Бэйиэт, публицист, тылбаасчыт, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун салайааччыта, «Чолбон» уус-уран сурунаал бас эрэдээктэрэ, арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын сэкирэтээрэ Гаврил Андросов «Улуу айаннар суолларынан» бырайыак Үт сиригэр экспедициятыгар сылдьан суруйбут хоһоонноро.
***
Хаһыын эрэ…
Хабыр үйэ чоху көхсүнүү
Халтархай ыҥыырыттан кытаахтаһан:
Хабырыйсыы, үтүрүйсүү –
Хара саарба тириитинэн
Хаарыаннаах олоҕу толук ылыы,
Хабарҕаҕа кылыһынан тириир
Хабараан кыһалҕалартан атахха биллэрии,
Хабырына-хабырына
Хабаровтартан, Бекетовтартан
Хайыһар кэтэн күрэнии
Халбас хара быатыныы тыҥаабыт кэмигэр
Ханнык эрэ
Хардааччы мохсоҕол өбүгэм
Хараарбыт күнүн, кыараабыт көхсүн
Хайдах эмэ гынан сырдатар, кэҥэтэр
Хаҥыл ыралаах
Халыҥ хаары оймоон,
Харбаһар хайалары дабайан
Хадаар Амыр намыын кытылыгар
Хатырык отуу туттан,
Хачаайы да буоллар сэргэ туруоран
Хааллардаҕа омоох суолун…
…Ол
Оспута ырааппыт
Охсуллубут олугу бүгүн,
Обургу куорат тигиниир олоҕуттан
Ордорон,
Отордоппута мин сүрэхпэр
Олох отуора – кирбии өрүс уонна
Олоҥхолуур булчут оҕонньор – Амыр…
14:01:2018
Хабаровскай куорат
БҮТЭҺИК ГРАЖДАНИН
Минос иирбэ-таарбатынааҕар сүүс төгүл баараҕай
Сибиир хайаларын
Таҥара, Сатана уонна президент тамты умнубут
Түҥкэтэх муннугар,
Көҥүл Арассыыйа абырахтаах, сэбиэскэй хаартатыттан
Харандааһынан сотуллубут,
Аадырыһа суох, суола ыйыллыбат, бомж кэбин кэппит
Самнархай бөһүөлэк
Суос-соҕотох иччитэ Балантыын оҕонньор
Тиһэх күннэрин
Мокоруон буһара, ыттарын аһата, сэдэх айанньыттары
Чарапчыланан көрө
Хаарга уонна тыҥааһыҥҥа көмүллүбүт үүтээнигэр
Киристиэстии кэтэһэр…
Тус баҕатынан Прометейы хатылаан санааҕа
Тобулу тоҥсуйтарбыт,
Сэксэйбит бытыгын иһигэр хас сарсыарда ахсын
Кистээн мичээрдиир,
Бороҥ халлааны, хара сиһи, үрүҥ хаары одуулаһан
Күөх харахтарыгар
Күн аайы олоххо, кырдьыкка, аҕа дойдуга
Сааскы эрэли саҕар
Уруккута булчут, былыргыта көмүсчүт оҕонньор
Кыстык угун саҕа
Эргэ үүтээнин иһигэр, кыараҕас тиэргэнигэр,
Куустарбат тайҕатыгар
Бүтүн аан дойдуга, урусхалламмыт Арассыыйаҕа
Субу манна эрэ,
Дьиҥнээх олох тааска силис тардар талахтыы
Дьэбирдик, тыйыстык, көҥүллүк үүнэрин
Саҥата суох туоһулуур…
Маяковскайдыы чыҥкыл тимир тэтимнээхтик:
«Маннык дьонтон
Ыстаал тоһоҕону уһааран таһаарар буоллар
Сир чолбону
Бүтүннүүтүн да талбыт уйуох этэ…» диэн иһэн,
Тылбын быһа ытыран,
Эмиэ эрэйдээх-буруйдаах төрөөбүт дойдум
Арассыыйа муҥнаах
Бороруок буолан кириэскэ тиириллэр соро дуу,
Жуков маршаллыы
Берлиҥҥэ маҥан атынан барааттыыр соргута дуу
Тирээн кэлэриттэн
Дьиксинэн, этим тардан, толук ахсааныттан толлон
Тоҥуу хаарга
Ыллыгы ситэри тэлбэккэ тохтоон турдум –
Хайаларга хантайдым!
…Тоҥуу хаары иэдьэгэй курдук илдьи тэпсэр
Тимир көлөлөр –
Сорсуйдаллар да күүстээх сүрдэрин сүтэрбэтэх
Сэбиэскэй «ураллар»
Сонно тибиинэн көмүллэр, тумаҥҥа ууллар
Эрийэ-буруйа суолларын
Эстибит бөһүөлэк уонна ССРС тиһэх гражданина –
Балантыын оҕонньор
Сайыһа дуу, алҕыы дуу өр туран хаалбыта,
Ытын оҕотунуун…
17:01:2018
Хабаровскай кыраай, Тугуур-Чумукаан оройуонун сирэ
***
Саҥа күн сардаҥаТыттан, аныгы дьон итии тыыныттан
Түүҥҥү түннүк кырыатыныы
Ньолҕоруйа ытаан ууллубут
Быдан сахтарга, өспүт кэмнэргэ
Киэҥ кэйээрдэри кээмэйдээн,
Улуу дуоллары усталаан,
Харах ыларынан хайалары уҥуордаан,
Халлаан сулуһунааҕар
Хас эмэ бүк элбэх мастаах аар тайҕаны анааран
Саһыл саҕаламмыт булчут уонна
Сылайбат сындааһыннаммыт маныыһыт өбүгэлэрим –
Кылыстыы сытыы кыараҕас харахтаах төрүттэрим
Көс олохторун, айанньыт айылҕаларын
Лабахай сыттаах хатырык отуулара,
Ойууннуу өрө мөхсөр көй кутаалара,
Итиинэн угуттуур хаар суорҕаннара,
«Алакыы!» хаһыытыыр дьолуолаах түгэннэрэ,
Хаары хабыалаан аччыгы албынныыр бүппэт күннэрэ
Түбүктээх түүллэрим киинэлэрэ,
Таайбат этиттэриим таабырыннара буолан
Дьүкээбиллии чаҕылыйа-суһумнуу далбаатыыллар,
Сороҕор эҕэрдэлиир, ардыгар сэмэлиир да курдуктар…
18:01:2018
Тугуур-Чумукаан
КӨҤҮЛ КУОРАТ ТУҺУНАН ЭТЮД
(эгэ хоһоон)
Көҥүл дойду, көҥүл норуот
Көҥүл куоратыгар, биллэн турар,
Көҥүл дьиэлэргэ, уулуссаларга
Көҥүл эрэ дьоннор
Көҥүл көччүйэн олох олороллор,
Көҥүллэринэн-дьаалаларынан устан
Көҥүлү көҕүлүттэн туталлар.
Көҥүл дойду, көҥүл норуот
Көҥүл куоратыгар, биллэн турар,
Көҥүллэринэн үлэлиир-хамсыыр,
Көҥүллэринэн аһыыр-таҥнар,
Көҥүллэринэн таптаһар-өстөһөр
Көҥүл эрэ дьоннор
Көҥүл олохторо көҥүллэммит.
Көҥүл дойду, көҥүл норуот
Көҥүл куоратыгар, биллэн турар,
Көҥүл сокуоннарга олоҕуран
Көҥүллэтиитэ суох
Көҥүл ааннарын арыйаллар,
Көҥүллүк тэргэннэри эһэллэр
Көҥүллэрин көҥүллэппит дьон.
Көҥүл дойду, көҥүл норуот
Көҥүл куоратыгар, биллэн турар,
Көҥүл болуоссаттарга, кафеларга
Көҥүл эрэ кыргыттар
Көҥүллэрин өрө тутан олороллор,
Көҥүллэппэккэ кэлбит уоланнарга
Көҥүллүк мичээр бэлэхтииллэр…
…Көҥүл дойду, көҥүл норуот
Көҥүл куоратын, биллэн турар,
Көҥүлэ суох ыалдьыта
Көҥүл мичээрдэри көрдөөммүн
Көҥүллэтиитэ суох тулабын көрөбүн!
18.01.2018
Үт сирэ
ҮККЭ ҮКТЭНИИ
Үт сиригэр, ыт мунна баппат ыркыйыгар,
Ат сиһэ уйбат санаалары ындан,
От-мас төрдүн аайы өбүгэбин алҕаан
Өтөр-наар хамнаабатах салгыны хамсата,
Этэ-тыына, истэ-сэргэҕэлии үктэнним.
Өксөкүлээх күтүөт ыырын батан,
Үөрэҕи, билиини, сырдыгы барҕарда,
Саха сүрүн, ийэ тылбын туругурда
Лаамы кытылыгар суолбун хааллардым,
Хаайыы эркинэ хайалары дабайдым,
Оҕобун, олоҕум аргыһын ыраах
Муустаах муора хонноҕор хааллардым.
Үт
Үтүө айылгытыгар,
Үтүөкэн дьонугар-сэргэтигэр эрэнэ,
Үтүөрдэр эми-тому сүрэхпэр оргута
Үтүргэннээх аартыктарынан,
Үтүктүспэт дьылҕалаах биир санаалаахтарбынаан
Үүтээнтэн саҕалаан аан арыйдым.
Үс саха дойдутун биир түөлбэтигэр –
Итии байҕал эҥэрдээх,
Адаар хайа бүтэйдээх
Үт сиригэр,
Өксөкүлээх Өймөкөөнүнүү өр көрдөөн,
Ырыа ындыылаах, иэйии өйүөлээх тиийэн кэллим…
18:01:2018
Үт сирэ
ҮҮТЭЭҤҤЭ КӨРСҮҺҮҮ
Ыраах Үт сиригэр, кыараҕас үүтээҥҥэ
Бүтэһик булчут, тиһэх табаһыт
Кэлэр кэм урааҥхай сахаларын көрсөн
Күннээҕи кыһалҕатын кэпсиир,
Билиҥҥи олох очурдарыгар охсуллубут
Оройун имэринэр, кэтэҕин тарбанар…
Кини – саха аатын абырахтаах сон оҥостон
Кыһыҥҥы чысхаантан хаххаланар,
Тоҥус тугу да биэрбэт үрдүк солотун сүгэн
Тоҥ маардары, хаардаах тайҕаны
Соҕотоҕун иччилээн бултуур, буруо таһаарар,
Эһэкээнигэр күн аайы ас кээһэр…
Сахалыы ситэ саҥарбатар даҕаны
Уу саха оҕонньорунуу сэмэйдик дьаһанан
Чаахаан иитэр, илим үтэр, уот оттор,
Сахалыы олоҥхолуур сайдам ыччат
Парижка, Шанхайга албан аатырар кэмигэр
Кини эрэ, соҕотоҕун, саха олоҕун салгыыр…
Ыраах Үт сиригэр, кыараҕас үүтээҥҥэ
Бүтэһик булчут, тиһэх табаһыт –
Саха тылын умнан эрэр саха оҕонньоро
Сахалыы олоҕун салгыы туруулаһан
Саарбаны сонордуур, собону илимниир,
Байанай бэлэҕин харах уутугар мэнэйдэһэр…
20:01:2018
Удской
ҮТ ОСТУРУОГА
Нуучча ньургуннарын кытта биир тэҥҥэ,
Хааннартан хааннаах сүрэхтэрэ тэбэн,
Улуу дойду уһук кырыытын туруулаһан
Өлүү-тиллии биитигэр бииргэ үктэммит,
Сүрэхтэммэтэллэр да биир өлүүгэ өлөн
Үт сиригэр үрүҥ тыыннара быстыбыт:
Сиик буолан симэлийбит сахалар
Көмүс куйахтара, өргөстөөх батастара,
Бигэ тыллара илэ көстөргө дылы
Сиргэ тимирбит, халлааҥҥа көппүт,
Хаар саҕынньахтаах, таас дуулаҕалаах,
Киһи уҥуохтара өстөөх оноҕосторунуу
Салаҥнык адаарыччы хатаммыт.
Былыргы остуруок турбут очуоһугар –
Ол сахтан ыла баар баараҕай тиит
Үрдүк мындаатын чарапчыланан көрөбүн,
Тыҥабын толору салгыны ыймахтыыбын…
20:01:2018
Удской
БААРАҔАЙ ТИИТ
Н.Н. Иванов-Утучурга
Чумукааҥҥа, тумарыкка, халыҥ хаарга,
Кураанахсыйбыт алыыга, силлиэ тыалга,
Олоҥхо чиргэл, ньыгыл сэргэтин курдук,
Суос-соҕотох, кыырыктыйбыт баараҕай тиит
Көстөөх сиртэн дурда-хахха, куйах буолан
Лаамы кытылыгар турар, хоруол курдук…
Ойо охсуллубут сүгэ олугунуу
Алаастартан, Өлүөнэттэн, Сайсарыттан
Көҥүл салгын, итии дойду көрдөөн-суоллаан,
Үтүргэннээх үйэлэр арҕастарыгар
Үт сиригэр силис тарпыт саха дьонун
Тыынын маныыр баараҕай тиит ити үүммүт.
Көнө сиһин, бигэ төрдүн, модун сүрүн
Хаар силлиэлэр, муус толоннор, буурҕа тыаллар
Булгурутар, тулхадытар алыптарыгар
Хотторботох, бэриммэтэх баараҕай тиит
Лаамы байҕал кытылыгар, таас очуоска,
Сэргэ буолан, хоруол буолан турыыр-турар…
Чумукааҥҥа, тумарыкка, холорукка
Суос-соҕотох, кыырыктыйбыт баараҕай тиит
Ыраахтан көстөр, сыппах быһахтыы аалар!
22:01:2018
Чумукаан
ЛААМЫ БАЙҔАЛА
Кыһыҥҥы байҕал тоҥ долгуннарыгар
Үйэлээх чыпчылҕан уран үҥкүүтэ,
Кылыс биитин курдук кылбачыйар
Сытыы кыдьымах ойууругар
Эккирэтиһэ оонньуур мэник хаардар…
Күн аайы мунар-тэнэр санааларым
Күөрэ-лаҥкы барбыт, хас эмэ хос
Күөх байҕал мууһунуу барамматтар,
Лаамы сирилэччи үрэр силлиэтинии
Амалыйар олоҥхом хаһан да бүппэт.
Кытылга үүммүт сэдэх мастар
Кыра, хачаайы эрээри тулуурдаахтар,
Төһө да күн аайы тыал мускуйдар
Үйэ-саас хараҕар үүт ыктарбатах
Кыра омугум курдук бигэ ньыгыллар.
24:01:2018
Үт сирэ
***
Аныгы антенналарга хаптарбат,
Космос мындаатыттан көстүбэт,
Хайалар хапчааннарыгар муммут,
Тайҕаҕа, маарга быстан салҕаммыт,
Кыра-хара, отчут-булчут омугу
Киһи-хара оҥорбут олох суолунан;
Көҥүл Арассыыйаҕа холбоспотох,
Гулаг дойдутун хаартатыгар эрэ баар,
Хааһынаттан хааһы умналаспат,
Таҥара тугу биэрэринэн аһыыр-таҥнар,
Биир иччилээх, соҕотох киһилээх
Кистэлэҥ таас куораттар тастарынан;
Көрдөнөн баран барыһы аҕалбатах
Көһөҥө көмүстээх бириискэлэр,
Тутуллан баран туһаҕа тахсыбатах
Туга да суох кураанах собуоттар,
Аҕа дойдуну көмүскүүр аналлара
Арыллыбатах тутуулар аттыларынан;
Үс төгүл үрүҥ тыын өллөйүгэр,
Үс моһол моҕойо сонордуур саҕыгар
Үс хос туманынан саптан сүппүт
Үс саха өбүгэлэрим олуктарынан
Суол тэлэбин, суор буолабын,
Суох ситими мөчөкөлүү эрийэбин.
24:01:2018
Үт суола
ХААР ИСКУССТВОТА
Саха сирин дуоҕатыныы тэлибириир халлаан
Сарсыардааҥҥы алгыһыгар уйдаран
Хомурах устун хаамабын, хаар аптаах
Хоһоонун сүрэхпинэн истэбин.
Бу халтаҥ уонна киэҥ алыыга
Буурҕалар таҕылларын тарҕаталлар,
Силлиэлэр поэттары, композитордары үтүктэн
Симфониялары уонна поэмалары айаллар:
Хас эмэ хонукка тиритэ-хорута үлэлээн –
Хаар истигэнэ суох, өһөс, мэник кыырпахтарын
Саллааттыы хаамтаран, алмаастыы кырыылаан
Саргылаах айыы шедеврдэрин үөскэтэллэр.
Силлиэ уус илиитинэн ураннык нарылаан,
Сир омоонун, халлаан урсунун үтүктэн,
Үйэлээх үрүҥ өҥ сүүс толбонун оонньотон
Үргүүк кэрэни хам хараҕалаабытын сөҕөбүн:
Хаар үрүҥэ хараҥара сырдыырыттан,
Хаар архитектурата Эйфель башнятын тутарыттан,
Хаар биир тыаһыттан олоҥхо саҕылларыттан,
Хаар биир кыырпаҕыгар бүтүн куйаар батарыттан…
Халтаҥ, киэҥ алыыны болотуна оҥостон,
Халлаан таҥалайын, ый таманын,
Хайалар урсуннарын хатылыы үтүктэн
Хаарга ойуулаан хаалларбыт тыал маэстро…
Оҕонньор төбөтүнүү аас уонна тараҕай,
Ойуур уонна очуос эркиннээх киэҥ алыыга
Тибиилэр чыпчылҕан өйдөбүнньүктэрин айаллар,
Тимир чысхааннар олоххо оданы дьүһүйэллэр.
24:01:2018
Үт баһа