Арассыыйа – үс акыйаан кытылынан тайаан сытар аарыма дойду. Ол иһигэр судаарыстыба илиҥҥи кирбиитэ Чуумпу акыйаан кытылынан тайаан сытар. Бу илиҥҥи түөлбэ Уһук Илин диэн аатынан биллэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ – Уһук Илин сис регионнарыттан биирдэстэрэ. Бу Арассыыйа Уһук Илинин историята хаһааҥҥыттан саҕаланарый уонна бу түөлбэҕэ Саха сирэ туох суолталааҕый? Ол туһунан өр кэмҥэ Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка СӨ олохтоох бэрэстэбиитэлинэн үлэлээбит «Улуу айаннар суолларынан» бырайыак салайааччыта, Ил Дархан сүбэһитэ Георгий Никоновтыын сэһэргэстим.
– Георгий Дмитриевич, өскөтүн Саха сирэ Арассыыйа кэккэтигэр киирбитин 400 сыла туолар диэн өйдөбүл өрөспүүбүлүкэ иһигэр баар эбит буоллаҕына, «Нуучча Уһук Илинин 400 сыла» диэн идея хайдах үөскээтэ? Бу бырайыак историялыы төрдүн-ууһун уонна суолтатын сырдата түс эрэ.
– Түөрт үйэ анараа өттүгэр нууччалар кэлин Дьокуускай куоракка кубулуйбут Өлүөнэ остуруогун олохтуохтарыттан ыла Арассыыйа Уһун Илиҥҥэ өтөн киириитэ уонна баһылааһына саҕаламмыта. Ол курдук, 1632 сылтан саҕалаан уонча-сүүрбэччэ эрэ сыл устатыгар Дьокуускайтан тэриллэн, атамаан Иван Галкин хаһаактара Забайкальеҕа тиийбиттэрэ, «письменнэй» кулуба Василий Поярков этэрээтэ Амыр өрүһүнэн Лаамы байҕалын кытылын булбута, атамаан Михаил Стадухин дьоно Камчатка тумул арыытыгар үктэммиттэрэ, оттон Семен Дежнев куочата Хотугу Муустаах байҕалынан устан Хотугулуу-Илиҥҥи Азияны эргийэн, Чуумпу акыйааҥҥа тахсыбыта. Бу холобура суох хорсун айаннар түмүктэринэн Арассыыйа былааһын эйгэтигэр Арктика, Чукотка, Камчатка, Курил арыылара, Сахалин, Забайкалье киирбиттэрэ. Ити история мэлдьэҕэ суох чахчыта – Саха сирэ Арассыыйаҕа киирбит 400 сыла бүтүн Уһук Илин бары субъектарыгар быһаччы сыһыаннааҕын бигэргэтэр. Онон биһиги сүрдээх улахан үбүлүөйдээх кэрдиискэ кэллибит: Дьокуускай куорат төрүттэммитэ 400 сыла – Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 400 сыла – Арассыыйа Уһук Илинин 400 сыла. Бу кэрдииһи дорҕоонноохтук этэр туохха туһалааҕый диир буоллахха, Уһук Илин урут-уруккуттан Арассыыйаҕа геополитика, экономика уонна оборона өттүнэн сүдү суолталаах. Кэлиҥҥи кэмҥэ бу өссө улаатан уонна дириҥээн иһэр – биһиги региоммут билигин аҕа дойдубут аан дойдуну кытта алтыһар биир сүрүн аартыгар кубулуйда. Арассыыйа бөдөҥ политиктара, идеологтара, учуонайдара тас политика стратегията билигин Азияҕа эргийбитин бэлиэтиир, улахан суолта биэрэр буоллулар.
– Ол болҕомто Уһук Илин олоҕор-дьаһаҕар төһө биллэрий, ханнык өрүтүнэн дьайарый?
– Арассыыйа правительствота кэлиҥҥи сылларга Уһук Илиҥҥэ сүрдээх улахан болҕомтотун уурар. Ол гынан баран бу болҕомтоҕо социальнай-экономикалыы ис турукпут соччо сөп түбэспэт диэн билиниэх кэриҥнээхпит. Холобура, дьон-сэргэ сэбиэскэй былаас эстиэҕиттэн ыла хайдах барбытай да, ол курдук көҕүрүү турар. Регионнар ис кыһалҕалара даҕаны улахаттар. Кэлиҥҥи сылларга Уһук Илин киэҥ-нэлэмэн сиригэр-уотугар омук дойдулара харахтарын уотун өссө күүскэ хатыыр, сиртэн хостонор баайбытыгар ымсыырар буоллулар. Арктика шельф мууһун, арыыларын былдьаһан саҥаттан тыырсыы боппуруоһун эмиэ көтөҕө сатыыллар. Онуоха историяны токурутан, төттөрү эргитэн атыннык көрөргө, быһаарарга уонна ону киэҥ билиигэ таһаарарга дьулуһаллар. Маннык идеялар доҕордоһуута суох судаарыстыбалартан эрэ буолбакка бэйэбит испититтэн эмиэ күөрэйэллэрэ ордук дьиксиннэрэр. Итинник түбэлтэлэр патриоттыы иитиигэ улахан итэҕэстээхпитин кэрэһилииллэр. Дьон-сэргэ судаарыстыбаны итэҕэйбэтэ, буола турар быһыыга-майгыга сөптөөх сыанабылы биэрбэтэ, өйдөөбөтө көһүннэ. Оттон Арассыыйа Уһук Илинин историятыгар биир кэлим сыһыан суох – хас биирдии регион бэйэтин эрэ ыырынан, ычатынан үөрэтэр, сырдатар. Дьиҥэр, дойду, ол иһигэр Уһук Илин историята биир ситимнээхтик үөрэтиллиэхтээх.
– Өр сылларга чинчийбит, бу хайысхаҕа бөдөҥ учуонайдары, политиктары кытта алтыспыт киһи быһыытынан Уһук Илин Арассыыйаҕа киириитигэр ордук үтүөлээх дьонунан кимнээҕи ааттыаҥ этэй?
– Киэҥ-нэлэмэн Уһук Илини, ол аата Азия хотугулуу-илин өттүн арыйыы география, геополитика да өттүнэн Колумб Эмиэрикэни арыйыытыттан итэҕэһэ суох буоллаҕа дии. Бастакы кэккэҕэ Семен Дежневы туруорабын. Кини – Евразия уонна Эмиэрикэ континеннара силбэспэттэрин чопчулаабыт айанньыт. Иккиһинэн, биллэн турар, Витус Беринг – Арассыыйа империятын улахан картатын оҥорбут экспедицияны салайбыт киһи. Ону тэҥэ Эмиэрикэ кытылыгар тиийэн Алясканы арыйбыт улахан өҥөлөөх. Ол иһин «Улуу айаннар суолларынан» бырайыак киинэлэригэр Дежневынан, Берингинэн сирэйдээн, Саха сирэ Нуучча судаарыстыбатын холбоһуутун көрдөрөбүт.
– Георгий Дмитриевич, Арассыыйа Чуумпу акыйаан кытылыгар бөҕөргөтүнүүтэ Саха сирин кытта туох ситимнээҕий?
– Билиҥҥи Хабаровскай кыраай хотугу уһугар баар Охотскай бөһүөлэгин историята 1640-с сыллартан саҕаланар. Бу – Арассыыйа Чуумпу акыйааҥҥа бастакы порда, дойду Чуумпу акыйааннааҕы флотун үөскээбит сирэ. Элбэх экспедиция, Камчатканы, Куриллары арыйыылар, Чукоткаҕа уонна Нуучча Эмиэрикэтигэр өтөн киириилэр бары мантан ситимнээхтэр. Онон Охотскай 200-тэн тахса сыл устата Арассыыйа илиҥҥи уһугун аана буолан турбута. Бу порт уустук сиргэ турара: уута улахан ааллар тохтуулларыгар чычааһа, кытыла тыалтан хаххата суоҕа, онуоха эбии кыһына тымныыта. 1844 сыллаахха Нуучча-Эмиэрикэлии хампаанньата Айаан пордун тутуутун саҕалаабыта, онтон ыла Охотскай мөлтөөн, Дьокуускайтан Ньылханынан саҥа тракт үөскээбитэ. Охотскай уонна Айаан трактарынан таһаҕаһы сахалар таспыттарын туһунан биһиги учуонайдарбыт сиһилии сырдатан тураллар. Онно эбэн эттэххэ, икки порду – Охотскай уонна Айаан аартыктарын сайыннарарга сахалары олохтообуттар эбит.
Аны 1849 сыллаахха Илин Сибиир генерал-күбүрүнээтэрэ Муравьев-Амурскай өйөбүлүнэн тэриллибит капитан-лейтенант Невельской салайар экспедицията «Байкал» суднонан Айаан пордуттан айаннаан Амыр өрүс төрдүн арыйбыта уонна Сахалин тумул арыы буолбатаҕын чопчулаабыта. Бу кэмтэн ыла Амыр өрүһүнэн уу суола баара биллэн барар. Оччолорго Амыр тардыытын Кытай сиринэн ааҕаллара, онон империя тас дьыалаларга министиэристибэтэ Невельскойу дойдулар сыһыаннарын буортулааччынан ааҕан сууттатаары гынар. Онуоха Николай I ыраахтааҕы: «Нуучча былааҕа күөрэйбит сириттэн түһүө суохтаах», – диэн кинини быыһаан ылар, итиэннэ Амыр төрдүгэр поселение олохтуурга уонна бу сирдэри салгыы үөрэтэргэ сорудахтыыр. Ыраахтааҕы дьаһалынан бу түөлбэ өрүскэ буолбакка, туора сиргэ тутуллуохтааҕа эрээри Невельской ону кэһэн, Амырдааҕы Николаевскай куораты олохтуур. 1858 сыллаахха билиҥҥи Хэйхэ куоракка, уруккунан Айгун диэн бөһүөлэккэ сөбүлэсиһии түһэрсиллэн, Арассыыйа Амыр тардыытынааҕы сирдэргэ бырааба чопчуланар. Кэлин Кытай сэриигэ кыайтарыытын уонна ол саҕана Пекиҥҥэ буолбут событиелары туһанан, дойду дипломаттара 1860 сыллаахха билиҥҥи Приморье сирин ылан Владивосток олохтонор. Манна Саха сирэ өҥөтө улахан: Николаевскай куорат бастакы дьиэлэрин сахалар туппуттарын кэрэһилиир докумуоннар баалларын экспедицияҕа сылдьан билсибиппит. Невельской ахтарынан, тоһоҕо, сүгэ-эрбии, араас тимир тэриллэр барыта Дьокуускайтан кэлэллэр эбит. Биир кэрэхсэбиллээх түгэн баар: 1860 сыллаахха Шмидт диэн геолог суруйан хаалларбытынан, экспедициялара Соловьев диэн саха атыыһытын кэтэһэн барбакка олорбут. Киһи сөҕөрө Саха сириттэн сылгыны, сүөһүнү үүрэн аҕалар эбиттэр. Хайдах аҕалаллара киһи төбөтүгэр баппат – Амырдааҕы Николаевскай куоракка билигин даҕаны сиринэн тиийэр сүрдээх уустук. Ол нууччалыы билбэт буолан икки тылбаасчыт арыалдьыттаах Соловьев атыыһыт аҕалбыт этэ-арыыта, сылгыта, сүөһүтэ бүтүн Николаевскай куораты хааччыйан олорбут. Аны Невельской Николаевскай куораты олохтуур кэмигэр сахалар Алдантан таба үүрэн аҕалан Сахалиҥҥа туораппыттар. Ол иннинэ Сахалиҥҥа таба иитэллэрин туһунан чахчы суох. Сахалин олохтоох омуктарын баһылыгынан ааттаммыт саха киһитэ Дмитрий Винокуров уон тыһыынчаттан тахса табалааҕа үһү.
Николаевскай куоракка элбэх саха олорбут. Сэбиэскэй былаас олохтонуутугар ревком испииһэгин көрдөххө, онно сэттэ хас киһи саха буолаллара ыйыллыбыт. Николаевскайтан наһаа ырааҕа суох, билигин Уктур диэн тимир суол станциятын аттыгар Николай Петрович Яковлев диэн саха киһитэ көмүллэн сытар, аттыгар, 14 биэрэстэлээх сиргэ, Анастасия Петровна Яковлева диэн ааттаах туспа урдус дьахтара диэн суруктаах киһи уҥуоҕа эмиэ баар. Репрессия сиэртибэлэрин мэҥэ тааһыгар Чаҕылыыһап диэн сахалыы араспаанньалаах киһи аатын булбуппут. Ону Баһылай Харысхал Гражданскай сэрии кэмигэр үрүҥнэри кытта Охотскай байҕал кытылыгар чугуйан тиийэн ыһыллыбыт сахалартан буолуон сөп диэн сабаҕалаабыта…
Бу ахтыбыт чахчыларым Арассыыйа Чуумпу акыйааҥҥа тахсыыта Саха сириттэн саҕаламмытын уонна сахалар быһаччы кыттыгастаахпытын туоһулуур дии саныыбын.
– Дьэ аны Чуумпу акыйаан уҥуоругар – Нуучча Эмиэрикэтигэр тиийдэххэ, манна Саха сирин сабыдыала, сахалар суоллара-иистэрэ төһө көстөрүй?
– Арассыыйа акыйаан уҥуордааҕы сирдэрин көдьүүстээхтик туһанаары Нуучча-Эмиэрикэлии хампаанньатын тэрийбит. Бу тэрилтэ Англия Ост Индиятааҕы хампаанньатын холобуругар олоҕурбут уонна Дьокуускайы, Охотскайы, кэлин Айааны тирэх оҥостон үлэлээн улахан хамнааһын таһааран испит. Ол гынан баран, 1853–1856 сыллардааҕы Крым сэриитин кэнниттэн Арассыыйа ыраах баар сирдэрин кыайан көмүскүүр кыаҕа суоҕа биллэн, 1867 сыллаахха Алясканы Эмиэрикэ холбоһуктаах штаттарыгар атыылыыллар. Ол эрээри бу сирдэргэ нуучча таҥаратын дьиэтин дьайыыта, нууччалар хаалларбыт суоллара-иистэрэ күн бүгүҥҥэ диэри көстөр. Оннооҕор Аляска биир арыытыгар саха сүөһүтэ көнньүнэн үөскээбитэ биллэр. Итиэннэ Аляскаҕа күн бүгүҥҥэ диэри православнай итэҕэллээхтэр элбэхтэр.
– Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбит көтөхпүт «Уһук Илин 400 сыла» идеятын ыалларбыт туох дии саныылларый?
– Уһук Илин регионнарын кытта билсибитим, алтыспытым, үлэлэспитим отучча сыл буолла. Ол тухары бииртэн олус сөҕөбүн: элбэх наука конференцияларыгар, араас таһымнаах төгүрүк остуолларга сырыттым, политиктары, салайааччылары да кытта көрсөн кэпсэттим эрээри бары бэйэлэрин түөлбэлэрин эрэ историятынан муҥурданаллар. Холобура, Камчаткаҕа Михаил Стадухин, Владимир Атласов тустарынан кэпсиэхтэрин сөп эрээри, бу дьон хантан, хайдах кэлбиттэригэр болҕомто уурбаттар, эгэ, Уһук Илини бүттүүнүн билбэттэр, билэ да сатаабаттар… Дьэ ол иһин биһиги, Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтата уонна уопсастыбаннаһа, бу боппуруоһу көтөхтүбүт. Төгүрүк остуолга Камчатка, Приморье, Амыр, Еврей автономиялаах уобалаһын бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. Биһиги этиибитин Камчатка суруйааччылара, кыраайы үөрэтээччилэр хайыы-үйэ өйөөтүлэр.
– Георгий Дмитриевич, быйыл Москваҕа олунньу 15 күнүгэр «Россия» норуоттар икки ардыларынааҕы форум чэрчитинэн «Арассыыйа Уһук Илинин 400 сыла» буолбут төгүрүк остуол кэннэ аал баһа төһө хамсаан эрэрий?
– Регионнарга кэпсэтиһии, санаа атастаһыыта бара турар. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн ити регионнарга «Биһиги Арассыыйа састаабыгар бачча өр олоробут» диэн ааҕыы суох. Кинилэр сүнньүнэн улахан куораттар – Хабаровскай, Владивосток олохтоммут сылларыттан ыла историяларын ааҕан бэлиэтииллэр. Оннук аахтахха, балтараа сүүс сылтан ордук эрэ кэми хабар. Уһук Илин холбоһуутун историята биир кэлимник чинчилиннэҕинэ, сырдатылыннаҕына эрэ история кырдьыга – Арассыыйа маннык улахан территорияны хайдах бэйэтин кынатын анныгар ылбыта, олохтоох омуктар онно суолталара ырылыччы тахсан кэлиэҕэ. Бу түөрт сүүс сыл аҥаардас үбүлүөйдээх тэрээһин, бырааһынньык эрэ буолбатах – общество иннигэр чопчу соруктары туруорар, түмэр, сомоҕолуур буолуохтаах. Мин оннук өйдүүбүн. Уонна ол Арассыыйа уопсастыбаннаһыгар, киин былаас уорганнарыгар Уһук Илин кыһалҕаларын тиэрдиэхтээх уонна ол кыһалҕалары быһаарарга, ол иһигэр Уһук Илин суолтатын үрдэтиигэ, киниэхэ болҕомтону тардыыга туһаайыллыахтаах. Үлэ оннук хайысхалаахтык барыахтаах. Оттон кэккэ сымыйа сурахтарга, история кырдьыгын токурутууларга сөптөөх уонна ылыннарыылаах харданы биэриэхтээхпит. Онно инники көлүөнэ дьон, чинчийээччилэр үлэлэригэр, суруйууларыгар тирэҕирэн кэнчээри ыччаты патриоттыы тыыҥҥа, инники көлүөнэлэр подвигтарынан киэн туттарга иитиэхтээхпит.
Кэпсэттэ Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Гаврил Андросов
Чолбон. – 2024. – № 4