Муҥхалааһын былыр-былыргаттан саха дьонугар улахан суолталаах тэрээһин. Буолумуна даҕаны, Күөх Боллох күндүлээтэҕинэ муҥхаҕа сылдьыбыттар кыһыны быһа сиир балыктарын булуналлар. Аны, унньуктаах уһун кыһын иннинэ, дьону-сэргэни көрсөн элбэх сонуну истэҕин, көргө-нарга кыттан сэргэхсийэҕин. Манна эдэрдэр харахтарынан хайҕаһан, салгыы чугасаһан ыал буолаллара үгүс.
Бүгүн икки нэһилиэк дьоно мустан Көрдөрүүлээх Эбэни тардар Атыыр муҥхаларыгар аттаах, оҕустаах, сатыы дьон бөҕөтө эрдэттэн тоҕуоруһан, кэпсээн-ипсээн, хаамыы-сиимии дэлэйдэ. Кырдьаҕастар быһаарыыларынан, икки муҥха түһэр диэн буолла. Биир муҥха маннааҕы олохтоох Ньоонук Уйбаан киэнэ. Улахан иэннээх. Иккис муҥха, өссө Мадьалба Баайтан хаалбыт, ыаллыы сайдыылар тэриллэрэ. Табыллыбыт сырыылаах, киһи бөҕөтүн аһаппыт муҥха.
Биэрэ хороччу улаатан эрэр балтыныын Ааныскалыын мантан үс биэрэстэлээх Булгунньахтаах алааска баар балаҕаннарыттан хааман элэстэнэн кэллилэр. Аҕалара Дьаакып, бэрт холку киһи, эмиэ бэйэтин курдук нэс, адаарыйбыт муостаах саадьаҕай оҕуһунан дьиэтиттэн лаппа эрдэ хоҥнубута эрээри, оҕолорун кытта тэҥҥэ кэллэ. Дьаакып огдооботуйбута ыраатта буолан баран, кыргыттарбын туора дьахтар атаҕастыа диэн ойохтоммокко сылдьар. Майгытынан сытар ынаҕы туруорбат сымнаҕас киһи. Итэҕэһэ диэн таас дьүлэй, онон кэпсэтэргэр хаһыытаан саҥараҕын. Кини аа-дьуо лэппэрдээн муҥханы бэрийэ турар эр дьоҥҥо тиийэн холтуунуттан табах ылан сыҥсыйда уонна ытырдан «дар» гыннарда. Ити кэннэ аттыгар турар Дьабыдьаах Уйбаантан туох сонуннааҕын ыйытта. Киһитэ, дьаллыгырас бэйэтэ, хаһыытаан кэпсииригэр олуйтаран, биирдии тылынан тоһоҕолоон ону-маны кэпсии түстэ. Дьабыдьааҕын кэпсээнин төһөтүн истибитэ буолла, Дьаакып»һэ-һэ» диэн сэҥээрбитин биллэрэн баран муҥханы бэрийсибитинэн барда.
Дьахтар аймах нырыылыырга оҥостон, табыгастаахтык таҥнан-симэнэн, харахха быраҕыллар сиэдэрэй былааттары баанан киэргэнэн кэлбиттэр. Биэрэ аралыйбыт киэҥ харахтарынан дьон ортотугар Киэсэтин көрдөөтө. Биэрэлээх Киэсэ ыаллыы нэһилиэк ыччаттара буоланнар урукуттан билсэллэр. Быйыл сайын ыһыахха Биэрэ оһуохайдыы сырыттаҕына, Киэсэ киниэхэ кэккэлэһэ киирэн чэрдээх илиитинэн кини тарбахтарын сэрэммиттии сылаастык туппута. Оһуохай этээччи түмүктүүрүн кытта кинини солбуйан, чөллөркөй куолаһынан Саха Сирин кэрэ айылҕатын хоһуйан хотолдьуппутунан барбыта. Биэрэ сөбүлүү көрөр уолун куолаһа кэрэтиттэн, этэр тыла хомоҕойуттан оһуохай абылаҥар ылларан сиртэн көтөн эрэр турукка уйдарбыта. Ыһыах кэнниттэн Киэсэ кыыһы дьиэтигэр атаарбыта. Сир-дойду үрдүнэн үрүлүйэн турар үрүҥ түүҥҥэ, сэргэстэһэ хаамсан иһэннэр ис-истэриттэн аһыллан астына кэпсэппиттэрэ уонна мантан ыла билсиэх буолбуттара. Бу күнтэн ыла уол тоҕоостоох түгэн көһүннэр эрэ Биэрэҕэ биллэн ааһар. Кини өр соҕус кэлбэтэҕинэ кыыс суохтаан, суол төрдүн маныыр. Киэсэ анньыы сүгэн иһэрин көрөн, кыыс харахтара үөрүүнэн чаҕылыстылар. Уола мичээрдээбитинэн кэлэн илии тутуспуттарыгар, иккиэннэрин эттэригэр-сииннэригэр дьикти долгун илгийдэ. Кинилэр бу курдук төһө баҕарар туруох эбиттэр да, элбэх киһи баарыттан симиттэн илиилэрин араардылар. Киэсэ Биэрэҕэ: «Киэһэ муҥха кэнниттэн атаарыам», — диэбитигэр кыыс сөбүлэһэн тоҥхох гынна.
Ити сайыныгар уоттаах сэрии саҕаламмыта. Киэсэ, бастакы хомуурга ыҥырыы тутаат Биэрэтигэр кэлбитэ. Бэбиэскэҕэ “Өйүүн байаҥкамаакка баар буолаҕын”, диэн сурулла сылдьара. Биэрэ долгуйан сүрэҕэ мөхсөн ылбыта, санаатыгар доҕорун тохтотуохтуу, тапталлааҕын тарбахтарын ыга туппута. Онуоха уол кыыһын түөһүгэр ыксары тардыбыта уонна: “Биэрэ, холбоһон кылгастык да буоллар ыал буолан олорбоппут дуо? — диэн кулгааҕар эппитэ. Кыыс саҥата суох кэҕис гыммытыгар уураан ылбыта уонна иккиэн сиэттиспитинэн Сэбиэккэ тиийэн сайабылыанньа суруйаннар анал сурунаалга бэлиэтэммиттэрэ. Дьиэлэригэр төннөллөрүгэр үрэх кытылынан барбыттара, сибэкки олус хойуутук үүммүт этэ. Киэсэ, Таҥара Кийиитэ дьикти көстүү буолан, күн уотугар талаһан турарын көрөн тохтуу түспүтэ уонна — Биэрэ, бу сибэкки, сибэккилэртэн эрэ барыларыттан нарыннара, дьэрэкээннэрэ ээ. Мин кинини эйиэхэ холуубун, эн мин Таҥарам Сибэккитэ буолаҕын, — диэбитэ уонна кэргэнин таптыыр хараҕынан имэрийэ көрбүтэ. Эдэрдэр баара-суоҕа икки эрэ хонук эр-ойох буолар дьолун билбиттэрэ. Киэсэ сэриигэ барарыгар: “Биэрэ, мин хайаан даҕаны кыайыы көтөллөөх эргиллиэм! Эн Таҥара Кийиитэ үүнэн турарын көрдөххүнэ, миигин санаар! — диэбитэ уонна бүтэһигин уураан-сыллаан ылбыта.
Киэсэ фронтан ыытар үс муннуктаах суруктара: “Күндү киһим, Таҥарам Сибэккитэ…”, диэн тылларынан саҕаланаллара. Бүтэһик суругар Москва анныгар хабараан кыргыһыыга сылдьарын биллэрбитэ. Ол кэнниттэн ый курдугунан, — Эн кэргэниҥ сураҕа суох сүттэ диэн нүһэр биллэрии кэлэн, Биэрэҕэ тапталлаах кэргэнин уһуннук-унньуктаахтык күүтүү саҕаламмыта. Кэргэн буолар толору дьолун ситэри билбэтэх сүрэх, сайын аайы Таҥара Кийиитин, сорох сыл олох букатын сэдэхтик үүммүтүн да үрдүнэн, хайаан даҕаны булан көрсөрө. Сибэккитин кытта киһилии кэпсэтэрэ, таптыыр кэргэнин ахтан дьон көрбөтүгэр ытаан көхсүн кэҥэтинэрэ. Кинини кэргэн ылаары, киһи сирбэт дьоно хаста даҕаны ыйыттара сылдьыбыттарын сөбүлэспэтэҕэ. Хараҕар наар Киэсэтэ Таҥара Кийиитин аттыгар мичээрдии олороро көстөн кэлэрэ.
Сэрии бүппүтэ. Биэрэ сэрииттэн ким эмэ төннүбүтүн иһиттэҕинэ ол киһини көрсөн кэргэнин сураһаахтыыра да, доҕоро ууга тааһы бырахпыттыы мэлийбитэ. Анаан-минээн оройуон киинигэр киирэн, байаҥкамааттан Киэсэтин ыйыталаһара. Биир оннук сырыы кэнниттэн, санаата түстэр даҕаны, эрэлин кыымын сүтэрбэккэ сылдьан, маҕаһыыҥҥа тиийбитэ. Аан аттыгар илдьиркэй таҥас дуомнаах, этэ-сиинэ бар-баас буолбут, уончалаах уолчаан турарыгар хараҕа хатаммыта. Атыылаһааччылар сорохторо оҕоҕо ас бэрсэллэрэ, ону дьиэ күлүгэр киирэн сиирэ. Оҕо төһө даҕаны ырдар-дьүдэйдэр сытыы харахтара бэрт өйдөөхтүк чоҕулуһаллара. Биэрэ түспүт ыалыгар Айдаан Арамааннаахха эбиэккэ тиийэн, уолчаан туһунан сураспыта. Төгүрүк тулаайах сордоох эбит. Бииргэ төрөөбүт эдьиийигэр иитиллэ сылдьыбыта, сэлликтээн өлбүтэ сыл аҥара буолбут. Уолу бу күннэргэ оҕо дьиэтигэр ыытыахтаахтар үһү. Эбиэттэн киэһэ Биэрэ маҕаһыыҥҥа тиийэн ас атыылаһан уолу ыскылаат күлүгэр ыҥыран аһаппыта. Туос аччык уолчаан, аска икки илиитинэн түспүтэ. Онуоха Биэрэ, — эмискэ элбэҕи аһаан моһуогуруо — диэн, сөбүн көрөн тохтоппута. Ити кэннэ уолу аһыммыттыы көрө олорон бэйэтин билиһиннэрбитэ уонна аһаҕастык — Миэхэ оҕо буолуоҥ дуо? диэн ыйыппыта. Уолчаан Биэрэни дьэ сыныйан көрбүтэ уонна сөбүлэспитэ.
Дьэ, ол оҕо мин буолабын, — диэтэ дурдаҕа бииргэ олорор, саас ортолоох, уһуннук бииргэ алтыспыт киһим, элбэх судаарыстыбаннай бириэмийэлэр уонна наҕараадалар хаһаайыннара, хас даҕаны омук тылынан холкутук саҥарар үрдүк культуралаах, бөдөҥ Тутуу тэрилтэтин чаҕылхай салайааччыта Николай Егорович Дмитриев. Мин соһуйа истэн уларыйбыт сирэйбин-харахпын бэлиэтии көрөн, киһим кэпсээнин салҕаата — Икки соҕотохсуйбут дууһалар сөп түбэсиһэн бэйэ-бэйэбитигэр олус истиҥник сыһыаннаспыппыт. Мин аҕыйах хоноот, Биэрэни ис сүрэхпиттэн «ийээ» диэбитим. Ийэм миигин сууйан-тараан, саҥа таҥас кэтэрдэн, атын киһи оҥорбута. Оһох уотун суоһугар угуттуу-угуттуу анды арыытынан сотон, дириҥ баастарым килэриччи оспуттара.
Кини холкуоска ыанньыксыттыыра. Мин оскуолаҕа киирэн үөрэммитим. Ийэбин көрсүөхпэр дылы олоҕум наһаа ыараханнык ааспыта, ол туһунан кэпсээмиим. Ийэбэр махталбын туйгун үөрэхпинэн уонна дьиэ иһинээҕи-таһынааҕы туох үлэ көстөрүн барытын үмүрүтүһэн толуйа сатыырым. Ийэм аҕыйах кылаас үөрэхтээх эрээри, олус мындыр, сатабыллаах уонна ураты ыраас дууһалаах саха дьахтарын кэрэтэ. Ол иһин кинини дьон ытыктыыр. Улахан кыһалҕалаахтар кэлэн сүбэлэтэллэр. Онуһу бүтэрэр сылбар ийэм: “Төрөппүт дьоло диэн, олоҕун суолун солонор оҕону иитии. Билиҥҥи үйэҕэ үрдүк үөрэхтээх киһи олоххо далааһыннаахтык дьайар, онон эн үрдүк үөрэххэ киир. Мин доруобуйам олус куһаҕана суох, бэйэм олоруом”, — диэбитэ.
Дьиҥинэн, мин үөрэххэ киирбэккэ оробуочайдаан ийэбэр көмөлөһөр баҕалааҕым. Ийэм сүбэтин ылынан, тутуу инженерин идэтин баһылаан олоҕум суолун хайдах солоно сылдьарбын бэйэҥ көрөҕүн, — диэн баран атаһым саҥата суох дурда иннинээҕи уу урсунун көрө олордо. Онтон көхсүн этитэн баран, — Ийэм тапталлаах кэргэнин сэриигэ хайдах атаарбытын, Таҥара Кийиитэ сибэкки кини дьылҕатыгар туох оруоллааҕын туһунан мин таптыыр кыыспын Сардаананы билиһиннэрэ аҕалбыппар иккиэммитигэр кэпсээбитэ. Онтон ыла Сардаанабын Таҥарам Сибэккитэ диэн ааттыыбын. Эбэбитин сиэннэрэ, Сардаана уонна мин аҕыйах хонук көрбөтөхпүтүнэ олуһун ахтабыт. Эбэбит аһа минньигэһэ, киһини бэйэтигэр тардар тапталын сылааһа туохха даҕаны тэҥнэспэт. Ийэм барахсан, биир эмит киһини куһаҕан тылынан саҥарбытын баччааҥҥа дылы истэ иликпин. Кини олоҕун бүүс-бүтүннүүтүн мин киһи-хара буоларбар, дьиэ кэргэммит олоҕо дьоллоох буоларын туһугар анаата. Биһиэхэ соторутааҕыта үөрүүлээх сурах кэллэ. Соҕурууттан Аҕа дойду сэриитигэр охтубут буойуннар кырамталарын көрдөөччүлэр биһиги эһэбитин Москва уобулаһын Лужки дэриэбинэтин таһыгар булан уҥуох туппуттар. Ийэм долгуйуутуттан, хаһан даҕаны хараҕын уутун көрдөрбөтөх бэйэтэ, ытаан ылаахтаабыта. Сотору онно бараары Сардааналыын уонна улахан уолбутунуун Кешалыын тэринэ сылдьабыт. Таҥара Кийиитэ сибэкки үүннэҕинэ ону түөрэн илдьэн эһэбит уҥуоҕар олордуохтаахпыт. Оччоҕуна ийэбит санаатын ситиэ. Күндү киһибит үйэтин тухары харах харатыныы харыстаабыт ып-ыраас тапталыгар илдьитин тиэртэхпитинэ сатанар. Атаһым кэпсээнин биир да тылын сыыска түһэрбэккэ истэн олорон санаатым ээ: “Чугас сылдьар киһим туһунан билбэтим элбэх да эбит. Тоҕо эрэ, үрдүттэн саба быраҕан, Николай Егоровичка дьоллоох оҕо сааһы, үөрэх бастыҥын биэрбит кыахтаах төрөппүттэрдээх курдук толкуйдуурум. Онтукам баара атын буолла”. Киһи кэрэмэһэ, балыксыт, сааһыт бэрдэ Николай Егорович хаһан даҕаны ааспыт ыарахан олоҕунан суҥхарбат. Ол оннугар сырдыгы, кэрэни эрэ түстүүр киэҥ көҕүстээх. Ити иһин буолуо, олоҕор элбэх ситиһиини дабайдаҕа. Онно олук охсооччунан иһирэх ийэтэ Биэрэ буолара саарбаҕа суох.
Күн тахсан айылҕа уһуктан барда. Мин истибиппин испэр буһара, киһим кэпсээбититтэн чэпчээн, чуумпуран олордубут. Эмискэ күүстээх кынат тыаһа сирилии түһээтин кытары биэс анды сараадыспытынан субу тиийэн кэллилэр. Кэпсэтии быһыытынан, биэстэн элбэх анды кэллэҕинэ түһэрэн баран ытабыт, оттон биэстэн аҕыйаҕы — түһэрбэккэ эрэ. Мин бэйэм өттүнээҕи икки андыны ытыахпар дылы атаһым, аатырбыт тустуук буоларын өссө төгүл бигэргэтэн, үһү тэһиргэтээт сүр сылбырҕатык тыынан эрдинэн киирэн Байанай бэлэҕин сыа-сым курдук тутан таһаарда.
Егор Борисов – Буор Булгунньах