Текст: Ulus.media
«Улуу айаннар суолларынан» бырайыак олус улахан уонна кэскиллээх дьыаланы ылсан олоххо киллэрэ сылдьар. Ол курдук, Россия судаарыстыбата ааспыт үйэлэргэ Илин Сибиир, Уһук Илин, Евразийскай континент хоту-илин өттө, Аляска уонна Хотугу Америка Арҕаа кытылын баһылаабытын туһунан историческай чахчыларга олоҕуран, Саха сиригэр автономия төрүттэммитэ 100 сылын туолуутугар анаан хас да чаастаах киинэни устан таһаарар былааны ылынан, күн бүгүн олоххо киллэрэн эрэр. Аҥардас итинтэн көстөрүнэн, бу олус улахан, киэҥ далааһыннаах үлэ буолара күүтүллэр.
Муус устар 18 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэбитигэр автономия төрүттэммитэ 100 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүн көрсө Георгий Никонов салайааччылаах «Улуу айаннар суолларынан» диэн история уонна география хайысхалаах бырайыак бөлөҕө, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрин дьүүлүгэр историческай докумуоннар чахчыларыгар олоҕурбут, соторутааҕыта сүрэхтэммит саҥа киинэтин билиһиннэрдэ.
Бырайыак бөлөҕүн салайааччыта Георгий Никонов суруйааччыларга анаан таһааран көрдөрбүт киинэлэрэ бырайыак маҥнайгы кэрчигэ буолар. Киинэни Саха сирэ ааспыт үйэлэргэ Уһук Илин сайдыытыгар оруолун чопчу тиһиликтээн, XVII үйэ маҥнайгы аҥарыгар нуучча омугун сиринэн уонна уунан аатырбыт айанньыта, казак Семен Дежневунан сирэйдээн, «Дойти до края» диэн ааттаан, оҥорон таһаарбыттар.
Киинэҕэ 52 мүнүүтэ устата нуучча омуга Саха сиригэр кэлиитин уонна айанньыттар салгыы 40 сыл устата дойдубут хоту өттүн тутуһан, Чуумпу акыйаан кытылынан кыйан Чукоткаҕа тиксэн, онтон историяҕа киирбит аатырбыт быһыыларын муора кыылын аһыытыгар балысханнык тайаныахтарыгар диэри олус интэриэһинэйдик кэпсэнэр. Семен Дежнев аатынан биллэр тумус (мыс Дежнева) историята көрөөччүгэ кэрэхсэтэр гына арыллар.
Ол курдук, киинэни көрөөччүлэр бары түмүстүлэр уонна чуумпуран олорон санааларынан түөрт үйэ кэриҥэ төннөн тиийэн, умсугутуулаах устууну көрдүлэр.
Киинэ кэннэ бырайыак бөлөҕө эбии устар үлэлэрэ хайдах барбытын, киинэҕэ үлэлээбит «Моя планета» телеканаал састаабын санаатын туһунан анал устууттан билистилэр. Киинэҕэ дойдубут айылҕатын икки уратытын хабан, о.э. өҥүрүк куйаастаах сайынын киллэрэн уонна биллэн турар тыйыс кыһыммытынан чиҥэтэн уһулбуттар. Онон, бүгүҥҥү күн ыҥырыылаах ыалдьыттара, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрэ киинэ туһунан санааларын истиэххэйиҥ.
Наталья Харлампьева – сойуус бэрэссэдээтэлэ:
— Бастатан туран, Георгий Дмитриевич өссө Хабаровскай кыраайга үлэлии олорон, анаммыт эбээһинэһиттэн эбии тэнийэн, дойдутун туораттан уратытык көрөн сыаналаан ылсыбытын иһин ис сүрэхпиттэн махтанабын! Кини саха омуга бэйэтин ытыктанарыгар, историятын дириҥник билэригэр, Россия олохтооҕун быһыытынан үрдүктүк туттарыгар улахан духобунай ис хоһоонноох үлэни оҥордо диэн сыаналыыбын.
Мин бу күннэргэ Софрон Петрович Данилов 100 сылын бэлиэтээри бэлэмнэнэ, дакылаат суруйа сылдьан, кини 1988 сыллаахха «Правда» хаһыакка «И только правда нам ко двору» диэн ааттаах интервью биэрбитин булан аахтым. Софрон Петрович ол интервьютугар саха омуга нуучча казактарын кытары иллэһэн-бодоруһан, кэлиилэр маннык киэҥ территорияны баһылыылларыгар олохтоох омук төһүү күүс буолбутун туһунан ханна да ахтыллыбат диэн санаатын этэн ааспыт эбит.
Оччолорго маннык саҥарар биллэн турар улахан хорсун быһыы буоллаҕа. Ол аата оччолортон саха интеллигиэнсийэтэ, бас-көс дьоно итинник толкуйдууллар эбит диэн санааҕа кэлэбит. Ону дьэ, оннук санаанын Георгий Дмитриевич билигин олоххо киллэрэн, олус сэргэх истээх-тастаах, дьоһун тутуллаах кинигэ бөҕөтүн таһааран, үлэ үтүмэнин ыытта, ыыта да сылдьар. Кини бу ылсыбыт үлэтигэр тиһиликтээхтик киирэн, бэйэтин тула олус интеллектуальнай уонна чахчы интэриэстээх дьону түмэн үлэлиир.
Тус бэйэм сыаналааһыммынан киинэ табыллыбыт дии санаатым уонна өрөспүүбүлүкэбитигэр автономия төрүттэммитэ 100 сылыгар дьоһун бэлэх буолбут диэн санааҕа кэллим. Цивилизация диэн өйдөбүл баар. Саха омуга хайдах маннык хоту дойдуга тыыннаах хаалаарга үөрэнэн, итинник кэлии дьону бэйэлэригэр сыһыаран, маннык киэҥ сири баһылаабыттарын туһунан өссө да дириҥник үөрэтэр тоҕоостооҕун туһунан саныыбын. Георгий Дмитриевич үлэтигэр улаханнык сүгүрүйэбин уонна аҥардас үлэтигэр көрсөр тэрээһинин боппуруостарын сатабыллаахтык быһаарарын сөҕөбүн!
Гаврил Андросов — «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ:
— Бу киинэни көрө олорон Саха сирин туһунан уус-уран айымньы ханнык баҕарар көрүҥэр, холобура литератураҕа буоллун, киинэҕэ буоллун, ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоҕа дойдубут киэҥ сирин өйдөбүлүн биэрэр, сылдьыбатах дьон хараҕын арыйарга чахчы маннык матырыйааллар наадалар эбит диэн санааҕа кэллим.
Бу киинэҕэ олохтоох дьон, Георгий Дмитриевич кыттыспыттара Саха сирэ олус киэҥ, нэлэмэн иэннээҕин көрө олорор киһи эндэппэккэ өйдүүр. «Улуу айаннар суолларынан» бырайыак биһиги сахалар 4 үйэ тухары Россия государствотын иһигэр нууччалары, татардары, Поволжье, Кавказ, уо.д.а. омуктары кытары алтыһан олорон кэллэхпит.
Сахалар Россия империятын састаабыгар киириилэрэ, урукку өттүгэр геннай өйдөбүллээх быһыыларын көрдөрөр. Ол иһин кинилэр нуучча судаарыстыбатыгар түргэнник киирэн, «биһиги бу судаарыстыба сорҕотобут» диэн өй-санаа олохсуйар. Сахалар Россия Уһук Илининэн Чуумпу акыйааҥҥа тахсыытыгар суол солообуттара, ааны арыйбыттара диэн кыраайы үөрэтээччи, суруйааччы, суруналыыс быһыытынан үөрэтэр киһиэхэ тус бэйэбэр оннук көстөр дии саныыбын.
Георгий Дмитриевич бырайыактарыгар итинник көстүү эмиэ биир сүрүн сурааһын быһыытынан киирэ сылдьар диэн көрөбүн. Бүгүн көрбүт киинэбит саха норуотугар, саха интелигиэнсийэтигэр, саха суруйааччыларыгар анааран көрүү өйдөбүллэрин тиэрдиэхтээх. Ол эбэтэр бу 4 үйэ устатыгар икки норуот бэйэ-бэйэбитигэр туох үчүгэйи, куһаҕаны бэристибит, тугу ситистибит диэн толкуйдаан анааран көрөргө уонна салгыы олохпутун хайдах гынан табатык салайыныахтаахпыт туһунан ырыҥалыахтаахпыт.
Хас биирдии үйэ, хас биирдии быыһык кэм бэйэтэ тирээн турар араас кыһалҕалаардаах, соруктардаах, ону ол ындыыны хайдах сүгэн иннибит диэки айаннаан иһэрбит туһунан толкуйдатыахтаах. Онтон биһиги инники кэскилбит тутулуктаах.
История кэрчигиттэн көрөр буоллахха, үтүө холобурунан 100 сыл анараа өттүгэр бэйэлэрин кэмин ындыыларыгар таба тайаммыт Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов Ярославскайдаах куруһуоктарыгар сылдьан, большевик буолан Саха автономнай Өрөспүүбүлүкэтин тэрийиилэрэ бу туоһута дии саныыыбын. Онон, бу бырайыак салгыы өссө дириҥээн, дойдубут историятын кэрэһэлиир өттө эбии кэҥээн иһиэн баҕарабын. Георгий Дмитриевичка уонна «Улуу айаннар суолларынан» бырайыак бөлөҕөр бүгүҥҥү кэрэ бэлэхтэринэн махтал тылбын этэбин!
Владислав Доллонов – «Полярная звезда» сурунаал бас эрэдээктэрэ:
— Георгий Дмитриевич үлэтин сүнньүнэн – Россия Чуумпу акыйааҥҥа тахсарыгар Саха сирэ бигэ тирэх буолбутун туһунан дьон-норуот киэҥ араҥатыгар таһаарыы, билиһиннэрии буолбута. Дойдутун историятын, чуолаан улаҕа өттүн үгүс киһи ситэ билбэт. Ону билиҥҥи сайдыылаах үйэ тэтиминэн историяны маннык киинэ оҥорон таһаарыы улахан кыайыы, үйэлэргэ хаалар – күндү бэлэх.
Историктар этэллэринэн, саха олоҕо-дьаһаҕа уларыйыытыгар Россия судаарыстыбата сүрдээх улахан оруоллаах. Онтон сахан эмиэ, бу иннинэ ахтыллыбытын курдук нуучча омуга Чуумпу акыйааҥҥа тахсарыгар улахан төһүү күүс буолбут. Ол курдук, оччолорго даҕаны бу икки омук бэйэ-бэйэлэригэр хардарыта көмөлөһөн, олох араас эйгэлэригэр санныларыттан өйөһөн сырыттахтара. Историябыт бу өрүтүн туһунан норуокка киэҥник таһаарбыт киһинэн медицинскай наука дуоктара, профессор Михаил Афанасьевич Тырылгины ааттыыбын.
Кини «Истоки феноменальной жизнеспособности народа Саха» диэн кинигэтигэр бүтүн биир балаһаны саха норуота нууччалар Чуумпу акыйааҥҥа тахсан Россия улуу державата буолалларыгар киллэрбит кылааттарын туһунан суруйан турар. Онон, Георгий Дмитриевиһы туруоруммут улахан үлэҕит киинэтин көрүҥэ маҥнайгы кэрчигэ ситиһиилээхтик ситэн тахсыбытынан эҕэрдэлиибин!
Иван Ушницкай:
— Георгий Дмитриевич чахчы улахан үлэни ыыта сылдьарын иһин барҕа махтал! Кини бу киинэтин иннинэ 6 туомнаах кинигэни хомуйан, бэчээттээн таһаарда. Георгий Дмитриевич Хабаровскайга үлэлии сырыттаҕына үлэм сүнньүнэн онно ыалдьыттыы сылдьыбыттаахпын. Онно Хабаровскай куоратыгар олорор сахалар ыһыахтаан турардаахпыт. Ол кэннэ биһи омукка үгэс буолбут тэрээһиммит туһунан Хабаровскай кыраай хаһыатыгар суруйан тураллар.
Георгий Дмитриевич онно, чахчы Наталья Ивановна ахтыбытын курдук кэлбит-барбыт биир дойдулаахтарын истиҥник-иһирэхтик эрэ көрсөрүнэн таһымнаммакка, кини норуотун культуратын, омук быһыытынан уратытын туһунан улаханнык көрдөрбүт киһи буолар. Онно бэйэм бэлиэтээн көрбүппүнэн кини, сахалар урукку өттүгэр Хабаровскай кыраайга хаалларбыт суолларын-иистэрин, ааттарын туһунан интэриэһиргиир уонна үөрэтэр эбит этэ.
Мин санаабар бу маннык киинэни атын омук киһитэ оҥорбута эбитэ буоллар, ис тутула быдан атын, саха норуотун историята, оччотооҕу кэмҥэ суолтата атыннык көстүө эбитэ буолуо?! Ол иһин Георгий Дмитриевич саха киһитэ буолан туран бэйэтэ ылсан үлэлээбитэ эбии кэрэхсэбили үөскэтэр, сахаларга болҕомто үөскүүрүн түстүүр. Мин бу киинэ билигин олус тоҕоостоох кэмҥэ ситэн-хотон таҕыста дии саныыбын уонна маннык сүҥкэн бэлэх туппуппутунан бүтүн саха норуотун ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Анатолий Слепцов:
— Ааспыт сыл сайыныгар Владивосток куоракка сылдьан, Георгий Дмитриевич таһаарбыт хас да туомнаах, 8 киилэ ыйааһыннаах кинигэлэрин бэлэх тутан, букатын улахан кылаакка тиксибит киһи курдук сананан, таһаҕаспын сыа-сым курдук бигээн дойдубар илдьэ кэлбитим. Ити кинигэлэр таҥыллан оҥоһуллуулара олус дьоһун буолан биэрбитэ.
Онтон аны билигин киинэтэ күн сирин көрдө. Биир бэйэм 50 сааспар кэлэн баран Сахабыт сирин иэнэ хайдах курдук киэҥин өссө да саҥа билэ сылдьабын. Киинэҕэ үлэлээбит сирим Халыма дойдута көстөрө, дьиҥ салгынынан ил гынан ааһарын кэриэтэ. Аны биир дойдулаахтарбын Таатталары көрөн эбии астынным, үөрдүм. Бырайыак быһыытынан киинэ салгыыта хайаатар даҕаны уһуллуон наада эбит дии санаатым. Сахалар чахчы историябыт балай даҕаны киэҥ, кэрэһэлиир кэрчиктэрэ дэлэй.
Аҥардас Э.К. Пекарскай тылдьытыгар сигэнэн, турок омугун XX үйэтинээҕи аҕа баһылыга Кемаль Ататюрк норуотун тылын сөргүппүтүн туһунан ахтан, саха омуга тас дойду таһымыгар норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыыларын эмиэ көрдөрүөххэ сөп эбит диэн санааҕа кэллим. Георгий Дмитриевич ылыммыт улахан соруга барыта ситиһиилээхтик баран, олохтоох дьон өйөбүллэринэн бигэнэн, кэмигэр баар буолуо диэн эрэнэбин. Саха сиригэр автомномия төрүттэммитэ 100 сылыгар сүрдээх улахан, дьоһун бэлэҕин иһин барҕа махталбын этэбин!
Иван Осипов:
— Бастатан туран Георгий Дмитриевиһы маннык сүҥкэн улахан суолталаах, үтүө бырайыкка ылсан үлэлии сылдьарын иһин эҕэрдэлиибин. Сахабыт сирин историята бу киинэни кытары эдэр ыччакка тилиннэ диэн этиэм этэ. Ол аата дойдубут историята байда уонна оннун булла. Эдэр оҕо билигин саха уонна нуучча икки ардыгар сибээс хайдах олохтоммутун туһунан анаарар, өйдүүр кыахтанна.
Билиҥҥи олох кыаҕынан ютуб уо.д.а. араас көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэлэр нөҥүө, атын омуктар биһиги дойдубут историятын туһунан билэр кыахтаналлар. Киинэ тиэхэниичэскэй өттө эҥин олус табыллыбыт диэн сыаналаатым. Оператор үлэтин киһи биир кэм кэрэхсээн көрө олорор. Дойдубут кэрэ айылҕатын көрөр олус үчүгэй.
Ол курдук киинэни көрөн наһаа үөрдүм, олус астынным. Инникитин итинник сырыыларгытыгар, биһигини, суруйааччылары кыттыһыннарыаххыт этэ диэн бэйэм этии киллэрэбин. Ситиһиини баҕарабын!
Надежда Ильина:
— Георгий Дмитриевичтыын ааспыт ыйга эмиэ биир үтүө тэрээһиҥҥэ көрсөн, алтыһан ааспыппыт. Бүгүҥҥү киинэни мин эмиэ олус диэн биһирээтим. Киинэ киһи болҕомтотун тардар уонна саамай сүрүнэ диэн ыччаты, билиҥҥи интернет эйгэтигэр убанан, блогерство, чараас киинэлэр уһулла, көстө турар бириэмэлэригэр маннык дириҥ ис хоһоонноох, саха уонна Россия историятын көрдөрөр киинэ уһуллубут дии санаатым.
Ыччат маннык киинэлэри көрөн, үөрэнэн, бэйэтин историятын билэр буоларыгар төһүү буолуо диэн эрэнэбин. Инники үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабын!
Георгий Никонов – СӨ Ил Дарханын сүбэһитэ, «Улуу айаннар суолларынан» (Пути великих свершений) бырайыак салайааччыта:
— Ыҥырыыбытын ылынан кэлэн, санааҕытын аһаҕастык эппиккит иһин бэйэҕитигэр барҕа махтал буолуохтун! Нууччалыы эттэххэ, суруйааччылар эһиги «Инженеры человеческих душ» буолаҕыт. Төрүт тылбыт сүппэтин, саха литературата сайдарын туһугар сыралаах үлэни ыыта сылдьаргыт, норуоппут историята, культурата сайдарыгар улахан күүс-көмө буолар, – диэн, Георгий Дмитриевич суруйааччыларга утары махталын тылын тиэрдэр.
Дойдубутугар «Улуу айаннар суолларынан» история уонна география хайысхалаах бэртээхэй бырайыак баар буолан үлэлии сылдьара олус үөрдэр. Георгий Дмитриевичка уонна кини бөлөҕөр айар аартыктара салгыы арыллан, улуу суоллара алгыстаах буоллун диэн баҕа санаабытын этэбит!
Санатар буоллахха киинэни «Моя планета» телеканаал, ВГТРК уонна «Сахафильм» тэрилтэлэрэ сөбүлэҥ түһэрсэн уһуллулар. Киинэни устубут бөлөх толорооччу продюсера – Юрий Коваленко, сценарист – Александра Боровикова, туруорааччы-оператор – Александр Меньшов уо.д.а.
Ол курдук, «Дойти до края» киинэни устуу былырыын СӨ Ил Дархана Айсен Николаев көҕүлээһининэн от ыйыттан саҕаламмыта. Киинэҕэ уопсайа: Дьокуускай куорат, Өлүөхүмэ, Таатта, Хаҥалас, Уус-Алдан, Томпо, Өймөкөөн, Орто Халыма, Аллара Халыма, улуустарын хабан үлэ барбыта. Маны таһынан киинэҕэ Москва, Санкт-Петербург, Лозанна (Швейцария) куораттарын эспиэрдэрэ кыттыыны ылбыттара.
Фотографии: Дмитрий Никонов, Утум Захаров