Коммунар Ильич кэлин кэмҥэ ийэтин санаатаҕына, ордук бүтэһигин көрүүтүн өйдөөн кэллэҕинэ сүрэҕэ ыарыылаахтык ытырбахтыыр. Сааһыран истэҕин ахсын уйаргыыра элбээн иһэрин билиннэ. Кырдьыы бэлиэтэ буоллаҕа… Бүтэһигин ийэтигэр хонон ааспыта санаатыттан отой тахсыбат.
Ыал улахан уолун быһыытынан, кыра балта ыал буолан атын улууска көһөн барбытын кэннэ, дьиэтигэр соҕотох хаалбыт ийэтин хайаан да бэйэтин кытта соҕуруу илдьэ барардыы Балаадаҕа тиийбитэ.
Балаада улуус кииниттэн тэйиччи сытар буолан суола-ииһэ сүрдээх эрэйдээх этэ. Сайынын уунан эрэ сылдьаллара, ону да угут дьыл буоллаҕына. Ыйга биирдэ дьону, почтаны илдьэр Ан-2 cөмөлүөтүнэн ийэтин кытта төннөөрү сиринэн, сороҕун уунан, үксүн сатыы төрөөбүт дьиэтин булбута. Сибээс суох буолан сэрэппэтэҕин үрдүнэн ийэтэ Маабыра, өрүүтүн буоларын курдук, ас бөҕөнү астаан тоһуйбута. Оҕонньоругар да, эгэ оҕолоругар хаһан да арыгы туруорбат бэйэтэ киэһэ аһылыкка арыгы туруорбута…
Ийэлээх аҕата саастарын тухары колхозтаахтар этэ. Аҕата Ылдьаа сааһын тухары тракторист, аҕыйах саҥалаах, үөрбүтүн да, хомойбутун да соччо-бачча биллэрэ охсубат саҥата-иҥэтэ суоҕа. Үлэтигэр эмиэ инники да түспэккэ, кутурукка да соһуллубакка дьон кэккэтинэн сылдьара.
Тыраахтардарын көрүнэ сатыыра, уончалыы сыл үлэлээн баран иннилэринэн да, кэннилэринэн да барбат буоллахтарына туруоран баран бэрэссэдээтэлгэ киирэн этэрэ:
— Тыраахтар үлэлээн бүттэ, ханнык да өрөмүөн кыайбат буолла…
Атын тыраахтар кэлиэр диэри иппэй-туппай үлэҕэ сылдьара. Бэйэтэ эмиэ төрдүс тыраахтарын бүтэһиктээхтик туруоран баран дьиэтигэр киирэн сыппыта уонна устунан баран хаалбыта.
Ийэтэ кыра балтын оҕолонон баран ыарытыйан, колхоз үлэтиттэн тохтоон, оҕолорун, дьиэтин-уотун эрэ көрөргө барбыта. Онон улахан дьиэ-кэргэн тырахтарыыс хамнаһыгар иитиллэн олороохтообуттара. Быста дьадайбатахтара, оччотооҕу тыа ыалын кээмэйинэн тиийбэт тирии, тарпат тараһа да буоллар син олорбуттара. Хрущев “коммунизмҥа чааһынай бас билии суох буолуохтаах” диэн дьаһала тыа дьонун улаханнык куорҕаллаабыта – эн уон оҕолоох буол, биир оҕолоох буол – буруоҕа биир эрэ ынах көҥүллэнэрэ. Хата, кинилэр дьоллоругар соҕотох ынахтара Суораттыырдара сүрдээх үүттээх, төрүөхтээх буолан абыраабыта. Улаатан эрэр алта оҕо айаҕар баһаам ас барар буоллаҕа. Оҕуруоттарыгар хортуоска, хаппыыста хото үүнэрэ. Аҕалара күөлгэ илимниирэ, өссө эһэтиттэн хаалбыт үчүгэй быһыттаах сохсолооҕо. Онон хараланан олорбуттара.
Улаатан иһэр уол Коммунар аҕатын кытта тэҥҥэ сылдьыһара. Онтон алтыстан ыла Балаада аҕыс кылаастаах оскуолатын бүтэриэр диэри сохсо тойоно кини буолбута. Үөрэҕин кэнниттэн сохсо көрө барара. Киниттэн икки сыл балыс инитэ Саппыыча саппай уопсара. Эстибит сохсону ынчыктаан-бөтүөхтээн ырычаах-тирээбил бөҕөнөн нэһиилэ туруораллара. Биирдэ биир сохсоттон тыһылаах атыыр аҥаарык улардары ылбыттара. Атыырын атаҕыттан үктээн баран моонньуттан өрө туппута Саппыычатааҕар улахан этэ. Дьиэҕэ үөрүү – толору үөрүү буолуохтааҕа, улардарын биир-биир илтэхтэринэ атын буоллаҕа. Онон бултарын дьиэлэригэр нэһиилэ сыһан-соһон аҕалаахтаабыттара…
Ахсыс кэнниттэн орто оскуоланы оройуон киинигэр интернакка олорон бүтэрбитэ. Коммунар үөрэҕэр үчүгэй этэ. Комсомол уобаластааҕы комитетын приемнай комиссиятыгар Харьков юридическай институтугар үс миэстэ кэлбитигэр бииригэр экзаменнарын барытын “биэскэ” туттаран кини киирбитэ. Бииригэр куорат прокурорун кыыһа, бииригэр армияттан кэлбит уол киирбиттэрэ. Онон комсомол көмөтүнэн үөрэххэ киирэн хаалта.
Үөрэҕин “кыһыл” дипломунан бүтэрбитин учуоттаан, сонно хоту Аллайыахаҕа прокурор солбуйааччытынан анаабыттара. Онно Бөрөлөөххө фельшеринэн үлэлии сылдьар украинка Галя Степанчук диэн кыыһы ойох ылар. Онто да остуоруйалаах. Харьковка биир кэмҥэ үөрэммит врач табаарыстарын кытта Саҥа Дьылы бииргэ ылбыттара.
Коммунар таптыыр ырыатын “ Неся Ҕаля воду…” ыллыы олордоҕуна тымныыттан тэтэрбит иэдэстээх, күөх харахтаах уһун хатыҥыр кыыс киирэн кэлбитэ.
— О! Вот и твия Ҕалю явився!.. – доҕотторо ыһыытаһа түспүттэрэ. Онтон ыла хохлушка ойохтоох. Прокурордары биэстии сыл буола-буола “Силис-мутук тардыбатынар” диэн сир уларыталлара. Онон Галятын кыыстаах-уол оҕолорун кытта Усуйаана, Уус-Маайа, Өймөөкөөн, Булуҥ, Аллараа Халыма, Мирнэй оройуоннарынан көһө сылдьан үлэлээбиттэрэ. Дойдутугар хам-түм кэлэн барара. Уоппускаларын наар соҕуруу атаараллара.
Мирнэйгэ үлэлии олорон пенсияҕа тахсыбыттара. Балачча уурумньу үптээх буолан өссө пенсияҕа тахсыахтарын иннинэ Ялтаҕа муораттан чугас дьиэ атыыласпыттара.
Ойоҕо хап-хатыҥыр кыыстан оһох саҕа суон прокурор ойоҕо хотун-хаан буолта. Кыыстара Москваҕа үөрэнэ сылдьан кубинецка эргэ тахсан Кубаҕа олохсуйбута. Уоллара байыаннай, буолан баран чып кистэлэҥ, ханна баара да биллибэт сулууспалаах. Онон кырдьар саастарыгар Ялтаҕа атыыласпыт баһаам улахан дьиэлэригэр иккиэйэхтэр эрэ.
Үчүгэй хамнастаах буолан икки инитин, үс балтын барыларын үөрэттэрбитэ. Үөрэхтээх дьон анаммыт сирдэринэн үрүө-тараа бардахтара эбээт! Кыра балта ийэтин кытта олохсуйуох курдуга да сааһын баттаһа эргэ тахсан атын улууска ыал ийэтэ буолта. Аҕалара өлбүтүн кэннэ ыал улахан уола ийэтин туһугар улахан эппиэтинэстээх буолан, муох-чуох дэппэккэ соҕуруу илдьэ барардыы оҥостон кэлбитэ.
— Көр, тоойуом, бу бириэмэ ыыта сатаан эһиги урут кэтэ сылдьыбыт таҥаскытыттан сөрүө баайабын… – ийэтэ барахсан араас дьүһүннээх таҥас кырадаһыннарыттан баайа сылдьар сөрүөтүн көрдөрө сатаабыта.
Өссө хоту үлэлии сылдьан фондаҕа ылаттаабыт сиэдэрэй ойуулардаах сүрдээх ыарахан көбүөрдэрдээх киһи кырдьаҕас эмээхсин баайан бадьаалаабыт сөрүөтүгэр хараҕа хатамматаҕа, ийэтин өһүргэтимээри сымыйанан сэҥээрбитэ буолбута:
— Тыый, наһаа үчүгэй, ийээ!..
Маабыра эмээхсин уолун кытта билбэт-көрбөт сиригэр барартан букатын мас-таас аккаастаммыта.
— Эдьиийим Сүөкүлэ барахсан наар түүлбэр киирэр. Кыыспар дойдубар таһааран көмөөрүҥ диэбитим да күтүөтүм буолуммакка бу Намҥа дьабарааскы аһылыга буола сытабын диэхтиир. Суох! Ол соҕуруу Дьаалтаҕа сахалыы айах атан кэпсэтэр киһитэ суох сиргэ барбаппын. Оҕонньорум манна миигигнэ суох иэдэйэр буоллаҕа! Өлөрүм да чугаһаата. Аҕаҕыт таһыгар тахсабын!..
Маабыра эмээхсин түүнү быһа баайан нөҥүө күнүгэр сөрүөтүн баайан бүтэрбитэ.
Күнүс аэропорка киллэрээри массыына кэлбитигэр ийэтэ сөрүөнү биэрэ сатаабыта.
— Тоойуом, Хомунаар, бу сөрүөнү илдьэ бар!
— Суох, ийээ! Куораттан илдьэр таһаҕаһым элбэх!..
— Оттон өйдөбүнньүк буолуо этэ буоллаҕа!..
— Чэ, сөп, Ийээ! Таайым Дьэкиим аны кыһын киискэ ыҥырда. Онно кэллэхпинэ илдьиэм! – диэн алы гыммыта.
Ийэтэ эрэйдээх сөрүөнү түөһүгэр туппутунан олбуорун ааныгар туран хаалаахтаабыта…
Куоракка инитин аахха Саппыычалаахха, Статуправление кылаабынай бухгалтерыгар Александр Ильичтээххэ тиийбитигэр: “ Түргэнник кэлэ охсуҥ! Ийэбит куһаҕан буолла” диэн улуус киинигэр балыыһаҕа үлэлиир балтыларыттан телеграмма күүтэ сытара.
Ийэлэрэ барахсан сөрүөнү кууспутунан оронугар өлө сытарын таайдара Дьэкиим сүтүктээн булан ылбыт этэ.
Баҕатын хоту аҕаларын аттыгар кистээбиттэрэ.
“Дьиэ кураанах туруо суохтаах” — диэн уопсай сүбэнэн дьиэҕэ саҥа ыал буолбут тастыҥ аймахтара уолу олохтообуттара.
Нөҥүө сылыгар кыһыҥҥы суолунан ийэлээх аҕаларыгар иккиэннэригэр мрамор ыыппыта. Ыһыах иннинэ бары түмсэн ийэлээх аҕаларын уҥуоҕун эргийбиттэрэ.
Коммунар Ильич дьиэҕэ киирэ-тахса сылдьан маҥнай аахайбатаҕа, онтон өйдөөн көрбүтэ аан аттыгар атах соттордоро ийэтэ баайбыт сөрүөтэ буолан хаалта. Ол курдук маҥнайгы хамнаһыгар атыылаһан ийэлээх аҕатыгар бэлэх ыыппыт (оччолорго табаһыттарга эрэ көрүллэр!) “Spidola” радиоприемнига бөххө быраҕыллан сытара.
Дьон көрбөтүгэр сөрүөнү буорун, бадараанын тэбээн, үрэххэ киллэрэн мыылалаан сууйан, куурдан баран суумкатыгар уктан кэбиспитэ.
Ялталыыр самолекка олорон баран ийэтэ барахсан баайбыт сөрүөтүн сыныйан көрбүтэ. Барыта кинилэр ыал олохторун кэпсээнэ тиһиллэ сылдьара! Бу бастакы дьураа баайыы эһэтэ оҕонньор мааныга эрэ кэтэр бэйбириэт ыстаана… Аҕата Ылдьаа сэрииттэн кэтэн кэлбит хайа да бэйэлээх сап иҥнибэт буолбут илдьиркэй гимнастерката… Ийэтэ ыһыахха эрэ кэтэр крепдешин былааччыйата… Ийэлэрэ барыларыгар ыһыахха саҥа ыстаан, ырбаахы тигэрэ. Олор бу сылдьаахтыыллар… Ийэтэ күөх сатыын ырбаахы тикпитин окко кэтэ сырыттаҕына ата Хоохуйаан күөх от сүмэһиннээх сыраанынан ырбаахытын сиэҕин биспитэ – ол халлаан күөҕэ сатыыҥҥа от күөҕэ бу кыбыллыбыттар. Сайын аайы от мунньары соһор улгум Хоохуйаан суох буолбута ыраатта!.. Сэттискэ үөрэнэ сырыттаҕына ийэтэ ыалдьан өр баҕайы балыыһаҕа сыппыта. Саҥа Дьылга балыыһаттан тахсыбыта. Ыалдьыан иннинэ тикпит буолан инилэрэ, балтылара бары саҥа таҥастаахтара… олор бу сылдьаллар… Ийэтэ барахсан Коммунар куһаахан буолбутун көрөн, оскуолаҕа кэтэр кутуйах өҥүн курдук сырдык күрэҥ дьүһүннээх гимнастеркатын, ыстаанын таһырдьа илдьэ тахсыбыта. Коммунар түннүгүнэн көрдөҕүнэ ийэтэ кини гимнастеркатын, ыстаанын хомурах хаарга көмөн баран тэбис да тэбис буолбута. Онтон хаарга булкуйа-булкуйа тэбээбитэ. Ол гимнастерка, ыстаан бу дьураалар! Санаатыгар ол дьурааттан хаар сыта, Саҥа Дьыллааҕы харыйа мутукчатын сыта кэлэргэ дылылар… Ийэлэрэ инилэригэр Ылдьыыскаҕа маҥнай кини, онтон Саппыыча кэппит ыстааннара икки тобуга илдьирийэн хаалбытын икки харах курдук абырахтаан, ыанньарык тигэн биэрбитэ… Ылдьыыска, билигин академия проректора Илья Ильич “шаҥа ыштааннаахпын!” – дьоҥҥо киһиргээхтээбитэ. Сонно оҕолор “Шаҥа ыштааннаах уол” – диэн бэлэстэригэр түһэрэн ылбыттара… Коммунар соҕуруу үөрэнэ сылдьан кыратык харчытын чорботуннар эрэ балтыларыгар таҥас атыылаһан ыыталыыра. Бу улаханнаах орто балтыларыгар медцентрга үлэлиир врач Ольга Ильиничнаҕа, улуус киин балыыһатын акушер-гинеколога Анна Ильиничнаҕа ыыппыт кыһыл, күөх куопталара… Бу саамай таптыыр балта Мааппыс, математик-учуутал Марфа Ильигнична ыһыахха лыах үҥкүүтүн үҥкүүлээн сэрбэкэччийбит сибэкки ойуулаах былааччыйата!..
Коммунар Ильич хараҕын уута тохтоло суох субуруй да субуруй буолбутун дьоҥҥо көрдөрүмээри сирэйин сөрүөнэн саптан, устунан утуйан хаалаахтаабыта…
… Санаатыгар хаан-уруу дьонугар көтөн иһэрэ. Эһэтэ Маппый оҕонньор Балаада кытылыгар от охсо сылдьан үөһэнэн ааһан эрэр сөмөлүөтү чарапчыланан одуулуур… Ийэлээх аҕата олбуордарын ааныгар кэтэһэн тураахтыыллар… Ийэтэ Коммунар кэлэрин сэрэйэн астаабыт алаадьытын сыта дыргыйар…
2020 сыл ыам ыйын 5 күнэ.