«Оксии, доҕоттоор, ааспытын да иһин, үтүөкэннээх да сырыыга сылдьыбыт эбиппит» диэн быраатым Хабырыыс Ондороос (Гаврил Андросов) суруйбут «Үттээҕи тэтэрээт» диэн суоллааҕы бэлиэтээһиннэрин ааҕан баран, астына санаатым. Бу суруйууга мин, тугу да эбэр да, көҕүрэтэр да кыаҕым суох эбит. Тутатына суруллубут буолан, отой уурбут-туппут курдук, хайдах баарынан ырылыччы суруллубут. Өссө, ол айан кэмигэр, Хабырыыс обургу, тута суруйбут хоһооннорун ааҕыа этигит. Уһун унньуктаах, нэксиэ бөҕөлөөх, кыһыҥҥы «зимник» суолунан айаҥҥа, вахтовка Камаз иһигэр, арай Хабырыыс эрэ, утуйбакка, төлөпүөнүгэр бэчээттии олороро, харахпар бу баар. Кэлин, мин санаабар, бу Хабырыыс Ондороос «Үттээҕи тэтэрээтэ» Үт туһунан Миддендорф, Линденау, Афанасий Уваровскай суруйууларын кытта, тэҥҥэ, биир хомуурунньукка бэчээттэнэн тахсыахтара диэн эрэнэбин. Онтон мин, бу сырыыга, видеокамерабын кытары эрэ бодьуустаһан тахсыбыт киһи, бу ахтыыбар тугу суруйарбын билбэккэ да олоробун. Арай… Арай бу суруйуубар мин, бу сырыыны тэрийбит, «Улуу айаннар суолларынан» бырайыак тэрийээччитэ уонна салайааччыта Георгий Дмитриевич Никоновка дириҥ махталбын тиэрдиэм этэ. Маннык, Хабаровскай кыраай саамай уһук, түҥкэтэх сиригэр, тоһуттар тымныылаах тохсунньу ый ортотугар,историческай да, этнографическай да эрэ буолбакка, гуманитарнай суолталаах экспедицияны тэрийэр уустуга чуоккай буоллаҕа. Ол курдук, Георгий Дмитриевич салайбыт Саха республикатын Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка бэрэстэбиитэлистибэтин көмөтүнэн, Тугуур- Чумикан оройуонун библиотекаларыгар, суол-сырыы суоҕунан сибээстээн, кыайан барбакка хаалбыт, сүүһүнэн киилэ кинигэ, сурунаал, атын да мал, бу биһиги экспедициябытын кытары барсан турар. Онтон саамай улахан гуманитарнай көмөбүт диэн, былыр-былыргыттан ыраах, түҥкэтэх сытар Үт сирин сахаларыгар- саха саҥатын, саха тыынын тиэрдии буолбута диэтэхпинэ, соччо сыыспатым буолуо. Бу дойду сахаларын гражданскай сэрии, репрессия кэмин хаҕыс тыала хаарыйан, омук быһыытынан симэлийэн да эрэр буоллаллар, биһиги экспедициябыт кэлэн, олохтоох дьоҥҥо санааларыгар санаа эбэн, кынаттарыгар кынат үүннэрэн, кинилэр умуллан эрэр кыымнарын сирилэччи үрэн, күөдьүтэн биэрдэхпит. Манна диэн эттэххэ, экспедициябыт биир саамай тутаах киһитэ, алгысчыта, баянынан доҕуһуоллатан ыллыыр бастыҥ ырыаһыппыт, көҥүл поэт уонна суруйааччы, медицинскэй наука доктора Егор Егорович Борисов баар буолан, экспедициябыт культурнай-сырдатар эрэ буолбакка, өссө медицинскэй, доруобуйа харыстабылыгар сыһыаннаах буолбута чуоккай. Кини кэлбитин истиһэ-истиһэ, Үт дьоно барахсаттар, Егор Егоровичка көрдөрөөрү хотоҕос курдук, кини түспүт ыалыгар, субуспуттара. Бу Үт сиригэр, мин санаабар, арааһа, медицинскай наука доктора саҥа, бастаан сылдьыбыт буолуохтаах… Ол да иһин, Егор Егоровичка дьээбэлэнэн «Эн Үккэ бу сырыын, син биир, Сахалиҥҥа Чехов сылдьыбытын курдук. Ол гынан баран Антон Павлович борустуой быраас эрэ этэ, онтон эн медицинскэй наука доктора буоллаҕын» диэн этэрбин өйдүүбүн.
Үт сириттэн Охуоскай муора кытылыгар турар Чумикаҥҥа тиийэн, бу дойду тиһэх сахатын, суруйааччытын Николай Николаевич Иванов- Утучуру көрсөн ирэ-хоро кэпсэппиппитин өйдүүбүн. Кини эмээхсинэ эмиэ саха, Сантаар арыыларыгар төрөөбүт-үөскээбит эбит. Ол, каартаҕа «Шантарские острова» диэн суруллубут арыыларга, сахалар эмиэ олоро сылдьыбыттар эбит. Дьиҥнээҕэ, ити Сунтаар арыылара диэн ааттаныахтаахтар эбит. Эбэҥкилии «сунтаар» диэн дириҥ, эбэтэр үрдүк диэн суолталаах эбит. Ол иһин Өймөкөөҥҥө аар-сааргы аатырбыт Сунтаар хайата баар буоллаҕа.
Үт сиригэр сырыыбыт тиһэх күнүгэр, Чумикан улахан таас культуратын дьиэтигэр, биһиги экспедициябытын кытары көрсүһүү дьоро киэһэтэ буолбута. Ырыалаах-тойуктаах, үҥкүүлээх-битиилээх улахан кэнсиэр кэнниттэн, Георгий Дмитриевич сцена ортотугар тахсан Николай Николаевичка Саха республикатын аатыттан өйдөбүнньүк мэтээли туттарбыта. Дьэ онно көрүө этигит, Утучур барахсан үөрбүт, долгуйбут сирэйин-хараҕын! Хабыллан олорор ытыс тыаһын ортотугар, хайа да үрдүкү уордьаннааҕар ол мэтээлин күндүтүк көрсөн, ис иһиттэн сырдаан, мэтээлин кистээн имэрийэн ылаахтаабыта. Кэлин, Утучур барахсан орто дойдутуттан арахсан, өбүгэлэрин суолларын быспытын (быһалыы барбыт диэн суолталаах) туһунан хобдох сураҕы истэн, «бэйи эрэ, ол аата кини эмиэ, бэйэтин Дьокуускайдыыр аартык диэки хайыһыннаран көмтөрдөҕө» диэн санаан ааспыппын өйдүүбүн. Үт сахалара барахсаттар, дойдуларыгар барар кыахтара суох буолан, дойдуларын ахтан, саатар аннараа дойдуга тиийэн сылдьыахпыт диэн, бэйэлэрин Дьокуускайдыыр аартык аттыгар көмтөрөллөр этэ диэн Утучур бэйэтэ миэхэ кэпсээн турар. Мин аҕам, эһэм, хос эһэм бары Бүтэйдээх Таҥаратын дьиэтигэр сүрэхтэммит дьон буолан, бу Таҥара дьиэтин туттарбыт Мэҥэ улууһугар кулубалыы да сылдьыбыт, ыаллыы олорор Алтан нэһилиэгэр өр сылларга кинээстээбит Көстөкүүн Боппуогу-Түөнүкү Көстөкүүнү оҕо эрдэхпиттэн истэммин билэбин. Кини ыраахтааҕыттан элбэх кортиктааҕын, мэтээллэрдээҕин билэбин. Ол ыраахтааҕы наҕараадалара, биллэринэн, Түөнүкү Көстөкүүн 1812 сыллааҕы аҕа дойду сэриитигэр көмөтүн, Биллингс экспедициятыгар көмөтүн, Бүтэйдээх Таҥаратын дьиэтин туттарбытын, онтон да атын үтүө дьыалаларын иһин эбиттэр. Олортон биир саамай бэлиэ наҕараадата — Үт олохтоохторун хоргуйууттан өрүһүйбүтүн иһин диэн эбит. Ол аата биһиги да дьоммут эттээх-арыылаах сыарҕалаах аттара Үт сиригэр Суола үрэҕинэн, Амманан, Алданынан, Учурунан, Дьугдьуур хайатын уҥуордаан, Үт дьонун өрүһүйээри, хотоҕос курдук субустахтара. Онон Үт сиригэр биһиги да дьоммут сыдьааннара хаалбыт буолуохтаахтар диэн бигэ санаалаах бу суруйуубун түмүктүүбүн.