Суруйааччы Василий Егорович Васильев-Харысхал аатын төһө да эрдэ иһиттэрбин, кини айымньыларын кэрэхсээн аахтарбын, спектаклларын умсугуйан көрдөрбүн биһиги хойут билсибиппит.
Кини биһиккини «Улуу айаннар суолларынан» бырайыак тиксиһиннэрбитэ. Ол курдук, Дьокуускай–Айаан аартыгын үөрэтэр экспедициябыт тэрээһинигэр, иккиэммит доҕорбут поэт уонна музыкант, Олоҥхо театрын дириэктэрэ Виталий Власов билиһиннэрбитэ. Оччолорго Харысхал Олонхо театрыгар литература чааһын сэбиэдиссэйинэн үлэлиирэ. Биһиги тута эн-мин дэһэн, олох уруккуттан билсэр дьон курдук буола түспүппүт. Баай үөрүйэхтээҕинэн, былыргыны дириҥник билээччи быһыытынан уонна тус майгытынан даҕаны, Баһылай бу экспедиция кутунан-сүрүнэн, биир бас-көс киһитинэн буолбута. Онон бастакы экспедициябыт этэҥҥэ табылларыгар кини сүрдээх элбэҕи оҥорбута.
Бу кэмтэн ыла ыкса доҕордоһон, күн аайы кэриэтэ ватцап, телефон нөҥүө билсиһэ-алтыһа турар, араас боппуруоска өрүү санаабытын үллэстэр, сүбэлэһэр бэйэ-бэйэбитигэр тардыһар дьон буолан хаалбыппыт. Күннээҕи олоххо, үлэҕэ-хамнаска араас кыһалҕа, кыайтарбатах өрүт, араас санаа куруук элбэх. Аҕа доҕор, мунна кэрдиллибит айанньыт, баай үөрүйэхтээх чинчийээччи, мындыр суруйааччы ол аайы куруук туох эрэ этэрдээх, сүбэлиирдээх буолара. Бэйэтин да кыһалҕатын тэҥҥэ үллэстэн көхсүн кэҥэтэрэ… Баһылай аахпыта, билэрэ-көрөрө элбэҕэ, үлэлээбитэ, чинчийбитэ үгүһэ сөхтөрөрө. Киэҥ билиилээх-көрүүлээх буолан уруккуну-хойуккуну сытыытык уонна дириҥник ырытара. Билиҥҥи кэми, буола турар политиканы история сиэркилэтигэр сыһыары тутан анаарар, ыраҥалыыр идэлээҕэ.
Олох бары эйгэтигэр, ханна да сырыттаҕына кырдьык иһин туруулаһар принципиальнай майгылааҕа. Хаһан даҕаны «биһиги кыһалҕабыт буолбатах» диэн туора турбата, атаҕастаммыты, баттаммыты көмүскүүргэ дьулуһара. Ол чаҕылхай холобурун Айаан экспедициятыгар сылдьан, Хабаровскай кыраай Ньылхан бөһүөлэгэр буолбут нэһилиэнньэ мунньаҕар көрдөрбүтэ: Шпорт губернатор аһаҕастык төрүт олохтоох омуктар кыһалҕаларыгар сэнэбиллээхтик сыһыаннаспытыгар Харысхалбыт үрдүк сололоох тойонтон толлубакка оргуйан туран, уоттаах-төлөннөөх тыл этэн, модьуйан сыыһаны көннөттөрөн, соһутан турардаах.
Кыра да албыны, атаҕастабылы, бөрүкүтэ суох сыһыаны тулуйбата. Ол курдук, Амыр өрүс төрдүнээҕи экспедиция кэмигэр, Хабаровскай куораттан айаннаары сарсыарда эрдэ 5 чааска хостелга тиийбиппит, дьоммут хайыы-үйэ малларын тутан баран таһырдьа тураллар. Сураһан билбиппит: гостиница үлэһиттэрэ бөрүкүтэ суох сыһыаннаспыттарыгар Харысхал сөпсөспөккө эрдэ тахсыбыттар эбит…
Баһылай сырыыга, айаҥҥа аалын баһа чэпчэкитик хоҥноро. Онно сылдьан хаһан даҕаны сылайдым-элэйдим, эһинним-быһынным диэн үҥсэргээбэт, кырдьаҕаспын диэн чэпчэтии көрдөөбөт, норуот суруйааччытабын диэн үрдүктүк туттубат этэ. Айаҥҥа хата ким хайа иннигэр түһэн, бастакынан киирэн-тахсан, тирээн турар кыһалҕаным быһаарса охсубута эрэ баар буолара. Ол курдук, Амыр өрүс төрдүгэр сылдьан, эрдэ былааннамматах маршрутунан, Погиби тоҕойуттан Сахалин арыытыгар диэри, Сиэн Өкөрдүүн снегоходунан бэрт түргэнник бара охсон кэлбиттэриттэн, репортаж уста охсубуттарыттан олус сөхпүтүм. Ити айан кэмигэр Николаевск-на-Амуре куорат таһыгар 1937-38 сыллардааҕы репрессия сиэртибэлэригэр анаммыт мэҥэ тааска тохтообуппут. Харысхал үгэһинэн ким-хайа иннинэ түһэн, курданарыгар диэри халыҥ хаары кэһэн киирэн, испиэһэги барытын ааҕа охсон сахалыы ааттары, ол иһигэр бэл мин дойдубуттан Уолбаттан төрүттээх буолуон сөптөөх араспаанньалаах дьону булбута уонна тутатына: «Арааһа Пепеляев Саха сиринээҕи походун кэнниттэн манна кэлэн хаалбыт дьон быһыылаах», – диэн сабаҕалаабыта.
Айан кэмигэр кыра оҕо курдук тугу көрбүтүн, саҥаны билбитин барытын кэрэхсээн иһэрэ. Харысхал айылҕаттан дьиҥнээх дипломат этэ – боростуой норуоту, интеллигенцияны, араас таһымнаах салалтаны да кытта көрсүһүүлэргэ аудиториятыттан көрөн наһаа үчүгэйдик кэпсиирэ, өйдөнүмтүөтүк быһаарара, кинилэр санааларын истэрэ, тылын ылыннарара.
Кини экспедиция да кэмигэр тиһигин быспакка суруксуттуура – төһө да сылайдар-элэйдэр, аанньа утуйбатар хайаанда сарсыарда кыырай эрдэ, 4-5 чааска, туран ноутбугар бэчээттии олорор буолара. «Били баҕайы дьахтара бүгүн эмиэ кэлбэккэ суруйарга олус да эрэйдээтэ», – диэн күлэ-оонньуу кэпсиир уос номохтооҕо. Ол «били баҕайы дьахтара» дэнээччитэ суруйааччы үйэтин тухары үҥэр-сүктэр ымыыта – Музата этэ.
Дьиэҕэ-уокка, айаҥҥа да буоллун түргэн-тарҕан туттунуулаах, кыраны дап элбэх гынары сатыыр, судургуну да минньигэс, ураты оҥорор асчыт бастыҥа этэ: Өлөөнтөн аҕалбыт табатын этин бэрт түргэнник буһара охсоро, онтон убаһатын этэ, тоҥ балыга дьиэтигэр куруук баар буолара. Баһылай мэлдьи кэһиилэнэрэ, бэлэхтиир кинигэтин ханна да илдьэ сылдьар үгэстээҕэ. Өссө биирдэ Уһук Илиҥҥи федеральнай уокуруктааҕы Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоох бэрэстэбиитэлистибэтигэр саха аныгы суруйааччыларын улахан библиотекаларын түмэн, устудьуоннар ааҕалларыгар диэн ааттаан, бэлэхтээн турардаах.
Харысхал элбэх былааннааҕа. Ол курдук, саҥа дьиэтигэр, Маҕаннааҕы даачатыгар сытар бааараҕай архыыбын «икки КАМАЗ буолар» диэн ааҕара, үйэтин тухары мунньубут баай матырыйаала баппат буолбутуттан муҥатыйара уонна ону анаан ырытар, сааһылыыр баҕа санаалааҕын кэпсиирэ. Кэлин саҥа таас дьиэҕэ көһөн, ол сууйуутугар ыҥыран олорон: «Оо, эргэ мас дьиэм быдан ордук этэ», – дэтэлээбитэ, онно суруйарга, кэлэргэ-барарга хайдах курдук табыгастааҕын итийэн-кутуйан сэһэргээбитэ. Баһылай олоҕун тиһэх күннэригэр диэри: «Киинэбин бүтэрбит, ромаммын таһаарбыт, «Тыгын Дархан» киинэ кыайыытын көрбүт киһи», – диэн ыралааҕа, үгүс-элбэх түбүк-садьык ортотугар сылдьыбыта…
Сахатын сирин, Амматын дьиҥнээхтик, күүскэ таптыыра, төрөөбүт дойдутун улахан патриота этэ – ону олоҕун тиһэх суолугар төрүт түөлбэтигэр да тиийбитэ кэрэһилиир…
Хаарыан киһибит Харысхал – дьиҥнээх норуот суруйааччыта, айар үлэтин үөһүгэр сылдьан биһиги кэккэбититтэн туораан күүскэ соһутта. Кини килбиэннээх аата айымньыларын нөҥүө төрөөбүт норуотугар хаалан, кинини өрүү саната туруо, дьыл-хонук аастаҕын аайы айымньыларын суолтата өссө үрдүө, уруккуну, билиҥҥини, кэнэҕискини өйдүүргэ төһүү күүс буолуо. Доҕорбут, норуот суруйааччыта Баһылай Харысхал саха норуотугар хаалларбыт бэлиэ суолун-ииһин, кэм-кэрдии аастаҕын аайы өссө үрдүктүк сыаналыахпыт, саҥаттан өйдүөхпүт диэн итэҕэйэбин.
-
Историко-этнографическая экспедиция “Пути Великих Свершений” 28.02.2017 – 06.03.2017 в г.Николаевск на Амуре
Автор: Пути великих свершенийАвтор: Пути великих свершенийС 28 февраля по 6 марта 2017 года в Хабаровском крае по маршруту Якутск- Хабаровск -Николаевск-на-Амуре – Советская Гавань прошла историко-краеведческая автомобильная экспедиция проекта «Пути великих свершений», организованная Постоянным представительством Якутии …
-
Экспедиция “Пути великих свершений. Якутск – Усть Мая – Нелькан – Аян 2016”
Автор: Пути великих свершенийАвтор: Пути великих свершенийЭкспедиция была посвящена 100-летию образования Якутской АССР. По пути следования участники посетили села Нелькан, Аим, Джигда и другие, где был собран уникальный исторический материал по истории Якутско-Аянского тракта, поселений, сел. …