Аан күн “Алгыс” балаҕаныгар улуус баһылыга Айаал Бурцев, СӨ Ил Дарханын сүбэһитэ Георгий Никонов, нэһилиэк баһылыктара, тэрилтэ салайааччылара кыттыылаах 2025 сылга ыытыллар “Манчаары оонньууларын” тэрийиигэ сүбэ-саргы биэрэр сыаллаах аһаҕас кэпсэтии аһылынна.
Кэпсэтии түһүлгэтигэр 1999 сыллаахха Таатта улууһугар үрдүк таһымҥа ыытыллыбыт түөрт күннээх “Олоҥхо оонньууларын” тэрийсибит, оройуон баһылыгынан үлэлээбит Георгий Никонов тэрээһин кыттыылаахтарыгар сүбэ-саргы биэрдэ.
СӨ Ил Дарханын сүбэһитэ Георгий Никонов оччолорго саха норуотун “Олоҥхо оонньуулара” маҥнайгы спартакиадатын, бастакы Президенэ М.Е. Николаев кэлэн ыалдьыттаан, саха норуотун духуобунай лиидэрэ Д.К. Сивцев – Суорун Омоллоон успуорт оонньууларын арыйыытыттан саҕаламмытын сырдатта. Ол кэмҥэ дойду үрдүнэн үп-харчы уларыйар кэмигэр Ытык Тааттаны ааттатар улахан тэрээһини Георгий Никонов:
Олоҥхо оонньууларын” биһиги дьон-сэргэ өйөбүлүнэн кыайбыппыт.
диэн тус санаатын биллэрдэ.
Онно улууска үйэлээх өйдөбүл хааларын туһугар олимпийскай микрооройуон тутуллан, улуус хаһыатыгар ыҥырыы таһааран, нэһилиэктэргэ түөлбэлэринэн үлэни күүһүрдэн, улуус улахан тэрилтэлэрэ кылааттарын киллэрсэн, улахан өйөбүлүнэн кыайа-хото туппуттарын сырдатта.
Таатта улууһун тэрилтэлэрэ, нэһилиэктэринэн түөлбэ олохтоохторо түһээн быһыытынан анал бириистэри туруоран, сүдү көмөнү оҥорбуттарын билиһиннэрдэ.
Улууска успуорт сайдыытыгар өр кэмҥэ үлэлээбит Анатолий Мурунов үйэ чиэппэрэ анараа өттүгэр 1998 с. улууска Василий Эляков салайааччылаах саҥа ОДьКХ тэрилтэтэ тэриллэн, улахан үлэни тэрийэн, сүдү кылаатын киллэрбититтэн саҕалаата.
“Олоҥхо оонньууларын” спартакиадатыгар Таатта улууһуттан 72 спортсмен көхтөөх кыттыыны ылбыта. Онно успуорт араас көрүҥнэригэр Григорий Массаев, Роман Романов, Алексей Ушницкий, Петр Матаннанов, Ариан Северьянов, бэтэрээннэргэ Спиридон Суздалов, сахалыы многоборье Константин Кузьмин, Альберт Гуляев, Юрий Осипов, Андрей Тарабукин уонна Павел Платонов өрөспүүбүлүкэ рекордун олохтоон, бастыҥ көрдөрүүлэри көрдөрөн, уопсайа 14 мэтээли аҕалан улуус чиэһин көмүскээбиттэрэ.
Дьохсоҕон нэһилиэгин баһылыгынан үлэлээбит Михаил Архипов олохтоохтор көмөлөрүнэн суол кытыытын ыраастаан, спортсменнары олохтуурга бары усулуобуйаны тэрийэн, үгүс ыалдьыты көрсүбүттэрин сырдатта.
Ол курдук нэһилиэк олохтоохторо дэлэгээссийэлэри чааһынай ыалларга түһэрэн, ипподромҥа ат сүүрдүүтүгэр кыттар аттар отторугар тиийэ хааччыйан, ат сүүрдээччилэри түмсүүлээхтик көрсүбүттэрин бэлиэтээтэ.
Таатта улууһугар ыытыллыбыт “Олоҥхо оонньууларын” спартакиадатыгар ыалдьыттары олохтоох хаачыстыбалаах аһынан хааччыйыыга үлэлэспит “Таатта” ПК салайааччыта Владимир Иннокентьевич Кузьмин алаас сыалаах этинэн, минньигэс аһынан, сайыҥҥы арыынан, ыраас иһэр уунан хааччыйыыга эппиэтинэстээх үлэҕэ кылаатын киллэрсибитин билиһиннэрдэ.
Улахан тэрээһиҥҥэ аһы-үөлү бэлэмнээһин үлэтэ күһүҥҥүттэн саҕаланыахтаах, балыгы, булду хаһааныы эрдэттэн барарыгар сүбэ-саргы биэрдэ. Ону тэҥэ сонун сахалыы ас ыалдьыттар ортолоругар улаханнык биһирэммитин бэлиэтээтэ.
Таатта нэһилиэгин баһылыга Егор Павлов ырааһырдыы үлэтэ ыытыллар, успуорт эбийиэктэрэ бириэмэтигэр тутуллуохтара диэн туран:
“Таатта улууһа” МО баһылыга Айаал Бурцев тула түмсэн үлэлиэххэйиҥ.
диэн санаатын эттэ.
Уолбалар “Туймаада” түмсүүлэрин салайаасчыта Афанасий Имматулович:
Таатта улууһуттан кынат анньынан тахсыбыт, киэн туттар дьоһун урбаанньыттар бааллар. Кинилэри уонна анал түмсүүлэри кытта күүстээх үлэ ыытыллыахтаах.
Билиҥҥиттэн 2025 сылга ыытыллар “Манчаары оонньууларын” баннердарын оҥоруу үлэтэ эрдэттэн барыахтаах.
Билигин олохтоохтору, эдэр ыччаттары кытары ыкса ситимнээхтик үлэлэһэн, “Манчаары оонньууларын” пуондатын хаҥатыыга, “Халыма” Федеральнай трасса суолун оҥорууга туруорсуу үлэтин күүһүрдэргэ үлэ барыан наада диэн санаатын эттэ.
“Алгыс” саха балаҕанын түмсүүтүттэн Карл Христофоров:
Биһиги өрөспүүбүлүкэни хамсатан, сахалыы тыыны киллэрэн, Таатталыы тыыны киллэрэн, түмэр үлэни ыытыахтаахпыт. Билиҥҥи кэмҥэ улахан успуорт тэрээһинин ыытарга норуоту сонурҕатар саҥаны, сонуну киллэрии ирдэнэр. Успуорду тэҥэ култуура тэҥ вэрдиискэ туруохтаах. Аҕам саастаах көлүөнэ көмөлөһөргө бэлэм, ол курдук ыччаты эмиэ көҕүлээн, үлэни тэрийэргэ кыһаныахтаахпыт.
дьоһун санаатын биллэрдэ.
“Таатта улууһа” МО баһылыга Айаал Бурцев
История хатыланар. Ол курдук улууска ыытыллыбыт бөдөҥ тэрээһин норуот күүһүнэн, субуотунньук көмөтүнэн ыытыллыбыта. Онон историяҕа киирэр “Манчаары оонньууларын” тэрээһинэ үрдүк таһымҥа ыытыллыаҕа.
диэн тылларынан аһаҕас кэпсэтиини түмүктээтэ.
Источник: “Таатта” хаһыат телеграм-канала