«Улуу айаннар суолларынан» экспедиция Тааттаҕа, Томпоҕо сырыытыттан бэлиэтээһиннэр.
Урааҥхай сахалар түҥ былыргы кэмнэртэн ыла икки далайы – Хотугу Муустаах уонна Чуумпу акыйааннары ситимнээн, аан дойду үс улуу өрүһүн Амыр, Өлүөнэ, Енисей иитиллэр эбэ оҥостон, холооно суох киэҥ сиринэн ыырдаммыттара. Өбүгэлэрбит тэлбит бу ыырдарынан нуучча маҥнайгы айанньыттара, чулуу чинчийээччилэрэ суол солоон улуу Россия империятын, модун Сэбиэскэй Сойууһу бөҕөргөппүттэрэ, сайыннарбыттара, албан аатырдыбыттара. Кэм-кэрдии аастаҕын ахсын ол сүдү аартыктар, чаҕылхай арыйыылар күлүгүрэн, сыыс отунан саба үүнэн иһэллэрэ, историческай кырдьык умнуллара баар суол…
Ону көннөрөр – сахалар олук охсубут, сэргэ туруорбут сирдэрин көрдүүр, ийэ дойдубут Россия сайдыытыгар киллэрбит кылааттарын булар «Улуу айаннар суолларынан» бырайыак быйылгы дьыллаахха иккис экспедицията кулун тутар 30-муус устар 6 күннэригэр Таатта, Томпо улуустарын хабан үлэлээтэ.
«Улуу айаннар суолларынан» экспедицияны Саха Өрөспүүбүлүкэтин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка олохтоох бэрэстэбиитэлэ, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Никонов салайда, Томпоҕо айаны-сырыыны оройуон мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Илья Шадрин сүрүннээтэ. Экспедицияҕа Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаатын бэрэстэбиитэлэ, м.н.д., СӨ үтүөлээх бырааһа Егор Борисов, Россия аграрнай партиятын Саха сиринээҕи салаатын ситэриилээх кэмитиэтин салайааччы, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл политикатын миниистиэристибэтин үлэһитэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Прокопий Старостин, РНА СС Гуманитарнай чинчийиилэргэ уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар проблемпаларын институтун Г.П. Башарин аатынан академическай наука историятын музейын сэбиэдиссэйэ Илья Васильев, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, кыраайы үөрэтээччи Аким Татаринов, «Саха» НКИХ Тааттатааҕы филиалын оператора Иннокентий Винокуров, фотограф Дмитрий Никонов, суоппардарынан Андрей Долгов, Николай Иванов буолан кытынныбыт. Экспедиция үлэтигэр Тааттаҕа улуус баһылыгын солбуйааччы Мирон Эртюков, «Таатта» уус-уран, литература музей-комплексын дириэктэрэ Владимир Таппыров, Томпоҕо муниципальнай сулууспа бэтэрээнэ, кыраайы үөрэтээччи Николай Ефимов, «Томпо сонуннара-Томпонский вестник» хаһыат редактор-дириэктэрэ Ирина Бодруг көмөлөстүлэр.
Экспедиция Таатта улууһун Ытык Күөл, Чычымах, Харбалаах, Чымынаайы бөһүөлэктэрин хапта. Чычымахха Дьаам турбазаҕа сылдьан Охотскайдыыр сибээс линията уонна айанньыттар Амма өрүһү туоруур сирдэрин көрдө. «Таатта» уус-уран, литература музей-комплексын саҕалаан, Таатта улууһун кыраайы үөрэтэр, Амма, Орто Амма уонна Уус Амма нэһилиэктэрин кыраайы үөрэтэр музейдарын көрдө-иһиттэ, матырыйаал хомуйда. Таатта уонна былыргы суоллар туһунан анал суруйууларбар анаан ахтан аһарыам. Онон суоллааҕы бэлиэтээһиннэрбэр Томпо оройуонун сырдатыым.
Муус устар 1 күнэ
Бүгүн муус устар 1 күнэ. Төһө да көр-күлүү күнэ аатырдар биһиэхэ ол дьайбат. Кимтэн да ордук дуоспуруннаах, дьоһун дьоммут – “Улуу айаннар суолларынан” экспедиция эмиэ айаҥҥа турунна. Бу төрөөбүт Тааттабытыгар икки күннээх үлэ кэнниттэн Томпо улууһугар айаннаан иһэбит.
Сарсыарда 8 чаас саҕана хоҥнубуппут. Уолбаҕа уонна Таатта-Томпо быыһыгар тохтоон, хаартыскаҕа түһэн аастыбыт. Аллан өрүс кытылыгар тохтоон эбэҕэ сүгүрүйдүбүт.
11 чаас диэки Томпо оройуонун киинэ Хаандыга бөһүөлэгэр кэллибит. Төһө да өрөбүл буоллар биһигини дьаһалта дьиэтигэр кэтэһэн олорор оройуон мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Илья Семенович Шадрины көрүстүбүт. Кинини сирдьиттэнэн оройуон соҕуруу өттүгэр баар Дьабарыкы Хайа уонна Охотскай Перевоз хайысхатынан айаммыт саҕаланна.
Илья Семенович “Халыма” федеральнай аартыктан суол арахсыытыгар үктэммиппит кэннэ өр-өтөр буолбата биир үрэххэ массыыналары тохтотто. Бу Магаданныыр аартыктан арахсар ыыр Хаандыга–Эльдикан диэн кыһыҥҥы айан суола үһү. Ситтэҕинэ-хоттоҕуна хаһан бу суол Хаандыганы уонна Айааны ситимниэхтээх диир, бу бырайыагы олоххо киллэриигэ үгүс сыратын биэрбит сирдьиппит. Салгыы киһибит:
– Бу Тыырыы үрэххэ 1743 сыллаахха сержант Федор Шарыпов Таатта буолаһыттан төрүттээх Истэр диэн сирдьитин кытта Россия үрдүнэн аан бастакы көһөҥө көмүһү булбут. Геолог идэлээҕим быһыытынан, көһөҥө көмүс “Нежданка” көмүстээх төрүттээх буолуон сөп диэн сабаҕалыыбын. Шарыпов үс сылынан өлбүт. Кини кэнниттэн Афанасий Митинёв диэн кыһыл уонна үрүҥ көмүһү көрдөөччһ геолог кэлбит. Геология институтун үлэһитэ ону бигэргэтэр чахчыны Москваҕа баран көрдөөн субу соторутааҕыта булбут, – диэн сэһэргиир.
Таас чоҕунан киэҥник сураҕырбыт Дьабарыкы Хайа бөһүөлэгин аһары түһэн Аллан мууһунан халыһытан 14:30 ааһыыта, өрүс үрдүгэр турар Охотскай Перевоз бөһүөлэгэр кэллибит. Бу – сахалар, нууччалар, кэриэйдэр олорор кыра нэһилиэктэрэ. 1939 сыллаахха Таатта оройуонуттан араарыллан саҥа тэриллибит көмүстээх Аллаах Үүн оройуонугар бэриллибит. 2017 сыл туругунан манна 128 киһи олороро бэлиэтэммит. Н.А. Прокопьев аатын сүгэр 9 кылаастаах оскуола, биэлсэр-акушер пууна, почта, культура дьиэтэ үлэлииллэр. Олохтоохтор сылгы иитиитинэн, оҕуруот аһын олордуунан, булдунан-балыгынан дьарыктаналлар. Айылҕа харыстабылын министерствотын чэрчитинэн “Куоллума-Чаппаҥда” диэн ураты харыстанар сиргэ саас-күһүн кыталыктар Дьааҥы сис хайатын уҥуордуох иннинэ тохтоон ааһар, күүс киллэринэр сирдэрэ баар. Өрүс уҥуор эмиэ Охотскай Перевоз дэнэр аҕыйах ыаллаах бөһүөлэк турар. Бу – Таатта улууһун Амма нэһилиэгэр киирсэр сир. Ол эрээри, олохторун укулаатынан уонна дьоннуун-сэргэлиин Томпо өттүн кытта биирдэр. Арай Көс Аллан, Мас Аппа дьоно ХХ үйэ ортотугар Чычымахха көһөрүллүбүттэринэн онно да, манна да аймахтардаахтар, 10 көстөөх Амма нэһилиэгин кытта ситимнэрэ билигин да баар.
Экспедициябыт чилиэнэ, кыраайы үөрэтээччи Аким Татаринов бигэргэтэринэн, Охотскай Перевоз XIX үйэ бастакы аҥарыгар үөскээбит Боотуруускай улууһун Аллан нэһилиэгин утумнуур. Бу норуот Көс Аллан диэн ааттаабыт нэһилиэгэ 1912 сыллаахха саҥа тэриллибит Таатта улууһугар киирбит, 1930 сыллаахха Таатта уонна Байаҕантай улууһа холбоһууларыгар II Аллан нэһилиэгэ аатырбыт, I Аллан нэһилиэгэ – билигин да Тааттаҕа баар Уус Таатта сирэ. 1960-с сыллардаахха бу туһугар эмиэ уратылаах нэһилиэк дойду картатыттан суох буолбута.
Илья Семенович сирдээн аан бастаан 1994-2016 сылларга нэһилиэк баһылыгынан бастаан ананан, кэлин талыллан үлэлээбит, сэбиэскэй кэмҥэ олохтоох сэбиэккэ бэрэссэдээтэллээбит Василий Викторович Ефремов диэн 62 саастаах бу дойду сиһэ буолбут киһиэхэ чопчу тиийэн кэпсэттибит. Үйэтин тухары төрөөбүт түөлбэтин салайан олорбут, уустук кэмнэри туораппыт мындыр киһи дойдутун историятын куһаҕана суохтук билэр:
– Ити дьиэм таһынан урукку Охотскайдыыр тракт ааһар. Мин бу суолу кытта быһаччы ситимнээхпин. Эһэм Таатта үөрэхтээҕэ Василий Назарович Бургаев өрөбөлүүссүйэ саҕана Атырдьах дьаамыгар диэри суолу көрөр-истэр эбит. Оччолорго 2000 тиийэр аттаах обуостар кэлэллэрэ үһү.
Уҥуор икки оскуола баарыттан биирэ сахалыы этэ. Саха холкуоһа баара. Ону 1960-с сылларга Чычымахха көһөрбүттэрэ. Элбэх кытай, кэриэй дьоно олорбуттара. Ол туоһута билигин да кэриэй кылаабыһата диэн ааттаах сирдээхпит. Бу омуктар көмүс сууйбуттар. Мас Аппаҕа бүтүн бөһүөлэк турбута. Элбэх киһи көһөн Хаандыгаҕа олохсуйбуттара.
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр биһигиттэн элбэх киһи барбыта. Чопчуламмытынан 229 киһини аахтыбыт. Өссө да көрдүүр үлэ барар. Түөрт “Албан аат” уордьаннаах белорус Иван Ильич Околович Охотскай Перевозтан Кыһыл армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыт.
Билигин Охотскай Перевозка 136 киһи олорор. Сайынын уунан суолланабыт. Оҕуруот аһа үчүгэйдик үүнэр. Сэбиэскэй кэмҥэ ону уунан хоту таһаллар эбит. Кыталыктар ааһар аартыктара биһиги сирбитин таарыйар. Манна даҕатан аҕыннахха, Николай Александрович Прокопьев диэн урукку Саха АССР айылҕа харыстабылын миниистирин солбуйааччы мантан төрүттээх.
Урут биһиги дьоммут баайдык-тоттук олорбуттара. Көмүс сууйар бобуллар эрээри тутар киин балайда үлэлии турбут. Ол иһин, Кириэс Халдьаайыттан эт атыылыы киирэллэрэ.
Онон Василий Викторович төрүт киһи төрүөҕэ буолан биэрдэ. Эһэтэ Баһылай Бурҕаайап – Таатта улууһа тэриллиитигэр үгүс сыратын-харатын биэрбит, улуус быраабата тэриллиитигэр быыбарынай кулубанан талыллан Оонньуулаах Уйбааны кытта бииргэ үлэлээбит-хамнаабыт киһи. Кини удьуордара сэбиэскэй былаас олохтоммутун кэннэ кырыы сирдэргэ сыҕарыйыыларын түмүгэр бу Ефремов дьоно Охотскай Перевозка олохсуйдахтара…
Культура киинигэр нэһилиэнньэни кытта көрсүһүү энниттэн дьоҕус эрээри уурбут-туппут курдук оҥоһуулаах Н.А. Прокопьев аатынан оскуолаҕа эбиэттээтибит. Оскуола дириэктэрэ Галина Николаевна Тен кэриэй дьахтарын кытта кэпсэттибит. Кини 1981 сыллаахха Узбекистантан учууталынан ананан кэлэн олохсуйбут. Идэтинэн нуучча тылын уонна литературатын учуутала. Үлэтигэр аан бастаан вертолетунан көтөн кэлбитин ахтар. Оччолорго Теплай Ключтан Охотскай Перевозка диэри вертолет нэдиэлэҕэ биирдэ сылдьара үһү. Оччолорго оскуола 40-ча үөрэнээччилээх буоллаҕына күн бүгүн 12 оҕо үөрэнэр. Галина Николаевна олохтоох нуучча уолугар кэргэн тахсан билигин үс оҕолоохтор. Дьабарыкы Хайаҕа көһөн олоро сылдьан баран төннөн кэлэн бу дириэктэрдии сылдьар үһү. Саҥа оскуоланы сүүрэн-көтөн, тэрийэн туттарбыт. Баржанан кэлбит оскуола тутуллар матырыйаалларын нэһилиэк эр дьоно түмсэн сүөкээбиттэрин олус махтанан уонна киэн тутта кэпсиир.
Биһигини кэлиэхпититтэн ыла арыаллаабыт, атаҕын эмтэтэн баттыгынан сылдьар Василий Ефремовы дьиэтигэр тиэрдэн баран 18 чааһы ааһыыта айаҥҥа турдубут.
19:15 бириэмэҕэ таас чоҕунан сураҕырбыт Дьабарыкы Хайа куораттыҥы көрүҥнээх бөһүөлэгэр кэллибит. Илья Семенович кэпсииринэн, 1940 сыллаахха тэриллибит бөһүөлэк, ирбэт тоҥноох сиргэ турар буолан сир аннынааҕы уута, тууйар гааһа суох табыллыбыт шахта үһү. Олохтоохторо үксэ Украинаттан төрүттээх дьон. Билигин 3000 кэриҥэ киһи олорор. Аким Константинович этэринэн, 1960-с сылларга диэри шахтер саха элбэх эбитэ үһү.
Дьабарыкы Хайа таас чоҕун хостооһун 1939 сыллаахтан саҕаламмыт. Билигин Дьабарыкы Хайа шахтата атыыламмыт “Якутуголь” нөҥүө “Мечелгэ” бас бэринэн олорор. Сангаар шахтата сабыллыаҕыттан батарар ыыра өссө кэҥээбит. 2012 с. Бодойбоҕо сырыттахпына оройуон баһылыга Юмашев Дьабарыкы Хайа чоҕун атыылаһан Аллан өрүһүнэн Өлүөнэни өксөтөн уунан аҕалалларын туһуган кэпсээбиттээх.
Шахтердар былырыыҥҥы былаан толорбуттар үһү. Билигин сыанатын үрдэтимээри үрдүттэн хостооһун ньымата туттуллан хаачыстыба кыратык түстэ дииллэр. 1993 сыллаахха 1000300 тонна таас чоҕу хостообуттар, түөрт омук дойдутугар, ол иһигэр Голландияҕа тиийэ, атыылыы сылдьыбыттар.
Экспедицияны кытта көрсүһүү культура киинигэр буолла. Культура эйгэтин үлэһиттэрин сэргэ, бөһүөлэк кырдьаҕас олохтоохторо сырыттылар. Хойутуу баһылыктара Владимир Эдуардович Пудогин кэллэ. Кини 1984 сыллаахтан ыла манна шахтаҕа үлэлээбит, 2014 сыллаахха шахтердар идэлээх сойуустарын салайааччытынан, 2017 сылтан Дьабарыкы Хайа бөһүөлэгин баһылыгынан талыллан үлэлии сылдьар. 30 сыл ыстаастаах шахтер Владимир Эдуардович:
– Горбачев саҕана дьон шахтаҕа хамнаһа суох үлэлиир кэмнээҕэ. Ол эрээри, өрөспүүбүлүкэни таас чоҕунан хааччыйыы тохтооботоҕо, коллектив ыһыллыбатаҕа. Шахта кэтэх бас билиигэ барыаҕыттан туруктаах олох суох буолла, хамнас кыччаата. “Мечел” социальнай хайысхаҕа үп укпат, – диэн бэлиэтиир. Кини “Мечел” оннугар “Колмар” кэлэригэр баҕарарын этэр, үчүгэй тэрилтэ кэлэригэр үрдүкү салалта эмиэ интэриэстээх буолуохтааҕын санатар уонна манна сатаан ханна да барар кыаҕа суох эрэ дьон хааллылар диэн суланар.
Икки хаһааҥҥыта эрэ бырааттыы дойдулар Россия уонна Украина быыстарыгар баар билиҥҥи Донецкай уонна Луганскай норуот өрөспүүбүлүкэлэрэ диэн сирдэртэн тардыылаах тыыл бэтэрээнэ Мария Антоновна Заец Дьабарыкы Хайаттан пенсияҕа тахсаат, өссө сэбиэскэй кэмҥэ, көһөн барбытын, ону 2003 сыллаахха кыыһа төттөрү көһөрөн аҕалбытын таҥараҕа бэлэҕин курдук кэпсиир уонна: «Мин төрөөбүт дойдум билигин тэргэнинэн дапсыллар сир…» диэн сонньуйар…
Муус устар 2 күнэ
“Улуу айаннар суолларынан” экспедиция Томпоҕо үлэлиир кэммитигэр оройуон киинигэр Хаандыгаҕа түһүлгэлэннэ. Бэҕэһээ көстүүнэйгэ үс миэстэлээх хоско Илья, Прокопий буолан олохсуйдубут.
Бүгүн Хаандыгаҕа үлэлиэхтээхпит. Оройуонун киинин кытта билсиһиибитин Томпо улууһун баһылыга Яков Иннокентьевич Степановы көрсөн сэһэргэһииттэн саҕалаатыбыт. Георгий Дмитриевич “Улуу айаннар суолларынан” бырайыак туһунан билиһиннэрдэ. Тахсан истэхпитинэ Яков Иннокентьевич: “Арба эйиэхэ киниэхэ бэлэхтиэх буолтум дии”, – диэн Дьокуускай көрсөн эппит үлэхпин санатта уонна урукку Үөгэн нэһилиэгин туһунан кинигэни бэлэхтээтэ.
Онтон Хаандыга бөһүөлэгин баһылыга, нуучча дьахтара Любовь Алексеевна Корнеевалыын билистибит. Хаандыгаҕа 7,5 тыһыынча киһи, 46 омук бэрэстэбиитэлэ олорор үһү. Сүрдээҕин оройуон историятын, ким үөрэппитин билэр салайааччы буолан биэрдэ. Былырыын Хаандыгаҕа кыраайы үөрэтэр музей тэриллибитин кэпсээтэ. Ол кэннэ Илья Семенович уонна Любовь Алексеевна сирдьиттээх бөһүөлэк бэлиэ миэстэлэринэн экскурсияҕа бардыбыт.
Хаандыганы төрүттээбит “Дальстрой” трест суолу көрдүүр экспедициятын начальнига, ИДьНК майора Михаил Константинович Карпов мэҥэ өйдөбүнньүгэр сырыттыбыт. Хаандыга бөһүөлэк бүтэһик үбүлүөйүгэр Иркутскай уобаластан сиэннэрэ кэлэн ыалдьыттаан барбыттара диэн Илья Семенович кэпсиир.
Хаандыга бөһүөлэгэ 1939 сыллаахха, Таатта оройуонун Ыҥа нэһилиэгин сиригэр Магаданныыр суолу тутааччылар базаларын уонна бириистэннэрин быһыытынан олохтоммут. Аан бастаан суол Кириэс Халдьаайынан ааһыахтааҕа эрээри, балысхан сүүрүктээх Томпо үрэҕи туоруур уустуктардааҕын иһин, Карповтаах Алдан өрүһүнэн 80 биэрэстэ өрө тахсан билиҥҥи бөһүөлэк турар сирин сөбүлээн талбыттар. Саха АССР салалтата бу бөһүөлэги 1941 сыллаахха эрэ билиммит. Бастакы кэмҥэ суолу тутааччылар, геологтар, харабыллар, хаайыылаахтар “Дальстрой” трестэн тутулуктаах Алланнааҕы суолу тутар управлениенан, коммунист уонна комсомол ячейкалара Таатта райкомунан, райкомолунан салаллан олорбуттара. 1954 сыллаахха Томпо национальнай оройуоҥҥа тирэҕирэн бөдөҥ промышленнай оройуона тэриллиитигэр Таатта нэһилиэктэрин кытта саҥа административнай тэриллиигэ бэриллибит уонна оройуон киинэ буолбут.
Томполор Аҕа дойду Улуу сэриитигэр аналлаах комплекс туппуттар. Ол туллар тутааҕынан, Байаҕантай нэһилиэгиттэн төрүттээх улуу сэрииһит, номоххо киирбит бэргэн ытааччы Сэбиэскэй Сойуус Геройа Федор Матвеевич Охлопков мэҥэ өйдөбүнньүгэ буолбута киһини астыннарар. Ону тэҥэ Томпо бөһүөлэгэр страховкаҕа булгахтерынан үлэлээбит Сэбиэскэй Сойуус Геройа Владимир Лонгинов, Дьабарыкы Хайа шахтатыттан фроҥҥам аттаммыт “Албан аат” уордьан түөрт төгүллээх кавалера, белорус Иван Околович ааттарын киэн тутта ахталлар.
Хаандыганы төрүттээччилэргэ анаммыт стеллаҕа “Томпо сонуннара –Томпонский вестник” диэн икки тылынан тахсар хаһыат редактор-дириэктэринэн саҥа анаммыт, урукку “Саха сирэ” хаһыакка бииргэ үлээбит кыыспын Ирина Бодругу көрсөн соһуйдум. Кини дойдутугар Мэҥэ Алдаҥҥа оскуола дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччынан үлэлии олордоҕуна оройуон хаһыатыгар ыҥыран аҕалбыттар эбит. Биир идэлээхпэр саҥа үлэтигэр ситиһиини баҕаран алҕаатым.
10 чааска сытыы өйдөөх норуот быһыы көрөн “Тэриэлкэ” диэн ааттаабыт Оҕону искусствоҕа уһуйар кыһатыгар киирбиппитин каравайдаах көрүстүлэр. Баһылык Любовь Корнеева уруйдуур тыллар кэннилэриттэн:
– “Улуу айаннар суолларынан” экспедицияҕа саҥа чахчылары буларгытыгар баҕарабын. Биһиги онно төһө сатыырбытынан көмөлөһө сатыахпыт, – диэн баҕа санаатын биллэрдэ.
10:20 диэки Петр уонна Павел апостоллар ааттарынан Хаандыга таҥара дьиэтигэр киирэн Вячеслав аҕабыттыын кэпсэттибит. Бу таҥара дьиэтин киинэ Хаандыгаҕа түспүт, Таатта оройуонугар төрөөбүтэ диэн туоһу суруктаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин президенэ Вячеслав Анатольевич Штыров туттарбыт. 1990-с сылларга итэҕэллээхтэр үлэлэһэн урукку киһи олорор дьиэтигэр оҥоһуллубут таҥара дьиэтэ сааскы халааҥҥа улаханнык эмсэҕэлээбит.
Аҕабыыт кэпсииринэн, оройуон бастакы таҥаратын дьиэтэ урукку Байаҕантай улууһун III Байаҕантай нэһилиэгэр Кириэс Халдьаайыга турбут. Ону таһынан, Бараайы үрэҕэр көс эбээн аҕа уустарыгар аналлаах чочуобуна турбут. Быйыл Тополинай баһылыгын кытта ол чочуобунаҕа экспедиция оҥорор былааннаахтар үһү. Өссө бу дойдуга – Магадан суолун анныгар, ирбэт тоҥ, түҥкэтэх хайа, маар быыһыгар ыар олохторун түмүктээн ГУЛАГ сиэртибэлэригэр аналлаах мэҥэ өйдөбүнньүгү туруорар ыра санаалааҕын Вячеслав аҕабыт кистээбэт. Экспедициябыт чилиэнэ Аким Константинович эбэн этэринэн, өссө биир чочуобуна Аллаах Үүҥҥэ турбут. Бастаан Ытык Күөл, онтон Чычымах таҥара дьиэлэриттэн тутулуктааҕа үһү. “Бу чочуобуна төһө да билигин Уус Маайа сиригэр турдар Томпону кытта эмиэ ыкса ситимнээх”, – диэн кыраайы үөрэтээччи чопчулуур.
Эбиэт иннинэ Томпо гимназиятын үөрэнээччилэрин уонна Хаандыгатааҕы хайа-геология техникумун устудьуоннарын кытта көрүстүбүт. Гимназия дириэктэрэ Петр Викторович Новгородов диэн эдэр саха уола. 209 оҕо үөрэнэр үһү. Көрсүһүүгэ 9-11 кылаас үөрэнээччилэрэ 50-ча оҕону түмпүттэр. Оройуон мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Илья Семенович гимназия саҥа дьиэтэ тутулларыгар бу сылга 260 мөллүйүөн көрүллүбүтүнэн үөрэнээччилэри уонна учууталлары эҕэрдэлээтэ.
Техникум дириэктэрэ Михаил Александрович Неустроев Нерюнгригэ “Колмар” тэрилтэҕэ вупускниктарын үлэҕэ киллэрэр боппуруоска мунньахтыы олорон тахсан көрүстэ. 400-чэкэ устудьуоннаах техникум улахан куурус оҕолоро практикаҕа барбыттар, онон 20-чэ 9-с кылаас кэнниттэн киирбит оҕолордуун көрүстүбүт.
Хайа-геология техникумун иһинэн музейы үйэтин тухары геологынан үлэлээбит Клавдия Мюксярова салайар эбит. Хайа араас боруодалара, үрүҥ, кыһыл көмүстээх таастар, эҥинэ бэйэлээх минераллар, уу оҕуһун курдук былыргы харамайдар дьардьамалара дьаргыллана сыталлар. Аллаах Үүннээҕи хайаны чинчийэр экспедиция архыыба эмиэ бу музейга хараллыбыт.
Эбиэттээн баран 14 чаастан киин библиотекаҕа кыраайы үөрэтээччилэри, кырдьаҕастары кытта көрсүһүүгэ кэллибит. Биһиги экспедициябыт салайааччыта, өрөспүүбүлүкэ Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка олохтоох бэрэстэбиитэлэ, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Никонов Хаандыгаҕа төрөөбүтүн бу эрэ көрсүһүүгэ истэн соһуйдум. Аҕата Алланнааҕы хайа техникумун кэнниттэн Томпоҕо – оччотооҕу төрөөбүт Таатта оройуонугар киирэр сиргэ ананан кэлэн геологынан үлэлээбит эбит.
Георгий Дмитриевич аҕатын кытта совхозка бииргэ үлэлээбитим диир Байаҕантай нэһилиэгиттэн төрүттээх, 88 саастаах Иван Иванович Павлов:
– Байаҕантай нэһилиэгэ Аллан өрүс уҥа кытылыгар турар. Байаҕантай нэһилиэгин курдук кэрэ уонна баай айылҕалаах сир суох. Иэгэйэр икки атахтаах хаһан да үктэммэтэх сирдэрэ кытта бааллар. Үчүгэй да, куһаҕан да история барыта буолбут дойдута. Бука, Саха сирин хайа да нэһилиэгэр икки таҥара дьиэтэ тэҥинэн турбут сирэ суоҕа буолуо.
Былыргы аартык Хаадьыманан кэлэрэ. Аккыырай аартыга Бүөр алааһын көрбүтүнэн киирэр. Урут Хаандыга үрэҕэр баар Лобоҕу Дьаарбаҥа диэн сиргэ Баайаҕаттан кэлэн эргинэллэрэ үһү.
Кириэс Халдьаайыга Магадан суолун тутуутугар “Дальстрой” дьоно кэлэн дьиэ-уот туттан олорбуттара. Бастаан суол манан ааһыахтаах эит да, Томпо үрэх күүстээх сүүрүгүттэн саллыбыттар. ССРС ИДьНК наркомун солбуйааччы быһаччы Карповка саҥа суолу көрдүүргэ сорудахтаабыт. 1940-50-с сылларга хаайыылаах бөҕө баара. Дьахтар уонна эр дьон лааҕырдара баалларын өйдүүбүн.
Сибээс эйгэтин бэтэрээнэ Геннадий Иванович Васильев диэн нуучча оҕонньоро Хаандыгаҕа 1963 сыллаахха балаҕан ыйыгар үлэлии кэлбитин, бастаан монтерунан, электромеханигынан үлэлээбитин, техниктэн саҕалаан инженергэ, начальникка тиийэ үүммүтүн кэпсээтэ. Үлэлии-үлэлии кэтэхтэн үөрэнэн Дьокуускайдааҕы сибээс техникумун бүтэрбит. Кырдьаҕас: “Мин кэлэрбэр Томпо–Хаандыга сибээһэ мөлтөх этэ, ол оннугар Томпо–Дьокуускай киэнэ куһаҕана суоҕа. 1969 сыллаахха үс каналлаах тиһик холбоммута, 1974 сыллаахха кабель тиһигэ кэлбитэ”, – диэн күөгэйэр күннэрин Томпо сиригэр сибээс сайдыытын туһунан ахтар.
Киэһэлик Хаандыга кыраайы үөрэтэр музейыгар ыалдьыттаатыбыт. Бу музейы гимназия учуутала, бэйэтин “удьуор историкпын” дэнэр Томпо оройуонун эдэр патриота Александр Николаев көҕүлээн, туорсан, сүүрэн-көтөн тэрийбит. Онон музей муннук булан саҥа оҥоһулла, ситэ-хото сатыыр эрээри, хайыы-үйэ палеонтологияҕа, “Дальстрой” историятыгар, өрөспүүбүлүкэ иккис президенэ В.А. Штыровка анаммыт бэртээхэй экспозициялардаах. Экспонат хомуйар күн ахсын барар. Александр көрдөрбүт харчылара үксэ итиибэр бара турар диэн суланар эрээри, сөптөөх хайысханы булан музейы атаҕар туруоруом диэн эрэллээх. Эдэр энтузиаст дьоһун саҕалааһына үтүө түмүктэрдээх буоллун!
Муус устар 3 күнэ
Экспедициябыт биир чилиэнэ Егор Егорович бөөлүүн 1:30 кэлбит. 8 ч. ааһыыта көстүүнэйтэн хомунан таҕыстыбыт. Бүгүн ыырбыт киэҥ, сыалбыт улахан – Тополинайга тиийэн хонуохтаахпыт. Бэҕэһээҥҥи кафебытыгар суһаллык сарсыардааҥҥыбытын үссэннээт суолбутун быстыбыт.
Халлаан сылаас эрээри былыттаах. Айаннаан иһэн көрдөххө хотугу саҕахха халлаан күөх өҥө кылбачыйар. Саас кэлбитин туоһута туллуктар көтөн сарыкынаһаллар. “Хаар уостубут” диэн бэлиэтиир мындыр Илья Семенович. Кини кэпсииринэн, Теплый Ключ уонна Хаандыга икки ардыларыгар баар атын “Дальстрой” лааҕырдары аһынан-таҥаһынан, туттар тэрилинэн хааччыйар түһүмэх базалар үһү. Туруорсан суол аттынааҕы үрэхтэргэ төрүт ааттарын хайдах бэрдэрбиттэрин кэпсиир уонна “Өбүгэлэрбит ыраах айаҥҥа сылгыны идэһэ оҥостон өйүөлэнэн, тылыттан саҕалаан кутуругар диэри үссэнэ-үссэнэ ону сир аатыгар биэрэн иһэллэр эбит. Бу “Халыма” аартыгы быһа охсор үрэхтэр бары оннук ааттаахтар” диэн сөхпүтүн биллэрэр.
Хаандыга уонна Теплай Ключ икки ардыгар баар Бордой диэн күөл урукку сахалыы аата Кустаах диэн эбит. Бу «Бордой» диэн аат «Дальстрой» саҕана иҥмит. Ленинград биллэр актрисата дьахтар лааҕырыгар олорон “Бордо” диэн операны оонньоон уос номоҕор киирэн, ити хос аат иҥмит. Кэлин кини чиэһигэр бу сир сахатыйан “Бордой” аатырбыт… Манна эр дьон уонна дьахтар лааҕырдара күөл уҥуор-маҥаар турбуттар. Инньэ гынан хаайыылаах дьахталлар күөлү харбаан туораан эр дьону кытта көрсөллөрө үһү. Оҕо үөскээтэҕинэ хаайыылаах дьахтар чэпчэки үлэҕэ тиксэр, оҕолонноҕуна устунан босхолонуон да сөп буолан, кинилэри айылҕаларынааҕар олох иһин охсуһуу күүһэ кымньыылаатаҕа.
Кутуу суолунан дьулурҕатык айаннаан 9:30 Теплый Ключ нэһилиэгэр кэллибит. Нэһилиэк сорҕото Аэропорт мантан биир биэрэстэлээх, онтон Развилка бөһүөлэгэ быдан ыраах – 130 биэрэстэлээх сиргэ, Өймөкөөн быыһыгар баар. Развилка уруккута 1000 нэһилиэнньэлээх, толору хааччыллыылаах дьиэлэрдээх туспа бөһүөлэк эбит. Билигин 47 киһи пропискалаах эрээри дьиҥнээх олохтооҕо 17 киһи үһү. “Кинилэргэ эрэ анаан бүтүн дизельнэй хочуолунай үлэлии турар”, – диэн чыпчырынар хаһаайыстыбаннай үлэҕэ миккиллибит, оройуон үбэ-харчыта хайдах оҥоһуллан тыырылларын билэр киһи Илья Семенович…
Графиктан бүгүн эрдэлээтибит. Эмиэ Шадриҥҥа сигэннэххэ бөһүөлэк 1941 сыллаахха ахсынньы 5 күнүгэр төрүттэммит. Алта киһилээх бөлөх балааккаҕа хонон баран сарсыарда таһырдьа тахсыбыттара иннилэригэр сыккыс сүүрэн чырылыы сытар үһү. Онтон ыла бу сир “Теплый Ключ” диэн ааттаммыт. Манна барыта 28 кыһыннары тоҥмот сыккыс баара сорҕото олохтоохтор оҕуруот сирэ оҥостоннор бүөлэммит.
Оройуон сүрүн бырааһа Иван Оконешников кэлин кэпсээбитинэн, “Полиметалл” диэн Санкт-Петербург олигархтарын кытта ситимнээх тэрилтэ сабыллыбыт Нежданкатааҕы хайаны байытар комбинаты атыылаһан кыһыл көмүс хостооһунун сөргүтэн эрэр эбит, ону тэҥэ Дьааҥы–Томпо быыстарыгар эмиэ үрүҥ көмүһү, сибиньиэһи хостуур үлэни саҕалаабыт. Манна даҕатан кыбыттахха, Нежданка көмүстээх сиригэр баар сир аннынааҕы сыккыстар эмтээх ууларын учуонайдар “Боржоми” уутугар тэҥнээх дииллэр үһү.
Манна билигин “Халыма” федеральнай аартык управлениета түһүүлэнэн олорор эбит. Баһылыгы солбуйааччы Евгений Атаков диэн икки миэтэрэ кэриҥнээх бааһынай уола көрүстэ. Бэйэтэ Ыҥаа нэһилиэгиттэн төрүттээх үһү. Атаков этэринэн нэһилиэнньэ – 870 киһи. Оскуола 120 миэстэлээх, билигин 87 оҕолоох. Дириэктэринэн Амматтан төрүттээх эдэр салайааччы Марина Николаевна Охлопкова үлэлиир. Онтон учууталлар үгүстэрэ – нууччалар, коллектив барыта да – кэлии дьон. Илья Семенович: “Бу оскуолаҕа 4-с көлүөнэ суол тутааччылар үөрэнэллэр!” – диир. Оҕо саада 240 миэстэлээх эрээри, оҕото билигин аҕыйах буолан, сороҕо музей буолан турар. Оскуола оҕолорун көрсөн баран бөһүөлэк музейыгар кырдьаҕастары кытта көрсө киирдибит. Музей үлэһитэ Мария Михайловна Крестединова экскурсия оҥордо. Бөһүөлэк холунан Магаданныыр аартыгы тутуу, «Дальстрой» туһунан матырыйааллары, экспонаттары түмпүттэр.
Аэропорт бөһүөлэгэр сырыттыбыт. Томпо оройуонун аэропорда билигин уруккута буолбатах. Күнэ ордук күһүн, саас эрэ тахсар, кэлин кыһынын Нежданка сөргүтүллэн көмүсчүттэри таһар дьарыктаммыт. Бу бөһүөлэктэн Нежданкаҕа диэри 200-чэкэ километры бастаан федеральнай аартыгынан, онтон тайҕа суолунан айанныыллар үһү. Бу аэропорт Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар Аляска–Сибиир салгын суолун биир түмүк тохтобула этэ. Илья Эдуардовичтыын Владимир Попов ол саҕанааҕы Америка архитектуратын Дьокуускайга көрдөөн булбутун туһунан ыстатыйатын санааммыт оччотооҕу тутуулары көрдөөтүбүт – ол саҕанааҕыны санатар дьиэлэр син ала-тала көстөр курдуктар…
Күнүс суол кытыытынааҕы кафеҕа тохтоон эбиэттээтибит. 13:30 Тополинай диэки айаҥҥа туруннубут. Чаас аҥарын кэриҥинэн суоппардар “Нулевой” диэн ааттыыр сирдэригэр тиийэн, “Халыма” федеральнай аартыгыттан арахсан Баатаҕайга, салгыы Депутатскайга, Хаһааччыйаҕа, Булуҥҥа тиийэр өрөспүүбүлүкэ таһымнаах, Дьааҥы сис хайаларын уҥуордуур аартык саҕаланар төрдүгэр тохтоон ыллыбыт. Бу суолу Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар Ыйынньыктан көрдөххө Тополинайга диэри 189, Баатаҕайга диэри 900 километр диэн. Илья Семенович бу сиргэ урут геологтар түөлбэлэнэ сылдьыбыттарын, эрдэ сайаруратылаах күөллээҕин кэпсиир. Билигин манна аҕыйах сылтан бэттэх чайной үлэлии турар.
Мэҥкүлэ диэн үрэххэ тохтоотубут. Мантан Нулевойга диэри 79 километр. Ким да суох иччитэх дойдута диэбиппит икки аҕам уонна эдэр эбээннэр күрбэни ыраастаан киккирийэ сылдьаллар. Аҕам саастааҕа Павел Иванов Илья Семенович, бииргэ бильярд оонньуур киһитэ буолан таҕыста.
Мэҥкүлэ үрэххэ күрбэни 1951 сыллаахха маһын утарылаһыннары тутуу ньыматынан оҥоһуллубут. Тиит мастан. 1984 сыллаахха сөхсүтүллэ сылдьыбыт. 2008 сыллаахха, биһиги сирдьиппит Шадрин баһылыктаан олордоҕуна, реконструкциялаабыттар, мууһу тохтотор тимирдээбиттэр. Тутааччылар бэлиэ мрамор кириэс туруорбуттар. Бу сиргэ Егор Егорович улар, курупааскы, бэдэр суолларын көрбүт. Бэйиэттэр халлааны уонна хайалары эрэ одуулуур буоллахпыт…
Маарыын Уулаах диэн тарыҥнаах, хайа тэллэҕэр турар сиргэ тохтоон ааспыппыт. Тута хайа чэбдик салгына биллибитэ… Медицинскэй наука доктора Егор Егорович этэринэн тустууктар физиологическай туруктарын сайыннарарга хайалаах сир бэртээхэй үһү. Тустуу федерациятын салайааччы Березиҥҥэ этэ сылдьыбыт. Илья Семенович оннук базаны тэрийэн испиппит диир, Балакшиҥҥа тиийэ кэлэн биһирээн барбыттар эрээри базаны Аллан куоратыгар туппуттар.
Тополинайга диэри 80 километр хаалбыт. Аара суолга аатырбыт нэһилиэк баһылыгын Надежда Васильевна Кладкина-Клышейконы көрсөн кэпсэттибит. Хоту дойду хоһуун хотуна бөөлүүн Эбээн Бытантайтан Хотугу улуустар оонньууларыгар кыттан, хамаандатын 3-с миэстэ оҥорон кэлбит уонна өйүүн буолар таба бырааһынньыгын дьаһалыгар Хаандыгалаан иһэр эбит. Кинини кытта Хотугу улуустар оонньууларыгар остуол тенниһигэр «буруолуу сылдьар» кыайыылаах Елена барсан иһэр.
19:33 Улахан Уолчааны уҥуордуур аартыкка кэллибит. Маарыын Аччыгый Уолчааны ааспыппыт. Илья Семенович этэринэн “Уолчаан” диэн эбээннии “эркин” диэн тылбаастанар үһү. Бу эргин хайалар байҕал таһымыттан 1300 метр үрдүктээхтэр.
Билигин бу кыһыҥҥы суол үгэннээн тиллибит кэмэ. Таһаҕас тиэммит “ураллар”, “камазтар” уонна омук массыыналара моҕотой курдук тиһигин быспакка суксуруһаллар. Дьааҥы сүнньүн улуустарыгар, Булуҥҥа тиийэ сырыы-айан оройо, бакаа, аһаҕас.
21 ч. ааһыыта Томпо улууһун уһук хотугу нэһилиэгэр, эбээннэр түөлбэлээн олорор сирдэригэр – Томпо нэһилиэгин Тополинай бөһүөлэгэр үктэннибит. Экспедицияны олохтоох дьаһалта үлэһитэ Наталья Харина көрүстэ. “У Петровича” диэн ааттаах балаҕан быһыылаах кафеҕа муксуун мииннээх, таба соккуойдаах уусуннаан баран хонук сирбитин буллубут. Билигин бириэмэ 22:14. Манна билайн эрэ хабар…
Муус устар 4 күнэ
Сарсыарда хоммут балыыһабытыгар сытар эбээн эмээхсинэ, 75 саастаах Лилия Михайловна Погодаева кэлэн кэпсэттэ. Сахалыы бэркэ саҥарар. Аллаах Үүҥҥэ төрөөбүт, үөрэҕэ суох. ССРС судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Ленин уордьанын кавалера, аатырбыт табаһыт Петр Егорович Погодаев балта үһү.
– Аҕам Хабаровскайынан, Уус Маайанан тиийэ эргийэ сылдьара. Икки саастаахпар Хабаровскайга сылдьыспыт үһүбүн. Бурдук, кэмпиэт диэни билбэтэҕим. Наар курупааскынан аһыырбыт. 80, 100 саастаах оҕонньор-эмээхсин элбэх этэ. Оҕо сылдьан кинилэргэ хамса табаҕын хататынан уматан биэрэрим. Кырдьаҕастар махтанан дэлби сыллыыллара. Талаҕы таба үүтүгэр булкуйан сиирбит. Хаайыылаахтартан куттанар этибит.
Эдэрдэр аньыырҕаабаттар. Ол иһин таба эһиннэ. Таба муоһун быһыллыа суохтаах. Хаана бардаҕына төрүөҕэ суох буолар. Икки уоллаахпын, биир кыыстаахпын. Кыыһым учуутал. Петр Погодаев сэрииттэн кэлбитин өйдүүбүн. Кини кэлэн табаһыттар олохторун көннөрбүтэ. Убайым кэлбитэ 7 сыл буолан баран биһигини манна аҕалбыта. Ол иннинэ Аллаах Үүҥҥэ от охсон, сүөһү ииттэн олорбуппут. Таһаҕас таһарбыт. Тимири тиэй да тиэй. Табаны ырыарымаары эбиэһинэн аһатарбыт. Көмүсчүттэр табаларын көрөрбүт. Нууччалар ас-таҥас, олорор дьиэ биэрэллэрэ. Сэтинньиттэн ыам ыйыгар диэри үлэлиирбит. Сайынын оттуурбут. Нууччалар аттарыгар, сүөһүлэригэр анаан.
Сонун кэпсээннээх, сытыы тыллаах кырдьаҕаһы кытта кэпсэтэ түһэн баран таһырдьа тахсыбыппыт түүн кыраһалаабыт, күн чаҕылыччы тыгар эрээри дьиэлэммит, салгын ырааһа сүрдээх.
8 ч. ааһыыта кэлэн чаас кэриҥэ бэҕэһээ үссэммит кафебытыгар сарсыардааҥҥыбытын аһаан баран дьаһалта дьиэтигэр кэлэн бөһүөлэк киинин көрдүбүт-иһиттибит. Онтон Наталья Харина уонна оскуола историяҕа учуутала, кыраайы үөрэтээччи Марфа Копырина нэһилиэк музейын көрдөрдүлэр. Тополинайы төрүттээбит, номоххо киирбит Үлэ Геройа Василий Кладкиҥҥа, ССРС судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Ленин уордьанын кавалера Петр Погодаевка, көҥүл тустууга Аан дойду икки төгүллээх чемпиона Виктор Лебедевкэ аналлаах хостору, эбээннэр этнографияларыгар, бөһүөлэк историятыгар сыһыаннаах экспозициялары көрдүбүт. Бэртээхэй саха ууһа охсубут батыйата, эбээннэр сарыы таҥастара, тириини таҥастыыр, бултуур-алтыыр тэриллэрэ, эргэ Томпо бөһүөлэгиттэн аҕалыллыбыт мал-сал бааллар. Саха ууһа охсубут батыйатын эргэ Томпо бөһүөлэгиттэн булан аҕалбыттар үһү.
Марфа Афанасьевна Копырина – аҕатын саҕаттан кыраайы үөрэтиинэн дьарыктаммыт педдинастия бэрэстэбиитэлэ. Онон нэһилиэк историятын балайда дириҥник хорутан билэрэ тылыттан-өһүттэн өтө көстөр:
– Дьааҥы сис хайатыгар, Бараайы үрэҕэр тоҥус кинээһэ Чимаада туттарбыт чочуобуната турар. Кинээс 1906 сыллаахха өлбүтүн уонна кини кэнниттэн утуу-субуу суох буолбут дьиэ кэргэнин чочуобуна аттыгар Санкт-Петербургтан аҕалыллыбыт мэҥэ тааска ааттарын-суолларын суруйан көмпүттэр. Бу сиргэ өрөбөлүүссүйэ иннинэ көс эбээннэр түмсэн мунньахтыыллара, өлбүт-төрөөбүт дьону бэлиэтэттэрэллэрэ, эр-ойох ылсаллара үһү. Гражданскай сэрии саҕана чочуобуна турар сириттэн ырааҕа суох хайаҕа кыһыллар окуопа хастан пепеляевецтары тоһуйбуттар да үрүҥнэрэ кэлбэккэ кыргыһыы буолбатах. Бу эҥэр Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар Аляска–Сибиир салгын суолунан айанныыр көтөр аал саахалламмыт сэмнэҕэ эмиэ сытар үһү.
Онон били Вячеслав аҕабыыт кэпсиир чочуобунатын историятын кыратык да буоллар сэгэттибит.
Культура киинигэр нэһилиэнньэни уонна үрдүкү кылаас оҕолорун көрүстүбүт. Биир эбээн эмээхсинэ туран: “Кыһыл көмүс – биһиэхэ кырыыстаах таас! Көмүс көстөн Эбээн автономнай национальнай уокуруга эстибитэ, кини оннугар Магадан уобалаһа үөскээбитэ. Мин аҕам Николай Якутскайы Томпо–Өймөкөөн быыһыгар илдьэ сылдьыбыта. Аҕам этэрэ: “Ити “Көмүстээх үрүйэ” айымньытыгар биһиги туспутунан суруйбут”. Аллаах Үүн нэһилиэгэ урут Томпо национальнай оройуонугар киирэрэ”, – диэн этиҥнээх ардах курдук күлүмэхтик тыл эттэ.
Оскуола музейын салайааччыта, кырдьаҕас педагог Евдокия Васильевна Семенова кэпсииринэн, нэһилиэк сиринэн икки былыргы айан суола – Тукулаан-Сартаҥ туһаайыытынан Дьааҥылыыр аартык уонна Томпо үрэҕинэн өксөйөн Өймөкөөннүүр суол ааһаллар. Уйана – Тукуланский переезд лиэн сиргэ улахан кириэс турар. Манан 1636 сыллаахха Постник Иванов этэрээтэ ааһыаҕыттан ыла үгүс экспедициялар, айанньыттар бу сиринэн таарыйан ыырдаммыттара.
Василий Васильевич Голиков II-Чимаада диэн кинээс чочуобуна туттарбыт. 1931 сыллаахха Байаҕантай улууһун оннугар Томпо национальнай уонна Таатта оройуоттара тэриллибиттэр. Томпо оройуонугар Мэмээл-Годникан, Тукулаан-Бараайы (Парайя), Адыачча-Нэлгэһэ, Суонтаар-Сүдүгү, Аллаах Үүн диэн биэс нэһилиэк баар буолбут. Оройуон киинэ – уруккута чочуобуна турар сирэ Коммунар бөһүөлэк диэн ааттаммыт. Аллаах Үүн 1939 сыллааахтан ыла Томпоҕо киирбит, Суонтаар өттө билигин Өймөкөөҥҥө барбыт.
14:35 Тополинайтан Хаандыгалыыр суолу тутустубут.
15:30 Улахан Уолчааны уҥуордуур аартыкка тохтоон аастыбыт.
Чаас кэриҥинэн Тополинайтан барыыга 125 километрга тохтоон урукку ГУЛАГ «Дальстрой» треһигэр киирэр биир лааҕыр сэмнэҕэ көстөр сиригэр тохтоотубут. Илья Семенович бу лааҕырга тиит маһы көҥдөй гына дьөлөн канализация турбатын, таас бааҥканан электроуоту изоляциялаабыттарын кэпсээтэ.
Бу урукку Магадан аартыгыттан арахсар уонна Тополинайга тиийэр суолу Сталин дьаһалынан, «Дальстройга» бас бэринэр «Янстрой» диэн тэрилтэ хаайыылаахтара туппуттар. Былаан быһыытынан бу суол 900 биэрэстэлээх Баатаҕайга диэри адаардаах хайалары, ыт мунна баппат ыркый тайҕаны, киэҥ нэлэмэн маардары, хайа барылҕан үрэхтэрин уҥуордаан тиийиэхтээх, ол аата Саха сирин Арктика эргимтэтигэр сытар улуустарын сылы эргиччи айан суолунан ситимниэхтээх эбит. Ол сорук Сталин өлөн, ГУЛАГ тиһигэ үрэллэн, «Дальстрой» сабыллан сиппэтэх. Бу суол кытыытынааҕы лааҕырдары үгүстэрин анал хамыыһыйа уоттаабыт эрээри, сорох тутуулар билигин да ордуталаабыттара ала-тала көстөр. Тополинайтан салгыы бу суолунан бардахха бүтүн туруктаах лааҕырдар өтөхсүйэн тураллар үһү.
23:15 Хаандыгаҕа кэллибит.
Муус устар 5 күнэ
10 чаастан дьаһалтаттан Илья Семеновичпытын уонна экспедицияҕа бүгүн холбоспут, Томпо оройуонун икки тылынан тахсар хаһыатын редактор-дириэктэрэ Ирина Бодругу ыллыбыт.
“Халыма” федеральнай аартыгынан Дьокуускай куорат туһаайыытынан айаннаан Алланы туораан, Мэҥэ Алдан нэһилиэгин иһинэн айаннаан, өрүһү өссө төгүл туораан 11:3 Байаҕантай нэһилиэгин киинигэр Кириэс Халдьаайыга кэллибит. Биһигини Сардаана Федоровна көрүстэ. Бу үс бөһүөлэктээх нэһилиэк билигин 1763 киһилээх сахалар түөлбэлээн олорор биир улахан түөлбэлэрэ эбит. Онуоха Аҕа дойду Улуу сэриитин биир чулуу снайпера Федор Охлопковы, аатырбыт Аллан көмүһүн арыйбыт Михаил Тарабукины, ССРС уонна Россия судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреаттара Ефим Степановы, П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, биллиилээх суруналыыс Дмитрий Кустуровы, СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ, худуоһунньук Михаил Старостины эптэххэ Байаҕантай нэһилиэгэ ытык сир буолара мөккүөрэ суох.
Кириэс Халдьаайы бөһүөлэгиттэн чаас аҥара айаннаан 15 биэрэстэлээх билиҥҥи Арыы Толоон бөһүөлэгэр, уруккута Эһэ нэһилиэгин сиригэр үктэннибит. Аара суолга хайаттан тардыылаах, Аллаҥҥа түһэр Улукуччу үрэҕи туоруур күрбэ оҥоһулла турарын көрөн аастыбыт. Арыы Толооҥҥо билигин 120 киһи олорор. Онтон 2005 сыллаахтан ыла ССРС суруйааччылар сойуустарын чилиэнэ Анастасия Саввична Сыромятникова аатын сүгэр оскуола 25 оҕолоох, дириэктэринэн Валерий Аммосов диэн эдэр киһи үлэлии олорор.
Түөлбэ ытык кырдьаҕаһа Роман Семенович Баланов:
– Былыргы айанньыттар бу кылаабыһа суолунан Мөҥкөнөн Улукуччуну туораан, Үөгэҥҥэ түһэллэр, Уйана үрэххэ тахсаллар. Хоту диэки Күндүлгэ тиийэллэр, иккис симиэбийэҕэ тохтууллар. Онтон от суох сиригэр табалаах томполор утары кэлэллэр. Ол симиэбийэлэргэ от-мас баар буолар, саха-тоҥус көрсөн дэлби хаартылыыллара үһү. Алланы мас тыынан туорууллар, арыыттан арыыга түһэн. Уҥуор Таатта өттүгэр, Дьаарбаҥ тааһа диэн сиргэ, атыыһыттар кэлэн эргиэн тэрийэллэр. Саамай улахан муостаны Кырбаһааҥкын туттарбыт Буойа муостата диэн ааттыллар. Ол Таатта Уолбатын сирэ.
1922 сыл эргин, эбэм кэпсээнинэн, кыһыл-үрүҥ саллаата бөҕө кыһыннары-сайыннары төттөрү-таары айаннаабыт. Нууччалыы билбэт дьон иһиттэҕинэ арай “Пепеляев-Пепеляев”, “Ракитин-Ракитин” дэһэллэр үһү. Кыһын дьиэни толору саалаах дьон бөҕө кутуллара үһү. Бэйэлэрэ өйүөлээх буолаллар диирэ. Аан Аппанан, Мөгүччүнэн Лэкэ бэтэрээ өттүнэн Тааттаттан дьон кэлэр. Биэс сыл устата барыы-кэлии бөҕөтө буолбут. Дьоммут кыһыл кэллэҕинэ кыһыл, үрүҥ кэллэҕинэ үрүҥ буолан олорбуттар. Аҕатын биирдэ кыһыл саллаата ытаары гыммытын хамандыыра буойан тохтоппут…
Биир олохтоох киһи бурдук манньаҕа кыһылларга саа тутарга сөбүлэспитин ийэлээх аҕата: «Уҥа хараҕыҥ эргэлээх, хайдах көрүөххүнүй?» диэн кини оннугар быраатын биэрэн ыыппыттар. Ол быраата 1923 сыллаахха өлөн тиэллэн кэлбит…
Индигиирискэйи Байаҕантай депутата Миискэ Дьөгүөрэп күрэппит. Кини саха кыахтаахтара, үөрэхтээхтэрэ “Северный союз спасения” диэн тэрилтэ тэринэн, Дьокуускайтан дьааһыкка уган күрэппиттэр. Кириэстэн кыһыллар эккирэтэн түспүт ыалларыгар тиийбиттэрэ оһох оттуллан турар, олоппоско бөрө тириитэ саҕынньах, остуолга кыһыл көмүс “Павел Буре” чаһы сыталлар үһү. Биир кыһыл көрдөҕүнэ хотонтон сүөһү сиһин үрдүнэн саа уоһа быган турар эбит, ол иһин саллан саҥарбатах… Онтон салгыы Өймөкөөҥҥө буолбут өрө турууга мантан Степанов диэн таһаҕасчыт киһи кыттыбыт.
Дьонум холкуостааһын иннинэ биир үөр сылгылаахтара уонна бурдук ыһан үчүгэйдик олорбуттара.
Ааллаах таһаҕаһа диэн мантан соҕуруу Охотскай Перевозка бараллара. Холкуос түһээнинэн. Айанньыттар саас сыарҕа хаара кэлтэйдээһинэ, ыам ыйыгар биирдэ төннөллөрө. Сырыыта ыарыттан ким да иннинэн барыан баҕарбата үһү.
15 чааска Кириэс Халдьаайыга төттөрү кэлэн Сэбиэскэй Сойуус Геройа Ф.М. Охлопков аатынан кыраайы үөрэтэр музейга кэлбиппит салайааччы Любовь Севастьянова, Светлана Матаркина саламаатынан, сүөгэйдээх алаадьынан, үүттээх чэйинэн айах тутан көрүстүлэр. Чаас кэриҥэ музейы көрдүбүт. Бу музейга үһүс төгүлүн сылдьар буоламмын туохха ордук болҕомто ууран көрүөхтээхпин билэрим да син биир сөҕө көрдүм…
Онтон кулуупка нэһилиэнньэни кытта көрсүһүү буолла. 20-чэ киһи мустубут. Саха нэһилиэктэригэр өрүү буоларыныы, иһитиннэрии кэнниттэн мөккүөр, куолу аҥардаах сэһэн-тэппэн аана тэлэччи арылла түстэ… Герой уола, кыраайы үөрэтээччи Александр Охлопков, биир метеоролог идэлээх киһи, атын да кырдьаҕастар сороҕор бэйэ-бэйэлэрин икки ардыгар мөккүһэн ыла-ыла, ситэрсэн-хоторсон биэрэ-биэрэ Лаамылыыр аартык ханан ааһарын туһунан өр, ымпыктаан-чымпыктаан кэпсээтилэр.
18 чаас саҕана көрсүһүүттэн дьэ, босхолонон энтузиаст киһи, кыраайы үөрэтээччи Прокопий Ефимов тэрийбит нуучча доҕотторо «таастары кытта кэпсэтэр киһи» диэн сүрэхтээбит, Кулаар көмүһүнэн арыйбыт, Ленин уордьаннаах Гавриил Петрович Ефимов аатынан Томпо оройуонун геологиятын музейыгар ыалдьыттаатыбыт.
Прокопий тэрийбит музейа сахалар, олохтоох омуктар геологияҕа сыстыыларын уонна хаалларбыт суолларын-иистэрин үөрэтиигэ дьоһун холобурунан буолар. Томпо оройуонун уонна Байаҕантай нэһилиэгин сахаларын геологическай үгэстэрэ Аллан кыһыл көмүһүн арыйбыт Михаил Тарабукинтан саҕалаан күн бүгүҥҥэ диэри салҕанарын туоһулуур матырыйааллар кэнчээри ыччакка киэҥ аартыгы арыйа, аҕа саастаахтарга бэйэни сэнэнэр санааны киэр кыйдыы, атын омуктары сөхтөрө, өйдөтө дьоҕус эрээри дьоһун музейга сыа-сым курдук тутуллан тураллар.
Киэһэ истиҥ көрсүһүүттэн астынан, эҕэ-дьэгэ буолан, боротуоха устун типтэрэн истэхпитинэ, Илья Семенович Аллан өрүскэ Кириэс Халдьаайы диэки «Байаҕантай переката» диэн күһүҥҥү ааллар арыычча батар кыбычыын сирдэрэ баар үһү диэн кэпсээтэ.
Муус устар 6 күнэ
Бүгүн экспедицияҕа сирдьиттиэхтээх Николай Егорович Ефимовы ылан Саһыл нэһилиэгэр айаннаатыбыт. Николай Егоровиһы Өймөкөөҥҥө буолбут Байаҕантай ыһыаҕыттан ыла билэбин. Оччолорго кини улуус социальнай харалтатын управлениетын начальнига этэ. Билигин муниципальнай пенсияҕа тахсан кыра үлэҕэ баарбын, хата общественнай тэрээһиним элбэх диир.
10 чааһы ааһыыта Саһыл нэһилиэгин киинигэр Кэскил бөһүөлэгэр кэллибит. Дьаһалта баһылыга Степан Семенович Яковлев уонна олохтоох активистар, кырдьаҕастар чороонноох кымыстаах, дьэдьэннээх алаадьылаах көрүстүлэр. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар анаммыт мэҥэ өйдөбүнньүккэ гирлянда уурдубут.
Саһыл нэһилиэгэ – Саһыл Бытык уонна Саһылыкаан Мөндүкээн удьуордарын дойдута. Былыргы аартык төрдө – Ньукулай Кырбаһааҥкын, Манньыаттаах Уола курдук I гильдиялаах атыыһыттар сылдьан, эргинэн, хонон-аараан ааспыт сирдэрэ. Ол туоһута «Никифоров ыскылаата», «Никифоров переката» диэн ааттаах сирдэр күн бүгүҥҥэ диэри бааллар. Нэһилиэги 2000, 2001 сылларга Аллан сааскы халаана ылан улаханнык эмсэҕэлэппит. Бастакы дьылыгар муустаах, иккиһигэр хара уу. Ол кэмҥэ элбэх ыал дьиэ сертификатын ылан Хаандыгаҕа, Дьокуускайга көспүттэр. Онон оскуолаҕа тиийэн истэххэ аара суолга өтөхсүйбүт дьиэ үгүс. Эдэр ыаллар дьиэлэрин тыа диэки туттан бөһүөлэк «сыҕарыйбыт» үһү. Билигин Саһылга 568 киһи олорор.
Кырдьаҕастар Георгий Дмитриевиһы көрө-көрө: «Никонов уола» дэһэллэр. Аны Федор Николаевич Охлопков диэн бииргэ оонньообут, үөрэммит уола көһүннэ… Федор Николаевич кыраайы үөрэтиинэн дьарыктанар эбит:
– Бөһүөлэк турар сиригэр Манньыаттаах Уолун ыскалааттара турбуттара, манна уунан аҕалан баран акка, табаҕа ындан хоту таһаллара. Бөһүөлэктэн соччо ырааҕа суох сиргэ Чочуобуна турбута, – диэн кэпсиир.
Нэһилиэк ытык кырдьаҕаһа Анна Петровна Булдакова:
– Саһыл сиригэр улахан туос ураһа сэмнэҕэ баара. Кытыл учаастагар тимир уһаараллара үһү. Суол тутааччылар дүлүҥү хаһан таһаарбыттарыгар муос оноҕостор көстүбүттэрэ. Кытылга тутуу ыытаары хаһа сылдьан үрүҥ көмүс үүн булбуттара, – диэн уруккуттан тугу өйдүүрүн ахтар.
80 саастаах Никита Лазаревич Тарабукин:
– «Никифоровский склад» диэн ылтаһын суруга хойукааҥҥа диэри сыппыта. Үүрүпчү диэн сиргэ баайдар сүөһүлэрин үүрэн аҕалан түмэллэрэ. Бу сир урукку аата. Ыскалаат булууһугар биһиги пилорама туруорбуппут. Мастаах диэн сиргэ кэлин “Саҥа Никифоровскай” диэн сүөһүнү түмэр буолбуттара.
Карповтаах улахан баҕайы картаны остуолга тэлгэтэн сытан мин эһэбиттэн сирдэр ааттарын ыйытан суруналлара. Эһэм нууччалыы билбэт буолан холкуос бэрэссэдээтэлэ Роман Никифорович Тарабукин тылбаастыыра. Ити Хаандыга диэни “Хаан тыгар” диэнтэн тахсар дии саныыбын. Кырдьык, Хааннаах үрэх – сайын дьаратыйдаҕына аннынааҕы тааһа кытаран көстөрө буолла. Хонон ааһар нууччалар луук, килиэп өйүөлээх буолаллара. Онтуларыттан биһиэхэ, оҕолорго бэрсэллэрин өйдүүбүн. Охотскайдыыр суол диэн биһигинэн өрүһүнэн устан ааһаллара.
83 саастаах Мария Ивановна Матаркина кэргэним ордук билэр диэн кэмчиэрийдэр да сэһэнэ киэҥ:
– Хомустаахха холкуос бөһүөлэгэр 20 ыал дьукаахтаһан олорбуппут. Киэһэ аайы хоноһолоох буоларбыт. Арай иһиттэххэ, нууччалар «Магадан-Магадан» дэһэллэрэ, онтон сахалар Өймөкөөннөөн иһэр буолаллара. Кыраһыабай баҕайы нуучча кыргыттара, мааны-чараас таҥастаах буолаллара. Сороҕор аара суолга өлбүт дьоннорун тиэйэн кэлэллэрэ. Тугу бэрсэрбитин – үүтү, сүөһү иһин ылан сирбэккэ-талбакка сииллэрэ.
Таатта Ытык Күөлүттэн Аммаҕа түһэн Ноху төрдүнэн бараллара. Матааркыннар онно симиэбийэҕэ олорбуттар. Түүн аайы дьон кэлэллэрэ үһү. Түөрт уоллаах оҕонньордоох эмээхсин ол симиэбийэҕэ олорон чэй өрөллөрө, ат көрөллөрө. Отторун айанньыттар бэйэлэрэ тиэйэн кэлэллэрэ. Амма, Таатта – бары киин оройуон дьоно. Кыра хамнас туомнаахтар үһү. Николай Васильевич Матаркин диэн киһи.
Никииппэрэп ыскалааттара 1940 сыллаахха диэри турбуттара. Ыскалаат омооно билигин да көстөр. Үрүҥ көмүс үүн тимирэ онтон көстүбүтэ.
Эбиэт кэннэ Манньыаттаах Уолун ыскалааттара турбут сирин Федор Николаевич Охлопков сирдээн илдьэн көрдөрдө: ыскалаат ылбыт иэнин, булууһа ханан баарын, ындыылаахтар барар суолларын омооно, далаһалара баар үрүйэлэрин ыйда.
Бүгүн графиктан чаас аҥара хойутаан Мэҥэ Алдан нэһилиэгэр кэллибит. Илья Семеновичпыт санаата буолбакка Кириэс Халдьаайыттан манна элээрдэн кэлэн хайыы-үйэ кэпсээн-ипсээн хата ырааппыт. Көрсүһүү народнай суруйааччы Егор Петрович Неймохов аатынан кыраайы үөрэтэр музейга буолла. Сүүрбэччэ эр дьон, дьахтар, оҕонньор-эмээхсин, оскуолата оҕото – нэһилиэнньэ бары араҥата түмсүбүт.
Библиотекарь Галина Васильевна Никифорова иннибитигэр балайда обургу тирии бүрүөһүннээх хоппону ууран кэбистэ уонна: «Бу – абаҕам Николай Васильевич Аммосов диэн киһи хоппото», – диэн быһаарда. Кини салгыы кэпсииринэн:
– Өрөбөлүүссүйэ саҕана кыанар киһи барыта кэриэтэ атыыһыттыы сатыыра үһү. Элбэх буолан түмсэн барар үгэстээхтэр эбит. Айааҥҥа тиийэ бараллар. Суоллара Аллаах Үүнүнэн буолуо. Американецтар куопсук түһэрэн хараабылга таһааран хардарыта эргинэллэрэ үһү. Былаас уларыйан бүтэһик кэлиилэригэр бииргэ эргинэр дьоннорун анаан аһатан-маанылаан арахсыбыттар. Абаҕам 1923 сыллаахха Айаантан төннөн иһэн Пепеляевы кытта аргыстаспыт. Генерал таһаҕаһы тэҥҥэ сүксэрэ-көтөхсөрө үһү. Ол иһигэр бу хоппону эмиэ. Абаҕам кинини: «Үтүө киһи» диэн ахтара. Пепеляевтан арахсан баран кыһылларга түбэһэн эрэйи-муҥу көрсүбүт…
Галина Васильевна чопчулуурунан абаҕата Николай Аммосов 1900-1956 сылларга олорбут. Кини чахчы американецтары кытта эргиммит туоһута дьоҥҥо «Эмэрикээн сүгэтэ» диэн аатынан биллибит, «made in USA» диэн суруктаах сүгэлээҕэ үһү.
Николай Иванович Кривошапкин, 80-тан тахса саастаах:
– «Сырдаабыт» холкуос сиригэр 10 ыал буолан олорбуппут. Бу хоппоттон туох тахсарын, угулларын билэр этим. Бу чымадаан иччитэ –таһаҕасчыттар бэриэччиттэрэ. Кини тыллаах-өстөөх буолан инники сылдьар эбит. Кэнники күүстээх-уохтаах дьоно батыһаллар. Бастаан билсэр дьонун кытта, кэлин түбэһиэх наймыламмыт дьону сылдьан халаһыы, албыннаһыы диэни барытын билбит-көрбүт киһи.
Неймохов музейыгар уран оҥоһуулаах хаҥха ыҥыыр, батыйа, токур хотуур, чорооннор, тимиринэн уһаныыга сыһыаннаах экспонаттар хараллан сыталлар.
17 чааска «Улуу айаннар суолларынан» экспедиция Томпоҕо үлэтин түмүктээн Дьокуускайдыыр суолга таҕыстыбыт…