Үөгэн оскуолата биэрбит материалынан:
Ким да умуллубат, умнуллуо да суохтаах!
Ийэ дойдуларыгар уонна норуоттарыгар өҥөлөөхтөр
Төрөөбүт Ийэ дойдуларыгар уонна норуоттарыгар үтүө өҥөлөөх икки киһи туһунан Саха сирин үлэһиттэригэр, чуолаан кинилэри соччо-бачча билбэт эдэр көлүөнэҕэ билиһиннэриэхпин баҕараммын суруйан эрэбин.
Мин бу мантан аллараа суруйар дьонум иккиэн биһиги Кириэс-Халдьаайыбыт (Томпо оройуона) эҥэригэр үөскээбит, төрөөбүт, кырдьаҕаһа үөрэҕэ суох, онтон эдэрэ кыра үөрэхтээх дьоннор. Кинилэр иккиэн Саха Сирин икки уһук өттүгэр кыһыл көмүһү арыйаннар төрөөбүт Сахаларын Сирин албан ааттаабыттара, онон бүтүн Советскай Союзка, кини барҕа баай валютатын хаҥатыһарга үйэлэргэ умнуллубат үтүө кылааты киллэрсиллибит дьоннорунан буолбуттарын Саха Сирин дьоно эрэ буолбакка, Советскай Союз бары норуоттара билэллэрэ буолуо диэтэхпинэ бука алҕаһа суох буолуо.
Михаил Прокопьевич Тарабукины мин урут билбэт киһим этэ. Ол да буоллар балай да өрдөөҕүтэ кини туһунан элбэх кэпсээннэри истибитим. Ордук үчүгэйдик мин кинилиин бу кэлин 50-с сыллар саҕана Кириэс-Халдьаайыттан Якутскай куоракка диэри борохуотунан бииргэ айаннаан иһэммин билсибитим. Кириэс-Халдьаайы бириистэниттэн борохуокка киирдэхпинэ балайда аҕамсыйбыт саастаах, кыра соҕус уҥуохтаах, толору эттээх-сииннээх хара бараан киһи палубаҕа туран эрэ биэрэги кичэйэн одуулаһа турарын көрө түспүтүм. Ол киһи миигин көрө түһээт, уруккуттан билэр киһитин курдук, сүр эйэҕэстик мичээрдээбитэ уонна илии тутуһан дорооболоһо-дорооболоһо: “Мин бу дойдуга төрөөбүт киһи этим”, – диэн соһутта. Онуоха мин хап-сабар, эмиэ кинини билэр киһилии – “Ээ, Алдан кыһыл көмүһүн арыйбыт Михаил Прокопьевич Тарабукин буолаҕын дии”, – диэтим.
– “Оннук-оннук”, – диэтэ киһим баара-суоҕа икки эрэ тылынан уонна мүчүк гынан күлэн кэбистэ.
– “Мин Үөгэн нэһилиэгин киһитэ Петр Игнатьевич Григорьев уола Дмитрий Петрович Григорьев диэммин.
– “Ээ, ол эн аҕаҕын Бүөтүрү бэркэ билэр киһим этэ. Аҕаҥ баар дуо?
– Суох, 1934 сыллаахха өлбүтэ.
– Оо, бу эрэйин… – дии-дии биэрэги одуулаһа турда. Борохуоппут биэрэктэн хоҥунна. Ол да буоллар киһим палубаттан арахсыбат. “Дойдутун-сирин көрөөрү гынар буоллаҕа. Дьэ мин оччоҕо кинини кытта ньиччи-хоччу сэһэргэһиэм буоллаҕа”, – диэн испэп хаһаана санаатым. Өйдөөн көрбүтүм киһим халампааһы быатыттан моонньугар кэтэ сырдьар эбит. Буолумуна Тайҕа киһитэ уонна булчут буоллаҕа дии.
– Михаил Прокопьевич, Ынахсыт биэрэгэ – Хоту төрдө бу турар. Үөттээх биэрэгин, бука, көрүөҥ суоҕа. Хомотун эрэ көрүөҥ буоллаҕа. Арба, халампаастааххын дии, көрө да сыһыаҥ, – диибин мин.
– Сылдьыбатаҕым быданнаата. Умна да сыһан эрэбин. Хайа, аны онуоха эбии уларыйыыта да баһаам буолуо.
– Оо, Үөттээх хомото бу турар эбит. Хайдах хайдаҕый? – кэҥээбитэ дуу, – дии-дии халампааһынан көрбөхтүү турда.
– Урут балыганан баай этэ. Билигин хайдаҕа эбитэ буолла? Эбэм хатыыһыттан биирдэ амсайбыт киһи баар ини, – диэн баран өрө тыынан кэбистэ. Мин туран кинини олус аһына санаатым. Куоракка илдьэ баран иһэр туустаах, буспут балыктаах, сүөгэйдээх, арыылаах этим. Олортон кинини күндүлүүргэ санаатым. Сип-сибилигин тиийиэх буоллум.
Сотору буолаат малбын туппутунан оҕонньорум каютатыгар көтөн түһэбин. Киһим каютатыгар соҕотох эбит. Остоолугар ас бөҕөнү тарпыт. Өссө биир бытыылка арыгылаах. Мин аспыттан остоолго ылан уурталаатым. Киһим балыгы көрөн баран олус үөрдэ. “Оо, оо, хатыыс” диэмэхтээтэ. Биһиги, дьэ, ирэ-хоро, астына, сиһилии сэһэргэстибит. Олортон мин сорҕолорун кэпсиибин:
“ – Мин манна Үөтээх диэн сиргэ дьадаҥы кэргэҥҥэ үөскээбитим. Дьонум бэрт аҕыйах ынах сүөһүлээх этилэр. Аҕабыт биһигини көтөрү-сүүрэри бултаан, балыктаан ииппитэ. Революция буолуон быдан иннинэ мин Якутскай куоракка дьолу-соргуну көрдөһө, быһатан эттэххэ айах тарҕата, киэҥ иһит салааһыннаах дииллэрин кэриэтэ, куорат аата куорат үлэ-хамнас да көстөө ини, астаах-таҥастаах буолуо диэммин чэрдээх илиим уонна быччаҥым күүһүн эрэнэммин киирбитим, тукаам. Куоракка эһиги Үөгэн нэһилиэгин киһитэ Дорооппуска байан-тайан, сай(…)лыы диэн киһи тэҥэ суох буолан күннээн-күөмэхтээн олороро. Мин киниэхэ хамначчытынан үлэҕэ кэпсэтэн үлэҕэ киирбитим. Кыстаабытым. Дороппууска сүүһүнэн сылгы, ынах сүөһүнү Бодойбоҕо үүрэн илдьэн эргинэр эбит этэ. Онон сүөһү үүрсэн мин аны Бодойболоотум. Оччолрго Бодойбоҕо кыһыл көмүһү хостотор тэрилтэ баар эбит. Мин онно көмүһү хостуур артыалга (холбоһукка) киирдим. Мин кэннибиттэн Бодойбоҕо биир дойдулааҕым Эһэ нэһилиэгин киһитэ Иван Федорович Сыромятников – Утаран Уйбаан тиийбитэ.
Сотору буолаат, саас Бодойбо бириискэтигэр рабочайдар кыа хааннарын тохпут Ленатааҕы ытыалааһын буолта. Ол ытыалааһыҥҥа түбэспит рабочайдар ортолоругар Утары биһикки баар этибит. Ол хааннаах ытыалааһынтан Утары Уйбаанчык биһикки тыыннаах ордон хаалан бараммыт эрдэтээҕи борохуотунан Якутскай куоракка кэлбиппит. Киһим дойдутугар Кириэс-Халдьаайыга барбыта. Мин Якутскайта Томмокко барбытым. Ол дойдуга тиийэн баран булдунан дьарыктаммытым. Ол сылдьаммын билиҥҥи Алдан куоратын килбэйэр кииниттэн кыһыл көмүс самородагы булбутум. Били Бодойбоҕо сылдьан кыһыл көмүһү хостуурга, сууйарга үөрэммит буоламмын эндэппэккэ бу дойду кыһыл көмүс баайдаах эбит диэн бигэ санааҕа киирбитим. Сайын аайы үрэхтэр, үрүйэлэр устун сылдьыбытым. Кумаҕы кичэйэн туран сууйбутум. Булуубун таҥаска суулаан балай да өр илдьэ сылдьыбытым.
1923 сыллаахха Якутскайтан Алдаҥҥа кыһыл көмүһү көрдүүр артыал тэриллэн кэлбитэ. Ону коммунист, омугунан латыш, Дальгай Востокка уонна Саха Сиригэр гражданскай сэрии активнай кыттыылааҕа Вольдемар Петрович Бертин салайан тиийбитэ. Артыал састаабыгар урукку кыһыл партизаннар уонна опыттаах старателлар бааллара. Бертин төһө эмэ өр, суолга эрэйи, моһуога көрсө-көрсө табаарыстапыныын Орто-Салаа биэрэгэр тиийбит. Кинилэр онно эвенкилэртэн манна чугас дьоннор кыһыл көмүһү “сууйалларын” истибитэр. Сотору буолаат Бертин этэрээтэ эвенкилэр хас да тордохторун көрбүттэр. Бертин ол эвенкилэр ортолоругар миигин аан маҥнай көрсүбүтэ. Мин Алдаҥҥа Бертин иннинэ быдан эрдэ кэлбит киһи буоллаҕым дии. Дьэ, мин туран Вольдемар Петровичка били суулаан-суулаан илдьэ сылдьар кыһыл көмүспүн көрдөрдүм. Бертин барахсан, оо, онно үөрбүт эриэхсит. Миигин ыга кууһан олорон урут үөһээ бокуойа суох уураа да уураа буолла уонна кини артыалыгар холбоһорбор көрдөспүтэ. Мин ону толорбутум. Дьэ, онтон ыла Вольдемар биһикки ааттаах табаарыстыы, доҕордуу буолбуппут. Мин урут сылдьыбыт, билбит, чуолаан көмүһү сууйбут сирдэрбинэн дьоммун батыһыннара сылдьаммын барыларыгар көрдөрбүтүм, кэпсээбитим. Бертиннээх Алданы “Незаметный” диэн ааттаабыттараю. Кэлин ол Незаметнай 1939 сыллаахха Алдан куоратынан ааттаммыта. Дьэ, итинник, мин Алдан кыһыл көмүһүн арыйбыт түгэннэрбиттэн сорохторо”, – диэн Михаил Прокопьевич сэһэни түмүктээтэ.
Мин айаннаан иһэммин, Лэкэ хайатын көрдөрө-көрдөрө: – “Манна кыһыл көмүс баара буолуо дуо?”, – диэбиппэр, кини мүчүк гынан күлэ бүһэн баран, бэрт сэмэйдик: “Дьэ, билбэтим, доҕор Алдан сүнньэ тугу-тугу кистээн сыттаахтыыра буолла?.. Баҕар бу хайаҕытыгар туох эмит баара да буолуо! Урут мамонт муоһа булар этилэр дии”, – диэтэ Михаил Прокопьевич. Дьэ, итинэн кини сэһэнэ бүттэ.
Онон Алдан кыһыл көмүһүн аан бастаан арыйбыт киһинэн биһиги биир дойдулаахпыт, Кириэс-Халдьаайыга төрөөбүт-үөскээбит киһи Михаил Прокопьевич Тарабукин буолар. Ол да иһин Алдан кыһыл көмүһүн аан бастаан арыйбыт сахаҕа Михаил Прокопьевич Тарабукиҥҥа уонна латышка Вольдемар Петрович Бертиҥҥа Алдан куорат киинигэр мемориал туруоруллубута. М.П. Тарабукин туһунан суруйааччы Николай Якутскай “Көмүстээх үрүйэ” диэн повеһа баар. Онон Саха Сирин соҕуруу өттүгэр кыһыл көмүс баараҕай саппааһын аан бастакынан арыйбыт биһиги биир дойдулаахпыт Михаил Прокопьевич Тарабукинынан киэҥ туттарга толору кыахтаахпыт.
Алдан кыһыл көмүһүн хостооһун, булуу Саха сиригэр кыһыл көмүһү хостооһуҥҥа бастакы ааны тэлэйэ аспыта. Ол сырдык аан Саха сирин бүтүннүү сандаарта, алмааска тиийэ күлүмүрдэттэ. Саха сирэ чаҕылыйа уонна күлүмүрдүү да туруо!
Хайа унна, быйыл, 1984 сылга, Саха сиригэр көмүһү хостуур промышленноһа тэриллибитэ 60 сылын туолар дии. Ол Алдантан саҕаламмыта. Алдан кыһыл көмүһүн хостооһуҥҥа биһиги оройуоммут дьонноро активнайдык кыттыбыттарын умнарбыт сатаммат. Урукку Үөгэн нэһилиэгиттэн Фекла Васильевна Павлова ЫБСЛКС Киин Комитетын генеральнай секретара А.В. Косарев шахтатыгар үлэлээбитэ, комсомол Х съеһин делегата этэ. Саха АССР Киин Ситэриилээх Комитетын (ЯЦИК) чилиэнинэн таларга сылдьыбыта, Мэҥэ-Алдан кэһилиэгиттэн Дария Даниловна Кривошапкина комсомол путевкатынан сылдьыбыта. Кини Саха АССР КСК (ЯЦИК) чилиэнинэн быыбардаммыта. Үөгэнтэн Иван Иванович Габышев, Егор Иванович Куг(?)утов, Николай Иннокентьевич Кузьмин, Байаҕантайтан Петр Григорьевич Харитонов уо.д.а сылдьыбыттара. Отутус сыллаахха Алдан көмүһүн хостоспут Алексей Попович Заболоцкай билигин биһиги нэһилиэкпитигэр олорор. Оттон Аҕа дойду Улуу сэриитин инниэ Федор Матвеевич Охлопков – ССРС Верховнай Советын депутата, Советскай Союз Геройа эмиэ активнайдык кыттыбыта.
– “Ол Мэхээлэ оҕонньор миигиттэн баара-суоҕа түөрт эрэ сыл аҕа этэ. Бииргэ оонньуур этибит. “Айан” диэн хос ааттааҕа. Арай билигин баара буоллар сүүс саастаах буолуох этэ”, – диэн сэһэргиир билигин 96 саастаах Байаҕантай нэһилиэгэр (Томпо оройуонугар) олорор М. Тарабукин биир дойдулааҕа Николай Алексеевич Харайданов диэн ытык кырдьаҕас.
Иккис кэпсиэхтээх киһим эмиэ Томпо оройуонуну урукку Эһэ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кинилиин мин эт саастыыбыт. Билигин баара буоллар 72 саастаах буолуох этэ. Үөрэнэ сылдьаммыт биһиги оҕолор саас эргэ таҥара дьиэтин куолакалыгар ыттаммыт хоту таас хайа үрүҥ хаарынан сабыллан баран уһуктаах төбөлөрө улаҕата көстүбэт унаар халлааны одуулаһан туралларын көрөн үөрэбит-көтөбүт. Онно Ганя: “Мин улааттахпына оол хайа үрдүгэр ыттыам уонна кини төбөтүттэн бу Кириэм-Халдьаайыны көрүөм”, – диэн биһигини күллэртиирэ.
18 саастааҕар Ганя 1930 сыллаахха Алдан өрүс төрдүгэр тиийэр. Онно Кылыгырга Верхоянскайга барар таһаҕаһы тутар Перевалочнай база баара. Кини онно маҥнай куруусчутунан, кэлин ыскылаат сэбиэтиссэйинэн үлэлиир. 1932 сыллаахха хайа инженера Липатов баһылыктаах экспедиция Верхоянскайдаары Кылыгырга тиийэн кэлбитэ. Липатов Ефимовы: “Биһигини кытары барыс. Тылбаасчыт да буолуоҥ, биһиги чинчийэр-көрдүүр үлэбитигэр кыттыаҥ, көмөлөһүөҥ”, – диэбитин сүүрбэ эрэ саастаах киһи үөрүүнэн ылынан, базатын аһын-таҥаһын биир дойдулааҕар (кинилэр онно иккиэн бииргэ тиийэр үлэлии сылдьаллара) Илья Петрович Атаковка – Мээчик уолугар туттарыа дуо, күлүүһүн тылларын биэрэ охсор. Дьэ онтон Липатов экседициятын кытары Верхоянскайдыыр.
Липатов Гавриил Петровыһы, кини көрлүүр-чинчийэр үлэҕэ олус кыһамньылааҕан уонна сыһыамаҕын иһин таптыыр. Сотору буолаат Ефимов топограф үлэтин баһылыыр.
Ефимов Верхоянскайга хлоҕолдьуну көрдөөһүҥҥэ, туһаҕа таһаарыыга хас да сыл үлэлээбитэ.
– “Таас үрэхтэринэн болуотунан устарбыт. Биирдэ үһүө буоламмыт Яна үрэҕинэн устан киин базабытыгар тиийиэхтээх этибит. Күүстээх ардах кэнниттэн үрэххэ уу кэлбитэ. Ахсаана биллибэт үгүс харгылары моһуогурбакка ааһыталыыр инибит, – диэн эрэл санаа биһиэхэ баара. Ол эрээри оннук буолбатаҕа. Иккис күммүтүгэр биир ынырык харгыга бүбэһэммит болуоппутун үлтү сыстарбыппыт. Дьолго биир дүлүҥҥэ ыга баайыллыбыт быанан үһүөн таба харбааммыт кытыына булбуппут. Туох баар сэппит сэбиргэлбит, үтэбит, таҥаспыт ууга барбыта. Тыаҕа тахсаммыт охто сытар куруҥ мастары буламмыт били суос-соҕотох дүлүҥ мутугар эбэммит, быабытынан туора сыттык мастары баайаммыт “болуот” оҥоһуннубут. Хата быалабыт уһун буолан абыраабыта. Биһиги сабаҕалааһыммытынан киин базабыт соччо ырааҕа суох буолуохтааҕа. Базабытыгар син сөпкө тиийдибит. Дьоммут үөрүү бөҕө. Биһигини өлбүтүнэн ааҕан олороллор эбит. Ханна, хайдах көрдүүрү сүбэлэһэ сатаабыттар. Ол эрээри геологтар ханнык баҕарар дьулаан быһылаантан тыыннаах хаалан ордор суолу таба тобулалларыгар бигэ эрэмньилээх эбит. Геологтарга ол кэһиллибэт сокуон. Ол сокуон хаһан да кэһиллибэт. Биһиги сокуону сокуон курдук тутуһааччыбыт”, – диэн Гавриил Петрович кэпсиир буолара.
Гавриил Петрович Верхоянскайтан Усуйаана оройуонугар барар. Онно тиийэн Омолойунан (билигин Власованан) сылдьан баран эригллэн кэлэн Куларынан өр сыллар усталарыгар геологическай-чинчийэр экспедицияларга начальнигынан үлэлээн үйэлэр тухары кистэнэн сыппыт кыһыл көмүс барҕа баай саппааһын ким хайа иннинэ кини арыйбыта. Ол туһунан республика биир талааннаах кырдьаҕас журналиһа Алексей Трофимович Тимшин “Полюс мужества” (“Эр санааланыы полюһа”) диэн кинигэтигэр Гавриил Петрович Ефимов туһунан бу курдук суруйбутун ааҕыаҕыҥ:
“Эдэр геолог Н. Кретов баһылыктаах 1950 сыллаахха Куларга ыытыллыбыт көрдүүр-чинчийэр экспедиция кулардааҕы кыһыл көмүстээх сиргэ утарсар сыананы оҥорбута. Онон урут үлэлэммит үлэ, ороскуоттаммыт үп, көрсүллүбүт ыарыхаттар уонна быстарыылары-ойдоруулары тулуйбут тулуурдар – барылара суолталара суох буолан хаалбыттара. Бэрт аҕыйах энтузиастар эрэ, олор истэригэр Гавриил Петрович Ефимов, итинник түмүгү оҥорууну алҕаһынан аахпыттара, оройуон кэскиллээҕэр итэҕэллээх этилэр, мөккүһэллэрэ, дакаастыы сатыыллара. Кретов ылбыт боруобалара төттөрүнү этэ турдаҕына, дьэ, дакаастыырга холооон да көр ээ. Аны итиниэхэ эбии киһи утары хадьардаспат авторитеттаах Б.И. Бронскай курдук киһи главнай редактордаах элбэх томнаах геолого-экономическай очерка тахсыбыта.
Онон Кулары төрүт да сапсыйан кэбиспиттэрэ. Кини туһунан ахтыыны букатын даҕаны умнан-тэмнэн испиттэрэ. Кыһыл көмүс курдук дуораһыйбыт тылы, саҥа кыһамньылары, саҥа арыйыылары, саҥа арыйыылары гоелогтар лексиконнорыттан букатыннаахтык сотон кэбиспиттэрэ. Сыллар ааһан испиттэрэ. Аҥардас Ефимов эрэ уруккутун курдук бэйэтин итэҕэлин уларыппатаҕа.
Кини оччолорго, арааһыта, төрүт даҕаны билбэт этэ, киниэхэ союзник – партия Верхоянскайдааҕы райкомун бастакы секретара – Павел Павлович Иванов баар буолтун (А. Тимшин “Эр санааланыы полюһа”. Я., 1981 с., 111 стр.)
Сэрии сылларыгар онно старателлар кыһыл көмүһү сууйа сылдьыбыт сурахтара аны иһиллибитэ. Оройуон геологическай даннайдара Кретов чинчийэн оҥорбут даннайдарын кытары хайдах да сөп түбэспэтэхтэр. Кинилэр бэйэ бэйэлэрин хардарыта утарыласпыттар. Кини алҕаһа арыллыбыт. Онон Ивасих Депутатскай бириискэ директорын П.М. Фроловы бэйэтин диэки буоларын ситиһэр наада буолта. Ол иһин Ивасих киниэхэ көтөн тиийэрин кытта бэрт түргэнник уопсай тылы булбуттара. Сонно тутатына Кулардааҕы учаастак начальнигынан опыттаах хаһаайыстыбанньыга М.С. Фидаровы сүүмэрдээбиттэрэ уонна бигэрбэппиттэрэ. Участокка бульдозеры уонна сууйар прибору биэрбиттэрэ.
Бастакы сыл улэлээһин түмүгэ бары оҥоһуллубут орускуоту саппыта. Совнархоз оҥоһуллубут чахчы иннигэр туруоруллубута. Кини бириискэни аһарга бирикээһи таһаарбыта.
Кыһыл көмүстээх сири туһаҕа таһаарыыга улахан кылааты депутатскайдар, чуолаан бириискэ директора, кэлин Якутзолото комбинат буолуохтаах Янатааҕы хайа-промышленнай управления начальнига буолбут Петр Михайлович Фролов киллэрбиттэрэ.
Бастаан утаа хостооһун экспедиционнай ньымалаах ыытыллыбыта, онтон кэлин Пологий, Хатыҥнаах-Салаа диэн поэтическэй ааттаах хайа учаастактара баар буолбуттара.
Ити курдук Верхоянье кыһыл көмүстээх оройуон албан аатын сыыйа ылан испитэ. Араҕас металл сыыйа хорҕолдьуну үтүрүйбүтэ. Хайа-промышленнай управление оннугар былыргы Дьааҥы сиригэр Куларзолото комбинат баар буолбута (А. Тимшин. “Эр санааланыы полюһа”. Я., 1981 с., 116 стр.)
Петр Михайлович Фролов кэлин үлэһиттэр депутаттарын Томпо оройуоннааҕы Советын ситэрилээх комитетын председателинэн хас да сыл устата үлэлии сылдьыбыта. Олус эйэҕэс майгылаах, маассабай киһи этэ.
Дьэ, ити курдук Гавриил Петрович Ефимов салайбыт геологтара, урут сапсыллан, геологтар лексиконнарыттан төрүт сотуллан хаалбыт кыһыл көмүһүнэн улахан баайдаах Кулары арыйбыта. Билигин Кулар уонна Власово кыһыл көмүһүнэн Советскай Союзка, ону ааһан бүтүн аан дойдуга тиийэ аатырдылар, сураҕырдылар. Аатырар уонна сураҕырар үтүө дьылҕалаахтар, бараммат барҕа баайдаахтар.
Гаврриил Петрович Ефимов Кулар кыһыл көмүһүн арыйбытын иһин Ленин орденынан наҕараадаламмыта.
М.П. Тарабукин уонна Г.П. Ефимов билигин биһиги ортобутугар суохтар, өлбүттэрэ.
Г.П. Ефимов оҕо эрдэҕинэ, үөрэнэ сылдьан “Мин улааттахпына, оол хайа үрдүгэр ыттыам уонна кини төбөтүттэн Кириэс-Халдьаайыны көрүөм” диэбит үтүө ырата кырдьык туолбута. Хайа үрдүгэр хаста ыттыбытын, хайа төбөтүтүттэн сири-дойдуну төһөлөөх үгүстүк таҥнары одууласпытын, бука, бэйэтэ да аахпатаҕа чахчы буолуо. Г.П. Ефимов туһунан суруйааччы Иван Гоголев “Тааһы кытта кэпсэтэр киһи” диэн очерката “Хотугу сулус” сурунаалга бэчээттэммитэ.
Үөһээ эппиппит курдук, биһиги Томпобут оройуоннааҕы Кириэс-Халдьаайы икки дьоно Михаил Прокопьевич Тарабукин Саха сирин соҕуруу өттүгэр – Алдаҥҥа, оттон Гавриил Петрович Ефимов Саха сирин хотугу өттүгэр, буолаары буолан Полярнай эйгэ тас өттүгэр – Куларга кыһыл көмүс барҕа баайа баарын аан бастакынан арыйбыт өлбөт-сүппэт үтүө оҥолоро үс саха төрүөҕэр, үүнэр үйэтигэр өлбөөдүйбэт уонна умнуллубат кэрэ кэскиллээхтэр, төхтөрүйбэт, төннүбэт төлкөлөөхтөр, айхаллана турар алгыстаах ааттахтар.
Биһиги урут олох олорон, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүөнү оҥорон ааспыт кырдьаҕас көлүөнэлэрбитин кытары үүнэн иһэр көлүөнэбитигэр билиһиннэрэр, кинилэр үтүө үгэстэригэр уһуйар, иитэр уонна үөрэтэр ытык эбээһинэстээхпит эбэтээт, доҕоттор! Онон Михаил Прокопьевич Тарабукиҥҥа уонна Гавриил Петрович Ефимовка кинилэр төрөөбүт дойдуларыгар – Кириэс-Халдьаайыга мемориалла туруоруохха диэн этии киллэрэбит. Өссө ордук буолуох этэ кинилэр төрөөбүт дойдуларын совхоһа Советскай Союз Геройа Федор Матвеевич Охлопков аатынан совхоз “Алданзолото” уонна “Куларзолото” комбинаттары кытары быһаччы сибээстэһэ уонна шефтэһэрэ буоллар, ол аҥардас кэрэхсэниэн эрэ сөп.
Дмитрий Петрович Григорьев,
ССРС Журналистарын союһун чилиэнэ.
Кириэс-Халдьаайы.
22/III 1984 г.