Быйылгы 2023 сылы Саха өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев Үлэ сылынан биллэрбитэ. Бу быһаарыныыны өрөспүүбүлүкэ бүтүннүүтэ сүргэтэ көтөҕүллэн туран ылынна. Үлэ баар киһини киһи гынар, инникини түстүүр, ыра санааны толорор күүс, үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыһыы, ситиһии биир олуга.
Бүгүн сэһэргиир Дьоруойбут «Тааттаавтодор” акционарнай тэрилтэ салайааччыта Иван Иванович Бочонин.
Иван Ивановиһы улууска билбэт киһи суоҕа да буолуо. Үтүө киһи аата үтүөнү эрэ кытта эҥэрдэһэр. Кини ДРСУ-ну ( дорожнай ремонтнай строительнай участок) 1984 сылтан саҕалаан салайан, күн бүгүнүгэр диэри улахан суолу тутар, өрөмүөннүүр, көрөр-истэр тэрилтэ салайааччытынан 42-с сылын ситиһиилээхтик, хорутуулаахтык үлэлиирин бары көрө-истэ сылдьабыт.
Үлэһит киһи дьайыытын, ыллыктаах санаанан салайтаран халыҥ 125 үлэһиттэрин сөпкө миэстэлэринэн аттаран туруорарын, сыалы-соругу кытта билиһиннэрэн, ирдээн үлэлэтэринтуохтааҕар да ырылыччы сыыппаралар кэпсииллэр:
Манна төрөөбүт, силис таппыт ( Бочониннар диэннэр ревизскэй сказкалар туоһулуулларынан Хаҥалас улууһуттан уонна кэлин Дьохсоҕооноп диэн ааттаах 4 аҕа ууһа Дьохсоҕоҥҥо олохсуйбуттарыттан сыдьааннаахтар) улууһугар Омскай куоракка техникумҥа үөрэммит электрик идэлээх, лоп бааччы , ханнык да үлэттэн толлон турбат уолу таба көрөн, сотору кэминэн сүрүн инженеринэн , онтон салайааччынан талбыттар. 1980 сыллаахха Ытык Күөл бөһүөлэгэ улахан ууга баран, өрөмүөн үлэтэ күүскэ ыытыллар соруга турбутун үксүбүт өйдүүр буолуохтаах. Санаан көрүҥ эрэ : ол дьиэ-уот, хаһаайыстыбаннай тэрилтэлэр өрөмүөннэригэр 20 саастаах эдэркээн уол оҕоҕо салайааччы буолан оччотооҕу райком, райсовет ыйааҕынан эппиэтинэс сүктэриллибитин. Дьэ манна киһи уйана-хатана чахчы биллэн, салгыы оччотооҕу салалта Иван Ивановиһы салгыы салайааччынан үлэлэттэҕэ.Кэлин Иван Иванович Судаарыстыбаннай сулууспа Приморскайдааҕы институутугар Владивосток куоракка «Экономика и управление” салааҕа менеджмент идэтин ылбыта.
Салайар дьоҕур, үлэһит буолуу хаачыстыбата барыта киһи оҕо сааһыттан, төрөппүттэрин , дьиэ-кэргэн укулаатыттан тутулуктааҕа чуолкай.
Иван Иванович эһэтэ Роман Иванович Бочонин Дьохсоҕон Сэбиэтигэр үлэлээбит, олоххо тус көрүүлээх кырдьаҕас эбит. Эһэтиттэн икки оҕо хаалан, киһи-хара буолбуттар. Иван Иванович аҕата Иван Романович Бочонин идэтинэн суоппар, 1955 сыллаахха Дьохсоҕоҥҥо бастакы грузовой массыынаны сүүрдэн кэлбитэ остуоруйа биир чахчыта буолан уос номоҕор киирбит. Иван Иванович ийэтэ Ирина Евтропьевна Слепцова-Бочонина «Социализм» колхуостан ,норуокка биллэринэн Уус Силэпсиэптэртэн төрүттээх. Бу аймах 9 көлүөнэ уустар эбит. Кэлиҥҥи Уоһук Уус түүл түһээтэҕинэ уһанар сорҕото күлүнэн туолбутун көрбүт, онон тойонноон аймахха уус кыһатын түмүктээбит курдук диэн кэпсээн баар . Ирина Евтропьевна билигин 86 хаарыгар этэҥҥэ уолун уонна кини дьиэ кэргэнин кытта ньир бааччы олорор. Кини 18 сыл ыанньыксыттаан, борооску көрөн, ыал улахан оҕото Иван Иванович ( икки балыстаах – «Эдэр коммунист”, “Туймаада” хаһыаттарга айар-тутар үлэ5э үлэлээбит Ефимова Мария Ивановна уонна суруналыыс Валентина Ивановна Бочонина) ийэтин батыһа сылдьан, фермаларынан , титииктэринэн сүөһү көрүүтүгэр кыра эрдэҕиттэн сыстаҕас, үлэттэн саллыбат буола үөрэннэҕэ.
Оскуолаҕа үөрэммит сылларыттан маҥнайгы учууталын Елена Пантелеймоновна Павлованы , Ытык Күөлгэ Анфиса Степановна Элякованы, Алексей Алексеевич Балановы, Николай Иванович Куличкины, дириэктэрин Матвей Николаевич Матвеевы иһирэхтик , махталлаахтык ахтар.
Үлэ , ситии-хотуу оскуолатын аҕа саастаах оройуон, куорат тустаах тэрилтэтин салайааччыларыттан Иван Степанович Неустроевтан, Дмитрий Алексеевич Ноттосовтан, Роман Петрович Ефимовтан, Эдуард Александрович Красновтан, Николай НиколаевичСмирновтан иҥэриннэҕэ.
Билигин үлэлээн тигинэтэ турар «Тааттаавтодор” тэрилтэ Арассыыйа судаарыстыбабыт, өрөспүүбүлүкэбит ыытар бэлиитикэтинэн бэйэтин кэскиллээх суолун-ииһин булунан, бүгүҥҥү күҥҥэ эрэллээхтик идэлээх , үрдүк үөрэхтээх олохтоох ыччаттарбытын мунньа тардан, үлэ ымпыктарыгар –чымпыктарыгар такайан, сирдиир, киэн туттар тэрилтэбит. Тэрилтэ үлэһиттэрин орто саастара саамай үлэни кыайар, буһар-хатар 41 саас. Ол да иһин тэрилтэ сылтан сыл аайы аукционнарга ситиһиилээхтик кыттан, үлэни кыайа тутар, саҥа асфальт собуота баар буолла, номнуо биир нэдиэлэ устата Ытык Күөлгэ 6 км суолу асфааллаата, салгыы бу үлэ «Манчаары оонньууларыгар” тиийиигэ түмүктэнэр гына былааннанар. Эдэрдэртэн бүгүн эрэлбитин биллэрэн, Роман Петрович Ефимовы, Егор Егорович Харайдановы, Савелий Михайлович Чашкины, Дьулустаан Васильевич Мандаровы, Дмитрий Николаевич Николаевы, Михаил Васильевич Боппосовы, Михаил Романович Луковцевы, Мария Сергеевна Коркинаны, Аграфена Алексеевна Баишеваны уо.д.а. ааттаталыыбыт.
Үлэҕэ үөрүйэҕэ ыл да кэлбэтэ чуолкай. Манна Салайааччыга төһүү күүһүнэн эдэр саастарыттан үлэни өрө туппут Иннокентий Иннокентьевич Павлов, Серафим Семенович Протопопов, Василий Васильевич Бабанов, Владимир Петрович Винокуров, Надежда Ивановна Слепцова, Мария Макаровна Калашникова оруоллара улахан. Кинилэргэ тирэнэн, үлэҕэ үгүс үөрүйэхтээх, мындыр салайааччы ыйыытынан эдэрдэр күүстэрэ түмсүүлээхтик үлэлээтэхтэринэ кыайтарбат да кыайтарыан сөп курдук эрэмньи санаа үөскүүр.
Манна Тэрилтэ үгэс быһыытынан үлэһиттэр дьиэ кэргэттэригэр чоҕунан-маһынан, аһынан- үөлүнэн көмөтүн эптэххэ ханнык баҕарар тэрилтэҕэ холобур буолар тэрилтэ диэтэххэ сыыспаппыт. Бүгүн Иван Иванович туһунан иһирэх тылынан ахтар күммүт кэлбиччэ, кини кыһалҕалаах , олох араас моһоллоругар түбэспит биир дойдулаахтарыгар ис дууһатыттан көмөлөһөрүн, кинилэр олоххо суолларын-иистэрин булуналларыгар эркээйилээн биэрэр киһи быһыытынан уһулуччу хаачыстыбатын хайаан да тоһоҕолоон бэлиэтиэхпитин наада. Оттон тэрилтэ күүһүнэн улууспут сайдыытыгар, кыһалҕатыгар өрүү тутаах күүс буоларын бука бары көрө-билэ сылдьабыт, махталбыт улахан.Ити эмиэ мээнэ кыахтаах тэрилтэттэн кэлбэт да буолуон сөп этэ, ол эрэн салайааччы майгыта, иитиллибит эйгэтэ, дьиэ кэргэн аҕа баһылыга буолан кэргэнигэр, оҕолоругар сыһыана эмиэ барытыгар төһүү, олук буолара чахчы.
Маны таһынан улууска тахсар кинигэлэргэ «Тааттаавтодор” тэрилтэ өрүү өйүүр, ол туоһутунан 2003 сылтан 30-н тахса кинигэ күн сирин көрөрүгэр уопсайа 3 мөлүйүөн 205 тыһыынча солкуобайынан көмөлөспүт, репрессия сиэртибэлэригэр аналлаах мэҥэ бэлиэни , И.Г.Федосеевка пааматынньыгы, П.А.Ойуунускай 100 сылыгар Дойду Президенэ Б.Н.Ельцин кэлбитигэр аналлаах сквери тутуу, 2 мөлүйүөн суумманан Чөркөөх музейын сэттэ эркиннээх ампаардаах бабаарынатын өрөмүөннээһини үбүлээһин, тэрилтэ суотугар буор босхо улуус механизатордарын , А.Е.Кулаковскай сквердэригэр, Албан Аат площадыгар,” Оҕо куйуурду турара “, “Дьулуруйар Ньургун Боотур” пааматынньыктарга, Баайаҕаҕа Туос Ураһа , Аммаҕа оскуола оннун кутуу, Дмитриан Попов часовнятыгар, Ытык Күөлгэ киириигэ сэргэлэр турар сирдэригэр, Ф.М.Охлопков аатынан паарка аллеятыгар буор кутуу үлэлэрэ, Баайаҕа, Уолба, Кыйы, Туора Күөл, Чымынаайы , Боробул нэһилиэктэригэр быһыттары сабыыттан саҕалаан атын араас үлэлэр «Тааттаавтодора” суох ыытыллыбаттар.
Онон бүгүҥҥү бэлиэтээһиммитин түмүктээри олорон, үлэ киһитэ үлэлиир кэмигэр бэлиэтэниэхтээх диэн санаанан салайтаран, улууспут биир киэн туттар киһитигэр, туруу үлэһитигэр, өрөспүүбүлүкэбит сайдыытыгар сүҥкэн үлэтин учуоттаан, сөптөөх наҕараадаҕа түһэрэргэ этии киллэрэбит.
Күндү ааҕааччыларбыт! Бу этиибитин бүк өйүөхтэрэ диэн бигэ эрэллээхпит, санааҕытын хаһыат нөҥүө суруйан тиэрдиэххит диэн эрэлбитин биллэрэбит.
Источник: таатта.рф