Бүгүн, сэтинньи 14 күнүгэр, саха литературатын төрүттээччи, классик суруйааччы, саха тылын иэйэр кутун имиппит, айар кутун уһугуннарбыт Анемподист Софронов-Алампа төрөөбүт күнэ. Бу бэлиэ күнү көрсө “Ыллыым ээ, ыллыым” хоһооно 32 омук тылынан тылбаастанан, антология киэбинэн кинигэ буолан таҕыста.
Кинигэни Саха сирин суруйааччыларын сойууһа көҕүлээн, иилээн-саҕалаан таһаарда. Идиэйэ ааптардара – Наталья Харлампьева уонна Гаврил Андросов. “Якутскэнерго” тэрилтэ (дириэктэр А.А. Стручков) өйөөһүнүнэн күн сирин көрдө, “Саха сирин суруйааччылара” ассоциация (сал. О.Г. Сидоров) бэйэтин кылаатын киллэрдэ. Кинигэ дьоҕус эрээри, тупсаҕай көрүҥнэнэн, бэлэххэ бэриллэр курдук бэртээхэй хоруопкаланан, “АЛТА” кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн таҕыста.
Кинигэ тас өттүгэр Алампа сырдык мөрсүөнэ күөх күдэрик быыһыттан үйэлэри уҥуордаан көстөн кэлбиккэ дылы… — Бүгүн биһиги киэн тутта Алампа биир хоһооно 32 тылынан саҥарбытын сүрэхтиибит. Бу биһиги сойууспут Алампа иннигэр иэһин толоруута, аныгы саха суруйааччылара классиктарбыт литературнай нэһилиэстибэлэрин ытыктыырбыт, сүгүрүйэрбит уонна үлэлэһэрбит бэлиэтэ, — диэн Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Харлампьева бэлиэтээтэ.
Текст: Саха Сирэ хаһыат сайта