Кулун тутар 30-муус устар 6 күннэригэр «Улуу айаннар суолларынан» бырайыак 6-с экспедицията Таатта-Томпо улуустарын хабан сири-дойдуну чинчийэр, үйэтитэр, дьону-сэргэни кытта көрсөр, үүнэр көлүөнэни уһуйар үлэтин ыытта..
Уһук Илиннээҕи федеральнай уокурукка Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоох бэрэстэбиитэлэ, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Никонов салайааччылаах бырайыак кыттыылаахтара – учуонайдар, суруйааччылар, кыраайы үөрэтээччилэр, суруналыыстар уонна уопсастыбынньыктар урукку суоллар – Охотскай тракт, Аллаах Үүн таһаҕасчыттарын аартыгын, Магадан трассатын омооннорунан айаннаатылар.
Экспедиция Ытык Күөл—Чычымах—Харбалаах—Чымынаайы—Охотскай Перевоз—Дьабарыкы Хайа—Хаандыга—Теплай Ключ—Аэропорт —Тополинай—Арыы Толоон—Кириэс Халдьаайы—Кэскил—Мэҥэ Алдан маршрутунан сылдьан кыраайы үөрэтээччилэри, кырдьаҕастары кытта көрсөн, кинилэр кэпсээннэрин киинэҕэ устан, олохтоох музейдар, библиотекалар фондаларыгар үлэлээн баай матырыйаалы хомуйда.
Охотскай тракт омоох суолунан Таатта улууһун Амма нэһилиэгин сиригэр баар ааттыын «Дьаам» турбазаҕа сылдьан урукку телеграф линията Амма өрүһү туоруур сирин, Охотскай Перевоз бөһүөлэгэр урукку баһылык Василий Ефремов тиэргэнин иннинэн ааһар аартык омоонун көрдүбүт. Бу аартык биир салаата Өймөкөөнүнэн Охотскайга тиийэр, мантан салгыы Халымалыыр айан суола салҕанар. Ол суол Мэҥэ Алданынан Байаҕантай уонна Саһыл нэһилиэктэригэр кэлэн дохсун сүүрүктээх Алдан өрүһү Байаҕантай, Никифоровскай диэн оломнорунан туоруур уонна Арыы Толоонунан, Никифоров ыскылааттарынан Томпо үрэҕин өксөйөн Дьааҥы сис хайаларыгар тиийэн Өймөкөөн диэки түһэр эбит. Бу «Никифоров» диэн ааттаах сирдэр ааттара саха миллионер атыыһыта Гавриил Никифоров- Манньыаттаах Уолун кытта быһаччы ситимнээх. Историктар суруйалларынан, Байаҕантай улууһугар кини улахан ыскалаата турбут.
Аҕа дойду Улуу сэриитин иннинэ, саҕана уонна кэннинэ киин Саха сирин холкуостарын дьарамай санныларыгар түһээн буолан түспүт Аллаах Үүн бириискэлэригэр, суостаах-суодаллаах Сэттэ Дабаан сис хайатын уҥуордаан таһаҕас тиэрдиитэ бэйэтэ туспа эпопея. Чычымах, Чымынаайы, Кириэс Халдьаайы, Охотскай Перевоз кырдьаҕастара, ол иһигэр экспедициябыт чилиэнэ, бу хайысхаҕа анал кинигэни оҥорбут Аким Татаринов, бу сыралаах аартык туһунан ураты номохтору кэпсииллэр.
Охотскай тракт омоох суолунан Таатта улууһун Амма нэһилиэгин сиригэр баар ааттыын «Дьаам» турбазаҕа сылдьан урукку телеграф линията Амма өрүһү туоруур сирин, Охотскай Перевоз бөһүөлэгэр урукку баһылык Василий Ефремов тиэргэнин иннинэн ааһар аартык омоонун көрдүбүт. Бу аартык биир салаата Өймөкөөнүнэн Охотскайга тиийэр, мантан салгыы Халымалыыр айан суола салҕанар. Ол суол Мэҥэ Алданынан Байаҕантай уонна Саһыл нэһилиэктэригэр кэлэн дохсун сүүрүктээх Алдан өрүһү Байаҕантай, Никифоровскай диэн оломнорунан туоруур уонна Арыы Толоонунан, Никифоров ыскылааттарынан Томпо үрэҕин өксөйөн Дьааҥы сис хайаларыгар тиийэн Өймөкөөн диэки түһэр эбит. Бу «Никифоров» диэн ааттаах сирдэр ааттара саха миллионер атыыһыта Гавриил Никифоров- Манньыаттаах Уолун кытта быһаччы ситимнээх. Историктар суруйалларынан, Байаҕантай улууһугар кини улахан ыскалаата турбут.
Аҕа дойду Улуу сэриитин иннинэ, саҕана уонна кэннинэ киин Саха сирин холкуостарын дьарамай санныларыгар түһээн буолан түспүт Аллаах Үүн бириискэлэригэр, суостаах-суодаллаах Сэттэ Дабаан сис хайатын уҥуордаан таһаҕас тиэрдиитэ бэйэтэ туспа эпопея. Чычымах, Чымынаайы, Кириэс Халдьаайы, Охотскай Перевоз кырдьаҕастара, ол иһигэр
экспедициябыт чилиэнэ, бу хайысхаҕа анал кинигэни оҥорбут Аким Татаринов, бу сыралаах аартык туһунан ураты номохтору кэпсииллэр.
«Киһи дьардаматыгар турар суол» диэн суоһар ааттаммыт, тыйыс айылҕа уонна икки атах күрэстэһиилэрин холобура буолбут стратегическай суолтаах суол үрүҥ уонна хара саптан хатыллыбыт сэһэнэ киһи сүрэҕин хайдах да таарыйбат буолуон сатаммат. Байаҕантай, Саһыл, Ыҥаа сахалара, Томпо эбээннэрэ, эбэҥкилэрэ, Хаандыга, Теплай Ключ нууччалара ГУЛАГ, «Дальстрой» трест баараҕай тутууларын уонна бу тэрилтэлэргэ үлэлээбит хаайыылаахтар, чекистэр, геологтар, инженердэр тустарынан уос номоҕо буолбут ахтыылара, көрбүт эрэ «һык» гына түһэр араас өйдөбүнньүк маллара-саллара кыраайы үөрэтээччилэргэ, олохтоох музейдарга балайда түмүллүбүт. Биллэн турар, «Дальстройга» хатыылаах борубулуоха нөҥүө-маҥаа өттүгэр үлэлээбит, ньыгыл тааһы суоран, хайа барылҕан үрэҕин туоруур күрбэни уһанан Магадан трассатын тутуспут дьону үгүстэрин чинчийээччилэр төһө да баттаспаталлар, кэм туоһута лааҕырдар, тутуулар уот аһылыга буоллаллар билигин да баары чөмчөттөххө Саха сирин историятын биир биллибэт, дьулаан мөссүөннээх уонна баараҕай ситиһиилээх өрүтэ ырылхайдык тахсан кэлиэн сөп. Ону Александр Николаев диэн эдэр историк көҕүлээһининэн саҥа тэриллибит Хаандыгатааҕы кыраайы үөрэтэр, баай матырыйааллаах Теплай Ключтааҕы «Магадан трассата» уонна Тополинай оскуолатын музейдара кэрэһилииллэр.
Манна даҕатан эттэххэ, сүүнэ улахан сирдээх Томпо национальнай нэһилиэк сиринэн Тукулаан үрэҕинэн Дьааҥылыыр былыргы аартык ааһарын, онно Чимаада кинээс туттарбыт чочуобуната турарын Тополинай кыраайы үөрэтээччилэрэ Марфа Копырина, Евдокия Семенова, Хаандыга аҕабыыта Вячеслав баарын ахталлар. Аны Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларынааҕы «Аляска–Сибиир» салгын трассатын түһүмэх тохтобула Теплай Ключ нэһилиэгин Аэропорт бөһүөлэгэр баар буола сылдьыбыта эмиэ Томпо ааспыт үйэтээҕи баай историятын сорҕото…
«Улуу айаннар суолларынан» бырайыак бу айаныгар «Таатта» уус-уран-литература музей-заповеднигын дириэктэрэ Владимир Таппыров, Томпо оройуоннааҕы депуттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Илья Шадрин быһаччы сылдьыһан матырыйаал хомуйуутугар, дьону-сэргэни кытта көрсүһүүгэ быһаччы кыттыстылар. Геолог идэлээх Илья Шадрин Россия үрдүнэн бастакы көһөҥө көмүс 1743 сыллаахха билиҥҥи Томпо сиригэр баар Алдаҥҥа түһэр, кыһыннары тоҥмот күүстээх сүүрүктээх Тыырыы үрэхтэн сержант Федор Шарыпов, Таатта киһитэ Истэр сирдьиттээх сылдьан булбутун туһунан кэрэхсэбиллээх чахчыны иһитиннэрдэ.
«Улуу айаннар суолларынан» бырайыак Таатта-Томпо улуустарыгар экспедициятын Нуучча географическай уопсастыбатын уонна Россия аграрнай партиятын Саха сиринээҕи салаалара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбата уонна Уһук илиҥҥи федеральнай уокурукка олохтоох бэрэстэбиитэлэстибэтэ, «Туймаада» үп-агропромышленнай хампаанньа, «ТЦТР» тэрилтэ, «Сахабэчээт» автономнай тэрилтэ уонна «Русский остров» кинигэ кыһата тэрийдилэр.
Бу экспедиция Таатта уонна Томпо улуустарыгар таарыйбыт сирдэринэн, араас кэмҥэ, Хотугулуу-илиҥҥи Азия уонна Россия, илиҥҥи Саха сирин хорук тымыра буолбут суоллара тыргыллан, нуучча маҥнайгы айанньыттара Семен Дежнев, Михаил Стадухин, 2-с Камчаткатааҕы экспедиция салайааччыта Витус Беринг, Америка апостолынан ааттаммыт Москва уонна Коломна митрополита Иннокентий Вениаминов, саха саарына Өксөкүлээх Өлөксөй, академик Сергей Обручев, ИДьНК майора Карпов, Ракитин генерал үрүҥнэрэ, Светец кыһыллара, тыһыынчанан ГУЛАГ хаайыылаахтара, сүүһүнэн «Дальстрой» трест геологтара, инженердэрэ, саха үгүс көлүөнэ таһаҕасчыттара мүччүргэннээх, сордоох, албан ааттаах да аартыктары тэллэхтэрэ…