Биһиги Учур сис хайаларын быыстарынан Үт сиригэр баран иһэбит. Былыр, нууччалар кэлиэхтэрин быдан иннинэ, манна биһиги өбүгэлэрбит олохтоох омуктары кытта эйэ-дэмнээхтик ыаллаһан “Үт сахалара дуо?” дэтэн тиҥинээн-таҕынаан, бур-бур буруо таһааран олорбуттар. Балысхан сүүрүктээх өрүстэрин, үтэр-анньар күүһүн бэлиэтээн Үт диэн ааттаабыттарын, кэлин нууччалар ханарытаннар Уда буоллан уста сытар. Онтон Эбэ умнаһынан киэҥник тэнийэн сытар Үт Сирэ “Удской Край” диэн ааттанар.
Айаннаан иһэн суол ыйылыктарын көрдөххө, дойду Уһук Илиҥҥи эҥэригэр үгүс үрэхтэр, сирдэр ааттара уу сахалыылар. Ити өбүгэлэрбит, былыыр-былыр кыахтаах, ахсаан өттүнэн халыҥ омук буолан үтүмэн сири дойду оҥостон сылдьыбыттарын туоһулуур. Сахалар бу дойдуга бүтэһигин күүскэ өтөн киириилэрэ өрөбөлүүссүйэ инньинэ атыы тэнийиитин кытта сибээстээх. Оччолорго саха атыыһыттара кыаҕыраннар, ыырдарын кэҥэтинэр туһуттан, бэйэлэрин дьоннорун кытыы сирдэргэ олохтообуттар. Олорон ааспыт дьон кэпсээнэригэр, сыдьааннарын араспаанньыйаларынан уонна докуомуоннарга олоҕуран көрдөххө, чуолаан Илин Хаҥалас дьоно хойуутук көһөн кэлбиттэр. Кинилэр сылгыларын, ынах сүөһүлэрин үүрэн аҕаланнар олохсуйбуттар. Эдэр өттүлэрэ олохтоох тоҥус дьахталларын ойох ылан ыал буолбуттар. Ити курдук быр-бааччы олордохторуна Өрөбөлүүссүйэ буолан норуот кыһылга, үрүҥҥэ хайдыһан былаас былдьаһан сэймэктэһиитэ саҕаламмыт. Сахалар, олохтоох тоҥустары кытта көҥүл тутуллаах (сувернитеттаах) дойду буолаары саа-саадах тутан оройуон киинин Чумиканы ыларга быһаарыммыттар. Ол эрээри тэрээһиннэрэ мөлтөҕүттэн элбэх сүтүктэнэн кыргыһыыга хотторбуттар. Кыһыллар кинилэр ордубут тобохторун билиэн ылан Удскойга (Үккэ) үүрэн аҕалан “ботуруону харыстыыр” аатыран кыһын тымныы үгэннээн турдаҕына тоҥмокко сүүрүгүрдэ сытар өйүмүгэ тимирдэн өлөрбүттэр.
Биһиги сирдьиппит Третьяков Василий. Үт олохтооҕо, саха төрүттээх, ити ууга тимирдиллибит дьон сыдьааннара. Биһигини кытта айаннырыыттан үөрэн иһэр, сахатын хаана уһуктан сахалыы кэпсэтэ сатыыр. Алтыһа түһэр киһи, Ийэ кута (генная память) уһуктан сотору бэркэ саҥарыа эбит. Экспедициябыт салайааччыта Георгий Дмитриевич, киһитин кытта кэпсэтэ олорон туох эрэ диэн ыйытта. Онуоха Баһылайбыт хап-сабар минньигэс баҕайытык “Бильбопуун” диэн эппиэттээбитин биһиги бастаан өйдөөбөтүбүт. Онтон тылга улахан дьоҕурдаах киһибит Сиэн Өкөр таайан “Билбэппин” диир диэн тылбаастаан бары күлсэн ньиргистибит. Маннык бэйэлээҕи Сиэн Өкөр обургу мүччү тутуо баар дуо? Барыбытын “бильбопунецтар” буолаҕыт диэн кэбистэ. Онон экспедиция былаһын тухары бэйэ-бэйэбитин “бильбопуунец” диэн ыҥырыстыбыт. Баһылайбыт ону истэ-истэ тэҥҥэ үөрсэр, сахалыы саҥарара тупсан иһэр.
Үккэ кэлэн Почтанан уонна Баһылайбыт дьиэтинэн түстүбүт. Кулууптарын хотуна биһигини көрсөр тэрээһини ыытан лаһыгырайа сылдьан кыратык “тш” гыннарбыт уонна халтарыйан илиитин тосту түһэн кэбиспит. Ону олохтоох биэлсэрдиин лангета уурдубут. Ыарыһахпыт улаханнык “кымаардаабат” илиитин туора сүгэн баран дьиэлээтэ. Биэлсэри кытта кэпсэппитим, үлэлээн уурайан бараары сылдьар эбит. Солбук суох. Олохтоох стоматолог, сааһырбыт дьахтар эмиэ сотору уурайан пенсияҕа тахсан сиэннэрин көрөр санаалаах. Оччоҕуна дэриэбинэ биир даҕаны эмтиир киһитэ суох хаалар. Улахан кыһалҕа.
Киэһэ дьиэбитигэр Почта хотуна санаарҕаабыт көрүҥнээх киирэн кэллэ. Мин быраас идэлээхпин истибит, кыһалҕатын кэпсээхтээтэ – Биэлсэр түөскэр искэн тахсыбыт, Хабаровскайга баран көрдөр диэбит. Хайыахпыный? Дьону эмтээбэтэҕим “үйэ” буоллар даҕаны көрдүм. Онтукам кутургуйа ситэ астыйбакка кытара сылдьар эбит. “Ихтиолка” булан онон биһэн бэрибээскилээн кэбистим. Чумикантан төннөн иһэн көрүөх буоллум.
Чумикаҥҥа хас даҕаны хонон баран төннөн Үккэ кэллибит. Ыарыһаҕым сирэйэ-хараҕа сырдаабыт, үөрэн мичийэн киирдэ. “Искэнэ” кырдьык кутургуйа буолан тэстэн оһон эрэр эбит. Диагноз сөпкө туроруллан эмтэнии көдьүүстээҕиттэн иккиэн үөрдүбүт. Аны дьиэлээх киһибит Баһылай, атаҕын мас кэрдэ сылдьан тымныппыта, кытайга икки хонук иһигэр оҥотторбут тииһин мостата иһэн хаалбыт. Стоматолакпыт суох, Хабаровскайдаабыт. Хайыхпыный? Антибиотик уонна ыарыыны уҕарытар эмп, анаатым. Стоматолог кэллэ даҕаны мостаҕын туурдар диэн сүбэлээн баран салҕыы айаннаатыбыт.
Хабаровскайга кэлэн Федерация Сэбиэтин көһө сылдьар мунньаҕар сырыттым. Кэпсэтии улахан онкоцентр тутуутун уонна телемедицина тула буолла. Мин “Үрдүк материя” туһунан кэпсэтиини тулуйбакка бүгүҥҥү күннээххэ кытыы сирдэр, ол иһигэр Саха Сирин хоту улуустара, хайдах кыһалҕалаахтык олороллорун кэпсээтим. Онуоха кытыы сирдэри хааччыйарга санавиацияҕа эбии вертолет көрөргө диэн боротокуолга киллэрдилэр. Ол гынан баран, ол вертолеппут республика бюджетын суотугар атыылаһыллан кэлбитэ. Хабаровскайдар атыыласпыттара эбитэ дуу, суоҕа дуу? Билбэппин. Итинник “кыһамньы” төһө тухары салҕанан барара эбитэ буолла.
Түмүктээн эттэхпинэ, Уһук Илин эҥэр аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларыгар олохтоох былаас өттүттэн улахан болҕомто ууруллубат эбит. Бэйэлэрэ-бэйэлэригэр буккуллан олороохтууллар. Биир дэриэбинэҕэ оскуолаларын саптарымаары, оҕо ахсаанын элбэтэр туһуттан Хабаровскайтан элбэх детдом оҕотун аҕалан ииттэ сылдьаллар. Сор диэбэккин дуо?