнүгэр (бэрэсидьиэн быыбарын саҕана) олохтоохтор мунньах тэрийэн, бөһүөлэк сиринэн сүүрдэр Ивановскай үрэххэ “Хэргу” тэрилтэ көмүс хостуурун аһаҕастык утаран, онуоха-маныаха диэри тохтотон тураллар. Тоҕо оннук дьаһаммыттара өйдөнөр. Үгүс сыл тухары көмүс уххана бэйэтэ да кыараҕас сир тулалыыр эйгэтин төһөлөөх алдьаппытын, оспот баас оҥорбутун көрбүт эрэ итэҕийиэн сөп.
Олохтоох сахалар тоҥустары кытта өр кэм бииргэ олорбут буолан, балачча булкуһуу баар. Ол гынан баран манна эмиэ ураты саха тыына баарын бэлиэтии көрүөххэ сөп. Кырдьаҕастар үгүстэрэ сахалыы ыраастык кэпсэтэллэр. Эбэҥкилэр саҥаларыгар үгүс саха тыла туттуллара иһиллэр. Оҕо саадтарыгар “Чуораанчык” диэн ансамбыллаахтар. Зея, Тыында, Иенгра эбэҥкилэрин кытта билсэллэр, кинилэргэ буолар тэрээһиннэргэ тиийэн кыттыыны ылаллар эбит.
Сирдэр ааттара
Бу сирдэр былыр-былыргыттан саха тылын иҥэриттит буоланнар, ону кэрэһэлиир үгүс сир аатын кытта билсиэххэ сөп. Бу дойду лаппа соҕуруу сытар буолан, сирэ-уота биһиэниттэн чыҥха атын. Үксэ хайалаах дойду: ыраас, көнө сир, күөл суох. Ол оннугар хайалар быыстарынан сүүрэр үрүйэ элбэх. Ол да иһин буолуо – маннааҕы сахалыы ааттар үксүн үрэхтэр, үрүйэлэр ааттара буолаллар.
Эмиэ ханна да буоларын курдук, сирдэр ааттара олус толоостук сурукка киирбиттэрэ көстөр. Холобур, үрэхтэр: Токур, Киэҥ Үрэх, Тарыҥнаах, Сымырыыттаах (сымырыыт – черемуха). Бу үрэх аата хаартаҕа Семертак диэн буолбут, Харгы Үрэҕи Хэргу диэн ааттыыллар, ону эбэҥки тылыттан абааһы эбэтэр иччи диэн быһаарылларын киһи соччо итэҕэйбэт. Туос Үрэх – Тох-урак буолбут, Кыра диэн Сэлэмдьигэ түһэр үрэҕи Кера диэн суруйаллар. Хара Үрэх – Караурак. Баар эбит өссө Хаар Холбо диэн үрэх. Ону таһынан Таас Хайа, Наахара, Албын диэн сирдэр бааллар. Онтон да атын үгүс биллэ илик аата баара саарбаҕа суох.
Амур сахалара былыр хас да түөлбэ сиринэн олорбуттара биллэр. 1926 сыллааҕы биэрэпис көрдөрөрүнэн, уокурукка 398 саха баара: Абхараҕа – 39, Сэлэмдьи-Бурея оройуонугар – 139, Чекундаҕа – 199 киһи олорбут. Ону таһынан, Бирскэй оройуоҥҥа (билигин Еврей автономнай уокуругар киирэр) сахалар туспа түөлбэлэрэ баара. Бу сахалар 1922 сыллаахха уокурук Миннацделатыттан эминэн көмөҕө наадыйалларын, бэйэлэрэ кэпэрэтиип тэринэллэин уонна кинилэргэ сахалыы оскуола аһалларын, онно саха учууталын уонна сахалыы үөрэнэр кинигэлэри туруорсаллар эбит.
2002 с. биэрэпис түмүгүнэн, Сэлэмдьи оройуонугар 55 саха баара. Биэрэпис түмүгүнэн, Амур уобалаһыгар олорор саха ахсаана (Ыстатыыстыка федеральнай сулууспатын Амурдааҕы салаатын көрдөрүүтэ):
1979 с. – 699 киһи,
1989 с. – 788 киһи,
2002 с. – 314 киһи,
2010 с. – 449 киһи.
Саха атыыһыттара
19-с үйэ бүтүүтэ, ааспыт үйэ саҥата, оччолорго үрдүк сололоох Приамурскай генерал-губернаторыгар “чиновник особых поручений” диэн чыыннаах Петр Шимкевич суруйарынан, бу сиргэ 60-ча саха атыыһыта эргинэр эбит. Үгүстэрэ манна дьиэ-уот туттан олохсуйбуттар. Ону таһынан булдунан дьарыктанар сахалар, барыта холбоон 500 киһи, баар эбит. Сахалар маннааҕы сүрүн олохторо “Ниманское инородческое собрание” диэн ааттанара. Ол бэйэтэ бөһүөлэк – 20 олорор дьиэлээх, ону таһынан таҥара дьиэтэ, туспа кылабыыһа. Манна Тимофей Павлов диэн биллэр саха атыыһыта олохтоох таҥара дьиэтин туттарбыт, ойоҕо 12 саха уонна тоҥус оҕолоругар оскуола астаран, учуутал тутан үлэлэтэр эбит.
Сахалар манна бэрт өртөн эргиммиттэрэ биллэр. Өссө А.Ф. Миддендорф 1844 сыллаахха манна сырыытыгар 26-ҕа тиийэ эргинэр олохтоох саха баарын ыйан турар. Сахалар манна олохсуйуулара, биллэн турар, атыыны-эргиэни кытта сибээстхээҕэ. Ону таһынан көмүс хостооһуҥҥа тиэйэр-таһар бэдэрээт үлэтэ үксэ сахалар итиилэригэр баара. Быһата, сүрүн атыыны-эргиэни саха атыыһыттара тутан олорбуттар. Кинилэр эргинэр киэҥ ыырдара бэрт ыараах сытар Охуоскай муора кытылыгар, Хабаровскай куоракка, Кытай сиригэр тиийэрэ. Сүрүн табаардара – бурдук, ынах арыыта, түүлээх. Ону таһынан дьиэҕэ туттар бытархай тэрил, тимир оҥоһуктар. Холобур, биир атыыһыт 500 буут арыыны, 100-тэн 500-кэ тиийэ дьиэ табаарын аҕалан эргинэр эбит. Оннук улахан 17 атыыһыт баара биллэрэ. Бу атыыһыттар элбэх улэһиттээхтэрэ, ол иһигэр олохтоох тоҥустары сыһыаран үлэлэтэллэрэ. Маннааҕы сахалары чаччыыналар дьаһайаллар эбит. Холобур, Остуойбаҕа олохтоох Ф. Заболоцкай диэн, Чекундаҕа – эмиэ саха киһитэ.
Ити курдук, төһө да Саха сириттэн ыраах сыттар, бу сири сахалар дойду оҥостон, олохтоохтук дьиэ-уот тэринэн, ньир бааччы олорбуттар. Кинилэр бэйэлэрин тустарыгар эрэ кыһаммакка, олохтоох омуктарга улахан көмөнү оҥороллоро. Оннук үтүө дьыалатын иһин атыыһыт Афанасий Лепчиков алта мэтээлинэн наҕараадаламмыт.
Саха атыыһыттарын үксэ киин улуустартан, ону тэҥэ Бүлүү диэкиттэн төрүттээх буолаллар эбит. Сэлэмдьигэ көмүһү хостооһун устуоруйатын саха атыыһыта Жирков А.Н. аата, бука бигэтик киирэр буолуохтаах. Бу киһи бэйэтин кимигэр биллэр бырамыысылынньык, 1889-1914 сс. хас да көмүс хостуур хампаанньа кыттыылааҕа, ону таһынан Сэлэмдьи-Бурея тардыыларынан элбэх бириискэлэри тутан олорбута биллэр. Бэйэтин аатынан Афанасьевскай уонна Александровскай диэн бириискэлэрдээҕэ. Ивановскай бириискэ (билигин бөһүөлэк буолан турар сир) 1894 с. кини бас билиитигэр киирэрэ. Кини быһаччы кыттыытынан, 1891-1892 сс. Буом уонна Алдан үрэхтэргэ чинчийэр баартыйалар тэриллибиттэрэ. Ниман бириискэлэригэр биир биллэр киһинэн ааҕыллара. Благовещенскай куорат Муравьевскай уулуссатыгар бэйэтэ бас билэр дьиэлээх эбит.
Ааспыт көлүөнэ иннигэр ытык иэспит
Туох билиэй, былаас уларыйан, олорбут олохторо үрэллибэтэҕэ буоллар, баҕар, манна үгүс саха нэһилиэгэ үөскээн-тэнийэн, саханы ааттатар сирдэр буолуох эбиттэр. Сэбиэскэй кэмҥэ бу сахалар хайдах туох дьылҕаламмыттара биллибэт. Сэрэйиэххэ, үгүстэрин кулаактааһын, репрессия да тумнубатах, сорох кыанар өттө Саха сирин диэки барбыт буолуохтаах. Оттон хаалбыттар олохтоох омуктары кытта холбоһон, манна саҥа олоҕу тэрийиигэ быһаччы кыттан барбыттар. Олохтоохтор ыраах тайҕа быыстарыгар таас билиитэҕэ үгүс суруктаах-бичиктээх былыргы киһи уҥуохтара баалларын кэпсииллэр.
Биллэрин курдук, манна сахалар тэрийбит хас да холкуостара баара. Саха остуойбата диэн сиргэ үөскээбит “Сырдык” холкуос 1958 сыллаахха диэри турбута. Ворошилов аатынан холкуос – эмиэ сахалар 1930 с. тэрийбит уонна олорбут сирдэрэ. Билигин ол сахалар сыдьааннара чугаһынан-ырааҕынан тарҕанан, маннааҕы тыа сирдэригэр, куораттарыгар олороллорун үгүстүк көрсүөххэ сөп. Хас сир аайы да буолбатар, хайаан да биир-икки олохтоох саха баар буолар.
Ити курдук – ыраах сирдээх хаан-уруу аймахтарбыт ааспыт олохторун суолун бүгүҥҥү күннэрэ. Кинилэри кытта билсэрбит, өбүгэ сиэрин салҕыырбыт – ааспыт көлүөнэ иннигэр иэспит буоларын умарбыт сатаммат.
Анатолий Саввинов,
ГЧИ үлэһитэ, устуоруйа билимин хандьыдаата
2012 с.
“Кыым” хаһыаттан хаартыскалар
Сыһыаннаах материаллар:
-
Үттээҕи тэтэрээттэн
-
Удский острог. «Записки Гродековского музея»
-
Анатолий Саввинов “Илинтэн илгийэр саха тыына”
-
Гаврил Андросов “Россия илиҥҥи уһугун сахалара”. 1 чааһа
-
Гаврил Андросов “Россия илиҥҥи уһугун сахалара”. 2 чааһа
-
Георгий Никонов “Үт сиригэр айан”
-
Виктория Малакшанова об экспедиции в Тугуро-Чумиканский район Хабаровского края
-
Егор Борисов-Буор Булгунньах “Үт сирэ”
-
Семен Ермолаев-Сиэн Өкөр “Үт сахаларыгар айан”
-
Открылась онлайн-выставка фотографий из экспедиций проекта «Пути великих свершений»
-
Удское, Чумикан, Охотск как вехи жизни человека с севера Виктора Ивановича Рахубы
-
Тугуро-Чумиканский район Хабаровского края
-
“…от Дальневосточника Рахуба Виктора Ивановича”
-
Экспедиция в Тугуро-Чумиканский район 2019 года в объективе Дьулуса Антонова
-
Экспедиция к Удским саха
-
Доклад на международной научно-практической конференции «IX Гродековские чтения» О проекте «Пути Великих Свершений». Об экспедиции в Тугуро-Чуминакский район Хабаровского края.
-
Виктор Рахуба об экспедиции 2018 года в Тугуро-Чумиканский район
-
Чумикан. Финал. Фильм Семена Ермолаева