Сэтинньи 11 күнэ – чулуу судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл, учуонай, талааннаах суруйааччы, бөлөһүөк, мыслитель Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүт күнэ.
Бастатан туран сарсыарда 11 чааска Орджоникидзе болуоссатыгар, үгэс быһыытынан, Былатыан Алексеевич мэҥэ өйдөбүнньүгэр сибэкки ууруута буолан ааста. Манна быйыл, аҕыйах да буоллар, өрөспүүбүлүкэбит биллэр-көстөр дьоно, ол курдук культура министра Афанасий Ноев, Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун председателя Гаврил Андросов, Ил Дархан сүбэһитэ, «Улуу Айаннар суолларынан» бырайыак салайааччыта Георгий Никонов, медицинскай наука доктора, биһиги бырайыакпыт актыыбынай кыттыылааҕа Егор Егорович Борисов-Буор Булгунньах, поэт, прозаик Елена Слепцова-Куорсуннаах, студеннар уонна Дьокуускай куорат олохтоохторо кыттыыны ыллылар.
Уонна бу күн Ойуунускай пааматынньыгын анныгар Егор Борисов-Буор Булгунньах, сылын аайы буоларын курдук, бастыҥ үөрэнээччилэргэ, бэйэтин «Оҕо куйуурду турара» диэн фондатын аатыттан стипендиялары туттартаата.
П.А. Ойуунускай аатынан литература музейыгар күнүс 14 чааска СӨ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, Федот Гаврильевич Макаров улуу убайбыт Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүт норуотун туһугар олорбутун, айбытын, олоҕун толук биэрбитин көрдөрөр, хаһан да суолтатын сүтэрбэт үйэлээх “Трагедия поэта” диэн айымньытын музейга бэлэхтииригэр анаммыт көрсүһүүгэ ыҥырар.
Ойуунускай төрөөбүт күнүгэр кыыһа, учуонай, фил.н.к., Саха сирин Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Духуобунаһын академиятын академига Сардаана Платоновна Ойунская төрөөбүтэ 90 сылыгар анаан П.А. Ойуунускай аатын сүгэр литература музейыгар 15 чааска “Улуу Ойуунускай уонна таптал тойуга” диэн СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС култууратын туйгуна, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо Дмитрий Дмитриевич Тихонов бэлэмнээбит тэттик кэнсиэрэ буолар. Байааҥҥа аккомпаниатор, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Николай Дмитриевич Стручков доҕуруоллуур.
Саха НКИХ ханаалыгар 21 ч.30 мүн. «Платон Ойунский. Сокровенная история” диэн “Аал Луук мас” студия салайааччыта, СӨ П.А. Ойуунускай уонна В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэлэр лауреаттара Евдокия Избекова документальнай киинэтэ көрдөрүллүөҕэ.
П.А. Ойуунускай судаарыстыбаннай, уопсастыбаннай, литературнай уонна научнай үлэтэ Саха сирин историятыгар кэрдиис көстүү буолбута. Ойуунускай сүдү тыына, сырдык аата, өркөн өйө-санаата, кэхтибэт кэрэкэ тыллара, өлбөт үйэлээх үлэлэрэ кэми кытта тэҥҥэ хардыылаан, саҥалыы арыллан иһэллэр.
Ойуунускай уус-уран айымньыларын саха ааҕааччыта таптаан ааҕар. Нууччалыы, атын да омук тылынан тылбааһын ааҕааччылар Шекспир айымньыларын күүрээнигэр дьүөрэлииллэр. Суруйааччы айымньылара араас өттүттэн көрүллэн эдэр көлүөнэҕэ тиэрдиллэр.
Платон Алексеевич “Ааспыт күннэр-дьыллар” диэн саталаах-буурҕалаах 1917 сылтан саҕалаан Автономияны ылыы туһунан 1928 сыллаахха бэс ыйын 21 күнүгэр суруйбута. Бу ахтыылара аан бастаан “Чолбон” сурунаал 1928 сыллааҕы 5-9 нүөмэрдэригэр бэчээттэммитэ. Бу оччотооҕу кэм тугун-ханныгын, ол кэмнэргэ тугу ааспыттарын, кимнээх тугу гыммыттарын – Автономияҕа кэлии суолун бэйэтинэн, тус илиитинэн суруйан үйэтитэн хаалларбыт, сүдү суолталаах айымньы буолар.
Бу айымньыны нэһилиэнньэҕэ, ыччакка киэҥник тарҕатан тиэрдэр идиэйэни РГО “Пути великих свершений” Россия-Саха сирин быстыспат историческай ситимин кэпсиир бырайыак партнера, Россия бочуоттаах дорожнига, СР транспорын үтүөлээх үлэһитэ, “Россия Албан аата” бастакы Бүтүн Россиятааҕы куонкурус, СӨ Ил Дарханын “Попечитель и меценат” бириэмийэтин лауреата, «Тааттаавтодор” АО генеральнай дириэктэрэ Иван Иванович көҕүлээбитэ. Иван Иванович улууска, дьоҥҥо-норуокка көмөлөһөрүн сэргэ, өй-санаа мецената буоларын олохтоохтор бэркэ билэллэр. Кини элбэҕи ааҕар, оннооҕор 90-с сылларга Джек Резерфорд Чыҥыс Хаан туһунан олох сэдэх кинигэтин курдуктары булан ааҕар этэ буоллаҕа, саха литературатын классиктарын айымньыларын үчүгэйдик билэр. Кини Платон Алексеевич уус-уран айымньыларын киэҥник ааҕаллар, ол эрээри суруйааччы айымньыларын сэттис томугар тахсыбыт ахтыыларын киэҥник ааҕыы, ырытыы суох диэн бэлиэтээбитэ.
“Пути великих свершений” бырайыак айар бөлөҕө САССР сүрүн төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ П.А. Ойуунускай ахтыыларынан бастаан аудиокинигэ оҥорон “Тэтим” араадьыйаҕа дуорайбыта, онтон видеокинигэ оҥорон, Өрөспүүбүлүкэбит күнүгэр “Саха” НКИХ телевидениеҕа уонна “Улус Медиаҕа” биэрбитэ көстүбүтэ.
Платон Алексеевич Ойуунускай ахтыыларын суолтатын, оччотооҕу эйгэ, интеллигенция суолтатын, бу бырайыакка үлэ туһунан “Пути великих свершений” бырайыак салайааччыта, СӨ Ил Дарханын сүбэһитэ Георгий Дмитриевич Никонов, редактор Дмитрий Никонов, айымньы тиэкистэрин аахпыт П.А. Ойуунускай аатынан Саха театрын артыыстара Петр Баснаев, Иннокентий Луковцев, Роман Дорофеев, “Чолбон” сурунаал кылаабынай редактора, Саха Сирин Суруйааччыларын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ Гаврил Андросов санааларын Саха НКИХ “Олох үөһүгэр” биэриитигэр сэтинньи 12 күнүгэр 19 чаас 15 мүнүүтэҕэ көрөөрүҥ.
Валентина Бочонина / ulus.media