Егор Егорович Борисов – Арассыыйа Федерациятын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын туйгуна, СӨ үтүөлээх бырааһа, мэдиссиинискэй наука доктора, Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаатын чилиэнэ, суруйааччы.
Олоҕу уһатыы
Сүрэҕим чопчута,
Кыракый сиэнчээним
“Эһэкэм, хаһан да
Өлүмээр дуу” – диэтэ.
Этиитин чиҥэтэн
Сылаастык сыллаата,
Илиитин сыыһынан
Хам кууһан долгутта.
Үөрүөхпүн, ытыахпын
Билбэттик соһуйан
Сааһырбыт сүрэҕим
Ньүөлүйэ мөҕүстэ.
Чаҕаарар, чуопчаарар
Олоҕум салҕыыта,
Эн хантан билиэҥий –
Өлөртөн куоппаты.
Хомоппот туһуттан
Күндүбүн харыстаан –
Өлүүнү кыайарбын
Оҥорон кэпсээтим.
Эрэлгин толорон,
Сэнэхтик дьаһанан,
Олоруом уһуннук
Кэнчээрим туһугар.
Үрүйэм
Чурулуур, дьурулуур
Мэникчээн үрүйэм
Оҕочоон саастарым
Оонньоһор аргыһа.
Сааскы күн уотунуун
Сырсарбыт сыһыыга,
Сэбирдэх ааллары
Сүүрдэрбит сүүрүккэр.
Эн куруук оҕоҕун
Сытыыгын, ырааскын
Онтон мин сааһыран
Уоһунна омунум.
Түүн түһээн суунабын
Эн ыраас уугунан,
Бырдааттыы ойобун
Баҕабын ханнара.
Хаарыаннаах доҕорум
Харгыска хаайтаран
Халыйар буолумаар
Хараарбыт хаспахха.
Дьикти түгэн
Кырыанан сууламмыт
Тырымнас харахтар
Сүрэхпин уулларан
Сүргэбин туттулар.
Кыһыҥҥы кыысчааным
Кылыҥкай күлүүтэ
Кыымнары сандаардан
Кыыдааны кыйдаата.
Кыс хаарым чөмчүүгэ
Саҕылла чаҕыллан
Күн уотун көбүөрүн
Көөчүктээн көрдөрдө.
Олохтон үөрүүтүн
Толору ыймахтаан
Утахпын ханнаран
Ураннык дьоллоннум.
Махталым эйиэхэ
Томороон тымныыбыт
Торулуу кымньыылаан,
Толкуйдуур дьоҕуру
Тобулар дьоҕурдаах.
Өҥүрүк куйааспыт
Өһөстүк хатаран,
Өлбөөрбөт тулууру
Өргөстүүр кыһалаах.
Кыһыҥҥы күннэрбит
Кырыымчык уоттара
Күлүмнүүр сырдыгы
Күндүкэй тыынныыллар.
Маҕан хаар суорҕаммыт
Маанылыы бүрүйэн,
Мэник саас үөрүүтүн
Маардарга чаҕаардар.
Чысхааннаах тыалларбыт
Чыһыыра курбуулаан,
Чаҕылхай дьулууру
Чочуйар аптаахтар.
Куугунуур кымаарым
Кутуллар тойуга,
Кыраҕа кыһаммат
Киэҥниирэ көҕүстүүр.
Дойдубут тыйыһа
Дьоһуннук сыымайдаан,
Дьон-аймах бастыҥын
Дьаныһан ууһатар.
Махталым эйиэхэ
Мин Сахам Сиригэр,
Мичийэр, чаҕыллар
Минньигэс ыырдарбар.
Олох диэн – охсуһуу олгуйа
Күн уотун күлүмүн оҕото
Кырачаан, нап-нарын ньургуһун
Аарыма тиит маспыт тэллэҕэр
Нуоҕайа, наскыйа үүммүтэ.
Айылҕа уһуктар дорҕооно
Дьурулуу, чаҕылла кутуллан
Күөх халлаан сандаарар дуолугар
Кыталык ырыата дайбыта.
Иэйииттэн тэтэрбит сибэкки
Тиит маска кистэлин этээри –
Сиккиэр тыал тыыныгар уйдаран,
Үҥкүүлүөх доҕоччуок, – диэбитэ.
Соҕотох, сорсуйбут киил маспыт
Тапталы көрсүбүт дьолуттан
Кырачаан сибэкки иннигэр
илбиктик хоҥкуйан турбута.
Эмискэ халлаанны хайытан,
Алдьархай аргыстаах холорук
Ньургуһун кыысчааны сууһара
Таҥнары сатыылаан түспүтэ.
Хоһуун тиит тапталын көмүскээн
Күөнүнэн хаххалыы турбута,
Хабараан мускууртан эчэйэн
Лабаата тоһута барбыта.
Номоххо кэпсэммит Ньургуһун
Доҕорун баастарын оһоро
Хараҕын уутунан сууйбута,
Алгыстаах ааннары аспыта.
Олох диэн – охсуһуу олгуйа,
Кыайаллар өйдөөхтөр, күүстээхтэр.
Ол иһин кытаанах санаанан
Кынаттан олоҕуҥ суолугар.
Саҥа Дьылбыт кэһиитэ
Оҥоойуктаах оҕо сааспар
Тымныы-Моруос оҕонньор
Кистэлэҥҥэ сууламмыт
Кэһиитинэн үөрдэрэ.
Олох кэмин ааҕааччы
Кырыа хаарым дэлэйэн
Ыра санаам дьадьайда,
Абылаҥа ахсаата.
Хата, сиэним баҕатын
Таайбараҥын таайаммын,
Харыйабыт анныгар
Уйалыыбын дьиктини.
Сандаар-сандаар харыйам
Остуоруйа уотунан,
Дьоллоо оҕо аймаҕы
Чаҕаарыччы күллэрэн.
Үрүҥ көмүс сүүмэхтэр
Үрүҥ көмүс сүүмэхтэр
Үксээбиттэр төбөбөр,
Ити олох очурун
Хаһыҥнара хаарыйан
Сууйуллубат солотуу
Сурааһыны тарпыттар.
Дьылҕа кылаан кырыытын
Тостубакка туорааммын,
Айыыһыттаах, Иэйэхсит
Кырыа манньа анньаннар
Сүкпүт хаарбын аахтаран
Киэргэппиттэр чанчыкпын.
Көмүс күһүн ыалласпыт
Күрэҥсийбит көрүҥнээх
Айыы аймах оҕото,
Очуос тааска ыттаммын
Эриллибит тиит мастыы
Кииллийэммин турабын.
Өссө киэһэ буолбатах
Айан суола дыргыллар,
Ыраах көстөр саҕахтар
Көөчүктүүрдүү көстөннөр
Уйулҕабын уйгуурдан
Угуйаллар уҥуорга.
- Егор Борисов-Буор Булгунньах хоһооннороЕгор Егорович Борисов – Арассыыйа Федерациятын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын туйгуна, СӨ үтүөлээх бырааһа, мэдиссиинискэй наука доктора, Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаатын чилиэнэ, суруйааччы.
- Егор Борисов-Буор Булгунньах “Үт сирэ”Биһиги Учур сис хайаларын быыстарынан Үт сиригэр баран иһэбит. Былыр, нууччалар кэлиэхтэрин быдан иннинэ, манна биһиги өбүгэлэрбит олохтоох омуктары кытта эйэ-дэмнээхтик ыаллаһан…
- Егор Борисов-Буор Булгунньах – Таҥара кийиитэ (кэпсээн)Муҥхалааһын былыр-былыргаттан саха дьонугар улахан суолталаах тэрээһин. Буолумуна даҕаны, Күөх Боллох күндүлээтэҕинэ муҥхаҕа сылдьыбыттар кыһыны быһа сиир балыктарын булуналлар. Аны, унньуктаах уһун…
- Егор Егорович Борисов – Буор Булгунньах. “Олох күөртэһиитэ” (Кэпсээн)Адьырҕа, арҕаҕар хаар уута киирбитигэр, аанын бүөтүн аста, төбөтүн таһырдьа быктарда. Кыһыны быһа сырдыгы көрбөтөх кыараҕас харахтара сааскы чаҕылхай күн уотуттан саатаннар, симириктээтэ. Дьаардаах арҕахха тууйуллубут кыыл, ыраас салгыны түөһүн муҥунан утаппыттыы ыймахтаан, мэктиэтигэр туймаарыйан ылла.
- Егор Егорович Борисов – Буор Булгунньах. “Соҕотохсуйуу” (Кэпсээн)Иккис Ылдьыын ардаҕа үһүс хонугун, муора быыстаан, ибиирэ турар. Ардахтаан оттообокко, дьиэбэр олорор иллэҥ киһи, түннүгүнэн, тэлгэһэбитигэр үүнэн турар соҕотох тииккэ, кырдьаҕас тураах сохсоллон олорорун, көрөбүн. Ити тураах, быйыл оскуола хочуолунайын турбатыгар сыстан кыстаата. Арааһата, соҕуруу көтөн тиийэр кыаҕа суоҕун билэн, күһүн бараахтаабатах буолуохтаах.