В своем фейсбук Повелитель Холода Чысхаан Оймякон опубиковал интересное интервью автора сценария фильма «Пути великих свершений» Александры Боровиковой и Председателя Томпонского районного Совета депутатов, ветерана геологии Ильи Шадрина. Приведем его «как есть»:
Өймөкөөн улууһугар Никонов Георгий Дмитриевич салалталаах «Пути Великих Свершений» проект чэрчитинэн Москва куораттан документальнай киинэ устар биригээдэ кэлэн үлэлээтэ. Биһиги кинилэртэн бу үлэлэрин туһунан кэпсииллэригэр көрдөстүбүт:
— Үтүө күнүнэн!
Баһаалыста ханнык программаттан туох сыаллаах соруктаах кэлэн киинэ уста сылдьаргыт туһунан кылгастык сырдатыаххыт дуо?
— Үтүө күнүнэн!
Мин аатым Саша Боровикова диэммин.
Моя Планета телеканал шеф-редактора буолабын.
Моя Планета уонна Саха Республикатын дьаһалтата холбоһон «Пути Великих Свершений» диэн ааттаах сүрдээх улахан уонна интириэһинэй проект чэрчитинэн документальнай киинэлэр серияларын уста сылдьабыт.
Сыалбыт сорукпут диэн, маассабай телевизор көрөөччүлэргэ анаан олох судургу уонна тиийимтиэ тылынан биһиги дойдубут, бу аан дойдуга саамай улахан государства — Россия хайдах уонна туохтан саҕалаан төрүттэммитэй диэн олус интириэһинэй документальнай киинэ устан таҥан таһааран көрдөрүү буолар.
Биһиги киэҥ нэлэмэн сирдээх уоттаах дойдубут Россия, Сибиирэ, арктиката уонна Уһук Илин сирэ суох хайдах да билиҥҥитин курдук саамай улахан дойду буолуо суоҕа этэ.
Дьоҥҥо үксүлэригэр Сибиири, артиканы уонна Уһук Илин сирдэри барытын холбуу тутан Сибиир буолар диэн өйдөбүл баар. Биһиги саҥа тренд оҥорор сыаллаахпыт — дойдубут историятыгар саҥалыы уонна көннөрүтэ суох олус интириэһинэй көрүү хайысхатын саҥалыы тыыннаан таһаарыы.
История дьиҥ түгэҕиттэн сүһэн ылан, дойдубут саҥа сирдэрэ -территориялара хайдах арыллан, оҥоһуллан, таҥыллан тахсыбыттарын туһунан киэҥ эйгэҕэ кэпсээн көрдөрүү буолар. Биһиги сүрүн миссиябыт, дойдубут саамай улаатар, кэҥиир «итии» кэмнэрэ — географическай арыйыылар уон сэттис үйэҕэ баара суоҕа сүүрбэ, отут сыл иһинэн оҥоһуллубуттарын. Олус киэҥ сирдэри тэлии буолуталаабыттарын. Ол улуу арыйыылар бары чуолаан Дьоккуускай эрэ куораттан тирэҕирэн саҕаламмыттарын көрдөрүү.
Дьоккуускайтан супту үс хайысхаҕа айаннар аһыллыбыттара, ол курдук хоту, соҕуруу уонна илин, Тиихэй Океаҥҥа. Уон сэттис үйэҕэ анаммыт киинэбит бастакы сериятын уста сылдьабыт.
Бу сирдэр арыллыбыттарын кэннэ, салгыы кэлэр этаптарынан маннааҕы сирдэргэ дириҥ чинчийиилэр, үөрэтиилэр үлэлэрэ саҕаланыыларын, ол кэннэ нуучча омугун уонна сибиир, арктика, уһук илин сирдэр төрүт олохтоохторун кытары тэҥҥэ дьүөрэлэһэн олорууларын, араас култууралар алтыһыыларыттан, бэйэ бэйэни толорсууларыттан саҕалаан Россия бэйэтин Улахан Дойду, Улахан Култуурата хайдах чочуллан байан-кэҥээн сайдан тахсыбыта — ол аата Россия бу билиҥҥитэ хайдах баар буолбутун көрдөрүү.
— Өймөкөөн улууһа Россия хотугу илин эҥээр регионнара сайдыытыгар туох суолталааҕый, оруоллааҕый?
— Бастатан Өймөкөөн бэйэтэ оһуобай уникальнай дойду буолар. Хотугу полушарияҕа саамай тымныы оройо буоларын ааһан, Өймөкөөн сирэ почти*(сатанарынан тылбаастаарыҥ дии) континент киинэ буола сыыһарын туһунан манна сылдьыбатах дьон олох билбэттэр даҕаны. Саамай тымныы сир ханна эрэ хоту арктикаҕа дии саныыллар. Өймөкөөнү. Кырдьык, бу айылҕа биир таабырына буолар.
Аан бастаан Өймөкөөнү арыйбыттара. Дьэ ол эрэ кэннэ сүүһүнэн сыллар ааспыттарын кэннэ биирдэ Хотугу Полюска тиийбиттэрэ. Хотугу Полюһу аһа иликтэринэ Өймөкөөнү арыйыы бу пробнай хардыы курдук буолар. Хотугу сирдэри арыйыырга тымныыны сатаан тулуйабыт дуо диэн.
Дьоннор аан бастатан маннык ультра-тымныыга үөрэниэхтээхтэр. Дьэ уонна ол онтон үтүөтүн сүһэн ылынан кэрэни булуналлар. Маннык тыйыс дойдуга киһи кырдьык тымныыны ытыктыы, кини күүһүгэр сүгүрүйэ үөрэнэр. Уонна ханнык эрэ түгэҥҥэ ол онтон дуоһуйуу ылар эбиккин. Ол наһаа үчүгэй.
— Бу проеккытынан салгыы үлэҕит туһунан сырдатыаҥ дуо?
— Бу проекпыт аныгыскы серията Беринг улуу хотугу экспедициятын сырдатыаҕа. Бастакы арктическай экспедиция хайдах тэриллэн ыытыллыбытын, Беринг Азия уонна Хотугу Америка силбэһиилэрин хайдах көрдөөн булбутун туһунан көрдөрүөхпүт.
Өссө эбэн, Дьоккуускайга олорон эрэн тойон Миллер Беринг иннинэ бу силбэһиинэн Семен Дежнев айаннаабыт бэлиэтээһиннэриттэн суруйбутун туһунан эмиэ кэпсиэхпит.
Уопсайынан этэн аһарбытым турдук бу историческай фактары телевизорынан история учебнигын курдук буолбакка, көрөөччүгэ анаан олус судургу тылларынан уонна өйдөнүмтүө, көрөөччү хараҕын араарбат гына чахчы интириэһинэй уонна умсугутуулаах баай материаллаах документальнай киинэлэри оҥорон таһаарыахпыт.
— Дьэ, сэргэх кэпсээниҥ иһин улахан махтал! Үлэлэргит олус умсугутуулаах уонна ситиһиилээх буоллуннар.
Биһиги кэпсэтиибитин Саха Правительсватын аатыттан арыаллаһа сылдьар Томпо улууһун депутаттарын мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Шадрин Илья Семеновиһы кытта салгыыбыт:
— «Пути Великих Свершений» бырайыак уон сыллааҕыта Георгий Дмитреевич Никонов салайааччылаах тэриллибитэ. Биһиги Саха сиринээҕи Нуучча Географическай Уопсастыбатын аатыттан бу проект чилиэттэрэ буолабыт. Кини оччолорго Дальнай Востокка Саха сирин предстэбиитэлинэн үлэлиирэ. Зампред правительста этэ.
Бу проегынан хайа сах сэттэ туомнаах үлэ таҕыста. Биһиги бу проекка Россия хотугулуу илин эҥэр, ол аата Саха сирин сырдатыыга үлэлэһэбит. Эбэн этэр буоллахха Сахалин былыргыта Саха сирин губерниятыгар киирсэр этэ. Саха Илин диэн. Магадан эмиэ сахалар арыйбыт сирдэрэ. Маҕан Аан диэн, сахалыы аат. Ол курдук Охуотскай муора(Хабаравскай кыраай) кытылыгар баар Айан муораҕа тахсыы аартыга эмиэ сахалар биэрбит ааттара. Аны туран Красноярскай кыраайга — Дьэһиэй сиригэр баар билиҥҥи сахалар былыргы үгэстэри, абыычайдары биһигиннээҕэр харыстаан илдьэ сылдьаллар.
Саха сирин кытта кыраныыссалаһар соҕуруу уобаластарга уонна хоту, илин сытар Чукотка, Беренговай проливка тиийэ сахалыы ааттаах сирдэр-уоттар, үрүйэлэр-үрэхтэр ааттара олус элбэх. Бу барыта саха киһитин былыргы олоҕун, сырыытын кэпсиир ааттар. Биһиги түүр хааннаах көс өбүгэлэрбит Өлүөнэ, Аллан, Бүлүү, онтон да атын хотугу өрүстэр хочолорун баһылаан бу сиргэ олохсуйдахпыт. Бу манна барытыгар сылгылаах — ат көлөлөөх омуктар буоламмыт бачча киэҥ сирдэри тилэри тэнийдэхпит. Оччотооҕу Өймөкөөн дьоно-сэргэтэ хотугу экспедициялар саҥа сирдэри наукаҕа арыйыыларыгар сүҥкэн көмөнү оҥорбут дьон буолаллар.
Тоҕо диэтэргин ханнык даҕаны чулуу сэбилэниилээх, тэрээһиннээх, кыахтаах экспедициялар олохтоох дьон көмөтө суох бачча аһары кытаанах усулуобуйалаах дойдуга сатаан ырааппаттар.
Олохтоох дьон сири дойдуну билэллэрэ бэрт буолан, сирдьиттэр чулуулара кинилэр. Аны туран экспедиция айанын уйан, көтөҕөн айанныыр оччотооҕу ат уонна таба көлө барыта олохтоох дьонтон эрэ булуллар буоллахтара. Маннык чымаан тымныы дойдуга хайдах тыыннаах хаалар үөрэҕин эмиэ кинилэр үөрэттэхтэрэ. Суолу ииһи булларан, батыһыннаралларын ааһан бу сир дойду ааттарын, сэһэннэрин-номохторун туһунан аҕаларыттан, эһээлэриттэн истибит баай сэһэннэрин кэпсииллэрэ. Ол курдук экспедиция айанньыттара сиртэн хостонор баайы эмиэ олохтоох дьон кэпсээннэриттэн истэн, илдьэ сылдьар киэргэллэриттэн көрөн манна баарын сабаҕалаатахтара, буллахтара даҕаны.
Улуу айанньыттар, Семен Дежнев, Черскэй, Сергей Обручев онтон да атын айанньыттар олохтоох дьон көмөтүн туһунан олус истиҥник ахтан суруйбуттара. Кинилэр көмөлөрүнэн айаннарын тэлбиттэрин, бу кытаанах усулуобуйалаах тыйыс дойдуга тыыннаах ордубуттарыгар махталлара барыта ахтыыларыгар ырылыччы сурулла сылдьар. Онон түмүктээн эттэххэ, ханнык баҕарар улуу экспедициялар айаннара табылларыгар олохтоох дьон көмөтө сүҥкэн. Суолтата сөҕүмэр улахан.
— Илья Семенович, олус интириэһинэй ситэриигэр барҕа махтал!
Сэмэн Сивцев. Кэрэспэндиэн.