Салҕыыта, бастакы чаастарын бу ссылкаларынан ааҕыҥ:
– Бастакы чааһа (Уус-Маайа-Ципанда).
– Иккис чааһа (Ципанда – Нелькан).
Айаммыт сэттис күнүгэр “Урал” вахтовай массыынанан айанныыр буоламмыт, малларбытын барытын ылан, мотордаах оҥочонон Майда үрэҕи туоруубут уонна вахта массыынаҕа олорон айаммытын салгыыбыт. Погодабыт үчүгэй. Халлааҥҥа былыт диэн суох. Айаннаан иһэр суолбут оҥоһуу киэҥ (шоссе) суол эбит. Биһигини кытта Нелькан олохтоохторо Айааҥҥа айаннаһан иһэллэр. Кинилэр ортолоругар Дьячковскай Н.Д. диэн биһиги саҥа билсибит, патриот санаалаах саха киһитэ олорсон иһэр. Кини кэпсээнинэн, бу айан суолун (шоссе) Нелькантан Дьугдьур хайатын тэллэҕэр диэри Сэбиэскэй былаас кэмигэр алта уонус сыллардаахха оҥорбуттар.
Дьугдьур хайатын тэллэҕиттэн ыла, айан суола Челасин диэн ааттаах үрэх устун Дьугдьур сис хайа оройугар диэри тиийэр үһү. Дьугдьур хайатын оройуттан ыла Айааҥҥа диэри эмиэ оҥоһуулаах айан суолунан айанныыр үһүбүт. Айаннаан иһэр сирбит Дьугдьур хайатыгар диэри тиит, бэс, тирэх сорох сиринэн харыйа мастардардаах хаптал сир эбит. Ол иһигэр уулаах маар сирдэр көстөн ааһаллар. Күн ортото “Челасин 1” диэн ааттаах айан суолун учаастагар кэлэбит. Урут, Сэбиэскэй былаас кэмигэр, Аян пордугар диэри, өссө икки итинник учаастактар бааллара диэтилэр. Бу айан суола Челасин үрэх куурбут сүнньүнэн, хайа аппатынан барар буолан, кыһынын хаарын халыҥа, массыына сылдьыбатын курдук саба түһэрин иһин, суолу хаартан ыраастатаары суол учаастактарын тэрийбиттэр. Сэбиэскэй былаас суох буолуоҕуттан суолу ыраастыыр учаастактар сабылланнар, билигин кыһыҥҥы ыйдарга массыынанан Нелькантан айааҥҥа айаннааһын тохтоон, “буран” курдук сэбинэн эрэ сылдьаллар эбит.
Бу сиргэ тохтоон бэйэбитигэр баар ыһыкпытын ылан аһаатыбыт. Биһиги хайа аппатыгар баарбыт. Икки өттүбүт сүрдээх үрдүк хайалар. Хайалар сирэйдэрэ болбуктанан саба үүммүттэр. Айаннаан иһэр хайа аппатын сирэ тиит, харыйа мастардаах, сииктээх сир. Мастар быыстара хойуу талахтаах уонна от өлгөмнүк үүнэр эбит. Бу Дьугдьур сис хайатын оройугар сынньанар ааһар сирбитигэр, эдельвейс диэн ааттаах, хайаҕа үүнэр сибэкки хойуутук үүнэр үһү.
Билигин бу сиргэ суол учаастагын икки дьиэтэ, улахан гараж ордон тураллара эрэ баар. Сэбиэскэй былаас кэмигэр бу суоллар учаастактарын үлэһиттэрин көмөтүнэн, Нелькан-Аян икки ардыгар айаннааһын кыһыннары тэриллэрэ үһү.
1990-нус сыллардаахтан ыла, бу айан суолун учаастактарын сабан кэбиспиттэр. Ол быһыытынан кыһыҥҥы ыйдарга Нелькан – Аян суола сабыллар эбит. Ыам ыйын бүтүүтэ, бу айаннаан иһэр үрэхпит уута устан бүтэрин кытта, бульдозер кэлэн, модьоҕо таастары үрэх уута суол омоонугар киллэртээбитин ыраастаабытын кэннэ, айан суола аһыллар. Сайынын улахан ардахтар кэмнэригэр, бу айаннаан иһэр үрэхпит уунан туола түһэр эбит. Күүстээх ардах бүппүтэ нэдиэлэ курдугунан, бу айан суола хаттаан аһыллар үһү.
Биһиги салгыы хайалар быыстарынан айанныыбыт. Икки өттүбүтүнэн сүрдээх үрдүк таас хайалар көстөллөр. Вахта массыына иһигэр олорор буоламмыт, таһырдьаны түннүгүнэн эрэ көрөбүт. Сыыйа айаннаан иһэр сирбит ото маһа аччаан, болбукта үүнээйи солбуйан барда. Оннук сиринэн баран иһэн, көнө сиргэ тахсан кэлэбит. Дьячковскай эппитинэн хайа оройугар тахсыбыт үһүбүт. Сотору буолаат синньигэс күөл илин баһыгар тохтуубут.
Массыынаттан түһэн, тохтообут сирбитин көрбүппүт, ыраас көнө соҕус ньуурдаах сиргэ тохтообут эбиппит. Тэйиччи хайалар арҕастара көстөллөр. Халлаан арҕам – тарҕам былыттаах. Тохтообут сирбит аттыгар, суол кытыытыгар улахан сымара таастарынан, дьиэ оннун саҕа сир эргитиллибит. Ол иһигэр таастары куппуттара, сиртэн томтойон көстөр. Ол сымара таастарынан оҥоһуллубут сиргэ, араас аһаҕас иһиттэр тураллар. Хас да тимир турбаны, туора кылгас боробулуохалары сваркалаан баран, итини эргиччи батары саайбыттар. Ааһан иһэр айан дьонноро, ити аһаҕас иһиттэргэ бытахай тимир хаччылары угаллар эбит. Тимир турба туорай кылгас боробулуохаларыга араас оонньуурдары, киэргэллэри ыйаабыттара көстөр. Мин бэйэбин кытта манна аҕалбыт кыра алтан чуораанчыгы туора боробулуохаҕа ииллим.
Мин 2014 сыллаахха, блогер Неустроева Саргылаана Александровна тэрийиитинэн, Саха сирин марафонестарын кытта “Дьокуускай – Майа – Амма – Уус Маайа – Элдикан – Ааллаах Үүн – Сэттэ Дабаан” маршрутунан барса сылдьаммын, Дьокуускайга анаан оҥотторбут Сэттэ Дабаан сис хайа үрдүгэр, ат дуҕата оҥоһуктаах бэлиэни, 1932 – 1956 сыллардаахха Саха АССР оройуоннарын колхуостаахтара “Джугджурзолото” трест “Охотскай перевоз” перевалочнай базатыттан Ааллаах Үүн кыһыл көмүһү хостуур бириискэлэригэр таһаҕас таспыттарын үйэтитэн, суруктаах тимир бэлиэни туруорбуппутун, санаан кэллим.
Манна турар сирбит хотоол сир буолан тулабыт хайалар мэһэйдээннэр, тулабыт ыраахха диэри соччо көстүбэт. Онтон Сэттэ Дабаан сис хайатыгар оройугар тахсан, тулабытын көрүүгэ ыраахха диэри хараҕын ыларын тухары, араас быһыылаах хайалар көстөллөрө үчүгэй баҕайы этэ. Аттыбытыгар баар уһун синньигэс күөлбүт уһуна икки сүүс, туората алта уонча миэтэрэ буолуо. Күөл аата “Мертвое озеро” диэн эбит. Бу күөл уута чычаас буолан, кыһынын дөйө тоҕон хаалар эбит. Бу күөл балыга суоҕун иһин итинник ааттаммыт. Тохтообут сирбитигэр бэл болбукта да үүммэт эбит. Ол оннуга от, сибэкки арааһа үүммүтэ, көрөргө үчүгэйэ сүрдээх. Сырдык халлаан күөҕэ, бытахай эминньэхтээх сибэккини “горный эдельвейс” диэн ааттыыллар эбит. Ити сибэкклэр үгүстэрэ сүрдээх. Турар сирбититтэн кутан оҥоһуу суол сҕаланар. Мантан ыла оҥоһуулаах суолунан айанныыр үһүбүт. Айаммытын салгыыбыт, кыратык бараат да таҥнары түһэн эрэрбит биллэн барда. Халлаан хайа сахха былытынан бүрүллүбүт. Хайалар оройдоро былытынан бүрүллүбүттэр. Тиит, харыйа мастаах сирдэр саҕаланнылар. Харыйалар биһиги харыйаларбытынааҕар сырдык күөх дьүһүннээхтэр. “Голубая ель” диэн ааттыыр харыйалара үүнэр дойдута буолла. Тиит мастаах сирдэргэ хатыҥ, араас талахтар уонна уһун баҕайы оттор үүммүттэрэ, киһи чугас да баар кыылы таба көрүө суох. Бу сир, үүнээйи өлгөмнүк үүнэр дойдута буолла. Биир чычаас, күүстэхтик сүүрүгүрэ сытар үрүйэни туораат, массыынабыт тохтоото. Массыынаттан түспүппүт, хайа үрүйэтин сүүрүгүн тыаһа, аттыгар турар киһи саҥатын иһиттиннэриэ суох курдук.
Бу Алдома диэн Охуоскай муораҕа түһэр таас хайа үрэҕин салаата үһү. Үрэх уутун муораҕа түһэрэр эбит. Кырылас тааһынан бүрүллүбүт, онон манан абына – табына талахтардаах, уу аҕалан бырахпыт сылбах тииттэр, харыйалар томтор, кэбиһиилээх оттор курдук өрөһөлөнөн сыталлар. Биһигиттэн икки сүүсчэкэ ыраах баар талахтар кэннилэриттэн, биһиги баарбытын билбэккэ, икки эһэ хааман сири тиҥсирийэ – тиҥсирийэ биһиги диэки иһэллэр эбит. Ону көрөөт, биһиги хатаннык иһиир да иһиир буолбуппутун истэннэр, эһэлэр тохтоон хороһон туран кэллиллэр. Биһигини балачча көрө түһэн баран, төттөрү түөрт атах буолан, талахтар быыстарын диэки хаамса турдулар. Дьячковскай быһаарыытынан, ити эһэлэр муораттан үрэх устун ыы тахсан иһэр кэтэ балыктары бултуу сылдьалар үһү. Бу күннэргэ кэтэ балык муораттан үрэҕи өксөйүүлэрэ саҕаламмыт диэтэ.
Былыр, 1850-нус сыллартан Аян пордуттан таһаҕаһы ындыылаан аттарынан таһыыга анаан тыаны солоон оҥорбут суоллара мантан илин диэкинэн ааһарын картаттан Нелькан музейыгар сылдьан көрбүппүт. Онно көрдөөхха Аян пордуттан үс биэрэстэлээх сиринэн Алгома үрэх муораҕа түһэр. Таһаҕаһы таһар айан суола ити үрэҕи кыйа тахсан барар. Үөһээ хайа оройугар чугаһаан баран, Алгома үрэх баһа арҕаа диэки иэҕиллэн, ити массыынабыт тохтоон ааспыт сиринэн өрө ааһар сиригэр, биһиги Челасин үрэҕин баһын диэкинэн туораан ааспыт эбиппит. Таһаҕас таһар айан суола Алгома үрэх арҕаа диэки иэҕиллэр сиринэн үрэҕи батыһа барбакка эрэ, үрэх атын салаатынан Дьугдьур сис хайатын оройугар тахсан, Челасин үрэҕин кытыытынан ааһан, бу хайабыт хоту тэллэҕэр массыына суолун кытта холбоһор эбит. Таһаҕастаах аттар Дьугдьур хайатын оройун ааһар сирин “Казенный перевал” диэн ааттанара картаҕа сурулла сылдьар.
Сотору кэминэн биһиги айаммытын салгыыбыт. Халлаан былыта астыбакка турар. Суолбут икки өттө барыта хайа. Суолбут оҥоһуулаах буолан айанныырбыт түргэн. Итинник айаннаан истэхпитинэ, уҥа өттүбүтүгэр муора көстө түстэ. Сотору кэминэн “Муннук” диэн ааттаах муора хомотун сиригэр, аэропорт аттынан ааһыахтаах үһүбүт. Мантан ыла муора уҥа өттүбүтүгэр, тыаттан мэһэйдэтэн көстө – көстө ааһар. Оннук айаннаан Аян хомотун кытыытынан, хайа сирэйинэн айанныыбыт. Муора хомото толору көстөн кэллэ. Хомо уһуна түөрт биэрэстэттэн ордук курдук. Хомо туората үс биэрэстэ буолуо. Хомоҕо муораттан киирэр сирэ, икки өттө хайалар тумустара өтөн киирбиттэр. Муораттан хомоҕо кирии хайа тумустарын икки ардылара икки биэрэстэ буолуо. Бу Аян хомото Охуоскай муораҕа муора хараабыллара туралларыгар олус табыгастаах хомо буоларын, дойду остуоруйатын сэҥээрээчилэр бэрткэ билэллэр.
Хомо түгэх, хоту өттүгэр Аян куоратын дьиэлэрэ көстөллөр. Бу хомо тула өттө хайалардаах буолан, хомо иһигэр улахан долгун үөскээбэт диэтилэр.
Сотору буолаат үс этээстээх дьиэ аттыгар тохтуубут. Массыынаттан түһэн, малбытын туппутунан дьиэ ааныгар чугаһаан, киирэр ааҥҥа ыйаабыт вывесканы аахпыппыт, бу дьиэбит оройуон балыыһата буолла. Ол аттыгар А 4 кумааҕыга бэчээттэн суруйбуттарын аахпыппыт: “Уважаемые граждане! Осторожно, в лес не ходить. Появились медведи!” – диэн буолла.
Биһиги онтон күлсэ – күлсэ, аллараа этээскэ үс палатанан олохпутун буллубут. Суунан, утуйар сирбитин оҥостон киэһээ, аһылыкпытын аһаатыбыт.
Сарсыарда эрдэ туран, таһырдьа тахса сырыттым. Халлаан былыттаах, саҥа сырдаан эрэр. Ол туран иһиттэхпинэ, туох эрэ үөһээ, биир сиргэ хообурҕаан саҥарар саҥата иһиллэр.
Үчүгэйдик болҕойон истибитим, остуолба үрдүгэр улахан баҕайы хопто олорон саҥарар эбит. Сарсыарда туран, хомунан, суунан баран аҕыс чаас ааһыыта, оройуон администрациятын дьиэтигэр барабыт. Ол дьиэҕэ тиийбиппит, биир дьуһуурунай киһи баар эбит. Кэпсэтэн билбиппит, дьаһалта биһиги кэлбиппитин билэр эбит уонна бүгүн биһиги тугу оҥоруохтаах программабытын туттарда. Программаны аахпыппыт: 10 чааска – «Айан» экспедиция састааба төгүрүк остуолга Аян оройуонун администрациятын уонна общественноһы кытта көрсүһүүтэ; 12 чааска – сэргэни туруорууу, оһуохай; 1 чааска – концерт. 2 чааска – эбиэт; 3 чааска – аэропорт аттыгар илиминэн “Муннук” диэн ааттаах сиргэ балыктааһын буолар эбит.
Дьуһуурунай этиитинэн уулусса уҥуор кулууб тэлгэһэтигэр сэргэ туруохтаах сиригэр тиийдибит. Биир кузовтаах массыына кэтэһэн турар эбит. Кузовыгар хатырыктара сулламмыт икки тиити аҕалбытын түһэрдибит. Мин киниэхэ аны 20 см диаметрдаах, 6 миэтэрэ уһуннаах 4 бэрэбинэни уонна 1 куб муора лоһугурас тааһы аҕаларыгар быһааран эттим. Утаакы буолбакка массыына хатырыктара сулламмыт бэрэбинэлэри аҕала оҕуста. Ол кэнниттэн чаас курдугунан муора лоһугурас таастарын аҕаллылар. Биир бензо эрбиини, биир сытыы сүгэни бэлэмнээбиттэр. Алексей диэн ааттах нуучча уолугар уонна Валера диэн ааттах эбэҥки Уус – Маайа уолаттарыгар, бу түөрт бэрэбинэни балтараа миэтэрэ уһуннаах гына бысталаан муннуктарын оҥорон ампаар (сруб) оҥороҕут диэн быһааран биэрбиппэр, уолаттар бэрт ыпсаҕайдык мастары эрбээн, харбаҕалары оҥоро охсон, 60 см үрдүктээх ампаары бэлэм оҥордулар. Бу уолаттар сайын аайы, Дьокуускайга киирэн мас дьиэлэри тутуунан дьарыктаналлар эбит.
Мин сэргэни моойдоон бүтэриибэр, уон чаас чугаһаан, бары мунньахха бараары оҥостубуттарыгар, мин мунньахха барбакка, сэргэни ситэрэ бэйэм баҕабынан хаалар буоллум. Дьонум бардылар. Дьокуускайтан сэргэни оҥорорго анаан аҕалбыт тээбириннээхпин. Чаас ааспытын кэннэ, Андрей кэлэн, мунньахха барар үһүгүн диэн эппитигэр, сүүрүүнэн тиийэн, трибунаттан уонтан тахса мүнүүтэ устата, былыр саха дьонноро Дьокуускайтан Аяҥҥа таһаҕас таспыт историятын кэпсээн баран, сэргэм үлэтин ситэрэ паркаҕа кэллим. Мин үлэм бүтүүтэ, мунньахха баар дьоннор бары тоҕо сууллан кэллилэр.
Сэргэ туруоруу сиэрин – туомун Валентин Гаврильевич Исаков толорбутун кэннэ, “ампаарбыт” мастарын уолаттар олбу солбу уурталаан, муннуктарын тоһоҕолоон бүтэрэ оҕустулар. Биһиги сэргэбитин көтөҕөн ылан төрдүн “ампаар” ортотугар туруоран баран, манна баар дьоннор бары, тиэллэн кэлбит лоһугурас таастары ампаар иһигэр хаалаабытынан бардылар. “Ампаар” иһэ толору тааһынан симиллибитин кэннэ, бэйэбитин кытта илдьэ кэлбит суруктаах ылтаһыммытын сэргэҕэ саайан баран, Валентин Гаврильевич этиитинэн, манаа баар дьон оһуохайдаатыбыт. Ол кэнниттэн, сэргэ аттыгар концертаатыбыт.
Икки чаас саҕана сып – сып эбиэттээт вахта массыынабытынан балыктыы айаннаатыбыт. Баран иһэн, помойа сиригэр баҕар эһэлэр бааллара буолаарай диэммит, аара баар помойаны тоҕор сирдэригэр туораан тахса сырыттыбыт. Помойкаҕа эһэлэр суохтарын көрөн, суолга төттөрү киирэн, балыктыыр “Муннук” диэн ааттаах сир диэки айаннаатыбыт. Аэропорт аттынан, суолтан туораан, муора кытыытыгар ыга астаран киирдибит. Массыынаттан түспүппүт, сарсыарда администрацияҕа дьуһуурунайдаабыт киһилиин Уус – Маайа уолаттара икки илими үтэн балыктыы сылдьаллар эбит.
Икки биэдэрэҕэ буспут балыктары остуол үрдүгэр хотордулар. Балыгы сиэбитинэн, миинин испитинэн бардыбыт. Халлаан былыттаах, кыра сиккиэр тыаллаах. Биэрэктэн чугас ууга туох эрэ харалара көстө – көстө сүтэллэр. Уу кытыытыгар биир сүүрбэччэ миэтэрэ уһуннаах ураҕас сытар. Өйдөөн көрбүтүм, түөртүү миэтэрэ уһуннаах рейкалары болтанан холбообуттар, ураҕас муора өттүгэр баһа ачаах курдуктаах. Ол ачаахха иҥиннэрэн, кытыыттан илими ууга анньан киллэрэллэр эбит.
Аһаан бүтүүбүтүгэр, балыктыы сылдьар уолаттар ыҥырбыттарыгар, кинилэргэ тиийдибит. Балыксыттарбыт илими бэрт суһаллык ууттан хостообутунан бардылар. Уон биэс миэтэрэ уһуннаах илим ууттан хостонон бүттэ. Биэс кэтэ балык уонна үс балык төбөлөрө эрэ бааллар, ону көрөн биһиги соһуйуу бөҕөтө.
Ону көрөн уолаттар быһаарбыттарынан, илим уугу үтүллэрин кытта түлүөннэр илимҥэ устан кэлэн, балык баһа илимҥэ иннибитин илими таарыйбакка, балык баһын быһа тардан сии охсоллор эбит. Ол иһин илими уон биэс мүнүүтэ эрэ курдук ууга сытыараллар. Илими ыраастыы охсон баран, илим муора диэки өттүн, рейка ачааҕар иилэн баран, илими муораҕа үтэн киллэрэллэр уонна уһун рейканы ууттан субуйан ыллаллар.
Балыгы остуолга уураат, баһын быһа баттаан истэри – үөстэри туора таас үрдүгэр бырахпыттарын, киһини дөйүтэр саҥалаах үгүс муора хоптолоро саба түһэн, былдьаһа – былдьаһа балык баһын оһоҕосторун субуруппутунан биирдэ ыйыстан кэбиһэллэр эбит. Ити көтөрдөр куолайдара киэҥин сөҕөн эрэ кэбистибит. Иккис илими субуйан таһаарбыппыт, эмиэ хас да балык көхсүн түлүөннэр сии охсубуттар. Түөрт бүтүн балык баар. Уолаттарбыт балык баһын быһаат, туустуу – тустуу бөтүөҥҥэ уган иһэллэр. Искэҕин ылан туспа иһиккэ тууһууллар.
Түлүөннэр кытыыттан тэйиччи төбөлөрө футбол мээчигин аҥаарын саҕа буолан көстөллөр. Муораҕа кэлбиччэ сөтүөлээтибит. Биһиги балыктыы сылдьар кытылбыт уһуна үс биэрэстэ буолуо уонна муора диэки икки кытыыта үтэн киирбитин, былыргы биһиги өбүгэлэрбит таһаҕас таһыытыгар сылдьан, балыктаан ааһааллара эбитэ буолуо. Бу кытыл быһыытын көрөн “Муннук” диэн ааттаабыттара эбитэ буолуо диэн сабаҕалаатыбыт.
Биһиги муораҕа кылгас кэмҥэ да буоллар, кэтэ балыгы бултааһыҥҥа кыттыыны ылбыппытыттан астынан хонор сирбитигэр төнүннүбүт.
Сарсыҥҥы күнүгэр массыынабытынан төттөрү айаннаан Нелькан диэки айаннаатыбыт. Халлаамыт былыттаах. Кыратык ибирдээн ардыыр. Дьугдьур сис хайатын оройун ааһарбытын кытта, халлааммыт сыыйа халлыбытынан барда. Дьугдьур хайатын түһэн, иллэрээ күн эбиэттээн ааспыт сирбитигэр кэлэн, эбиэттээтибит. Бу сирбит адьас хайа анныгар баар, аппа сир. Билигин тыккырыы сытар чычаас уулаах Челасин үрүҕин саҕаланыыта.. Сэрэйдэххэ, улахан ардах кэмигэр үрэх уута эбиллэн, улаатара аҕай буолуо.
Салгыы айаннаан аны көнө сиринэн айаннаан иһэн, суол кытыытыгар табалар сөрүүкүүллэригэр анаан, күлүк түһэрэр оҥоһуктар анныларыгар табалар бааллан туралларын көрөммүт, массыынабытын тохтотон, табыһыттары көрсөр соруктаах, бааллан турар табалар диэки бардыбыт. Биир саастаах киһи табалар аттыларыгар баарын көрөн, киниэхэ тиийэн кэпсэппитинэн бардыбыт. Онно билбиппит, бу дойдуга Сэбиэскэй былаас кэмигэр баар буола сылдьыбыт иитиэх табалары олохтоохтор уонна бөрөлөр сиэн бүтэрэн, ордубутун сатаан көрбөккө куоттарбыттар уонна сүтэрбиттэр эбит. Кэнники сылларга, бу манна олохтоох эбэҥки дьоно Карамзин аймах, үгүс кэпсэтии кэнниттэн, уон биэс табаны Красноярскай эбэҥкилэриттэн атыылаһан аҕалан, көрө – харайа сылдьаллар эбит. Билигин хаһаайыны кытта уола уонна кийиитэ көрө – иитэ сылдьаллар үһү.. Кыра оҕолор көстүбэттэр.
Табалары бырдахтан көмүскүүр түптэлэрэ бөҕө – таҕа күрүөнэн эргитиллибиттэр. Улахан хас да таба баайыллан тураллар. Атыттар босхо сылдьаллар. Таба турку сыарҕалара тииттэргэ туруору өйөннөрүллүбүттэр. Таба ыҥыырдара эндиэ маска ууруллубуттар. Таба ыҥыыра ат ыҥыырыттан чыҥха атын оҥоһууллаах буолар эбит. Мин көрдөхпүнэ, биир харыс диаметрдээх, миэтэрэ аҥаара уһуннаах икки төкүнүк гына тириигэ, таба түүтэ хааламмыт оҥоһуктар, иккиэн хос тигиллэ сылдьаллар уонна биир холум буолар, сэттэ см кэтиттээх тирии, тимир дьиримнээх буолар эбит. Икки улахан балаака тардыллан тураллар. Иллэрээ күн бу суолунан айаннаан иһэн, бу табалары сөрүүкэтэр быһыылаах сарай курдуктары икки сиргэ көрөн аһарбыппыт. Валентин Гаврильевичтан ыйыпыппар, табаны сөрүүкэтэр сабарай диэбитэ. Манна табаҕа ыҥыырын ыҥырдан, табаны солбуһа сылдьан бары миинэн боруобалаатыбыт. Ыҥыыр иҥэһэтэ суох эбит. Табаны мииммит киһи илиитигэр ураҕаһы тута сылдьыахтаах эбит. Ыҥыыр таба көхсүгэр көҥүл иннигэр, кэннигэр, икки өттүгэр халбаҥныы сылдьар. Ат ыҥыырын курдук кытаанах олохтоох буолбатах эбит. Манна хапсаҕай туттуулаах, этэргэ дылы “кэтэҕин мозечёга” сайдыбыт киһи олорор кыахтаах эбит, диэн түмүккэ кэллибит. Табаны сөпкө миинии туһунан албаһы баһылааһын эрэй көрүҥ эбит. Табаны табыгастаахтык миини, табаһыт киһиэхэ өбүгэлэриттэн түҥ былыргыттан кэлбит үгэстээх дьоннор эрэ миинииһиктэр. Табаны миинэн хаамтарыы арыый судургу буоллаҕа дии. Аны бу табан сүүрдүн, туохтан эмэ сиргэнэн туора маары ойуоккалаатын, мээнэ киһи тулуйан олоруо суох быһыылаах. Ол иһин да буола, биһиги сахабыт сирин тустууктара, бары кэриэтэ эбэҥки, эбээн хааннаахтар.
Биһиги Майда үрэҕи таҥнары устан, Нелькантан айаннаабыппыт иккис күн киэһээтигэр Уус – Маайа бөһүлэгэр кэлэн, сарсыҥҥы күн Дьокуускай куораппытыгар көтөн кэллибит.
Түмүк
Георгий Дмитриевич Никонов – “Пути Великих Свершений”, диэн Улуу Нуучча Судаарыстыбата Хотугулуу – Илин Азия сирин Сибиир сирин баһылааһынын туһунан ситиһиитин көрдөрөн аахтарар үлэтин ситимигэр киллэрэн, 1850-нус сыллартан саҕалаан 1868 сылга диэри Охуоскай муора кытыытыгар, Камчатскай тумул арыытыгар уонна Хотугу Америка Аляска тумул атыытыгар, Беринг муоратын арыыларыгар, Киэҥ Арассыыйа сириттэн тиийэн, саҥа сирдэри арыйан, баһылаан олорооччуларга, Дьокуускай куоракка баар Дьокуускай уобалас Бырабылыанньатын Быһаарыытынан Дьокуускай уобалас Земистибэтин Быраабата салайыытынан Дьокуускай куораттан Охуоскай муора Аян пордугар, Дьокуускай куорат тулатыгар баар Байаҕантай, Боотурускай, Бороҕон, Дүпсүн, Нам, Мэҥэ, Арҕаа уонна Илин Хаҥалас нэһилиэктэрин аҕа уустарын баһылыктара, нэһилиэктэр кинээстэрэ уонна улуустар кулубалара арассыыйа судаарыстыбатыгар улахан суолталаах таһаҕаһы таһыыга хас аҕа ууһун, нэһилиэктэрин, улуустарын аайы таһаҕасчыттары аттаран туруорууга, таһаҕас таһыытыгар аттары бэлэмнэтии, үгүс сүөһү тириитин имитэн, ол тириилэри сорохторун ыыһаан уонна ыһаарыллыбатах тириилэртэн таһаҕастары хаалыыр бэрмэдэйдэри тиктэрии, таһаҕастаах бэрэмэдэйдэри тиэнэр мас хаҥха ыҥыырдары оҥоруу үгүс сыралаах үлэлэрин толорбуттара. Таһаҕас таһыытыгар сылдьыахтаах аттары, үөһээ ааттаммыт улуустартан эрэ буолбакка, үгүс ахсааннаах сылгы Бүлүү улуустарыттан хомуллара. Ону таһынан, Дьокуускай куораттан Верхоянскай куоратыгар тиийбит таһаҕастары, Верхоянскай улууһуттан үгүс сылгы хомуллан Анаабыр, Булун, Абый, Халыма сирдэригэр хаҥха ыҥыырдаах аттарынан таһаллара. Ол түмүгэр Саха сирин олохтоохторо бары кэриэтэ таһаҕаһы таһыыга кыттыыны ылбыт буолан тахсаллар.
Улуу Нуучча Судаарыстыбата сайдарын туһугар 1850 – 1868 с. с. Дьокуускай уобалас Бырабылыанньата Дьаһайан Дьокуускайтан Охуоскай муора Аян пордугар диэри таһаҕас тастарыбыт остуоруйатын үөрэтэ 2015 сыл от ыйын 19 күнүттэн атырдьах ыйын күнүгэр диэри “Дьокуускай к.– Уус Маайа с. – Нелькан с.– Аян к.” маршрутунан айаннаан кэллибит.
Уус-Маайа сэлиэнньэтиттэн Нелькан сэлиэнньэтигэр диэри түөрт мотордаах оҥочонон устан иһэммит урут баар буола сылдьыбыт “Чабда”, “Усть – Юдома”, “Аим”, “Джигда”, “Нелькан” дьаамнара баар буола сылдьыбыт сирдэригэр сырыттыбыт. Олохтоохтору кытта көрсүһүү тэрийэн кэпсэттибит. Холобура Аим, Джигда бөһүөлэктэрэ кыра да буолаллар, былыр айан суола баар буола сылдьыбытын көрдөрөр стендэлээхтэр, ыалдьыттарга үчүгэйдик быһааран кэпсииллэр. Олохтоохтор былыргы айан суолун остуоруйатын үчүгэйдик билэллэр эбит диэн түмүк оҥоһуннубут. Нелькан сэлиэнньэтигэр, былыргы айан суолун остуоруйатын көрдөрөр музейы бөһүөлэк администрациятын дьиэтигэр тэрийбиттэр эбит. Ол музей экспонаттарын администрация үлэһитэ Петухова бэрт үчүгэйдик кэпсии кэпсии көрдөрдө. Ол музей үлэтинэн Нелькан сэлиэнньэтин олохтоохторугар, былыргы таһаҕас таһыытын айанын суолун, ол остуоруйатын билиһиннэрэр үлэни ыытар эбит.
Аян куоратыгар тиэтэйэн музейдарыгар сыдьыбатыбыт эрээри, куорат администрациятын кытта кэпсэтиигэ, олохтоохтор Аян муора пордун туһунан киэн туттан кэпсииллэр.
Ханна баҕарар буоларын курдук, былыр баар буола сылдьыбыт таһаҕастары, почтаны таһар айан суолларын остуоруйатын кэпсиир оҥоһуктар бу айаммыт суолун былаһын тухары суохтар эбит.
2012 сыллаахха мин уонна билигин Хомус музейын директэрэ Бэстинов Д.Д. буоламмыт Дьокуускай куорат уонна Алдан өрүс үрдүгэр баар Охотскай Перевоз бөһүөлэгин икки ардыгар баар буола сылдьыбыт Дьокуускай – Охуоскай айанын суолун дьаамнара (станция) баар буола сылдьыбыт сирдэригэр, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Төхтүр аттыгар “Ярмонская”, Тылбыйахтаах дьаама “Тылбыяхтахская”, Төҥүлүгэ “Тюнгюлюнская”, Чаачыгый Дьаамыгар “Чачигийская”, Мугудай аттыгар “Портовская”, Чурапчы почта дьиэтин истиэнэтигэр “Чурапчинская”, Чурапчы улууһун Арыылаах диэн сиригэр “Арылахская”, Таатта Дьиэбэгэнэтигэр “Лебегинская”, Чычымах “Дьаамыгар” “Нижне – Амгинская”, Ноху үрэх Хомустаах күөлүн үрдүгэр “Нохинская” уонна Охотскай Перевозка “Алданская” диэн толору ааттаах ылтаһыннары иилбиппит.
Айаннаабыт сирдэрбит айылҕатын туруга
Боростуой айаннааччы буоларбыт быһыытынан, уу уонна салгын туруктарын быһаарар анализтааһыннары оҥорботубут.
Маайда өрүһүнэн мотуордаах оҥочонон устан иһэн үрүс эмпэрэ сыырдарыгар сыыр хараҥаччыларын (береговушка), таас хайалаах сиргэ баар буолааччы таас хараҥаччыларын (стрижи) биири да көрбөтүбүт. Туох биричиинэттэн хараҥаччылар суох буолбуттарын быһаарбатыбыт.
Аим бөһүөлэгин үөһээ өттүгэр баар кыһыл көмүһү сууйар бириискэ быһыта алдьанан, кумахтаах уу Маайда өрүскэ кутулла турарын көрдүбүт. Кыһыл көмүһү хостооччулар кыһыл көмүскэ сыста сылдьар бөҕүн диэххэ, сернай кислотаалаах суурадаһынынан булбут кыһыл көмүстэрин сууйтаран ыраастаталлар уонна ол кислота суурадаһыннаах ууну быһыттаах ууларыгар куталлар. Ол быһыттара тоҕо баран, Маайда өрүскэ кутулла турарын көрөн аастыбыт.
1632 сыллаахха Саха сирэ Улуу Арассыыйа Судаарыстыбатыгар киириэҕиттэн, нуучча хаһаахтара салгыы хоту, илин, соҕуруу туһаайыыларынан саҥа сирдэри арыйыыга саха омук дьонун, көлөтүн бэйэлэрин кытта илдьэ барыылара, Дьокуускай Бойобуодатын кэнсэлээрийэтин Быһаарыытынан буолара. Бу уустук уонна ыарахан айаҥҥа сирдьит буолан сылдьыылара саха, эбэҥки, эбээн дьоннорун өҥөлөрө баһаам улахан. Дьокуускай куораттан ыраах баар Охуоскай муора эҥэригэр, Верхоянскай таас хайа дьааҥы сиригэр; Анаабыр, Булуҥ, Бүлүү, Абый, Халыма, Алдан, Өлөөн өрүстэр төрдүлэригэр түүлээҕинэн дьаһааҕы хомуйуу үгэнигэр тутуллубут остуруоктар олохтоохторун аһынан, таҥаһынан, туттар сэбинэн хааччыйыы соруга Дьокуускай куорат Бойобуодатын кэнсэлээрийэтин биир сүрүн үлэтин соруга буолбута. Таһаҕаһы уу суолунан Бүлүү, Дьааҥы (Жиганскай) остуруоктарыгар тиэрдии эбит буоллаҕына, Верхоянскайга, Абый, Халыма, Алдан өрүстэр тардыыларыгар баар уонна Күп остуруоктарыгар сааскы, сайыҥҥы, күһүҥҥү ыйдарга хаҥха ыҥыырдаах аттарга бэрэмэдэйдээх ындыылары тиэнэн таһаҕаһы таһыылара, судаарыстыбаҕа сыһыаннаах дьоннору туһааннаах сирдэргэ тиэрдиилэрэ уонна Дьокуускайга түүлээҕи тиэйэн аҕалыылара буолара.
Онтон, Дьокуускай куораттан таһаҕаһы таһыы, атын сирдэргэ таһыыттан урата үөһээ ахтыллан ааспыта.
Таһаҕас таһыытыгар туттуллар аттары олохтоох сахалартан 1740-нус сылларга диэри дьаһаах быһыытынан босхо хомуйан ылан туһаналлара. Таһаҕас таһыытыгар аттарын кытта саха дьонноро сылдьаллара.
1725 -1730 сыллардаахха 1-кы Камчатскай экспедиисийэни салайбыт командор Витус Беринг Сенат иннигэр туруорсан, 1731 с. Дьокуускай Охотскай айанын суолун тэрийии саҕаламмыт бастакы уон сыллар усталара таһаҕаһы таһыыга сылгыны, дьону харчыта суох босхо үлэлэтии, саха ыалларын олохторун улахан дьадатыыга уонна таһаҕас таһыытыгар туттуллуохтаах сылгы ахсаана аччааһыныныгар тиэрпитин уонна бу маннык салгыы сылгы ахсаана аччааһына, олохтоохтор олохторо ыарааһына, Судаарыстыбаҕа улахан суолтаны ылар таһаҕас таһыыта куһаҕан турукка киириитин билинэн, Дьокуускай Бойобудатын кэнсэлээрийэтэ Сенат иннигэр туруорсан, таһаҕаһы таһыы иһин таһаҕасчыттарга уонна сылгыны таһаҕас таһыыга туһаныы иһин харчынан төлөбүр олохтоппутугар, Сибиир куораттарын атыыһыттара, Дьокуускайтан ыраах баар сирдэргэ таһаҕаһы таһыы бэдэрээтин үлэтин барытын бэйэлэрин илиилэригэр ылан, саха дьонун уонна сылгыларын үлэлэтиини саҕалаабыттара. Бастакы уонча сыл устата, атыыһыттар бары сирдэргэ таһаҕаһы таһыыны толору ылсан үлэлээбит буоллахтарына, кэнники сылларга ыраах уонна ыарахан айаннаах сирдэргэ таһаҕаһы таһыыттан аккаастананыылара саҕаланан, аһыыр ас, таҥнар таҥас тиийбэтиттэн, ыраах баар остуруоктар олохтоохторун ортотугар хоргуйуулар тахсыбыттарынан, Дьокуускай Бойобуода кэнсэлээрийэтэ, нуучча атыыһыттарын өҥөлөрүттэн аккаастаныыларын, кэнсэлээрийэ аатыттан буолбакка, Бороҕон сирин тойонун Аржакову Ыраахтааҕыга ыытан, сахалартан ааттарыттан Судаарыстыба таһаҕаһын таһыытын толору сахалар бэйэбит ылынабыт, диэн ис хоһоонноох суруктаан, тылбаасчыт киһилээн, айанныырыгар харабыл дьоннордоон, үбүлээн Ыраахтааҕыны көрсүһүннэрэ ыыталлар.
Ол түмүгэр:
бастакынан, Ыраахтааҕы Урааҕынан Дьокуускай куораттан Охуоскай муора пордугар уонна ыраах баар сирдэргэ таһаҕас таһыытыгар саха омук кулубаларыгар, кинээстэригэр толору сорудаҕы ылыналларыгар Дьаһал тахсыбыта. Бу Нуучча судаарыстыбатыгар улахан суолталаах таһаҕаһы таһыыта, саха омукка улахан суолта бэриллиитин түмүгэ этэ;
иккиһинэн, ыраах сирдэргэ таһаҕас таһыыта эҥкилэ суох толорулларын туһугар, саха эдэр уолаттарын славянскай сурукка үөрэтии;
үсүһүнэн, уоспа ыарыытын утары быһыыны оҥорууга саха эдэр уолаттарын үөрэтии;
төрдүһүнэн, таһаҕас таһыытын иһин харчынан төлөбүр олохтонуоҕуттан, саха дьоно атыылаһыыга, атыылааһыҥҥа харчыны туттар буолбуттара;
бэсиһинэн, үгүс сылгылаах дьонноро саха дьонноро таһаҕас таһыытыгар үгүс сылгыны таһаҕас таһыытыгар биэриилэриттэн, саха баай олохтоох дьонноро харчынан байыылара саҕаламмыта;
сэттиһинэн, Нуучча судаарыстыбатыгар улахан суолтаны ылар таһаҕас таһыытыгар сылгы ахсаанын элбэтэр инниттэн Бойобуода кэнсэсэлээрийэтэ көҕүлээн, улахан күөллэр ууларын түһэрии, талаҕынан саба үүммүт үрүйэлэри уоттаан оттонор ходуһа иэнин кэҥэтии үлэтэ ыытыллыта саҕаламмыта. Итинник хайысхалаах үлэ киэҥ далааһыннаах буоларын туһугар, оттонор ходуһаны кэҥэтии үлэтин дьаһайбыт дьоннор 45 сыл устата, саҥа оттонор ходуһа иһин нолуоктан босхолоноллоро уонна үйэ – саас тухары ити дьон кэнчээрилэрэ бас билэр сирдэрэ буолбуттара. Саха хотуурун оннугар, кутуу тимиртэн оҥоһуллубут (литовка) хотууру туһаныы саҕаламмыта;
ахсыһынан, саха омукка Судаарыстыба туһугар үлэлээһин суолтата диэн өйдөбүл иитиллэн барбыта уонна “Ыраахтааҕы илиитэ уһун” – диэн номох саха омукка иҥпитэ.
Биһиги, аныгы көлүөнэ дьонноро, былыр өбүгэлэрбит Нуучча судаарыстыбата туругурарын туһугар, суолталаах таһаҕаһы таһыыгы баар эрэ күүстэрин биэрэн үлэлээбит кэмнэрин умнарбыт сатаммат.
Татаринов Аким Констатинович-Хаамар Ааллаах Үүн
Виталий Власов, экспедиция кыттыылаахтарын хаартыскаҕа түһэриилэрэ, видеоларыттан скриншоттар
Суоллааҕы бэлиэтээһиннэр саҕаланыытын бу ссылкаларынан ааҕыҥ:
– Бастакы чааһа (Уус-Маайа-Ципанда).
– Иккис чааһа (Ципанда – Нелькан).