Бу сыл ахсынньы 24 күнүгэр Таатта улууһун биир кырдьаҕас нэһилиэгэр Чѳркѳѳххѳ дьоро күн тосхойдо. Лоп курдук 45 сыл анараа ѳттүгэр Социалистическай Үлэ Геройа, народнай суруйааччы Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон кѳҕүлээһининэн Чѳркѳѳххѳ «Саха сиригэр политсыылка» историко-мемориальнай музейы тѳрүттээбитэ.
Норуот күүһүнэн тутуллубут музей 45 сыллаах үлэтин кирбиитин үрдэлин отчуоттуур долгутуулаах күҥҥэ ыраахтан-чугастан үгүс киһи тоҕуоруста. Бу бэлиэ күнү кѳрсѳ быыстапкалыыр саалаҕа «Якутия – форпост России на Дальнем Востоке» диэн ааттаах саҥа экспозиция сүрэхтэниитэ ыытылынна.
Бу экспозиция биир дойдулаахпыт, Ил Дархан сүбэһитэ Георгий Дмитриевич Никонов 2015 сылтан ыла ылсан үлэлиир «Улуу айаннар сырыылара» бырайыагын чэрчитинэн оҥоһулунна. Бырайыак чэрчитинэн Чѳркѳѳх музейыгар Ыраахтааҕылаах Россия уһук хоту сирдэри баһылааһыннарыгар хоту дойду дьоно-сэргэтэ, чуолаан сахалар киллэрбит кылааттарын кѳрдѳрѳр, кэпсиир сыаллаах-соруктаах, баай ис хоһоонноох үлэ оҥоһулунна. Экспозицияны үѳрүүлээх быһыыга-майгыга аһар лиэнтэни Саха сиринээҕи Емельян Ярославскай аатынан «Саха музейа» ГБУ директора Н.Д.Бугаев, Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччы В.В.Аржаков, Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин директора Г.Г.Вырдылин, мэҥэ ѳйдѳбүнньүктэри харыстыыр общество председателэ Р.В.Васильев, Октябрьскай нэһилиэк баһылыга А.П.Семенов арыйдылар. Чѳркѳѳх музейын сэбиэдиссэйэ Н.Е.Попов саҥа экспозицияны сиһилии кэпсээн ыалдьыттары улаханнык сэҥээртэ. Манна даҕатан бэлиэтээтэххэ, бу улахан экспозицияны «Саха музейа» ГБУ директоры научнай үлэҕэ солбуйааччы А.Н.Решетникова, музей историга Сергей Слепцов кэлэн сүбэлээн, ыйан-кэрдэн, таҥан оҥордулар. Онон аатырар Чѳркѳѳх музейа биир экспозициянан хаҥатылынна, кэпсиир, кѳрдѳрѳр далааһына ѳссѳ кэҥээтэ.
Салгыы музей үлэтин тосхолун кэпсэтэр үѳрүүлээх тэрээһин Былатыан Ойуунускай аатынан орто оскуола аактабай саалатыгар буолла. Манна Таатта улууһун баһылыга М.М.Соров, Чурапчы улууһун депутаттарын мунньаҕын председателэ А.А.Захаров, «Саха музейа» ГБУ директора Н.Д.Бугаев, Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччы В.В. Аржаков, Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин директора Г.Г. Вырдылин, Октябрьскай нэһилиэк баһылыга А.П. Семенов, Чурапчыттан, Томпоттон, Уус Алдантан музей салайааччылара, бэрэстэбиитэллэрэ уо.д.а. кэлэн эҕэрдэ бастыҥын анаатылар. Чѳркѳѳх музейын сэбиэдиссэйэ Н.Е. Попов дириҥ ис хоһоонноох дакылаатыгар музей ыытар үлэтин инники былааннарын, чопчу турар соруктар тустарынан бэлиэтээтэ. Онтон Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин директора Г.Г. Вырдылин «Иис, уус, фест» бырайыак саҥа таһымҥа тахсан Уһук Илиҥҥи региону хабан кэлэр сылга улахан фестиваль ыытыллыаҕын туһунан эттэ. Бу фестиваль балаһааккатынан, талааннаах дьону үмүрү тардар сиринэн – Чѳркѳѳх музейа буолар. Бэлиэ күн тэрээһинин мааны ыалдьытынан, саха дьонун духуобунай лиидэрэ, Улуу Өксѳкүлээх Өлѳксѳй сиэнэ Раиса Реасовна Кулаковская кэлэн сүргэни кѳтѳҕѳн, сүбэ-ама сылаас, иһирэх тылын дьонугар тиэрпитэ буолла. Улуу эһэтин туһунан саҥа тахсыбыт буруолуу сылдьар кинигэни уонна саха киһитин олоҕун эргийэр киинин – кѳмүлүѳк сувенир оһоҕор алгыс тылын тиэрдэн бэлэх уунна.
Бу курдук норуот күүһүнэн тутуллубут Чѳркѳѳхтѳѳҕү аһаҕас халлаан анныгар турар сүдү музей үлэтэ-хамнаһа, унаар буруота үгүс кѳрѳѳччүгэ сырдык маяк уота буолан ыҥыра, угуйа, кэпсии, кѳрдѳрѳ туруохтун. Бүгүҥҥү күҥҥэ – история биир кэрдииһэ тиһиллэр, сарсыҥҥы күн бүтүн олохпут летопиһа суруллар. Дьоро күҥҥүнэн, Чѳркѳѳх музейа!
Иcточник: ulusmedia