В статье известной журналистки Валентины Петровой рассказывается о посещении американской журналисткой Рут Грубер Советской Якутии в 1936 году. В ней также приведено большое интервью председателя Совнаркома ЯАССР Христофора Шараборина, которое вышло в газете «Кыым», за год до его расстрела, в том же в 1936 году. На якутском языке.
Рут Грубер 1911 сыллаахха балаҕан ыйын 30 күнүгэр Америка Холбоһуктаах штаттарын Нью-Йорк штатын Бруклин куоратыгар Россияттан кэлэн олохсуйбут дьэбириэйдэр Гасси (Роковер) уонна Дэвид Грубер дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Сүүрбэ саастааҕар Германия Кельн университетыгар философия докторын учуонай степенин көмүскээбитэ, оччолорго аан дойдуга оннук эдэр учуонай дьахтар суоҕа.
Нацистар Европаҕа былааһы былдьаһар кэмнэригэр кини дойдутугар Нью-Йорка төннөр уонна «Нью-Йорк Геральд трибюн» диэн хаһыакка репортерунан үлэҕэ киирэр. Рут билэрэ-көрөрө элбэҕэ, олус сытыы майгылааҕа хаһыат үлэһиттэрин сөхтөрбүтэ. Ол да иһин буолуо, суруналыыс быһыытынан Сэбиэскэй Россияҕа тиийэн матырыйаал хомуйар сорудаҕы биэрбиттэр. Барыан иннинэ Рут Груберга наукаҕа ситиһиитин иһин Нью-Йорк куоракка үлэлиир миллионер, меценат-промышленник Соломон Гуггенхейм тэрийбит коммерческай сыала суох харчынан көмөлөһөр фондатын анал стипендиятын туттарбыттара.
1934 сыллаахха Америкаҕа биллэр полярнай чинчийээччи, этнограф, суруйааччы, профессор Вильямур Стефенсоны (1879-1962) кытта кэпсэппитэ. Вильямур Стефенсон Отто Шмидты бэркэ билэрэ, ону тэҥэ кини Бүтүн Сойуустааҕы Арктическай институт солбуйааччы дириэктэрин, биллиилээх полярнай чинчийээччи, географическай наука доктора Рудольф Самойлович (1881-1939) профессоры эмиэ чугастык билсэрэ. Ити ааттаммыт доҕотторугар сурук суруйан, Рут Грубер матырыйаал хомуйарыгар көмөлөһөллөрүгэр көрдөспүтэ.
1935 сыллаахха сүүрбэ түөрт эрэ саастаах Рут Грубер Америкаттан Европаҕа, онтон Москубаҕа айаҥҥа турунар. Рут, эдэр киһи сиэринэн, профессор Стефенсон суругар эрэнэрэ. Кини дьолугар Москубаҕа профессор Отто Шмидт бэрт болҕомтолоохтук кэпсэтэн баран, Арктика экспедициятыгар көтөрүн көҥүллүүр сурук биэрэр.
Онон Главсевморпуть самолетунан ыраах хоту көтөр. Эдэр суруналыыс икки ый устата Игаркаҕа уустук айаны, олох-дьаһах ыарахан усулуобуйатын тулуйан сылдьан, бэрт элбэх матырыйаалы хомуйар, көрсүбүт дьонун кытта кэпсэтэр, хаартыскаҕа түһэрэр. «Анадырь» борохуотунан айанныыр, «Большевик Заполярья» олохтоох хаһыакка английскайдыы тылынан омук моряктарыгар аналлаах ыстатыйалары суруйар.
1935 сыллаахха Америкаҕа төннөн Сибиир дьикти киэҥ эйгэтин, Арктика тулуурдаах, кыахтаах үлэһит дьонун, онно научнай чинчийиилэр үрдүк таһымҥа ыытыллалларын туһунан кэпсиир, суруйар. Кинигэтин саҕалаан иһэн, ситэ бүтэрбэккэ, иккистээн Россияҕа барарга сорунар. Кэлин, 1939 сыллаахха, ол суруйуута «Я была в Советской Арктике» диэн ааттанан тахсар, салгыы кинигэтэ 1944, 1991 сылларга хаттаан бэчээттэнэр.
Америкаҕа төннөн кэлэн, салгыы билиэх-көрүөх санаата батарбакка профессор Отто Шмидты кытта кэпсэтэн, иккис сырыытын Россияҕа кэлэн, аны Саха сиригэр сылдьарга былааннанар. Ол туһунан маннык суруйар: «Во втором путешествии было – история якутов, медленно поднимающихся, чтобы стать лидерами своей республики, исковерканные человеческие истории сосланных сюда троцкистов: парадоксальная история золотой гонки в социалистической стране, возможно – самой невероятной гонки в современные времена. Якутия была столь самодостаточным объектом, что я решила посвятить ей отдельную книгу».
Бу сырыыга 1936 сыллаахха Рут ССРС хотугулуу-илин диэки хайысхатын тутуһан Иркутскайы, Байкалы көрөн астынан, салгыы Дьокуускайга тиийэн кэлэр. Өрөспүүбүлүкэ Совнаркомун бэрэссэдээтэлин Христофор Прокопьевич Шараборины кытта атырдьах ыйын 14 күнүгэр көрсүһэн интервью ылар. Сэбиэскэй кэм саҕаланыаҕыттан саха олоҕун төрүт укулаатын, ордук дьахталларга сыһыаны, олохтоох омуктар быһыыларын-майгыларын, култуураларын туһунан аһаҕастык кэпсэтэр. Сырыыта кэҥээн, киин куорат сүрүн социальнай тэрилтэлэрин хаартыскаҕа устар, кытыы хаһаайыстыбаларын көрөр, ыаллары кэрийэр, көмүстээх Алдаҥҥа тиийэ айанныыр, Тиксиигэ биир суукка устата олох бары эйгэтин хабан үөрэтэр. Сылдьарын тухары Carl Zeiss диэн немецкэй фирма күүстээх оптикалаах фотоаппаратынан түһэрэн, историяны үйэтитэр. Салгыы кини ылбыт интервьютун кытта билсиһиэҕиҥ.
Кимий Христофор Шараборин диэн?
Христофор Прокопьевич Шараборин (1904-1938) Өлүөхүмэттэн төрүттээх. Дьааҥыга Дулҕалаах нэһилиэгэр төрөөбүт, кыра эрдэҕинэ дьоно Өлүөхүмэҕэ көһөн кэлэллэр. Ийэтэ кини кыра сааһыгар эрдэ олохтон туораан аҕата соҕотоҕун иитэр. Уон сэттэ саастааҕар Өлүөхүмэтээҕи училищены бүтэрэр, комсомолга киирэр, Дьокуускайдааҕы педтехникумҥа үөрэнэ сылдьан, сүүрбэ сааһыгар партия чилиэнэ буолар, салгыы Халыма уокуругар дуогабарынан сэбиэскэй-партийнай үлэһиттэр бөлөхтөрүгэр киирэн командировкаҕа барар, онно партийнай уопсай мунньахха Халыма уокуругун кэмитиэтин сэкирэтээринэн талыллар, Гражданскай сэрии кэмигэр 1-кы, 2-с Мээтис нэһилиэктэригэр үлэлээн ааһар, онтон Ленинградка Коммунистическай университекка үөрэнэн кэлэр. Сүүрбэ биэс саастааҕар Булуҥ уокуругун партийнай тэрилтэтин салайар, салгыы партия уобаластааҕы комитетыгар култуура, пропаганда салаатыгар сэбиэдиссэйдиир.
Ханнык баҕарар үлэҕэ сатабыллаахтык тэрийэр дьоҕурдааҕынан, дьон итэҕэлин ылан, кини сүүрбэ сэттэ сааһыгар Саха АССР совнаркомун бэрэссэдээтэлинэн ананан үлэлиир. Ол кэмҥэ Якутстрой трест, Покровскайдааҕы кирпииччэ собуота, Дьокуускайга улахан кыамталаах электростанция, радиоцентр, радиокомитет, педагогическай институт үлэҕэ киирэллэр, уобаластааҕы балыыһаны саҥардаллар, Хотугу муустаах муораҕа суол аһарга бастакы хардыылар оҥоһуллаллар, балык собуоттарын олохтууллар, кыылы иитэр пиэрмэлэр тэриллэллэр, түүлээҕи тутан, булчуттар үлэлэрин сүрүннүүллэр, оройуоннарга аэропортары туталлар, Зырянкаҕа, Сангаарга чоҕу хостооһун саҕаланар.
1937 сыллаахха репрессияҕа түбэһэн, баара-суоҕа отут түөрт сааһыгар суох буолар. Христофор Прокопьевич Шараборин баай ис хоһоонноох олоҕу олорон ааспыт бөдөҥ судаарыстыбаннай деятель буолар. Кини 2019 сыл алтынньы 29 күнүгэр төрөөбүтэ 115 сыла.
Христофор Шараборин Нью-Йорктааҕы «Геральд трибун» хаһыакка 1936 сыллаахха биэрбит интервьюта.
Р. Грубер: Эт эрэ, эһиги политическай тутулгут хайдаҕый?
Х. Шараборин: Биһиэхэ былаас сүрүн уорганнара – сэбиэттэр; бастакы сүһүөх уорганнара – нэһилиэктэр уонна сэлиэнньэлэр сэбиэттэрэ (нэһилиэктэр – онно сахалар уонна эбэҥкилэр олороллор, сэлиэнньэлэр – онно нууччалар олороллор). Кинилэр куораттарга куорат сэбиэттэринэн холбоноллор, оройуоннарга – оройуоннааҕы ситэриилээх кэмитиэттэринэн. Үрдүк былааһынан Саха Киин ситэриилээх кэмитиэтэ (СКСК) буолар, кини бэрэссэдээтэлэ – Өлөксөөн Хабырыылабыс Хаабыһап.
Бырабыыталыстыбанан Норуот комиссардарын Сэбиэтэ буолар, Совнаркомҥа чилиэнинэн киирэллэр: олохтоох бырамыысыланнас, үп, ис эргиэн, тыа хаһаайыстыбатын (сир үлэтин), үөрэх-доруобуйа харыстабылын, социальнай харалта норуодунай комиссардара, судаарыстыба былаанабай хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ, байыаннай комиссар уонна ССРС ИДьНК боломуочунайа. Саха АССР РСФСР иһигэр бэйэтин бэйэтэ көрүнэр автономнай республика быһыытынан киирэр.
Р. Грубер: Эһиги иннигитигэр ханнык саамай дьоһуннаах политическай сорудах турарый?
Х. Шараборин: Кылааһа суох социалистическай уопсастыбаны тутуу.
Р. Грубер: Эһиги ону хайдах оҥороҕутуй?
Х. Шараборин: Биһиги оҥорбоппут, норуот – оробуочайдар уонна холкуостаахтар бэйэлэрэ туталлар, оттон биһиги кинилэргэ паартыйа уонна бырабыыталыстыба ыйыытынан көмөлөһөбүт: холкуостаахтарга бөҕө, байылыат холкуостары үөскэтэллэригэр, оробуочайдарга баабырыкалары, собуоттары, тэрилтэлэри уонна да атыттары үөскэтэллэригэр. Оттон судаарыстыбаннай аппараат курдук, култуураны тэрийэргэ, олох усулуобуйатын, үлэлээччилэр материальнай балаһыанньаларын тупсарарга көмөлөһөбүт.
Р. Грубер: Коммунистар ортолоругар сахалар бырыһыаннара төһөнүй?
Х. Шараборин: Партийнай тэрилтэҕэ кинилэр быһа холоон эттэххэ, 52 % буолаллар.
Р. Грубер: Оттон нэһилиэнньэҕит бүтүннүүтэ хаһый?
Х. Шараборин: Кэнники сыыппараларынан холоон эттэххэ, 330-340 тыһыынча киһи (чопчу сыыппара биһиэхэ Бүтүн Союз иһинээҕи нэһилиэнньэ биэрэпиһин бүтэрдэхпитинэ баар буолуо), кинилэртэн сахалара 280 тыһыынча киһиэхэ тиийэр.
Р. Грубер: Саха сиригэр ханнык омуктар олороллоруй?
Х. Шараборин: Сахалар, дьүкээгирдэр, эбэҥкилэр, эбээннэр, татаардар уонна да атыттар.
Р. Грубер: Дьүкээгирдэр ханна олороллоруй?
Х. Шараборин: Халымаҕа уонна Индигииркэҕэ. Хаһан эрэ кинилэр бэрт үгүс этилэр, ол гынан баран өрөбөлүүссүйэ иннинэ өрүү хоргуйар уонна олорор усулуобуйалара ыарахан буолан бары кэриэтэ бараммыттара. Кинилэр өрөбөлүүссүйэ буолуор диэри, таас үйэ сорох оруудьуйаларынан туттаннар, аһары былыргылыы олорбуттара. Ол эрээри биһиги кинилэри атахтарыгар туруорбуппут: саанан, балыктыыр сэптэринэн, наада буоллаҕына бурдугунан көмөлөһөбүт, бөһүөлэктэри тутарга эмиэ көмөлөһөбүт. Билигин кинилэр хоргуйбат буоллулар уонна хас сыл ахсын олохторо тупсан иһэр.
Р. Грубер: Кинилэр көһө сылдьааччылар дуу?
Х. Шараборин: Оннук, сайын кинилэр өрүскэ балыктыы, дьуукаланы хатара киирэллэр. Оттон кыһын өрүстэн ойуурга бултуу тахсаллар.
Р. Грубер: Сахаларга эмиэ бөһүөлэктэри үөскэтэллэр дуу?
Х. Шараборин: Суох. Кинилэр бары кэриэтэ биир олохтоохтор, ол эрээри, бытарыйан, хуутардарынан олороллор уонна бэрт аҕыйахтара көһөллөр. Сахалар тустарынан атын сорудах баар. Өрөбөлүүссүйэ иннинэ үгүс сахалар силлиһэ хотонноох балаҕаҥҥа олороллоро. Дьон олорор балаҕана сүөһү хотонуттан хаптаһын соҕуруокканан эрэ быысаһара. Онон, чахчытын ыллахха, дьон хотоҥҥо олороллоро. Биһиги хотону балаҕантан толору араарар сорудах туруоруммуппут. Саха сирин киин оройуоннарыгар ити сорудаҕы ситэри толордубут. Манна балаҕантан араарыллыбатах хотоннор биирдээн-иккилээн түбэһэллэр. Кырдьык Дьааҥы, урукку Мастаах улууһун курдук сорох оройуоннарга дьиэттэн арахса илик хотоннор өссө да 15-20 %-ҥа тиийэллэр.
Р. Грубер: Эбэҥкилэргэ тугу оҥороҕут?
Х. Шараборин: Бэйэлэрин экэнэмиичэскэй балаһыанньаларынан эбэҥкилэр бары кэриэтэ – өрүү көһө сылдьар булчуттар уонна таба иитэр хаһаайыстыбалар. Эбэҥкилэр биһиэхэ Өлүөхүмэҕэ, Алдаҥҥа, Халымаҕа, Дьааҥыга, Индигииркэҕэ, Анаабырга бааллар. Эбэҥкилэр ити тус-туһунан бөлөхтөрө атын-атыннык саҥараллар, онон, холобур, Өлүөхүмэ эбэҥкилэрэ Халыма эбэҥкилэрин бэрт эрэйинэн өйдүүллэр.
Эбэҥкилэргэ бөһүөлэктэри соччо тиэтэппэппит. Табаны иитэр хаһаайыстыбаны кытта сибээстээх буолан, ордук онтон, көһө сылдьыыны ууратан эмискэ олохсуйуу ыарахан буолуо диэн ааҕабыт, ол эрээри олохсуйарга баҕалаахтарга көмөлөһөбүт. Төмтөөҥҥө уонна Томмот оройуонугар сорох бөлөх эбэҥкилэргэ дьиэлэри туппуппут, оттуур сирдэри, тыа хаһаайыстыбатын массыыналарын биэрбиппит. Онно эбэҥкилэр холкуостары тэрийэллэр уонна сүөһү иитиитинэн, оҕуруот аһын олордуунан бэлиэр дьарыктанан эрэллэр. Атын эбэҥкилэр балаһыанньаларын биһиги табаарынан салҕааммыт тупсарабыт.
Интэриэстээх боппуруоһунан эбэҥкилэри төрөөбүт тылларынан ааҕарга уонна суруйарга үөрэтии буолар. Ити иннигэр эбэҥки тылынан букубаар таһаарыллыбыта, учууталларга куурустар уонна да атын үөрэтиилэр тэриллибиттэрэ. Биһиги эбэҥкилэргэ төрөөбүт тылларынан үөрэҕи үөскэтэммит кинилэргэ култуураны иҥэрэргэ кыһанабыт.
Р. Грубер: Эбэҥкилэри көрсүөххэ сөп дуо?
Х. Шараборин: Сөп буолумуна. Мин эйигин Алдаҥҥа уонна Томмокко сырыт диэн этэбин. Таарыйа эттэххэ, Томмот оройуонун ситэриилээх кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн табаарыс Сергей Кульбертинов диэн эбэҥки олорор.
Р. Грубер: Уруккуга холоотоххо, саха дьахтарын балаһыанньатыгар ханнык уларыйыылар таҕыстылар?
Х. Шараборин: Урут дьахтар бүүс бүтүннүү эригэр бас бэринэрэ, кини аҥардас дьиэ эрэ хотуна этэ: оҕолорун уонна сүөһүнү көрөрө, тирии имитэрэ, суорунаҕа бурдук тардара. Быраап өттүнэн ыллахха, сахалар, син биир ыраахтааҕылаах Россия атын да кыра омуктарын курдук, төрүт туох да бырааба суох этилэр, оттон саха дьахтара өссө ордук бырааба суоҕа.
Сахалар ортолоругар халыым баара. Ол аата, эргэ тахсар кыыс аҕата ойох ылар уол аҕатын кытта кэпсэтиһэр уонна, чахчытын ыллахха, бэйэтин кыыһын сүөһү, таҥас, харчы уонна да атын маллар иннилэригэр атыылыыр. Кырдьыга, итиннэ кыыс санаатын кытта ким да аахсыбат этэ. Кыыс аҕатыгар халыым аһара барыстааҕа, «таҥараҕа бэргэһэлэнии» диэн аатырааччы баайы хаҥатар дьыала буолара. Халыым СКСК уурааҕынан 1924 сыллаахха ууратыллыбыта, билигин халыым суох.
Дьахтар үлэтэ хас сыл аайы чэпчээтэр чэпчээн иһэр. Ол курдук, сүөһү иитиитигэр дьахтары кытта сэргэ эр дьоннор эмиэ кытталлар. Кинилэр от, уу тиэйэллэр, ноһуому таһаллар уонна да атыны үлэлииллэр. Итинтэн ураты бэрт үгүс миэлиҥсэлэр, килиэп буһарар сирдэр тутулуннулар; тиийэр гына бурдук тиэйиллэр – ити барыта дьахтары ыарахан үлэттэн, суоруна үлэтиттэн босхолуур.
Үөрэхтээх дьахталлар бырыһыаннара улаатар. Кинилэртэн бэрт үгүстэрэ эмчиттэр, учууталлар үрдүк үөрэхтэрин, техникумнары бүтэрэллэр уонна уопсастыбаннай политическэй үлэҕэ кытталлар. Холобур, т. Сиидэрэбэ – СКСК тэрийэр салаатын сэбиэдиссэйэ, Нартаахаба – Гуорунай оройуон ситэриилээх кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ уонна да атыттар. Доҕойуусаба диэн райпартком сэкирэтээринэн сылдьыбыта.
Р. Грубер: Кинигэлэргэ урут саха уонна эбэҥки дьахталлара бэрт аҕыйах оҕолоохторо уонна аһара былыргылыы усулуобуйаларга оҕолоноллоро диэн суруйаллар.
Х. Шараборин: Суох. Кинилэр үгүстүк оҕолоноллоро, ол эрээри, олох усулуобуйата олус ыараханыттан оҕолор үс саастарыгар диэри аһара үгүстүк өлөллөрө. Билигин биһиги судаарыстыбаннай көмөнү биэрэргэ үгүс кэргэннээхтэртэн сайабылыанньалары ылар үлэни сайыннарабыт. Бу баар биир холобур, мин бүгүн биир эрэ күн устатыгар – биирдии бэйэлэригэр икки тыһыынчалыы солкуобайдаах босуобуйаны Нам оройуонун маннык дьахталларыгар биэрэргэ илии баттаатым: сэттэлии оҕолоох Тереховаҕа уонна Евсееваҕа, аҕыстыы оҕолоох Поповаҕа уонна Авлерияноваҕа, тоҕус оҕолоох Молчановаҕа уонна уон оҕолоох Винокуроваҕа.
Р. Грубер: Дьахтар оҕолонорун чэпчэтэргэ туох оҥоһулларый?
Х. Шараборин: Урут уонна билигин даҕаны төһө эмэ дьаһаллары ылынабыт. Оҕону түһэттэриини бобор туһунан кэнники тахсыбыт сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн, урут сыллааҕы былаанынан көрүллүбүккэ эбии оройуоннарга үс оҕолонор дьиэни, холкуостарга биэс оҕолонор дьиэни, сүүрбэ акушеркалаах пууннары, Дьокуускайга аҕыс уон миэстэлээх оҕо дьааһылатын, оройуоннарга икки сүүс миэстэлээх биэс оҕо дьааһылатын уонна икки сүүс миэстэлээх оҕо саадтарын тутуохпут.
Р. Грубер: Урут кинигэлэргэ оҕолонор дьахтар акаары оҕолор төрөөбөтүннэр диэн дьиикэй көтөрдөр сымыыттарын уонна куба этин сиэбэт диэн суруйаллара. Ол кырдьык дуо?
Х. Шараборин: Кырдьык, оннук майгылар урут бааллара.
Р. Грубер: Дьахталлар эмп көмөтүгэр төһө чаастатык кэлэллэрий?
Х. Шараборин: Холобур гынан маннык суолу кэпсиэм: миэхэ сибилигин биир ыраах хотугу оройуон (Усуйаана) булчута Барабанскай диэн ыстахаанабыс сырытта. Кини бу кыһын ойоҕум оҕолоноругар, кырса тириитин сүлэр киһини туораттан наймылаһан, кинини оҕолонноро икки сүүс килэмиэтирдээх сиргэ оройуон киинигэр ыыппытым диэн кэпсээтэ.
Р. Грубер: Оҕону түһэттэриини бобор туһунан сокуону саха уонна эбэҥки дьахталлара хайдах көрүстүлэр?
Х. Шараборин: Сэбиэскэй Сойуус бары дьахталларын курдук улахан үөрүүнэн. Босуобуйалары биэрэрбитигэр дьахталлар коммунистыы партияҕа уонна сэбиэскэй былааска, ордук табаарыс Сталиҥҥа, кинилэргэ уһулуччу кыһаналларын иннигэр, баһыыбалаан тыл этэллэр уонна бэйэбит оҕолорбутун ордуктук иитиэхпит диэн эбээһинэстэнэллэр. Биһиги ону баһыыбалааһын кураанах куорматынан аахпаппыт, саамай бастыҥ санаалары чахчылаахтык этиинэн ааҕабыт. Билигин биһиэхэ нэһилиэнньэ өссө да аҕыйах диэн ааҕабыт, үксүгэр үлэһит тиийбэт.
Р. Грубер: Оттон биһиэхэ үлэ тиийбэт.
Х. Шараборин: Эһиэхэ үлэ тиийбэт, оттон биһиэхэ − оробуочайдар. Олор икки ардылара бэрт улахан.
Р. Грубер: Дьахтар босуобуйа ыла манна кэлэр эбээһинэстээх дуу?
Х. Шараборин: Суох, сөптөөх уурааҕы Совнарком таһаарар, оттон босуобуйаны биэриини куораттар сэбиэттэригэр уонна оройуоннааҕы ситэриилээх кэмитиэттэргэ соруйар.
Р. Грубер: Хоту саахса баар дуо?
Х. Шараборин: Саахса үлэтин ханна даҕаны нэһилиэк уонна сэлиэнньэ сэбиэттэрэ толороллор. Сорох оройуоннарга биһиэхэ саахса туһунан инструктордара суох этилэр, ол эрээри, биһиги билигин ити итэҕэһи толоробут. Билигин бары сирдэргэ судаарыстыбаннай босуобуйаны ылар бырааптаах үгүс оҕолоох ийэлэртэн сайабылыанньалары хомуйууну тэрийэбит.
Р. Грубер: Оҕолонуохтарын баҕарбат дьахталлар чаастарыгар туох эмэ сэрэтии дьаһаллар ылыллаллар дуо?
Х. Шараборин: Хоту суох. Дьокуускайга баар.
Р. Грубер: Хоту тоҕо суоҕуй?
Х. Шараборин: Эмтиэкэлэр өссө да итэҕэс сайдыылаахтарыттан, ол эрээри бобуу суох буолан наадыйар дьахталлар бэйэлэригэр наадалаах сириэстибэлэри быраастартан, баланыыссалартан уонна да атыттартан ылаллар. Уопсайынан ити боппуруоһу өссө үчүгэйдик билбэппин билинэбин.
Р. Грубер: Хоту дьоннор ити курдук көҥүл олороллоро уонна ССРС атын сирдэрин курдук социализмы туталлара, ол сүрдээх интэриэстээх. Биһиэхэ, Америкаҕа, индеецтэр төрүт туохтара да суоҕун кэриэтэ. Биһиэхэ индеец бэрэсидьиэнинэн хаһан да кыайан буолбат. Оттон эһиэхэ буолар кыахтаах, буолар даҕаны. Манна ханна эмэ чугас былыргы дьоннор уҥуохтарын көрүөххэ сөп дуо?
Х. Шараборин: Кинилэртэн сорохторо уонна да атын былыргылар хаартыскаҕа уһуллан уонна уруһуйданан тураллар. Ону эн Уобаластааҕы мусуойга көрүөххүн сөп.
Р. Грубер: Ханнык сүрүн дьаһал баарый былыргы таҥастары уонна да атыттары тыыппакка хаалларарга дуу, биитэр кинилэри уларытарга дуу?
Х. Шараборин: Хоруоҥкаларынан уонна солко таҥастарынан быысыбайдааһын онон-манан билигин да туттуллар. Наадыйар буоллахха, быысыбайдаммыт тыс этэрбэстэри, биристээҥкилэри, саҕынньахтары уонна да атыттары булан атыылаһыахха сөп. Билигин бэйэ айар ускуустубатын сайыннарар сорук турарыгар, биһиги, кырдьыга, быысыбайдааһыны даҕаны бары дьаһалынан көҕүтүөхпүт. Ол эрээри бэлиэтиэххэ наада – европейскай таҥас туой киэҥник иҥэр: сахалар кирдээх эрэ үлэҕэ кэтиллэр этэрбэстэн саппыкыны ордороллор, оттон дьахталлар саарды, дьахтар көстүүмүн, бачыыҥкатын уонна да атыттары үөрүүнэн атыылаһаллар.
Р. Грубер: Урут сахалар ийэ-аҕа уустарынан олороллоро. Билигин эмиэ ол курдук олороллор дуо?
Х. Шараборин: Хаһаайыстыба социальнай-экономическай төрдө уонна олох туттунуута уларыйан, ийэ, аҕа уустаһар укулаат булгуччу сүтэн иһэр. Урут тус-туһунан үгүс сүөһүлээх сахалар илиилэригэр бэрт үгүс ходуһалар, бэрт үгүс сылгы уонна ынах сүөһү үөрдэрэ мунньустара. Ол эксплуатацияҕа уонна ийэ-аҕа уустаһар укулаакка тирэҕинэн буолара. Бу гынан, кэргэни уонна хаһаайыстыбаны бытарытар кэргэн баһылыгар интэриэһэ суоҕа.
Билигин социальнай-экономическай төрүт чыҥха атын. Ол төрүт – судаарыстыбаннай уонна кэппэрэтиибинэй-холкуоһунай бас билии. Сорох холкуостаахтар төһө да отуччаҕа тиийэр сүөһүлээх буоллаллар, тус-туһунан илиилэргэ оҥорон таһаарыы сириэстибэлэрэ үгүстүк түмүллүбэттэр. Ийэ-аҕа уустаһар тутул туһунан кэпсэтиллэ да барыллыбат. Билигин аҕата уолун бэйэтин кэргэнигэр хаалларарга дьулуспат, уола хаһан баҕарар арахсан холкуоска киирэр, биитэр атын нэһилиэккэ уонна оройуоҥҥа олоҕун уларытан хаһан баҕарар көһөр.
Р. Грубер: Урут сахалар кымыстан испиир оҥороллор эбит. Билигин кымыс бобулунна дуу?
Х. Шараборин: Кымыс доруобуйаҕа буортута суох, хата туһалаах, онон биһиги, кымыһы оҥорорго туттуллар биэлэри нолуоктан босхолооммут, кымыһы оҥорууну сайыннарабыт.
Р. Грубер: Мин аахпытым, урут сахалар уокка арыыны хайдах эрэ уулларан, арыыттан киһи итирэр аһын оҥороллор диэн. Ол кырдьык дуо?
Х. Шараборин: Суох. Сымыйа. Ууллубут арыыны бурдукка буккуйан, киниттэн саламаат диэн аһы оҥороллоро. Итинтэн ураты уулбут арыыны иһэллэрэ, ол гынан, ити киһини хайдах да итирдибэт.
Р. Грубер: Эһиэхэ арктическай истерия диэн баар дуо?
Х. Шараборин: Даа, ол баара уонна баар. Арктическай истерия, сахалыы эттэххэ мэнэрийии, ол неврастения саамай сытыы көрүҥэ. Кини литератураҕа, быстахтык эттэххэ, ССРС Наукатын Академиятынан таһаарыллыбыт доктор С.И. Мицкевич кинигэтигэр суруллан турар .
Р. Грубер: Ити истерия хоту дойдуларга эрэ буолбакка, төһө эмэ үгүс атын да норуоттарга – ньиэгирдэргэ, Ява арыыга уонна да сирдэргэ баар буолар. Мин эйигиттэн ыйытыахпын баҕарабын: эн хайдах коммунист уонна Совнарком бэрэссэдээтэлэ буолбуккунуй?
Х. Шараборин: Коммунист буолуом иннинэ мин комсомолец этим. Онтон партияҕа киирбитим. Совнарком бэрэссэдээтэлинэн мин партийнай үлэттэн өрө тахсыбытым. Мин Халымаҕа оройуоннааҕы партийнай комитет сэкирэтээринэн үлэлээбитим, онтон Ленинградтааҕы коммунистическай университеты бүтэрбитим, партия Булуҥ уокуругунааҕы кэмитиэтин сэкирэтээринэн сылдьыбытым, партия обкуомунааҕы култуура уонна пропаганда салаатыгар сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитим, онтон 1930 сыллаахтан ылата Совнарком бэрэссэдээтэлинэн.
Р. Грубер: Эн ханна төрөөбүккүнүй?
Х. Шараборин: Дьааҥы уокуругар.
Р. Грубер: Совнарком бэрэссэдээтэллэрэ бары коммунист буолуохтаахтар дуу?
Х. Шараборин: Суох, сокуонунан ити көрүллүбэт. Биһиэхэ СКСК бэрэссэдээтэллэринэн паартыйата да суохтар буолаллара. Холобур, Широких уонна Леонтьев.
Р. Грубер: Манна чугас дьиҥнээх саха балаҕанын көрүөххэ сөп дуо?
Х. Шараборин: Сөп, биитэр куоракка бэйэтигэр, биитэр мантан биир биэрэстэлээх Сайсары күөл таһыгар.
Р. Грубер: Саха кэргэнэ сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри тугу гынарын көрүөхпүн баҕарабын.
Х. Шараборин: Ону көрүөххэ сөп. Куорат таһынааҕы биир эмэ холкуоска тахсан көр.
Р. Грубер: Кинилэр онно биир холкуоска олороллор дуо?
Х. Шараборин: Холкуоска диэн ол биир улахан дьиэ иһигэр диэн буолбат. Суох, хас хаһаайыстыба, хас кэргэн бэйэтэ туһунан дьиэлээх.
Р. Грубер: Саха олоҕуттан суруллубут хартыыналары уонна хаартыскалары хайдах булуохха сөбүй уонна саха олоҕор баар маллары хантан атыылаһыахха сөбүй?
Х. Шараборин: Уобаластааҕы мусуойга аҕыйах биир эмэтээҕитэ саха худуоһунньуктарын хартыыналарын быыстапката тэриллибитэ. Мусуойга хаартыскалар бааллар. Онон онно эн хартыыналары көрүөххүн уонна интэриэстээх диэбит хаартыскаларгын талыаххын сөп. Экспонаттары ыллахха, олору мусуой анал көҥүлэ суох атыылыан сатаммат.
Р. Грубер: Сахалар билигин бэс субатынан аһыыллар дуо?
Х. Шараборин: Урут ол баара, билигин суох.
Р. Грубер: Сахалар ханнык национальнай аһылыктаахтарый?
Х. Шараборин: Күөччэх, ол сороҕор дьэдьэнинэн, биитэр сугунунан тупсарыллар, хойуу гына ытыллыбыт сүөгэй. Кыһын күөрчэҕи лэппиэскэ курдук тоҥороллор. Суорат, оһуобай ньыманан бэлэмнэнэр аһыйбыт үүт. Хоту үрүҥ балык саамай үтүө суортарыттан дьуукаланы оҥороллор. Ону оҥорорго балык иһин ыраастаан бараннар, этин тириитигэр диэри хайыта быһаллар, күҥҥэ хатараллар уонна буруоҕа ыһаараллар. Хаппыт эт – эти кэччик-кэччик быһаллар уонна туустаах үүккэ уган бараннар тоҥороллор. Ол кэнниттэн, үксүгэр саас, балтараа-икки ый устатыгар салгылаталлар. Лэппиэскэ – хойуу тиэстэттэн оҥоһуллан хобордооххо, биитэр үтэһэҕэ үөлүллэн уокка буһарыллар. Ол эрээри, хас сыл ахсын лэппиэскэ килиэбинэн солбуллан иһэр. Килиэп амтанын биһиги үчүгэйдик сэбиэскэй былааска эрэ өйдөөбүппүт. Эт эрэ, сахалар тустарынан тугу аахпыккыный?
Р. Грубер: Мин Зееблик диэн Сибииргэ сыылкаҕа сылдьыбыт Польша суруйааччы дьахтарын кинигэтин (ол кинигэ 1915 сыллаахха таһаарыллыбыта), «Турухаанскай кыраай сахаларын туһунан» диэн Tiretijekiep кинигэтин уонна да атыттары аахпытым. Билигин эт эрэ, бары атын аччыгый норуоттар ааттара тоҕо уларыйда, оттон «якуты» диэн тоҕо эргэтинэн хаалла?
Х. Шараборин: Нууччалыы эттэххэ «якуты» дэһэллэр, ол эрээри «якуттар» бэйэлэрин сахалар диэн ааттыыллар. Баҕар саҥа Конституцияны ылынары кытта сибээстээн ити боппуруос дьүүллэниэҕэ.
Р. Грубер: Эн хайдах саныыгыный, якутскай норуот аатын уларытыахтара дуу?
Х. Шараборин: Эрдэттэн эттэххэ, ыарахан. Билиҥҥитэ ити боппуруос эписийээлинэйдик тура илик, боппуруоһу норуот баҕата быһаарыа.
Р. Грубер: Мин эбэҥкилэр, тоҥустар тустарынан кинигэ суруйуом дии саныыбын. Хайдаҕа сөптөөҕүй? Эбэҥкилэр дуу, тоҥустар дуу? Москубаҕа Шмидт бэрэпиэссэр тоҥустар диэн суруйуохха сөп диэн эппитэ.
Х. Шараборин: Эбэҥкилэр диэн суруйуу сөптөөх. Кинилэр бэйэлэрин былыргыттан ол курдук ааттыыллар уонна ол курдук кинилэри эписийээлинэйдик ааттаабыттара бэрт өр буолла.
Кыым. – 1936. – Балаҕан ыйын 6 күнэ. – 205 (2697)